Рубрика: Биир кэпсээн

15/03/2023 г.

Оскуола учууталлара дэриэбинэттэн көстөн ордук Маҕааны эбэҕэ оттоон эрэллэр. Бу уруккута ыаллыы нэһилиэк сирэ этэ. Бөдөҥсүтүү сылларыгар ырааҕырҕатаннар, чугастыы Сайылык нэһилиэгэр «Кыһыл Маай» колхуоска быһа анньан биэриэхтэриттэн ыла, сайылыктар оттоон абыраннахтара.

Эбэ илин саҕатынааҕы ойуур хайыҥнаах халдьаайы анныттан хойуу оттоох киэҥ ходуһа ньолбойо нэлэһийэр. Халдьаайы үрдэлигэр быһах угун саҕа самнайбыт ампаар дьиэ ыраахтан, дулҕа курдук, логлойон көстөр. Былыргы өтөх иҥнэйбит сэргэтэ хаһан эрэ манна даҕаны уол оҕото төрөөн, алаһа дьиэ тэринэн, тойон сэргэни туруору анньан, иитэр сүөһүнү күрүөлээн, саха сиэринэн оттоон -мастаан олорбутун бэлиэтэ буолан, соҕотоҕун боруора сукуллан тураахтыыр. Быраҕыллыбыта быданнаабыт пиэрмэ хотонун дьардьамата, дал, күрүө элээмэлэрэ, кус сототун уҥуоҕунуу одоҥ-додоҥ кубарыһаллар. Халдьаайыны сырса сүүрэр айан суола, кындыа кыыстыы кылымахтанан иһэн, илин бас налыы хонноҕунан эргийэ көтөн, халыҥ тыа бүүрүгэр, хаһан да ситтэриэ суохтуу, дьылыс гынар. Оттон халдьаайы, сылайбыт боотур иттэннэри түһэн сынньана сытарыныы, кинини эргийэ көтөн хаадьылыыр кындыа кыыс суолу «ээ, чэ, майаачылаама, доҕоор» диэн иҥиэттэн кэбиһиэхтии, томтойор. Оройуон кииниттэн кэлэр массыына суола ити илин баһынан дэриэбинэ диэки ааһар. Аартыктан хаҥас диэки хоннохтоон киирбит бүөрэмньи ырааһыйа ортотугар икки мас күрүө бүтэйинэн эргитиллибит тэлгэһэлээх, сиппиир сарайдаах сайылык дьиэ күкээрэр. Бу – уруккута сүөһү көрөөччүлэр олохторо. Отчуттар манна дьиэлэнэллэр.

Оскуола аҕыс туруу эр дьонугар асчытынан хаһыс да сылын сылдьыһар Ньургууна Ньукулаайабына университекка тыл салаатын бүтэрээт, соҕотох ийэтэ ыарытыйар буолан, дойдутугар дьулуспута. Кини күн уотуттан кыһаансыйан эрэр синньигэс сирэйигэр биллэ-биллибэт сүһүөхтээх көнө мунна саха кыыһын буолбакка, ханнык эрэ хайалаах дойду кыыһын санатар. Ойуулаан кэбиспит курдук хара хааһын аннынан кэтит дьирбиилэрдээх, уһун эрээри убаҕас кыламаннардаах, саһархай киэҥ харахтарынан харалҕан соҕустук көрдөҕүнэ, киһини чинчилиирдии, тургута көрөргө дылы. Кылгас лэппээһиннээх, айылҕаттан кугастыҥы сырдык убаҕас баттаҕын иннинэн чуолкалыы кырыйбыта синньигэс сирэйин кылгатар курдук. Дьулугур, чоруун быһыытын-таһаатын, арай, көп эт сыстыбатах самыыта арыый да кэтирэтэр. Орто уҥуохтаахтарга киирсэр этэ да, устудьуоннуур кэмнэригэр кулуһун курдук уһун уҥуохтаах дьүөгэтин аһынан, иккиэн тэҥ буолан көстөөрү, шпилька хобулук үрдүгэр дугуннахтарына, үҥкүүгэ саха уолаттарын үрдүлэринэн көрөр буолаллара.

