Рубрика: Бэлиэ түгэн
Бу Дьокуускайбыт Ленин аатынан быраспыагар турар эргэ дьиэни биллигит ини? Эбэтэр таайыҥ. Манна урут сүрдээх үчүгэй кинигэ маҕаһыына баара. Бу дьиэ атын дьиэлэртэн уратыламмыт устуоруйатын норуот бэйиэтэ Наталья Харлампьева арыйан турар. 1959 сыллаахха, өссө эдэркээн, кэлин аан дойдуга биллэр, Нобелевскай лауреат, поэт Иосиф Бродскай аан маҥнай Саха сиригэр геологтары кытары кэлбит. Чульмаҥҥа кыайан көппөккө Дьокуускайга олорон бу кинигэ маҕаһыыныгар сылдьан Евгений Баратынскай кинигэтин атыыласпыт. Бэйэтэ ахтыбыт: «Мин кинигэни саҕаланыаҕыттан бүтүөр диэри аахпытым уонна өйдөөбүтүм — бу манан мин дьарыктаныахтаахпын» диэн бигэ санааламмытын. Улуу бэйиэт бу дьиэ иннигэр туран бэйиэт буоларга бэйэтигэр мэктиэ тыл биэрбитэ, мин санаабар олус улахан суолталаах. Наталья Ивановна: «Саатар ону бэлиэтээн бу дьиэҕэ табличка ыйыаҕын», – диэн этэ сатаабыта даҕаны ким да истибэт. Эһиги туох дии саныыгыт?