Рубрика: Биир кэпсээн

27/11/2023 г.

-Что ж ты не спросишь, – молвил мой вожатый, –

Какие духи здесь нашли приют?

Знай, прежде чем продолжить путь начатый,

Что эти не грешили; не спасут

Одни заслуги, если нет крещенья,

Которым к вере истинной идут;

Кто жил до христианского ученья,

Тот Бога чтил не так, как мы должны.

Таков и я. За эти упущенья,

Не за иное, мы осуждены,

И здесь, по приговору Высшей воли,

Мы жаждем и надежды лишены.

                                                  Данте Алигьери «Божественная комедия»

Мин күөгэйэр күммэр сылдьаммын Муруунап Хабырылла диэн киһи тулаайах хаалан хаалбыт уолун иитэ ылбытым. Ол Хабырылла дьоллоох сүрдээх муода, Таҥара оҕото этэ. Өлүүтэ даҕаны киһиттэн таһынан, ураты буолбута. Биир сүрдээх куйаас күн аллараа күөлүгэр туутун көрө киирэн баран, быстах ардахха түбэспит. Буолуох быатыгар ардахпыт даҕаны омуна ынырык, «ыраас халлааҥҥа эмискэ этиҥ этэрин курдук» диэн итинниги этэн эрдэхтэрэ. Күн өрөгөйдөөн турдаҕына, арҕаа диэкиттэн суос-соҕотохто хара түү мээчик курдук былыт ойон таҕыста даҕаны, алдьархайдаах аан талҕаны таҥнары сабаан түһэрбэт дуо. Биһиги ити кэмҥэ Хомустаах саҕатыгар от мунньа сылдьарбыт. Төһө даҕаны ол силлиэлээх ардах кутуруга эрэ таарыйдар, уоҕа диэн сүрдээх этэ. Отуубутугар арыычча куотан биэрбиппит. Оттон Хабырылла, саамай өрөгөйүгэр даҕаны түбэстэр, кыһаммакка туутун көрө сылдьыбыт. Эмискэ сүүнэ чаҕылҕан күөлгэ түһэн күөх уотунан курбуулуурун кытта, мас тыыга олорбут Хабырылла ханна да барбытын- кэлбитин өйдөөбөккө хаалбыт. Быһата, чаҕылҕан сарадаҕа таарыйбыт. Тоҕустаах эрэ уола Бүөтүччэ биһиэхэ сүүрэн кэлэн тыллаата. Алаас дьоно бары күөл диэки сырыстыбыт. Киһибит бүтүннүү хара хоруону бүрүнэн, тумса тоҕо тэбиллибит тыытыгар тиэрэ таһыллан сытар. Таҥаһа сылбах мас буруолаан сыыгыныырыныы буруолаан бургучуйар. Оччолорго биһиэхэ Тыыһыт диэн тыы оҥорор кырдьаҕас киһи баара. Кини этиитинэн, инчэҕэй тириигэ суулаан таһааран, айаҕар көҥдөй мас уган баран  буорга көмөн кэбистибит. Мас төбөтүгэр кус түүтүн ииллибит уонна кэтэһэн турдубут. Мин биир бэйэм ити үлүгэр кэнниттэн тыыммат буолбут киһи хат тиллэригэр олох эрэммэппин. Халлаан киэһэрэн барда. «Чэ, таҥаралаата быһыылаах», – дэһэн эрдэхпитинэ, били түүбүт үүт үрүмэтэ үллэрин курдук бытааннык  үллэх гынна. Бастаан итэҕэйбэтибит. Түүбүт өссө күүскэ үллэрэҥнээн баран, аны тэлибирии хамсаата. Оҕонньор ону көрөн туран: «Хостооҥ», – диэн сөҥөдүйдэ. Өр гыныахпыт дуо, көп буору хаһан бурҕаҥнатан киһибитин ороон таһаардыбыт. Оҕонньор кулгааҕын өлүөхсүт түөһүгэр даҕайан сүрэҕин тыаһын иһиллээмэхтээтэ, онтон: «Тыыннаах буолларгын киһилии төнүн!!!» – диэн ордоотоот, түөскэ охсон кибилиннэрдэ. Киһибит, кырдьык-хордьук ону истибиттии, кытылга быраҕыллыбыт балык курдук тыын былдьаһан көппөх гынна. Онуоха айаҕыттан-муннуттан хара сүмэһин сүүрдэ, хараҕын үрүҥүнэн-харанан турулус-ирилис көрдө. Тыыһыт сүр баҕайы, илиитинэн атаҕын тумсуттан муос хабарҕатыгар диэри үөһэ-аллара сууралаа да сууралаа буолла. Ол аайы киһибит айаҕыттан хара сүмэһин сүүрбэхтиир. Сыыйа сүмэһинэ кытаран, хаан курдук дьүһүннэннэ. Оҕонньор: «Антах буолуҥ! Туох үчүгэйи көрөөрү үмүөрүһэн тураҕыт?! Хабырылланы мин балаҕаммар илдьиҥ» – диэн дьаһайда уонна тириинэн саба тардан кэбистэ. Муустаах ууну испит сылгы курдук өрө титирэстии сылдьар киһини биһиги көтөҕөн илдьэн Тыыһыт балаҕаныгар киллэрдибит. Сытыарбыппыт кэннэ оҕонньор барыбытын үүртэлээн таһаарда. Ити курдук хас даҕаны күн ааста. Тыыһыт Хабырылла туһунан кимҥэ даҕаны тугу да кэпсээбэт. Арай бары тыыннааҕын билэбит. Чэ, ый аҥаарын курдугунан, мин оппуттан кэлэн иһэн, Хабырылла дьонугар таарыйдым. Киирбитим, Хабырыллам туох даҕаны буолбатаҕын курдук ис ырбаахынан Чөркөөхтөн кэлбит Миитэрэйээн аҕабыыты кытта чэй иһэ олорор. Миигин ыҥыран ылан аттыларыгар олортулар. Онно көрбүтүөм, Хабырылла сирэйэ өлбүт киһи курдук күп-күөх, хараҕын анна хара баламах, илиитэ сап-салҕалас, баттаҕа бүтүннүү түһэн модьууннаабыт көтөх торбос курдук буолбут этэ. Арай урут саҥата суох бэйэтэ айаҕын иһэ бап-баллыгырас. Баачыска кини дойҕоҕун муударай суор курдук тоҥсоллон олорон сүр боччумнаахтык истэ сатыыр даҕаны, киһитэ ситимнээх тылы аҕыйахта таһаараахтыыр. Мин кинилэр кэпсэтиилэриттэн тугу даҕаны өйдөөбөтүм, онон тахсан бардым.