Бөтүрүөп ааспыта уонча хонно. Бүгүн мунньуу күнэ. Алта чаас буолара чугаһаабыт. Итинник санаабытынан Ньургууна ааны тэлэйэн тахсан иһэн, сарсыардааҥы күн уотугар көҕөрө мэндээрэр халлааҥҥа хараҕа иҥнэ түстэ. Ханан да былыта суох ыраас халлаан оройо туох эрэ таайтарыылааҕы, кистэлэҥ үөрүү дуу, хомолто дуу баарын этиэх курдук, тыҥыы үрдээбититтэн «дьик» гынан ылла. Хас сарсыарда аайы үөрэ-көтө уруйдуу көрсөр өндөл маҕан халлаана бу сырыыга туохтана биллибэт өрөгөйүнэн улуутуйа дириҥээбит. Сыһыы соҕуруу баһыгар килбэйэн көстөр күөл, кынчыатыырдыы хараара биилэнэн ыла, эмиэ да онтун тута мэлдьэһэрдии, уруккутунуу налыйа дьиримниир. Дьиэ тулатынааҕы бастакы охсуллан хомуллубут хонуу ыраас иэнэ, муҥутуур күөҕүнэн ыга киэргэммит кэрискэ тыа субу буолуохтаах дьиктини күүтэрдии, тыынардыын кылгаан, эппэһэ иһийбиттэр. Мэктиэтигэр, ханна эрэ үөһии-үөһэ аанньаллар ырыалара иһиллэн ааһарга дылы. Тула барыта үҥкүүлээн барыахтыы, сиртэн-буортан тэйэн, ким эрэ «Чэйиҥ!» диирин кэтэһэр курдук сэгэйиэҕинэн сэгэйбит. Эчи даа! Айылҕа барахсан, соруйан оҥорбут курдук, бу ырааһын, уурбут-туппут курдук ураннаахай кэрэтин эриэхсит? Тылынан сатаан этиллибэт эриэккэс биир кэлим дьүрүскэн сатыылаабытыттан кыыс бэккиһээн, сөҕөн, атаҕын тумсуттан уу дьулайыгар диэри сиһи кэдэҥнэтэр синньигэс сүүрээн тымныы утаҕа өрө дьырылаан таҕыста.

Кыыс сөрүүн салгынтан, кинини тэһииркэппит дьикти көстүүттэн кумуччу туттумахтаат, илгистэн кэбистэ. Ойоҕоско турар уһааттан хоруоран хаалбыт чэй өрөр солууругар уу ылан, тиэргэн ортотугар баар оллооҥҥо ииллэ. Итиэннэ бэлэм кураанах мастарынан кутаатын оттубутунан барда.

Дьикти сарсыарда буолла. Бэл, тураахтар бу үйэҕэ хааҕыргаһа көтөр бэйэлэрэ, ханна эрэ тиэтэйэрдии, саҥата суох сапсыгылдьыһаллар. Күөрэгэй ыллыах курдук «дьири-дьир» диэн салгыҥҥа күөрэйэн иһэн, умуллан хаалар. Ньургууна умайан таһыргыыр уотун аттыгар тэлгэһэни, салҕааһыннаах эргэ дьиэни, ас уурар хоспох дуомун, тэйиччи турар от астарар сыарҕалаах «Беларуһу», билигин аҕай уурбут уулаах солуурун атыҥырыы көрө турда. Өссө биирдэ хайыһан сирин, халлаанын көрдө. Оол көстөр күн уотугар сыламныы нуоҕаһар хатыҥнар, күөгэлдьийэн ыла-ыла улааппахтаан, үллэн кэлэргэ дылылар. Хайдах эрэ айыы далбар хотуттара будьурхай хойуу суһуохтарынан намылыһан, күөх солко халадаайдарынан хотолдьуһан, саамал кымыс ыһыаҕар тоҕуоруһан туралларыныы, аргыый аҕай хоҥкулдьуһаллар. Кыркаҕа суох ыраас, күөгэйэр күөх халлаан ньуурун туох да долгутуо суох айылаах. Ходуһа чээл ото долгулдьуйбахтаан ылар. Эбэ килбэлдьигэс ньуура уһуктан эрэр сатыы тыалтан көмүс мөһүүрэлии көҕөрүмтүйэ толбоннурар. Ураты дьэҥкир, лыҥкынас салгыҥҥа уйдаран, тыкаарылар кылбаҥнаһа көтөллөр. Кыыс маны барытын сонурҕаабыт хараҕынан саҥаттан одууласта.

