Рубрика: Айар кут

26/09/2022 г.

Биһиги тус хоту кыраайбытыгар – дьүкээбил араас өҥнөөх күндү тааһыныы сыдьаайар, тыйыс тымныы кыһыннаах, киирбэт күннээх сайыннаах –Өлөөммүтүгэр, биллэр-көстөр хоһуун кыргыттартан биирдэстэринэн буолар Наталья Владимировна Бенчик.

Кини төрөөбүт сирин айылҕата бэлэх ууммут талаанын тарбаҕын төбөтүгэр тиспит норуот маастара, Өлөөн оройуонун эбэҥкилэрин ассоциациятын бэрэссэдээтэлэ, Өлөөннөөҕү оҕо ускуустубатын оскуолатын уһуйааччыта уонна ураты уолчаан Вова Бенчик ийэтэ буоларынан биллэр-көстөр. Киһи дьылҕата араастаах буоларын Наталья олоҕуттан билиэххэ сөп. Кини суос-соҕотох доруобуйатынан хааччахтаах оҕотун туһугар, бэйэтин ийэ тапталынан, табыгаһа суох  диэни билиммэккэ хахайдыы, ыарыы утары, охсуһан кыайыылаах тахсарын ситиспитэ. Билигин Владимир Бенчик муусука ускуустубатын сайдар аартыгар ситиһиилээхтик үктэнэ сылдьар.

«Далбар хотун» ааҕааччыларыгар Наталья тапталлаах оҕотун, идэтин, дьылҕатын туһунан кылгастык бу курдук сэһэргээтэ.

– Мин, төрүкү, Өлөөммүн. Манна төрөөбүтүм, улааппытым, оскуоланы бүтэрбитим, билигин үлэлиибин. Аҕам, Владимир Афанасьевич Бенчик, чорду ууһун сыдьаана, омугунан эбэҥки. Ийэм, Феодосия Антоновна Леончук, Дьокуускай куорат кыыһа, саха, ийэтэ Лукерия элбэх оҕолоох саха дьахтара буоларын быһыытынан иистэнэрэ: унтуу, түүлээхтэн сон, саҕынньах тигэрэ. Онон ийэм аах таҥаска улахан кырыымчыгы көрсүбэккэ олорбуттар этэ. Феодосия Антоновна оҕо эрдэҕиттэн элбэх кинигэни ааҕара; ускуустуба, култуура, история, литература араҥатыттан билэр буолан ис, духуобунай туругунан олус диэн киэҥ өйдөөҕө-санаалааҕа. АҕамВладимир Афанасьевич Өлөөҥҥө этнографическай түмэлин тэрийэригэр ийэм улахан көмө уонна өйөбүл буолбута, ону тэҥэ биир көрүүлээх-истиилээх буолан олохторун улууспут бастакы түмэлин олохтуурга, сайыннарыыга анаабыттара. онон төрөппүттэрим барахсаттар эбэҥки омугун култууратын сайдыытыгар, историятыгар элбэх сыраларын биэрбит, кылааттарын хаалларбыт дьонтон биирдэстэрэ буолалларынан биллэллэр. Иискэ-ууска төннөр буоллахха, уопсайынан да, биһиги аймахха иистэммэт дьахтар диэн суоҕа. Аҕам бииргэ төрөөбүт эдьиийэ Христина Афанасьевна Бенчик аан дойду уонна Арассыыйа үрдүнэн буолар быыстапкаларга кыттар аатырбыт иистэнньэҥ, Арассыыйатааҕы худуоһунньуктар союзтарын чилиэнэ. Кистэл буолбатах, иискэ бастакы хардыыларбын салайан, бэйэтин муударай уопутун миэхэ иҥэрэн, үөрэтэн-такайан барбыт күндү тутаах киһим кини, эбээ Христина буолар.

Модельер-дизайнер идэтин баһылыыргар улахан ыарахаттары көрсүбэтэх буоллаҕыҥ дии?

