Рубрика: Айар кут
“Биирдэ хайа эрэ миниистир соҕуруу көтөрүгэр суһаллык сэлии муоһа уктаах быһах наада буолбут, ону аҕабын оҥор диэн көрдөспүттэр, быһах биитин тимирин, муоһу барытын биэрбиттэр. Аҕам уһун күнү уонна түүнү быһа хоһугар олорон үлэлээбитин өйдүүбүн. Сарсыарда турбуппутугар угугар хотой төбөлөөх, кынатын куорсуннара кыынын кытта биир тэҥник оҥоһуллубут бэлэм быһаҕы көрдөрбүтэ. Кини, хаһан даҕаны муоһунан, тимиринэн уһамматах киһи, биир хонук иһигэр маннык үчүгэй быһаҕы оҥорбутуттан улаханнык сөхпүтүм. Ол кэмҥэ мин эмиэ аҕам курдук оҥоруохпун сөп эбит диэн санаа туорааҕа төбөбөр үөскээбитэ”, — диэн кэпсиир муосчут кыыс Марианна Маларова. Ааҕааччыларбытыгар ааспыт нүөмэргэ эрэннэрбиппит курдук, бүгүн Марианнаны кытта кини айар үлэтин туһунан кэпсэтиибитин таһаарабыт.
Марианна, саха үгэһинэн хантан хааннааххын, кимтэн кииннээхин билсиһиннэрииттэн кэпсэтиибитин саҕалыахха.
— Мин төрөппүттэрим иккиэн Үөһээ Бүлүүттэн төрүттээхтэр. Аҕам Вячеслав Михайлович Малардыров элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн улахан оҕото, оттон ийэм Клавдия Васильевна Доҕордуураба үһүс оҕонон күн сирин көрбүт. Кинилэр оскуолаҕа биир кылааска үөрэммиттэр, онтон үрдүк үөрэхтэрин бүтэрэн баран холбоспуттар. Ийэлээх аҕам төрөппүттэрэ бэйэ-бэйэлэрин кытта үчүгэйдик билсэллэр эбит.
Мин 1977 сыл кыһыныгар сэтинньигэ Үөһээ Бүлүүгэ төрөөбүтүм. Ол кэмҥэ аҕам Бүлүүгэ үлэлиир буолан, өрөбүл аайы ийэбин уонна миигин көрөөрү Үөһээ Бүлүү диэки сатыы түһүнэр эбит, аара массыыналар ылан тиэрдэллэрэ үһү. Соторунан дьонум Бүлүүгэ көспүттэр, онон мин төрөөбүтүм туһунан туоһу докумуоҥҥа Бүлүүгэ төрөөбүт диэн суруллубут. Аҕам төрөппүттэрэ ыраах Чокурдаахха көспүт буоланнар, кинилэри биирдэ эмит көрөрүм. Ол оннугар сыл айы миигин ийэм дьонугар, эбэбэр Мария Егоровнаҕа, Өргөт диэн кыра дэриэбинэҕэ сайылата ыыталлара. Бу дэриэбинэ сүрдээх улахан күөл таһыгар турара, билигин уолан бүппүт дииллэр. Оттон мин санаабар кини оҕо сааспар көрбүт, күөх ньууругар күн уота оонньуур улахан күөлэ буолан өйбөр хатанан хаалбыт.
Өргөккө сайын аайы сайылыырын?
— Сайын Өргөккө тиийэрбин онно бары кэтэһэллэрэ, онон үөрүүнү кытта сыл айы сайылыы тиийэрим. Дэриэбинэҕэ тиийиэхпэр диэри айаммар миигин икки суол долгутара, бастатан туран, “Чебурашка” диэн ааттыыр сөмөлүөттэригэр 20 мүнүүтэлээх айаны тулуйуу, оттон иккиһэ, көр аал түһэр хонуутугар ынахтар мэччийэ сылдьыбат буолуулара. Ардыгар хороҕор муостаахтартан мэһэйдэтэн сөмөлүөт төннүбүт түгэннэрэ бааллара, мин хата оннукка биирдэ да түбэспэтэҕим. Эбэм аах дьиэлэрэ аэродром утары күөл уҥуор турара, сайын устата халампааһынан көтөр аалларкэлэллэрин-баралларын кэтиирим, кэлэр кэмин чопчу билэрим, хас киһи кэлбитин, кимнээх барбыттарын көрөрүм уонна киэһэ дьиэлээхтэргэ ол туһунан сиһилии кэпсиирим.