Туох эрэ киһини сээбэҥнэтэр баар ээ, бу көстүүгэ… Айылҕа бу маннык киэркэйиэҕинэн киэркэйэн, улуутуйан аххан турара, мин аҕай диэбиттии улаатымсыйбыт, мааны көрүҥэ кинини тоҕо эрэ дьиксиннэрэр эбит. Атын дойду, атын халлаан! Кини букатын хаһан да харахтаабатах сирэ, билбэтэх халлаана. Бу халлааҥҥа, бу кэрискэ тыаҕа, сыһыыга туох эрэ киниэхэ суоһуур баара илэ биллэргэ дылы. Ол суоһуур туга биллибэт күүс кинини үтэйэр, тэһийбэт санааны угар. Хайдах эрэ муҥура биллибэт үрдүктэн үрдүк, килиэ-халаа таҥара дьиэтигэр биирдэ баар буолбут курдук. Кини онно бып-быыкаайык, бу атаҕын анныгар куота сүүрэн тарахачыйар кымырдаҕас курдук. Тоҕо эрэ олус сытыытык «дьиэбэр баран кэлбит киһии, аҕынным даҕаны» дии санаата. Ол икки ардыгар «тыраахтарынан көһөн тирилэтэн кэлбиппит уонча эрэ хонно дии»диэн мөккүһэр санаа күөйэ көттө.

Быйыл бу дьонунуун оттоспута бэһис сайына. «Бэйи туруортуохха» диэн, дьиэ иннигэр кырыыбалыы турар синньигэс баҕанаҕа быаҕа иилиллэн тэйгэйбит буочука үрдүн элийэ быһыллыбыт элээмэтин лаҥкынатта: «Па-дье-ом! Турдубуут!» Утаакы буолбата, «Чингачкук Большой Змей» диэн оонньуу-күлэ ааттыыр киһилэрэ, оскуола хачыгаара Баһылай Куртуйаахап тахсан кэллэ. Тоҕо итинник ааттыыллар диэтэххэ, маннык. Кини куйаас күн былаатын икки бэтэрээҥи муннуктарын эрийбэхтии түһэн баран, уһун өттүн аллараа намылыйар гына баанар үгэстээх. Оту кыдамалаан, сыгынньах кэтит санна килэбэчийэ, үөрбэтэ күөрэҥнии турар буолааччы. Сороҕор, сынньана түһээри, үөрбэтин ойоҕолуу соҕус туруору тутан тохтуу түстэҕинэ, кырдьык да, сирэлийэн-боролуйан, ситэн-хотон сымарыттан, этэргэ дылы, индеецтээх киинэттэн алҕас манна баар буолбут уола-хаан курдук.

– Хайа, дьэ, бэрт күн үүммүт дуу, – диэн Баһылай мунньуу табыллар буолбутуттан санаата көнньүөрбүттүү, биир тэҥ тиистэрэ кэчигирэстилэр.

– Сарсыҥҥа-өйүүҥҥэ диэри туран биэрдэҕинэ, оту кээспэлииргит буолуо. Түөрт хонуктааҕыта илдьи түспүт ардах, хата, уһаабакка абыраата дии, – Ньургууна оллоонтон тэйиччи турар уһун хаптаһын остуолга бэҕэһээ буһарбыт килиэбин уурда. Ити кэмҥэ дьиэ иһигэр Кириил Ньукулаайабыс идэтинэн: «Па-дъеом, вста-ать!» диэн күөрэччи хаһыытаан, Бииктэрдээх Сэргэйи суорҕаннарын турута тардыталаан айматалыыр саҥата, мучумааннара иһилиннэ. Аан тэлэллэ түһээтин кытта уурбут-туппут курдук быһыылаах-таһаалаах, чэпчэки-чэпчэкитик тирэммэхтээбит, саас ортолоох киһи тахсаат да, туох да харса суох салгыны охсуолаамахтаан ыла-ыла, төбөтө туллан түһүөхтүү кэҕиҥнээтэ. Кини итинник оттомо суох майгылаах, түргэн-түргэнник саҥаран күлүгүрүүр. Кириил Ньукулаайабыс – физкультура учуутала. Куртуйаахаптыын биир кэмҥэ учууталлыы кэлбит кыргыттары ойох ылан, билигин улахан оҕолоро тохсус-онус кылаастарга тиийдилэр. Ньургууна балта, быйыл уон биирискэ үөрэниэхтээх Иэликкэ, учуутал эдьиийин хонноҕор сылдьан, бугул түгэҕэ харбаһар. Кини эмиэ туран, сууна-тараана охсоот, остуолга иһит-хомуос бэлэмнэспитинэн барда. Бииктэрдээх Сэргэй утуу-субуу тахсан иһэннэр, Бииктэрэ:

– Аат киһитэ, сарсыарда аайы тоҕо киһини сордуугун?! – диэн Кириилгэ суоһурҕаммыта буолар. Анарааҥҥыта күлэн мүчүйэр. Оскуолаҕа эрэ киирдэҕинэ Виктор Петрович буолар Бииктэр – история учуутала. Кини аҕыйах саҥалаах, тугу саныыра биллибэт чуҥкуйбут харахтарынан тулатын чуумпутук одуулаһар эрийэ хаппыт иҥиир-ситии эдэр киһи. Сэттис сылын манна дойдутугар үлэлиир, бары даҕаны маннааҕы, олохтоох дьон.