— Суох, тоҕо диэтэргин, төрүөхпүттэн айар-тутар алыптаах амтанын  ийэм үүтүн кытары иҥэринэн, иис-уус дьиэ кэргэнигэр улаатан, кэрэ көстүү иэйиитигэр ылларан буһан-хатан киһи буоллаҕым. Ийэм кулуупка үлэлии сылдьан көстүүм тигээччи, эскизтарын бэйэтэ оҥорооччу. Ону көрөммүн үөрэнэн, национальнай таҥастар моделларын уруһуйдуур буолбутум. Оскуоланы бүтэрээт сувенир оҥорор сыахха иистэнньэҥинэн үлэлээбитим, эбээ Христина сэбиэдиссэйдиирэ. Ол саҕана бастакы үлэлэрим бастакы быыстапкаларга ыытыллан аан маҥнайгы биһирэбиллэри ылбыттара. Ити түгэнтэн саҕалаан элбэх быыстапкаларга, семинардарга, куонкурустарга кыттаммын, этэргэ дылы, көлүөһэ иһигэр сүүрэ сылдьар тииҥ курдук бурҕачыйа эриллэ сылдьан баран, 1998 сыллаахха Саха сирин норуотун төрүт дьарыгынан Дьокуускайдааҕы технология уонна дизайн колледжыгар туттарсан үөрэххэ киирэн, 2001 сыллаахха кыһыл дипломнаах бүтэрбитим. Үөрэх кыһатыгар салгыы СГУ национальнай култууратын салаатыгар ситиһиилээхтик үөрэммитим.

Итиччэ таптыыр идэҕинэн ситиһии чыпчаалын дабайа сылдьан тоҕо Дьокуускай куоракка үлэлии хаалбатаххыный?

– 2003 сыллаахха мин күнүм-ыйым, соҕотох тапталлаах оҕом, уолум Вова күн сирин көрбүтэ. Хат сылдьан элбэхтэ ыарытыйарым, ыараханнык төрөөбүтүм. Вова аҕатын кытары өр кэргэннии олорботохпут, арахсыбыппыт. Онно эбии 2008 сыллаахха оҕобор быраастар аутизм диэн диагноһы туруорбуттара. Ол саҕана мин иннибэр ситиһии чыпчаала, үчүгэй үлэ диэн боппуруос турбатаҕа. Быраастар, биллэн турар, бэйэлэрин эйгэлэригэр туһааннаах үөрэхтээх исписэлиистэр. Кинилэр туруорбут аутизм диагнозтара миэхэ бириигэбэр курдук иһиллибитэ. Нэһиилэ, туох баар күүспүн-уохпун киллэрэн, дьонум өйөөһүннэринэн оттон-мастан тардыһан, бэттэх бэйэм өйбүн-санаабын аҕалынан оҕобун эрчийэн, эмтээн саҥарар, кэпсэтэр оҥорбутум (ол иннинэ алта сааһыгар диэри отой саҥарбат этэ). Бу ыарахаттары туоруурбутугар Нерюнгри куоракка баар саҥаны уонна кулгаах истэрин сайыннарар Киин СУВАГ үрдүк таһымнаах исписэлиистэрэ, кинилэр туһанар ньымалара көмөлөспүттэрэ. Ол курдук, оҕом туһугар, киниэхэ чуумпу-нурал быһыы-майгы наада буолуо диэн санаалаах дойдум Өлөөнүм кынатын анныгар, ийэлээх аҕабар кэлбитим.

Владимир билигин муусуканан ситиһиилээхтик дьарыктанар. Кини хайдах бу ускуустуба салаатыгар таптала үөскээбитэй? Тоҕо бэйэҥ курдук иистэнньэҥ дуу, худуоһунньук дуу буолбатаҕай?

– Арыый улааппытын кэннэ, эмтэнэрбит быыһыгар мин үлэбэр оҕо ускуустубатын оскуолатыгар илдьэ сылдьан иистэнэргэ, ойуулуурга үөрэтэрим. Ол сылдьан, оҕом муусканы сөбүлээн (ордук гитара уонна скрипка тыаһын) истэрин бэлиэтии көрбүтүм. Онтон ыла скрипка кылааһыгар биэрэммин оҕом өссө күүскэ сайдыбыта. Ити кэмҥэ мин биири өйдөөбүтүм – Муусука кырдьык эмтиир алыптааҕын.

Эн сүрүн идэҕинэн уһуйааччы буолбутуҥ таһынан өссө Өлөөн оройуонун аҕыйах ахсааннаах норуоттарын ассоциациятын бэрэссэдээтэлэҕин. Ити сүктэриллибит эппиэтинэстээх дуоһунаскынан туох үлэтин ыытаҕыный?