Ити күнтэн Хабырылла сүктэ сытар таҥараһыт буолан хаалла. Чөркөөххө киирэн таҥара дьиэтигэр күнү-күннүктээн Киристиэс таҥараҕа үҥэн тахсар. Балаҕаныгар киирдэххэ эмиэ таҥара холоругун иннигэр олорор буолар. Үлэ, дьиэ-уот диэн умнулунна. Ол курдук аһыыр-аһаабат икки ардынан хам аччык олохтоннулар. Дьон аһынан ас хаалларан аастахтарына аһыыллар, суох даа суох. Мин ордук Бүөтүччэ муҥнааҕы аһынарым. Оҕом эрэйдээҕи сарсыарда күн ойуута соҕотоҕун хам аччык от охсо баран иһэрин көрсөөччүбүн. Киэһэ күн олоруута ааһан иһэн көрдөххө, син балаччаны бочоохтотон охсубут буолара. Таҥаһа-саба баранан, аччыктыыр муҥуттан аччаччы ыран илдьирийбит сутуруо ыстаана сулбу түһэ сылдьара. Эгэ, оҕо оҕо курдук оонньоохтуо дуо, биир кэм тугу эрэ аһаабыт киһи диэн тиҥсириһэр. Биир үксүн ыаллыы олорор буоламмыт биһиги балаҕаммыт аанын саппат идэлэннэ. Аҕата дьоллоох ону кытта бопсоро. Оҕурдук сордоһон кыстыкка киирии саҕана Хабырылла олох мөлтөөбүтэ. Биир киэһэ Бүөтүччэ миэхэ киирэн, аҕата ыҥыртарарын эттэ. Тиийбитим, киһим бу барыахтыы тыҥыахтыы сытар. Миигин көрөн үөрбүтэ буолан ыппайда уонна олор диэн сэниэтэ суохтук аттыгар турар олох маһы ыйда.