Бииктэр былырыын химияҕа саҥа учуутал кыыс кэлбитигэр кыараҕас учууталыскай ойоҕоһугар турар түөрт муннуктаах дьоҕус сиэркилэ иннигэр эргичиҥниир идэлэммитэ. Кэллэҕинэ, урут наар хаптаччы анньар баттаҕын, аны көбүтэ сатаан, биллэ-биллибэт будьуру дуомнааҕын сахсаччы тараанар аакка түспүтэ. Балаҕан ыйа бүтэ да илигинэ кыыһы үлэ уруогун биэрэр Дьэкиимэптэр уоллара Миисэ матасыыкылыгар олордон, былыр үйэ дьаарбатан ырааппыт диэн буолбута. Бэрт сотору холбоспуттара. Уолбут тула эргийэн хаалбыта. Эмиэ баттаҕын хаптаччы анньан кээһэр буолбута, сиэркилэ умнуллубута.

Кинини кытта олус тапсар дьээбэлээх-тиэхэлээх Сэргэй ааттыын да сэргэх, сиртэн-буортан тэйбит курдук көрүҥнээх, кыра уҥуохтаах. Быллаҕар соҕус уоһун үрдүгэр синньигэр бытыктаах. Маҥан төгүрүк сирэйэ куруук, субу күлэн барыахтыы, мичээринэн бычыахтыыр. Төһө да иккиэн отуччаларыгар сырытталлар, Сэргэйэ быдан оҕо көрүҥнээх. Кини кыһынын Баһылайы кытары хачыгаардыыр. Салгыы оскуола тырахтарыыһа Махсыым, математиктар Роман Филиппович, Ньургун Сэмэнэбис тураннар, суунуу-тарааныы буоллулар. Түөрт уончалаах, оҕолоох-уруулаах, саамай дьэттэйэр дьэттэригэр сылдьар уола хаан дьон. Ким урут бүппүт остуол тула олорон истилэр. Бүгүн биригэдьиирдэрэ тоҕо эрэ хойутаан туран, куоттарбыт киһи быһыытынан, саҥаран чаҕаарыйбытынан таҕыста:

— Хайыа-а, бары эрдэһит чыычаах буолан көппүттэр дии, мин эрэ хаалбыппын, – диэн тиэтэйэ-саарайа суунан-соттон, чэйдиир остуол уһугар олорунан кэбистэ. Тыраахтар соһор мустарарын сымнаҕас, дулҕалаах сиргэ наһаа киллэрбэккэ, мунньууларын анараа бастан саҕалаан баран, киэһэ түмүккэ от кээһэн тахсары кэпсэтэ-кэпсэтэ, чэйдии олордохторуна, Ньургуунаҕа бу көрөр дьонноро чыҥха атын буолан көһүннүлэр.

Оҕо эрдэҕиттэн көрө улааппыт, убайдарын курдук саныыр, биир кэлэктиипкэ үлэлиир, ону ааһан сайын аайы «эн-мин» дэһэн оттуу сылдьар Баһылайа, Бииктэрэ, Кириил Ньукулаайабыһа – бары атыттар. Бачча элбэх киһи лиҥкинэһэн олордохторуна, бэйэтин үөрүттэн муммут, тулаайах кус оҕотун курдук сананна. Букатын туора дьон ортотугар кини эрэ соҕотоҕун, балтынаан, от бырыһыана аахсыам этэ диэн устар сайы быһа сылдьыахтара турдаҕа. Эмиэ хантан эрэ туоххаһыйыы, тэһииркээһин биллибэт долгуна сүрэҕэр саба халыйда. Бэрт начаас дьиэҕэ баран кэлбит киһи! Биригэдьиирэ ыыппата чахчы. Сарсын улахан үлэ, кээһии күнэ.

Отчуттар бараары адаарыҥнастылар. Оллоон таһыгар дүлүҥ олоххо кедатын быатын баана олорор, оҕолору техникаҕа үөрэтээччи Өлөксөй Дьэкиимэбис Чаабыйап дэриэбинэҕэ биллэринэн, Чаан Төбө, аттыгар Ньургууна ойон кэлбитин бэйэтэ да билбэккэ хаалла.

