Рубрика: Айар кут
«Далбар Хотун» сурунаалга аналлаах хаартыска уонна хоһоон күрэһэ түмүктэннэ. Көхтөөхтүк кыттыбыт үс ааҕааччыбытын: Өлүөхүмэ оройуонун Кыыллаах нэһилиэгин далбар хотуттарын (хоһоон ааптара Мария Поскачина), Хаҥалас улууһун Төхтүр нэһилиэгин олохтооҕун, 93 саастаах ытык кырдьаҕаһы Семен Петрович Заморщикову, Чурапчы улууһун Чакыр нэһилиэгин олохтооҕун Лена Егоровна Адамованы эҕэрдэлиибит уонна сэмэй бэлэхтэри аныыбыт. Билсэн баран эрэдээксийэттэн кэлэн ылаарыҥ. Мантан инньэ бу курдук күрэстэр баар буолуохтара, онон барыгытын көхтөөхтүк кыттан иһэргитигэр ыҥырабыт .
Далбар хотун сурунаал
Саха ыалын ыалдьыта,
Сэргэх кэпсээн тылдьыта,
Кэрэ олох туоһута
Кини эбээт, чахчыта.
Саха сирин устунан
Айан суолун тутуоҕа,
Күүтүүлээх ыалдьыт буолан
Ааны аһан киириэҕэ.
«Далбар хотун» дэттэрэн
Ааҕааччыны түмүөҕэ,
Саха сэмэй дьахтарын
Олоҕун сырдатыаҕа.
Манна бааллар кэрэлэр:
Эйэҕэстэй эбээлэр,
Истиҥ мичээр ийэлэр,
Эдэркээн да кыргыттар.
Сэргээҥ, ааҕыҥ, бар дьоммут,
Саха ыалын сайдыытын,
Саха Далбар хотуммут
Олоххо тардыһыытын.
Хайдах курдук тулатын
Саламанан симээбитин,
Уйгу быйаҥ чороонунан
Олоҕу уруйдаабытын.
Көрүҥ, сэргээҥ, ытыктааҥ,
Далбар хотуну айхаллааҥ
Хаартыскаҕа Өлүөхүмэ оройуонун Кыыллаах нэһилиэгин далбар хотуттара (хоһоон ааптара Мария Поскачина).
Далбар Хотун сурунаалы
Дьүөгэм курдук кэтэһэбин.
Кэрэ кэпсээн кэһиилээх
Киирэн кэлэр киэһэлэрин.
Кылбачыгас, лаах сыттаах
Хаҕын аргыый имэрийэн,
Долгуйаммын олоробун,
Дьоллонноммун мичээрдиибин.
Араас саастаах, идэлээх
Саха далбар хотуттара
Сурунаалтан тахсаннар
Дьаарбайаллар иннибэр.
Олохторун, дьарыктарын
Эрэллээх доҕордорун,
Талааннарын- дьоҕурдарын
Үөрэ- көтө кэпсииллэр.
Сурунаалбын ааҕаммын
Билиим- көрүүм үрдүүр, элбиир.
Дьикти дьоннуун билсэммин
Дууһам сырдыыр, манньыйар.
Далбар Хотун сурунаалы
Суруттарын, көрүҥ,ааҕыҥ,
Саха мааны далбардарын
Сирдьит сулус оҥостун.
Хаартыскаҕа Хаҥалас улууһун Төхтүр нэһилиэгин олохтооҕо, 93 саастаах ытык кырдьаҕас Семен Петрович Заморщиков хос сиэннэрин кытта.
Далбар Хотун сурууналбытын одуулаан аа5аабыт эйиигин,
Элбэ5и билэбит көрөбүт омугум саха буоларынан.
Саҥаттан саҥаны санаа хоту салалла5ын,
Үөрүүнү, иэйиини үөскэтэ5ин дьон дууһатын үөрдэ5ин.
Бу дьикти сурууналбыт Далбар Хотун
Мөлүйүөнтэн эйигин эрэ талабыт, тыптыахпыт үйэлэргэ.
Далбар Хотун сурууналбар ба5арабын куустээх таптал аргыстаннын,
Үгүс үтүө элбэх до5ордоох, харысхаллаах, ситиһиилээх буол!
Чурапчы улууһун Чакыр нэһилиэгин олохтооҕо Лена Егоровна Адамова оҕолорунаан.