  • Соппуруон, мин таҥаралыыр буолан сытабын. Баачыска кэлэн аньыыбын-харабын ааҕан барда. Аны билигин эһиги миигин кэннибиттэн сүөргүлүү сылдьыбаккыт туһугар Үрдүк Дьүүл илдьитин кэриэтэ сананан бу курдугу кэпсиэхпин баҕарабын. Эн ыксаабакка тулуйан истэриҥ буоллар абырыаҥ этэ, – диэн баран, уу- хаар баспыт харахтарынан миигин алаарыччы көрөн кэбистэ.

Ол киһи таҥаралаары сыттаҕына, мин ыксыырым ыйытык буоллаҕай, саҥата суох тоҥхох гынным.

Дьэ туран маннык буолла. Дьиҥэр, мин били чаҕылҕаҥҥа оҕустарарбар өлбүтүм ээ. Ол өлөн сытан ынырыктаах көрүүнү көрүүлэнним. Арай, биирдэ өйдөммүтүм, бэйэм өлүгүм үрдүгэр тахсан салгыҥҥа уйдаран турар эбиппин. Аны бииринэн аллара тыыга хара хоруону бүрүнэн өлөн тыылла сытабын. Ону көрөн олус соһуйдум, бу тугум даҕаны ыалдьыбат тыыннаах турабын, эмиэ даҕаны ол аллара тыылыы тэбэн сытабын диэн. Оннук мучумааннана турдахпына, туох эрэ чэпчэки да чэпчэки салгын кэлэн, ханна эрэ көтүтэн илтэ. Оо, эриэхсит үчүгэйиэн… Хаһан даҕаны оннук чэпчээбиппин, санаам көтөҕүллүбүтүн өйдөөбөппүн. Биһиэнэ куруук аччыктаабат, тоҥмот туһугар харбыалаһыы эрэ буоллаҕа дии. Көтөн иһэммин туох эрэ холлороон курдук көҥдөй иһигэр киирдим. Хараҕым ыларынан көрдөхпүнэ, антах түгэххэ сырдык да сырдык ыҥырар-угуйар сардаҥа дьайҕаран көстөр. Ол диэки көтөбүн. Санаам көммүтэ, кутум-сүрүм уһуктубута сүрдээх, чээн, манна маннык күн кыһалҕата суох көтө сылдьыбыт киһи баар ини дии саныыбын. Оннук көтөн били сардаҥабар тиийэн эрдэхпинэ, эмискэ бүтүн бэйэбин туох эрэ биллибэт күүс оборон ылан былыт курдук сымнаҕаска бырахта. Онно соҕотох буолбатах эбиппин, икки муус- маҕан бытыктаах тоҥ ньуучча оҕонньоро уонна оччолорго саҥа өлбүт Торопуун Тырылгыын олорсубуттар. Торопуун миэхэ тугу эрэ хаһыытыы сатыыр даҕаны, истибэппин. Тарбаҕынан аллара диэки ыйбытыгар өҥөс гынан көрбүтүм, умайар уот байҕал үрдүнэн көтөн күдүлүтэн эрэр эбиппит. Анараалар, ону көрөөт, тобуктуу түһэн мэлииппэ ааҕан уостара чорбоҥноһон барда. Мин туох мэлииппэтин билиэхпиний, тугу даҕаны саҥарбакка одуулаан олордум. Өр-өтөр буолбата, былыппыт икки аҥы арахсан, анараа дьону көҕөрөн көстөр саҕахтаах сырдык кытыл диэки көтүттэ. «Оо, барахсаттар, таҥара дьоно буолан ырайга урут тиийэр буоллахтара…» дии саныыбын. Бэйэм таҥараҕа тиксибэккэ кэлбиппиттэн куттана быһыытыйдым эрээри, онно тиксэр түгэн суоҕа, өлүүм суһала бэрт этэ. Былыппыт Торопуун биһиккини атын сир диэки илдьэ барда. Сотору киһим аллара түһэн эрэрбитин көрөн, умса түһэн сытан ытаа да ытаа буолла. «Чэ, кэм биһиги буолаахтыахпыт, саатар манна кытта аакка түбэһэр буоллахпыт дуу» диэн олус хомойдум. Тугу даҕаны утарылаһар кыах биэрбэккэ, былыппыт биһигини уот байҕал кытылыгар аҕалан түһэрдэ. Торопуунум, сымара тааска өйөнөн туран, баһын хам тутта- тутта ытамньыйар. Тугу эрэ этэ сатыыр даҕаны, истибэтим курдук истибэппин.