– Дэриэбинэттэн доруоһа аҕалыахха баара. Мин бүгүн баран кэлэрим дуу…

Киһитэ хайдах буолла диэбиттии, иккис быатын эрийэ тарда олорон, өрө мылах гынан кыыс сирэйин көрдө уонна быһаарыыта суох:

– Ким билэр, хайдаҕа эбитэ буолла, – диэтэ. Тостубут тиистэрэ саҥардыллыбыт кыраабылын туппутунан ааһан испит балта тохтуу түстэ:

– Мин эмиэ барсан кэлиэҕим, – дии оҕуста. Биригэдьиир салгыы тугу да диэбэтэ. Ол курдук сыарҕаларыгар олорон ходуһаларын диэки тарылата турдулар. Сотору тумуллаан киирбит тыа кэтэҕэр сүттүлэр. Арай арҕаа бас диэки туһаайыынан тыраахтардарын тыаһа эрэ иһиллэр.

Күнүскү аһылыкка диэри Ньургууна иһитин, дьиэтин-уотун, тиэргэнин дьаһайан, эбиэт кэннэ буһарыахтаах килиэбин тиэстэтин оҕуста. Уот күөдьүтэ оҥосторго хампархай баахха мас сыыһа хомуйда. Кэллэҕин утаа балта хомуйбут чыыппаана дьэ бүппүт. Күн оройугар дьонноро тахсалларыгар мииннэрэ, чэйдэрэ оргуйан бэлэм буолла. Эр дьон аһаан-сиэн, сэниэ киллэринээт, эмиэ тирилээн-тарылаан отторугар баран хааллылар. Ити курдук дьоно чэйдииллэригэр аһын астаан, хоспох иһигэр баар эргэ кирпииччэ оһоххо хас да киэпкэ биирдэ уган килиэбин буһаран, күнү быһа түбүгүрдэ.

Мааҕын күлүмүрдүү көөчүктэммит көмүс күн арҕаалаан эрдэҕинэ отторун кээһэн, үөрэн-көтөн дьоно бу тиийэн кэллилэр. Күүстэрин-уохтарын үгэнигэр сылдьар дьон көрдөрө-күлүүлэрэ, хаадьылара элбэх. Барахсаттар сылайар диэни билээхтээбэттэр. Иэлэ эдьиийигэр сыста түһээт: «Хайа, барбат буоллубут дуу?» – диэн ыйытта. Эдьиийэ: «Бэйи, тохтуу түс, барыахпыт», – диэтэ. Аҕаһыттан арыый да намыһах, моттоллубут иэдэстээх этиргэн эрдэҕэс кыыс оччугуйдара. Бииргэ төрөөбүт ахсыа этилэр. Иэликкэ үрдүнээҕи кыра уол бэс ыйыгар аармыйаттан кэлбитэ. Оччугуй убайын кытта дэриэбинэттэн чугас матассыыкылынан сылдьан оттууллар. Балыстартан икки кыыс кэргэннэнэн, атын нэһилиэккэ олороллор, биир кыыс манна кулуупка остуорастыыр. Убайдара хойутаан ыал буолан иһэн, эмискэ өлбүтэ. Ону сорохтор космоска көтөр ракеталартан түһэр уматык тобоҕун сүлүстээх дьайыытыттан буолуо дииллэр. Биирдэ, 1987 сыллаахха этэ быһыыта, сайын ортото тулалыыр ойуур мутукчата, сэбирдэҕэ туран эрэ эмискэ кытара кыыһан хаалбыта. Ити күһүнүгэр убайа Сахаачча үрэхтэргэ, тыаларга элбэх сылгы, тайах таах өлөн тараадыһа сыталларын уматыыга, көмүүгэ сылдьыспыта. Олортон, бу санаатахха, билигин ким да халбатах эбит. Сибиир дьааспата турда диэбиттэрэ. Оройуоҥҥа киирэргэ сөмөлүөт анныгар инчэҕэй эрбии кээбилигэр тилэҕи сотторон эрэ баран олордоллоро. Дьон-сэргэ бэркэ дьиксиммитэ. Айылҕаны, салгыны буортулааһын, халлаантан гептил таҥнары саккырааһынын дьайыыта буолуо диэн сири-буору аннынан кэпсэтии өргө диэри намырайбатаҕа. Күһүҥҥү хараҥаҕа, кыһыҥҥы киэһэлэргэ нэһилиэк сирин-уотун туһунан, үөһэ халлааҥҥа эмискэ туох эрэ сырдыы түһээт, улаатан кэлэ-кэлэ, сүтэн хааларын үгүстүк көрөөччүлэр. Оччолорго сорох улахан да, кыра да салайааччылар Байконурга бүтүн делегациянан бара сылдьан баран, туох да буортулаах тохтубат диэтилэр диэн кэлэн үөрэ-көтө кэпсээбиттээхтэрэ. Бу Ньурба, Үөһээ Бүлүү кырыы нэһилиэктэрин сирэ-уота, кыыла-сүөһүтэ, дьоно-сэргэтэ туохтан маннык өлө-сүтэ, ыалдьа олороллорун билбэт-көрбөт курдуктар…