Эбэм улахан дьиэтигэр элбэх буолан олороллоро — ийэм балта Люба кэргэнинээн Афанасий Омукчановтыын, кинилэр түөрт уолаттара, хос эһэм Дьөгүөр уонна эбэм. Кэлин эдьиийим аах Балбаарыска диэн кыыстаммыттара.
Эһэм элбэх саҥата суох сымнаҕас оҕонньор этэ. Кини уһун хойук тыылааҕа, онтукатыгар олорон күн аайы эбэтигэр балыктыы киирэрэ. Мин ол тыыга олорсуохпун наһаа баҕарарым да, ууга түһэн хаалыа диэн куттанан ылбат этэ. Куруук толору соболоох кэлэрэ, ону эбэм хамсаппытынан хобордооххо ыһаарара, ол соболору хачыгырас хахтаах килиэби уонна сарсыарда сэппэрээтэргэ сүүрдүллүбүт симиин сүөгэйи кытта сиирбит.
Эбэм иистэнэрэ, этэрбэс билэтин, түүлээх бэргэһэ, үтүлүк тигэрэ. Киниэхэ дьахтар хаппара баарын өйдүүбүн, ол иһэ ыраах куораттартан кэһии буолан кэлбит таас оҕуруоларынан толору буолара, онон билэлэри киэргэтэллэрэ. Эдьиийим сибэкки олордорун наһаа сөбүлүүрэ, тиэргэммит барыта чэчик буолара. Миигин батыһыннара сылдьан ааттарын этэрэ, сыаларын (сиэмэ) хайдах хомуйарга үөрэтэрэ. Киэһэ эбэбин кытта ынах ыы тахсарым. Ынахтарбыт хойутаатахтарына күөл кытыытыгар киирэн көрөрбүт, эбэм ытыстарын айаҕын тула тутан “Кэл, кэл, кэл!” диэн ыҥырара. Саамай дьиктитэ диэн, ынаҕа кини куолаһын билэн, ыраахтан эмиэ үстэ маҕырыыра. Ону истэн ханна сылдьарын, төһөнөн кэлэрин билэрбит.
Күтүөтүм Афанасий кадровай булчут, сылгыһыт, олус күүстээх киһи этэ. 80 сааһын ааһан да баран аты миинэрэ, ыраах сыһыыга сылдьара. Дьиэбит эркинигэр икки эһэ тириитэ ыйанан турара, онтон наһаа салларым. Дьиэбитигэр куруук булчут ыттардаах буолааччыбыт, улахан дьон «ыты тыытымаҥ, ытырыа» диэн сэрэтэллэрэ. Арай биирдэ таһырдьаттан дьиэҕэ киирэн баран, биир саастаах Балбаарыска ыкка тиийэн кутуругуттан тардыалыы олорорун көрөн, наһаа куттанным. Ытым ону тулуйан, утуйбута буолан сытара, оннук сүрдээх өйдөөх буолаллара булчут ыттар.
Күн-дьыл ааспытын кэннэ мин эбэм аахха сайылаабыт кэмнэрбин, үрдүк от быыһыгар олорон сайын тыынын иһиллиирбин олус сылаастык ахтабын. Икки сыллааҕыта оҕо сааһым сырдык өйдөбүллэригэр анаан “От быыһыгар” диэн киэргэл коллекциятын оҥорбутум.
Туох идэлээххиний?
— Оскуола кэннэ Саха судаарыстыбаннай университетын история факультетыгар үөрэнэн археолог идэтин баһылаабытым. Оскуолаҕа история учууталын олус сөбүлээн, улахан кылаастарга ханна туттарсарбын чопчу быһаарыммытым. Университет кэннэ 13 сыл устата архелогия уонна этнография музейыгар үлэлээн баран, айар үлэбинэн дьарыктана барбытым.
Сэлии муоһунан хаһааҥҥыттан уһанаҕыный?