Балачча буолан баран, уот байҕал иһиттэн сүүнэ улахан кып-кыһыл илии сыыллан тахсан, кутуйах оҕолорун тутар курдук харыс даҕаны сири хамсаппакка харбаан ылан, уот куйааһынан илгийэ турар байҕал диэки состо. Илии кытаахтаабыт сиринэн кытарбыт тимир чыскы ытырбытыныы, этим сырдьыгыныы умайбат дуо… Хаһыытаан-ыһыытаан туһа суох. Иккиэн уҥа-уҥа өйдөнөбүт. Биирдэ харахпын аспытым, тулата уотунан умайа турар киэҥ түһүлгэ ортотугар сытар эбиппин. Тула бараалыҥнас киһи. Төһө элбэхтэрин аахайан көрбөккө, биир кэм Торопууммун көрдүүбүн. Киһим муҥнаах сирдээн даҕаны тимирбитэ, халлааннаан даҕаны көппүтэ биллибэт гына сүтэн хаалла. Билиҥҥээҥҥэ диэри ол Торопуун дьоллоох ханна тиийбитин этэр кыаҕым суох. Арай эдэригэр көссүүнэн, хаартынан, арыгынан дьаллыгырбыт киһи, бука киһи ыырдаммат сиригэр барда эрэ, хайа сах дии саныыбын ээ. Чэ, таҥара этэринии «атын киһини дьүүллээмиэххэ, оччоҕо бэйэ даҕаны дьүүллэниэ суоҕа».