Ийэлэрэ үйэтигэр ыанньыксыттаан баран, ыарытыйдар да, үҥсэргии сылдьыбат, хата, саҥа-иҥэ, кэпсээн-ипсээн толору киһитэ. Тыҥа искэнэ диэбиттэрэ хаһыс да сыла. Кэнникинэн иинэн-сүтэн, улам куччаан иһээхтиир. Ийэтэ «уолум сулууспаттан кэлэригэр тиийбит киһи» диэн уоһун иһигэр ботугуруурун истибит буолан, Ньургууна кинини баар-суох «сээн» диир киһитэ хаһан эрэ суох буолуо дии санаатаҕына, көхсө кыарыыр. Куоракка үөрэҕин бүтэрэр сааһыгар аҕалара куолайыгар искэн тахсан, икки эрэ ый буолаахтаабыта. Иитиспит аҕатын аһыйан, ийэтин аһынан, төһө да суол хаалан турдар, дойдутугар көппүтэ. Эксээмэннэр буолуохтара нэдиэлэ кэриҥэ баара. Дьүөгэлэрэ барахсаттар сүүрэн-көтөн, билиэт булан, атаарбыттара. Оройуон кииниттэн өрүскэ диэри оптуобуһунан, аарааҥҥа диэри дьон массыынатыгар кыбыллан, онтон сэттэ көһү сатыы хааман, түүн ортото дэриэбинэтигэр кэлбитэ. Куоттарбыт этэ…

Киэһээҥи аһылык бүтүүтэ Бииктэр өссө да чэй иһээри ууммут чааскытын ылан иһэн, Ньургууна: –

Бииктэрдээх иһити хомуйаарыҥ. Биһиги дэриэбинэҕэ баран кэлиэхпит, – диэн этэн кэбистэ. Иэликкэ хоско таҥас уларытта элэс гынан хаалла. Ким да туох да диэн хардарбата.

Таһырдьа тахсыбыттара, саҕаҕы итир былыт саба халыйан, хайдах эрэ боруорбукка дылы. Тэлгэһэни ааһаат сулбу хааман бардылар. Аартыкка киирээт Ньургуу туохтан эрэ куотан эрэр дуу, куоттаран эрэр дуу киһи курдук, улам түргэтээн, хардыытын эптэр эбэн истэ. Иэликкэ эмиэ ыксыыр курдук, хаалсыбат. Уһун синньигэс оттонор күөлү ааһан, быһалыыр омоох ыллыгынан сэндэҥэ ойуур устун сиэлэр-хаамар икки ардынан түһүннүлэр. Син өр барбаластылар. Ыллыктара массыына хаспыт суолугар холбосто. Үнүр түспүт ардах от үрэх суолун алдьаппыт. Сирэ былыык буолан, күлүк өттө үрдэ эрэ сараҕыйбыт. Сыралаах, ньуччураан айан буолла. Ити курдук кэннилэригэр үс күөлү, уһун от үрэҕи хаалларан, биирдэ «килэс» гына түспүт, быччайбыт уулаах күөлгэ кэлэн, дьэ, «һуу» диэтилэр, дэриэбинэлэригэр кэлбит саҕа санаан кээстилэр. Мантан антах буор кутуу суолунан бэрт начаас икки күөлү мүччү түһүөхтэрэ, уонна, дьэ…

– Хайа, сылайдыҥ дуо? Сотору тиийиэхпит.

– Аһара буотах, – харыс да хаалыахтарын баҕарбат бырдахтары далбаатаан кэбиһэ-кэбиһэ, Иэликкэ, сылайдар даҕаны, эппэт. Ээ, Иэликкэ, Иэликкээ… Олох устун эдьиийгиниин иккиэйэҕин бу курдук өссө да уһуннук кэккэлэһэ баран иһиэххин билбэккин.

– Сандал табаарыстарын кытта матасыыкылынан хатааһылыы бу диэки да кэлбэт ээ. Оччоҕо, хата, биһиги олорсуо этибиит, – диир кини.