– Сүрүн сыалым-соругум миэнэ –эбэҥки норуотун култуутарын сайыннарыы, аҕыйах ахсааннаах норуот кыһалҕатын быһаарсыы о.д.а. элбэх боппуруостарга чуолкай хамнаныылары, дьайыылары оҥорууга ирдэбиллэри туруоруу, быһаарыы ылыныы буолар. Билигин сайдыы киэҥ хардыыларынан киирэн эрэрэ сонун буолбатах. Маны тэҥэ биһиги оройуоммутугар промышленнай хампаанньалар сир баайын хостуурга үлэлэһэ сылдьаллар. Онон, биһиги ассоциациябыт култуурабытын, тылбытын-өспүтүн, өйбүтүн-санаабытын сайыннарарга, сирбитин-уоппутун харыстыырбыт уонна омук быһыытынан хааларбыт туһугар үлэлиир.

Эн айылҕаттан араас талааннааххын уонна дьоҕурдааххын, ону таһынан өссө хоһуун, кытаанах майгылааххын. Ити бэйэҥ санааҕар хантан кэлбит хаачыстыбаларый?

– Мин санаабар, киһини олох эрчийэр, эппиэтинэстээх буоларга үөрэтэр. Ону таһынан, дьонум олорбут олохторо миэхэ холобур буолар. Дьахтар оҕолонноҕуна ийэ буоларын быһыытынан эбээһинэһэ өссө үрдээн биэрэр. Итиэннэ мин урут сымнаҕас майгылаах, аҕыйах саҥалаах бэйэм, олоҕум устун кыһалҕалары көрсөммүн, билиҥҥи турукпунан сирдэттэхпинэ кытааппыппын бэлиэтиибин.

Билигин иистэнэҕин дуо?

– Билиҥҥи кэмҥэ уопсастыбаннай үлэм элбэҕинэн сибээстээн улаханнык иистэммэппин. Итиэннэ, уһуйааччы буоларым быһыытынан, үөрэтэр оҕолорум дьоҕурдарын сайыннарыахтаахпын, талааннарын арыйыахтаахпын. Маны  үлэм бастакы сыалынан ааҕабын.

Былырыын уолуҥ Вова айар киэһэтэ хайдах ааспытай?

– Ааспыт 2019 сыллаахха Володя тус бэйэтин айар киэһэтин аһымал кэнсиэртэрэ Дьокуускай уонна Нерюнгри куораттарга ааспыта. Тэрээһиҥҥэ хомуллубут 100-кэ тыһыынча харчыны барытын СУВАГ Киинигэр, доруобуйаларыгар хааччахтаах оҕолорго көмө буолуо диэн баҕа санаалаах ыыппыппыт. Бу түгэнинэн туһанан, мин уонна уолум аатыттан, бастатан туран, быйыл хомолтолоохтук олохтон туораабыт, улууспут ытыктабыллаах  баһылыгар А.С. Ивановка улахан махталлаахпын уонна кини дьаһалтаҕа хамаандатын үлэһиттэригэр улахан барҕа махталбын тиэрдэбин. Ону тэҥэ, идиэйэ биэрээччи Е.Х. Голомареваҕа, Вова учууталыгар И.А.Сергееваҕа, Үрдүкү муусука оскуолатын уһуйааччытыгар А.Н. Слепцовка, айар киэһэни иилээн-саҕалаан ыытааччы Л.С.Ивановаҕа уонна Дмитрий Лебедевка, кэнсиэри туруорааччы К.К. Игнатьевка, кэнсиэрт тэрээһинигэр көмөлөспүт А.Н.Винокуроваҕа уо.д.а. бары биир дойдулаахтарбытыгар кэлэн кэнсиэри көрөн киэргэппиккитигэр махталым тылларын анаан туран, сирдээҕи дьолу, кытаанах доруобуйаны баҕарабын.

«…Өлөөн олохтоохторо сылаас ытыстарын утары уунан кэбирэх сибэкки кэриэтэ доруобуйаларыгар хааччахтаах оҕолорго үөрүүнү уонна олоххо эрэли үөскэтэллэр; Аан дойдуга баар аһыныгас дууһалаах, аһаҕас сүрэхтээх дьон сирбитин кэрэттэн кэрэ, сырдыктан сырдык оҥороллорун итэҕэйэбин. Оннук үтүө холобурунан Александр Степанович Иванов буолааччы. Кини үлэлээбит үлэтэ, үтүө кыһамньыта быстан хаалбакка дьон сүрэҕэр итэҕэли, эрэли уонна тапталы хаалларан ситимнээхтик салҕанан бара турдун»,– диэн бигэ санаатынан Наталья Владимировна Бенчик сэһэргэһиини түмүкээтэ. 

 

Наталья Нетребенко-Айсайын