Дьэ ол дойдуга баар дьон эмиэ мин курдук кими эрэ көрдүүллэр, тугу эрэ кэтэһэллэр, ытыыллар-соҥууллар. Киһи тулуйбат сыралҕаныттан сирэйдэрэ-харахтара бүтүннүү уот салаабыт куруҥ маһыныы хоруоран хаалбыт. Сорохтор манна өр буолбуттар быһыылаах, букатын хара чох курдук хам хаппыттар. Ким эрэ кэлэн санныбыттан тарпытыгар эргиллэ түспүтүм, ытаан хараҕа салбаҕыра өспүт, тырыттыбыт таҥастаах дьахтар эбит. Тугу эрэ ыйытар даҕаны, өйдөөбөппүн. Дьахтар сиргэ төҥкөйөн кыһыл кумахха тугу эрэ суруйда даҕаны, мин хантан ааҕыахпыный. Онтон төгүрүгү уруһуйдаата уонна ортотугар мас оҥордо, кытыытыгар күнү төгүрүттэ. Сири ыйытар эбит дии санаан, тоҥхох гынным уонна тойон тарбахпын чочотон «үчүгэй» диэтэҕэ буоллум. Дьахтарым солуута суох үөрдэ уонна кууһан ылан тымныы түөһүгэр ыга тарта. Мин кими эрэ кытта бодоруспуппуттан санаам арыый чэпчээтэ. Ити икки ардыгар дьахтарым сиэтэн ханна эрэ илдьиэх курдук гынан эрдэҕинэ, ыарыһах көрүҥнээх хап-хара киһи кэлэн миигин былдьаста. Онно өрүһүйтэрээри тула көрбүтүм, дьонум бары миэхэ ис-истэриттэн кыһаллан мичээрдии сатыыллар эбит. Хаһан оччо элбэх эйэҕэс сыһыаны көрсүбүтүм баарай, алааран хааллым, ким былдьаһа сатыырыгар даҕаны кыһаммакка дьахтар ытарҕатын курдук төттөрү-таары тэйбэҥнии сырыттым.  Эмискэ туох эрэ киһи кулгааҕын дьөлө үүттээн киирэр ынырык улахан тыаһа дуу, хаһыыта дуу өрө бааҕынаата. Онуоха били дьонум бары бачыгырас ойуулаах баараҕай тимир аан диэки ыстаннылар. Бастакы дьахтарым миигин, былдьаан ылыахтара диэбиттии, илиибиттэн сиэппитинэн эмиэ ол диэки дэллэриттэ. Аарыма улахан тимир аан аал хоҥнорун курдук бытааннык аһылынна. Дьон бары абылап- пыттыы ол дьулаан эрээри этиэхтэн эриэккэс көстүүнү одуулаан турдулар. Дьахтарым барахсан миигин сүтэримээри хонноҕум анныттан ыбылы ноторуускалаан турарыттан санаам бөҕөх. Аан тэлэччи аһыллыбытыгар көрбүтүм, сүүрэ сытар хаан курдук уот кыһыл олбоххо сардаана сибэкки өҥүнүү аалай таҥаһынан сөрөммүт, килбэчийэр тараҕай төбөтүн икки чабырҕайыттан өрө үүнэн тахсыбыт хаан өлбөх муостаах, тимиччи түспүт, өһөөрү гыммыт чох курдук харахтаах моҕол ураһа саҕа киһи этэ салаһар абааһыта дуу, айыыта дуу улуутумсуйан аҕай олорор эбит. Дьон бары сиргэ умса түстүлэр. Миигин дьахтарым эмиэ умса тардан, бокулуон уурардыы төҥкөттө. Тулабар: «Ити Үрдүк Дьүүл, Үрдүк Дьүүл…» – диэн сибигинэһэллэр. Эмискэ Үрдүк Дьүүл аттыгар турар хара тыа хардаҥ маһа холобурдаах, сүүнэ ыт аһыҥастаах аһыылаах баһын булгу дайбаан ылан олордо уурбут курдук бастаах, аарыма буур муоһунуу дарайбыт сыгынньах сарыннаах, тойон сэргэ моойунуу синньигэс бииллээх, дыраадыйбыт тайах кэлин өттүн арааран ылан туруору тутан кэбиспит курдук туйахтаах икки уһун атахтаах, иҥиир-ситии илиитигэр баҕыырдаах үҥүүнү өрө туппут дьөһүөлдьүтэ кими эрэ ааттаан ньиргиттэ. Ааттаммыт киһи бокулуоннуу-бокулуоннуу уот кыһыл муостаҕа хаптайан сытта. Үрдүк Дьүүл киһини ынырык харахтарынан дьөлө үүттээтэ уонна түҥнэри хайыста. Онуоха Ыт Бас: «Эн аньыыҥ-хараҥ сууйуллубат гына иҥэн хаалбыт. Үрдүк Дьүүл онтон олус кэлэйдэ. Аадка аттанаҕын!» – диэн уһаат иһигэр саҥарар курдук дуорааннаахтык ордоотуурун кытта, икки кытыыга көмүс атырдьахтарын бэлэм тутан турбут бэйэтин курдук дьөһүөлдьүттэр иннилэрин диэки дугдурус гыннылар да, били сордооҕу, өрө үөлэн таһаараат, туора садьыйдылар. Көрөн турдахпытына, ол муҥнаах сарылаабытынан аллараттан аппах гынан биэрбит амырыын тыыннаах, муҥ-сор суунаҕалаах уот бурулҕаҥҥа төбөтүн оройунан төкүнүс гынна. Бары биир тэҥник «уу-у» эрэ диэн хааллыбыт. Ыт Бас ымыттыбат куолаһынан иккис киһини ыҥырда. Муус маҥан баттахтаах оҕонньор киһи тахсан, холкутук бокулуон уурда. Мин сэҥээрэн төбөбүн өндөппөккө эрэ сүүһүм аннынан одуулаан олордум. Үрдүк Дьүүл суостаах хараҕын эмиэ дьүүллэнээччигэ туһаайда. Анарааҥҥыта холкутуттан биир бэйэм олус салынным. Дьүүл тимир сирэйэ сырдаан, мичээрдииргэ дылы гынна уонна уоһун чорботон уһуннук салгыны үрэн сырылатта. Онуоха үрбүт салгына кыра былыт буолан унаарыйа көтөн оҕонньор иннигэр кэлэн тохтоото. Ыт Бас: «Үтүө киһи үтүөтэ үтүөнэн төлөнөр. Аньыы-хара сыстыбатах кэрэ киһитэ, Ырайга айанныыр», – диэн сымнаҕастык дьүүлү иһитиннэрдэ. Оҕонньор былыкка олордо даҕаны, хабылла түспүт ытыс тыаһын доҕуһуолугар уйдаран, үөһэ көтөн тахсан илин диэки туһулаан, айанныы турда. Бары ымсыырбыт харахпытынан атаара хааллыбыт.