Кылгас кырыыны ааһан барбахтааттарын кытта кутуу суол саҕаланна. Кыргыттар эгди буоллулар. Тэриэлкэ курдук хотоол сиргэ ортотугар хаһааҥҥыта эрэ көлүччэ оннугар онон-манан чоҥолох уулардаах, кыракый бугуллар кэчигирэспит Сааба Күөлүгэр киирдилэр. Оол уҥуоргу аартыктан бэттэх соҕус кылабыыһа туналыйар. Халлаан боруорбут. Ньургууна чаһыытын көрбүтэ, уон биир чаас буолан эрэр. Дэриэбинэ диэкиттэн, бадаҕа, Сааба Күөлүттэн бэрт чугас, Хомустаах кырыытыгар туох эрэ торулаан иһэр тыаһа иһилиннэ. «Сандал, Сандал буоллун!…» –дэһэ түстүлэр кыргыттар. Сирэйдэрэ¬харахтара сырдаата, хаамыыларын өссө эптилэр. Өтөр буолбата, аартыктан сыһыы кэриитин кыйа барар суол өҕүллүүтүгэр матасыыкыллаах киһи иһэрэ көһүннэ. Кэлээскилээх дуу… Ээ, суох, кэлээскитин оннугар мас адарайдаах «Иж-Юпитер». Сандал эбит. Кинилэр тустарыгар кэлэн тохтоото. Уку-суку туттар. Саҥаран быстыбат.

– Хайа, бу, бачча киэһэ ханна баран иһэҕин? – кустуу баран истэҕэ дии санаан, Ньургууна сурдьуттан ыйытта.

– Эһиэхэ тиийээри. Үнүр ардах эһиги диэки күүскэ түстэ быһыылаах. Хайдах тиийэрим буолла дии саныы испитим, хата, бэйэҕит кэллигит дии.

Аҕас-балыстыылар били үөрэн эгди буолбуттара ханна да суох, мах бэрдэрэн турдулар.

– Олоруҥ. Ийэбит бу сарсыарда балыыһаҕа киирбитэ. Киэһэнэн кыайан саҥарбат буолла, – Сандал куолаһа иһин түгэҕиттэн бүтэҥитик иһиллэр.

Кинилэр сотору Хомустааҕы ааһа сүүрдэн, дэриэбинэҕэ көтүтэн киирдилэр. Бу диэки ардах аанньа түспэтэх буолан, көппүргэн буор бурҕачыйар. Матасыыкыл дэриэбинэни биир гына торулаан, балыыһа таһыгар тиийэн хорус гынар. Ньургууна мас адарайга нэһиилэ иҥнэн, тутуһуоҕунан тутуспута, тарбахтара ыалдьыбыт. Чабырхайыгар биир кэм: «Ийэм! Ийэм!..» диэн тыл чыбырхаччы кэйиэлиир, чэчэгэйэ үллэҥнииргэ дылы. «Ол иһин даа, били мааҕыын халлаан…» диэн санаа күөрэс гынан ааста.

Түөрт миэстэлээх палатаҕа ийэлэрэ уһугулаан сытар. Үс орон таҥаһа хомуллубут, кураанах тимир эрэһэ систэрэ хараарар. Ийэлэрин утарыта орон аҥар кырыытыгар улахан сурдьа уонна кулуупка үлэлиир балта олороллор. Иэликкэлээх Сандал эдьиийдэрин кэнниттэн киирэн, кинилэрдиин кэккэлэһэллэр. Түннүк сэҥийэтигэр өйөнөн турар кырдьаҕас биэлсэр бэттэх кэлэр:

– Хайыыр да кыахпыт суох, бүппүт. Эн кытаат, тулуй, – диэн Ньургуунаҕа туһаайан этэр, буруйдаммыт киһилии, кыырыктыйбыт кылгас баттахтаах кэтэҕин имэринэн ылар. «Эдьиийгитин, улахан киһини, истэр буолаарыҥ», – дии сытаахтаабыт. Эдьиий киһи кыатана сатыыр, кэҥэриитэ кычыгыланан, хараҕа ууланан кэлэр:

– Оҕолоор, эһиги дьиэҕитигэр барыҥ. Сарсыарда хайаҕыт эмэ кэлээриҥ, – бэйэтин саҥатын туораттан истэр курдук. Оҕолор кэннилэрин хайыһан көрө-көрө, аам-суом тахсан бардылар. Биэлсэр Көстөкүүнтэн атыннык ааттаммат, эт лахса хара-бараан киһи, нөҥүө хоско таҕыста.