— Урут илиибинэн тугу эрэ оҥоруом диэн санаан да көрбөт этим. Оҕо сылдьан иистэммэтэҕим даҕаны. Арай быыстапкаларга сылдьан эҥин оҥоһуктары көрдөхпүнэ, кинилэр тас көстүүлэрин, ис хоһооннорун буолбакка, хайдах кыһыллан, аалыллан, охсуллан оҥоһуллубуттарын сэҥээрэрим. Соннук үлэни бэйэбэр кээмэйдэнэн көрбүт эбиппин. Манна мин музейга үлэлээбитим улаханнык сабыдыаллаабыта, экспонаты тас кэрэтин эрэ көрбөккө, историятын, ис хоһоонун дириҥник хорутан чинчийэҕин, син ол кэриэтэ… Биир кэмҥэ сэлии муоһуттан оҥоһуктар интэриэһиргэтэр буолбуттара, холонон көрдөхпүнэ хайдах буолуой диэн санаалар үөскээн барбыттара. Бу иннинэ түүлээхтэн сымнаҕас оонньуурдары тигэ сылдьыбытым, онтон хоппо хахтары оҥорор буолбутум. Ол кэмҥэ миигин муосчут Александр Илларионовы кытта билиһиннэрбиттэрэ, кини оҥоһуктарыгар эмиэ хоппо оҥоро сылдьыбыт кэмнээхпин. Александр бэйэтин мастарыскыайыгар миигин дьарыктанарбын көҥүллээбитэ, онно маастар аттыгар сылдьан көрөн, үөрэнэн туохха да кэмнэммэт уопуту ылбыппар киниэхэ сүрдээх улахан махталлаахпын. Кэлин бу хайысхаҕа үлэлииргэ быһаарынан баран, аҕабынаан үлэҕэ ирдэниллэр тэриллэри атыылаһан үлэбин саҕалаабытым. Билигин үлэлээбитим алтыс сыла.
Өбүгэлэргэр, аймахтаргар уус дьон бааллара буолуо?
— Аҕам өттүнэн хос эһэм Бүөтүр биллибит мас ууһа этэ. Эһэм эдэр сылдьан эмиэ мастан үгүстүк уһанар эбит, ол дьоҕур мин аҕабар эмиэ бэриллибит — биһиги дьиэбитигэр кини илиитинэн оҥоһуллубут түөрт уонча дьиэ мала: ороннор, хомуоттар, остуоллар, олоппостор, оҕо олоппосторо, улахан мас хопполор бааллар. Кэнники сылларга аҕам “Алмас” маһы таҥастыыр тэрилтэҕэ МНМ ньыманан дьиэ тутуутунан дьарыктаммыта, куһаҕана суохтук уруһуйдуура эрээри, онон наһаа үлүһүйбэтэҕэ. Кини художественнай училищеҕа үөрэммит олус талааннаах Валера диэн инилэҕэ, эдэр сааһыгар суох буолбута. Муосчут идэлээх Виктор Михайлович диэн убайым мин муоһунан дьарыктаныахпын баҕарарарбын истэн тута өйөөбүтэ. Ити курдук аҕам өттүнэн ай махтарым үгүстэрэ удьуор уруһуйдьуттар. Өбүгэлэрбититтэн маннык күндү бэлэҕи туппут дьоллоох дьоммут дии саныыбын.
Эн туохтан иэйэҕин? Музыкаттан, уус-уран суруйууттан, тыйаатыртан дуу, күннээҕи олохтон, тулалыыр дьонтон…
— Болҕойон көрдөххө, иэйии тулабытыгар барытыгар баар, ардыгар худуоһунньук хартыынатыгар дуона суох кыра деталь эйигин таарыйан аныгыскы оҥоһугун омооно көстөн кэлээччи. Туох эрэ сыта, дорҕооно кытта саҥаны айарга төрүөт буолуохтарын сөп.
Үлэлэргэр көтөрү, куорсуну, кыылы-сүөлү хото туттаҕын. Тоҕо?
— Оннук, үлэлэрбэр үгүстүк көтөрдөр киирэллэр, кэлин атын кыыллар эбилиннилэр. Дьон кыыл быһыылаах оҥоһуктары ордук сэҥээрэр диэн кэтээн көрдүм. Ити биһиги, сахалар, айылҕаны кытта ситиммитин сүтэрэ иликпитин көрдөрөр уонна кыылга-көтөргө кэрэни эрэ буолбакка, былыргыттан силистэнэн кэлэр харысхал бэлиэтин курдук ылыналар.
Сэлии муоһуттан үлэлиир төһө ыараханый? Сэлии муоһун тыына ыарахан диэччилэр, ону туох дии саныыгын?