Ыт Бас үһүс киһини ааттаата. Анарааҥҥыта, бокулуон ууран баран, тобуктаан турда. Үрдүк Дьүүл, көрөн баран, сүрдээх тыастаахтык көмүс тайаҕынан сири тобулу аста. Онуоха, хантан даҕаны кэлбитэ биллибэккэ, сүүнэ дьахтар иннибитигэр хорос гына түстэ да, төтөлө суох дьүүллэнээччини сабырҕатыттан өрө ыйаан таһааран тута сылдьар кылбачыҥныыр кытыйа курдук ыйааһынын аҥаар өттүгэр туруоран кэбистэ. Ыйааһын хамсаабата. Инньэ гынарын кытта дьөһүөлдьүттэр өрө хаамсан кэлэн, киһини ыйааһынтан атырдьаҕынан баҕыырдаан ылан Дьүүл иннигэр умса астылар. Ыт Бас: «Эн үтүөҥ уонна мөкүҥ тэҥ кээмэйдээхтэр. Сэттэ күнү биэрэбит, ол иһигэр тугу эмэ оҥорон ханна бараргын быһаартараар», – диэтэ. Ону истээт, киһи умса түстэ: «Үрдүк Дьүүлүөм, мин манна кэлбитим балачча буолла да, тугу оҥорон олохтоох сирбин булан, дууһабын уоскутарбын билбэккэ сылдьабын», – диэтэ. Анарааҥҥылара таас остуолба курдук ымыттан да көрбөккө турдулар. Киһи, санаата түһэн, төттөрү салбыҥнаата. Ити курдук ааттаммыт дьон, ким аакка, ким ырайга, ким манна туох эрэ үтүөнү оҥорон ыйааһынын хамсатар баҕалаах араарыллан, утаарыллан истилэр. Ол туран, «ити иһин миигин бары эйэргэһэ көрсүбүттэр эбит дии. Саҥа кэлбит киһиэхэ туох эрэ үтүөнү оҥоро охсон, Ырайга бараары. Аата, эрэйдээхтэри, тугу эрэ көмөлөспүт киһи…» дии санаан баран, дьахтарым тоҥолоҕун эйэлээхтик ыга туттум. Онуоха дьүөгэм махтаммыттыы сылаас баҕайытык көрөн ылла.

