Рубрика: Айар кут
Айылҕаттан бэриллибит талаан киһиэхэ бүгэн сыппат, син биир киһини тэһэ кэйиэлээн тахсар. Оттон киһи ол талаанын сайыннарар буоллаҕына, ол дьону-сэргэни үөрдэр көстүүнэн буолар.
Мин бүгүн Ньурба куоратыгар олорор биэс оҕо күн күбэй ийэтин, соторутааҕыта эбээ үрдүк аатын ылан үөрбүт Мирослава Афанасьева туһунан кэпсиэхпин баҕарабын.
Мирослава айар-тутар баҕата күүстээҕиттэн сөҕөбүн. Кини үлэтигэр уонна элбэх оҕону көрүү-харайыы түбүгэр эргийэ сылдьан, быыс булан булгуччу туох эрэ кэрэни, үчүгэйи оҥорбут буолар. Ордук биир хайысханы эрэ тутуспатыттан, саҥаны көрдө да ылсарын көрөн кэрэхсиибин. Мирослава үлүһүйэр дьарыгын туһунан бу курдук кэпсиир:
«Иллэҥ кэммэр араас оҥоһуктары оҥорорун сөбүлүүбүн. Дьон оҥорбут киэргэллэрин-симэхтэрин көрөн холонон көрөбүн. Ол иһин туох эрэ саҥаны көрдөхпүнэ, оҥорон көрүөхпүн наһаа баҕарааччым. Саамай сөбүлээбитим маһынан, фанеранан быһар ордук эбит. Ол эрээри мин сатаан уруһуйдаабаппын, ол иһин кыыспар Айыынаҕа уруһуйдатабын.Бу дьарыкпынан ылсаары сайын кэлэрин туохтааҕар да кэтэһэбин. Бириэмэлэннэхпинэ үлэ чааһын кэннэ араас оҥоһуктары оҥоробун уонна өрөбүллэрбин туһанабын».
Мирослава оҕолоругар үтүө холобур буолбута саарбахтаммат. Оҕолоро кыраларыттан ийэлэрин үтүктэн илиилэринэн кэрэни оҥорорго холуналлар.
«Мин биир уол уонна кыргыттардаахпын. Бары туох эмэ дьарыктаахтар. Икки кыра кыргыттар Ай Куо, Айсаара иллэҥ кэмнэригэр оҕуруонан араас симэхтэри оҥороллор. «Бисер» кружогар сөбүлээн сылдьаллар. Кэлин бу гиипсэнэн араас сувенирдары оҥоро сылдьабын ону көрөн дьоннор сакаастыыллар, онон күн солото суох курдукпун. Бу гиипсэнэн оҥоһуктары улахан кыыһым Айылана күүс-көмө, сүбэ-ама буолбутуттан саҕалаабытым. Кини араас формалары, гиипсэни сакаастыыр, араас идеялары этэр. Онон туох баар үлэбэр кыргыттарым бастаан көрөн сүбэлээн биэрэллэр. Бу орто дойдуга олорорбут тухары тугу эрэ оҥорон, айан-тутан хаалар үчүгэй дии саныыбын. Кэлин оҕолор, сиэннэр көрөн өйдүү-саныы сылдьыахтара», – диэн саха мааны далбар хотуна Мирослава мичээр аргыстаах кэпсиир.