— Былыр һэлии муоһун аллараа дойду абааһытын муоһа быган сытар, дьайы, алдьархайы, иэдээни аҕалыа диэн куттанан дьон тыыппата. Кэлин ол сиэр-туом умнуллан һэлии муоһун хомуйуу киэҥник тарҕаммыта, сотору кэминэн бүтэрэ да буолуо, умнуллуо дии саныыбын. Муоһу кытта үлэ, биллэн турар, наһаа быыллаах, илии үлэтэ барыта да чэпчэки буолбатаҕын курдук бэйэтэ туспа ыарахаттардаах. Ис сүрэхххиттэн астына, дуоһуйа оҥорор эрэ буоллаххына оҥоһуккун ураты тыынныыгын.
Атын маастардар үлэлэрин сэргээн, кэтээн көрөбүн, хас биирдиилэрэ хатыламмат уратылаахтар, киһи эндэппэккэ араарар истииллээхтэр. Мин санаабар саха маастардара үгэс буолбут былыргы хотугу истиили тутан хаалбыттар уонна ону салгыыллар. Сорох үлэлэр Хотугу Эмиэрикэ муосчуттарын кытта майгыннаһар ис хоһоонноохтор. Кытай муосчуттарын үлэлэригэр олус уустук, иирбэ-таарба быһыылаах композицияларыттан сөҕөбүн.
Оҕо киэргэлин оҥорон көрбүтүн дуо?
— Сахаларга тимиртэн хахай быһыылаах көхсүгэ тигиллэр харысхал баара биллэр, мин оннук муостан оҕо харысхалын оҥоруохпун баҕарбытым. Саха көмүс уустарыгар оннук хахай быһыылаах оҥоһугу кимиэхэ да көрө иликпин.
Саһыл үрдүгэр турар кыыс оҕо илин кэбиһэр, дьабака кэтэн турар оҥоһугун олус сэргии көрбүтүм.
— Бу оҥоһугу олох ыраатта толкуйдаан пластилинынан оҥорон баран аҕыс сылы быһа хоппо иһигэр сытыарбытым. Былырыын эрэ боруонсаҕа куттарбытым. Кыра кыысчаан, эргэрэн сорох сарбынньахтарын сүтэрбит былыргы киэргэли улахан мас хоппоттон булан, кээмэйдэнэ кэтэ турар. Бу маллар кини сааһыгар сөбө суох улахаттар, ону туоһулуу кыыс атаҕын анныгар саһыл утуйа сытар — кыыс оҕо өссө ситэ-хото илигин бэлиэтэ. Сахаларга дьахтар уонна саһыл ыкса ситимнээхтэр, холобур, сүктэр кыыс таҥаһын куругар “саһыл тумса” диэн харысхал баар буолара.
Мастарыскыайдааххын дуо? Дьиэҕиттэн, оҕолоргуттан хайдах быыс булан үлэлиигин?
— Мин билигин дьиэбэр үлэлиибин. Биир кэмҥэ дьүөгэбин кытта туспа мастарыскыай тэринэн үлэлээн саҕалаабыппыт да, оҕолорум кыралара бэрт буолан ыарырҕатан тохтообутум. Дьиэҕэ үлэлииргэ биллэн турар мэһэйдээх, оҕолор мэниктииллэр, хаппырыыстыыллар, ол да буоллар баҕалаах киһи быыс-арыт булабын, онно ийэм уонна улахан кыыһым олус көмөлөһөллөр. —
Үлэҕинэн оҥоруу болдьохтоох, эппиэтинэстээх, ардыгар ыктарыылаах да буолааччы, ол айар дьон үлэҕэ мэһэйдиэн сөп, эйиэхэ хайдаҕый?
— Дьон үлэҕинэн билигин үксүн урукку оҥоһуктарбын хатылаан оҥоробун. Ол оҥоро олорон эмискэ туох эрэ атыҥҥа иэйдэхпинэ, үлэҕим оҥоһугун тохтотон, бэйэм киэммин оҥорооччубун. Ол эрээри, болдьоммут кэммин аһарбакка үлэхпин бүтэрээччибин. Маннык үлэлиир миэхэ ордук табыгастаах эбит.
Инники туох былааннааххын?
— Элбэхтик уруһуйдуурга уонна сыбаан оҥорорго үөрэниэхпин баҕарабын.