Сотору кими эрэ ааттаабыттарыгар дьахтарым титирэстии түстэ да, миигин сиэппитинэн дьон быыһынан Үрдүк Дьүүл диэки дьулуста. Куттас муҥутаан өсөһөн көрдүм даҕаны, толуу дьахтар миигин тулутуо дуо, дэллэритэн илдьэ таҕыста. Кыһыл муостаҕа үктэнээт, дьахтарым бокулуоннаан сүүһүнэн тыастаах баҕайытык сири лоҥсуйда. Мин үтүктэн эмиэ умса түстүм. «Чэ сөп, эн аньыыга-хараҕа сыстыбатах хара- ҕа суох кэриэтэ кэнэн саха киһитин сиэтэ сылдьарыҥ туһугар аньыыны толунуу буоллаҕа дии. Онон үтүө санааҥ ыйааһыннаннаҕа, Ырайга аттан…» – дииллэрин кытта, дьахтар миигин кууһан ылан уураа да уураа, сыллаа да сыллаа буолла. Ити икки ардыгар былыта бу тэлээрэ көтөн кэллэ. Махтанан тоҥхоҥнуу-тоҥхоҥнуу онно олорон айанныы турда. Мин барыах-кэлиэх сирбин булбакка, кэннибинэн сыылаҥхайдаан эрдэхпинэ, ким эрэ аарыма илиитин муннум анныгар аста. Өндөс гынан көрбүтүм, били Ыт Бас ис-иһиттэн сүргэтэ көтөҕүллэн «тур» диэн илиитин уунан турар эбит. Итэҕэйбэккэ Үрдүк Дьүүл диэки хайыспытым, эмиэ кимҥэ даҕаны көрдөрбөтөх истиҥ мичээринэн миэхэ мичээрдии олорор эбит: «Тур, эн биһиги иннибитигэр туох даҕаны аньыыҥ суох. Аньыыта суох айылҕа оҕото итиирдик сиргэ сыылла сылдьарыҥ соччото суох», – диэтэ уонна уһун тайаҕын уунна. Онтон тутуһан салыбыраан турдум. Үрдүк Дьүүл мичик аллайбытынан туран кэллэ уонна аттыбар чугаһаата. Киниттэн кэлэр үйэлээх сааспар билбэтэх үтүө санаам сылаас тыына өтөн киирэн бүтүн бэйэбин уоскутардыы ыга кууста. Ол түгэҥҥэ кырдьыксыт Аҕа Таҥарабар махтанан, аһыннарар эрэ хараҕым уутун харгыстаабакка дуоһуйа ытаан ньалҕарыйдым. Үрдүк Дьүүл барахсан үмүөрүһэн турар дьон диэки хайыһан: «Көрүҥ, бу баар дьиҥнээх Таҥара оҕото. Кини үйэлээх сааһыгар албынныыр-түөкүннүүр, өлөрөр-өһөрөр, дьону ордук саныыр, абааһы көрөр, атаҕастыыр, сэниир, улахамсыйар, таҥнарар, куһаҕан дьаллыкка ылларар диэни билбэтэх Сибэтиэй Таҥара оҕото. Үтүө киһи Таҥара биэрбитинэн ордукка таласпакка баарынан олорбут. Дьиҥэр, тыйыс дойду ыар олоҕун улуу кыһалҕалара кини тутах олоҕун муус тылынан хара төрүөҕүттэн хаарыйдаллар даҕаны, урааҥхай удьуора ынчыгы ырыа оҥостон бэриллибит кэрдиис кэминэн дуоһуйбут. Өссө Үрдүк Таҥараттан харда махтал ылбакка, соһуччу биһиги илиибититтэн өлбүт. Көстөрүн курдук, кини онтон суламмат-кэлэммэт, хата бэйэтэ буруйдаах курдук мин иннибэр сөһүргэстиир. Сир үрдүгэр, киһи аймахха бэриллибит саамай ыар олоҕу саҥата суох тулуурунан толуйан сиэрдээхтик олорбут Саха киһитигэр Халлааннаах Таҥараттан махтал! Бу баар, сирдээҕи олох чулуу холобура…» – диэн баран, миигин аарыма тайаҕын төбөтүгэр олордон, дьону үрдүнэн эргитэн ылла. Бары миигин абылаппыттыы хайҕаабыт харахтарынан атааран истилэр. Хаһан итинник хайҕаммытым баарай, «син киһи буоламмын биир үчүгэйдээҕим көһүннэҕэ. Ону сыаналыыр Таҥара баар эбит…» диэн, үөрүүбүттэн ытыы эрэ олордум. «Бу дьон ортотуттан эн Ырайга барбатаххына, ким барыаҕай? Ити эрэйдээх олоххунан боруостаабыт аналыҥ. Ол гынан баран, төрөөт Таҥараҕа сүрэхтэммит аата аньыыгын-хараҕын сиргэ аахтарбакка, оҕоҥ олоҕун түстээбэккэ кэлбиккин. Биһиги үтүөнү үтүөнэн төлүүрү сатыыбыт, онон махталбыт  бэлиэтэ буоллун диэн, аҕыйах кэмҥэ сиргэ төттөрү ыытабыт. Соруккун толордоххуна, бэйэбит ылыахпыт», – диэт, улуу кырдьыксыт Үрдүк Дьүүл миигин кус түүтүн курдук үрэн кэбистэ. Дьэ онно Тыыһыт илиитин анныгар өйдөнөн кэлбитим.

Ити курдук. Соппуруон, ол иһин ити толорботох иэспин толоро охсон олохтоох сирбэр төннөөрү, Таҥарам хараҕын утары көрбөккө үҥэн-сүктэн төрөөн сүрэхтэниэхпиттэн ыла оҥорбут аньыыбын-харабын баачыскаҕа аахтардым. Билигин киһи көнө сүрэҕинэн олорбут сырата аахсыллар үтүө дойдутугар аттанарга бэлэммин. Син тугум барыта ситтэ эрээри, ити оҕом муҥнааҕы санаатахпына, сүрэҕим ыалдьар, кутум-сүрүм тууйуллар. Дьэ ити иһин эйигиттэн көрдөһөөрү ыҥыртаран сытабын. Бүөтүччэбин иитэн, киһи гыныам диэн үтүө тылгын истэрим буоллар, сынньалаҥнык айанныам этэ. Кэнэҕэс эрэйиҥ антах ааҕыллыа турдаҕа… – диэхтээтэ уонна тугу хардарарбын кэтэһэн, хам барда.

Мин Бүөтүччэни кыһыл эрдэҕиттэн билэбин, онон ыарахан санаалаах барбатын диэн, тоҥхох гынным. Киһим махтанан илиибин сэниэтэ суохтук ыга тутта уонна утуйан барда. Сирэйэ сырдаатар сырдаан, бүтүн бэйэтэ сардаҥалаах сылаанньыйыы уотугар куустаран, Ырайыгар айаннаата.

Онон  эһиги даҕаны хаппаргытыгар хатаан кэбиһиҥ, сиргэ көрсүбүт эрэйгин ытана-соҥоно сылдьыбакка баарынан ылынар буоллаххына, кими даҕаны таҥнарбакка көнө сүрүннээхтик олордоххуна, Ырай да ырааҕа суох быһыылаах. Ити курдук Айыы Тойон Таҥара барытын көрөр- билэр эбит диэн ол дойдуга сылдьан кэлбит киһиттэн, Хабырылла барахсантан истибитим, – эһэм итинник кэпсээн баран, сирэйдиин-харахтыын сырдаан сытарыгар, мин оччолорго даҕаны ымсыыра санаабыттааҕым. Арааһа, кини даҕаны Ырайтан атыҥҥа барбатах буолуохтаах.

 

Сүрүн сирэй