Ийэтэ хамныыр кыаҕа суох, хараҕа эрэ тугу эрэ этиэхтии кыыһын батыһа көрөр. Истибэт буолбут куҥ илиитин нэһиилэ сыҕарытан, түөһүн харбанна. Ырбаахытын эҥэригэр тарбаҕын укта. Тугу эрэ бигии сатыыр курдук гынна уонна синньигэс сааппыйаан быалааҕы иилэн таһаарда. Кыыс аргыый субуйа тардан көрбүтэ, оҕус хабаҕыттан тигиллибит кыракый саппыйачаан эбит. Маны кини урут ийэтэ аах араас квитанциялары, докумуоннары, харыстыыр малларын угар дьааһыктарыгар көрөөччү. Ыксары бааллыбыты балачча бодьуустаһан арыйда. Токуччу эриллибит кумааҕылар. Хас биирдиилэрэ маарыннаспат өҥнөөх саптарынан баайыллыбыттар. Хараҥаҕа саптары өһүлүөн баҕарбата. Саппыйатын төттөрү баайан, сиэбигэр куду анньан кэбистэ. Ийэтэ сотору налыйан, утуйбут курдук буолла. Кыыс илиитин ийэтин төбөтүттэн сыыйа ылла. Чочумча дөйүөрбүт курдук олордо. Онтон ыксаабыттыы, ийэтигэр нөрүс гынна. Һуу, баар эбит, тыынар курдук. Ити курдук кылгас түүн ааста. Алта саҕана биэлсэр киирэ сырытта. Ыарыһаҕы тымырын тутан көрдө, сүрэҕин туһунан иһиллээмэхтээн баран, түннүк чуолҕанын аста. Тугу да саҥарбакка тахсан хаалла. Ийэтэ хараҕын аспат. Ньургууна сарсыардааҥы күн күлүмүгэр ийэтин сирэйэ саһарымтыйа көҕөрбүтүн, тарбахтара сугуну туппут курдук өҥнөммүттэрин көрдө. Илиититтэн харбаан ылбыта, тымныйан эрэллэр эбит. Кыыс ыксаата. Ийэтин санныттан кууспаҕалаата: «Ийээ, ийээ-ээ, барымарыы-ыый, барымаа-ыы»», – диэмэхтээтэ.

Балыыһа үлэһиттэрэ, биэлсэр, сиэстэрэлэр киирдилэр. Сиэстэрэ Дьуунньа Ньургуунаны орон сыҥаһатыттан туруоран, бэттэх ороҥҥо илдьэн олорто. Кураанах орон эргэ куруһууната, ханна эрэ сууллан эрэрдии, курулуу куугунаата. Ити күн кини ийэтин пилорама үлэтигэр диэн хаалларыллыбыт «Беларусь» тыраахтар бырысыабыгар суорҕаҥҥа ууран дьиэтигэр таһаарбыта. Сорох аймах дьоно ыраах оттуу сытар буоланнар, бэйэлэрэ чугас ыалларын сүбэтинэн күн-күбэй ийэлэрин тиһэх суолугар атаарбыттара.

Бүгүн кини ийэтэ хаалларбыт саппыйатын иһигэр туох баарын көрөөрү, быатын сүөрдэ. «Тугу маннык айылаах кичээҥитик укпута буолла» дии саныы-саныы биир араҕас өҥнөөх сабынан чороччу эриллибит кумааҕы сууну арыйа тарта. Остуолга оҕо ньаассын баттаҕын кырадаһыннара түһэн кэллилэр. Ону кытта туох эрэ хара тоорохой төкүнүс гынна. Ньургуу бу суулаахтар бары кинилэр уу-кыһыл эрдэхтэринээҕи баттахтара, кииннэрэ буолалларын итиэннэ ийэтэ тоҕо майгыннаспат өҥнөрүнэн бэлиэтээбитин өйдөөтө. Кустук сэттэ араас өҥүнэн бэлиэтэммит суулар ис кистэлэҥнэрэ тугун тута сэрэйдэ: «Оо, ийэм барахсаныа!… Олоҕун тиһэх мүнүүтэтигэр диэри күҥҥэ көрбүт көмүс чыычаахтарын туһугар кыһалла сытаахтаабыт. «Бары бу саппыйаҕа курдук, бииргэ буолаарыҥ, онуоха эппиэттээх эн» диэтэҕэ», – Ньургуу суулары биир биир арыйталаан көрө олордо. Баттаҕы, киини кытта төрүүр дьиэҕэ оҕо бэгэччэгэр баайар килэйиэҥкэ бэлиэлэргэ ким хаһан төрөөбүтэ чааһыгар тиийэ сурулла сылдьар. Бу балта Иэликкэ киинэ, бу оччугуй сурдьа Сандал чачархай баттахчаана… Оттон бу Ньургуу бэйэтин гиэнэ. Сэттэ суу, сэттэ оҕо, сэттэ олох… Ахсыс суу суох. Уолугар Сахааччаҕа «анараа тиийэн» көрдөөн эрэйдэммэтин диэн уган ыыттаҕа. Ньургуу суулары кичэйэн төттөрү эрийтэлээтэ, саппыйатын моонньугар иилэн, иһирдьэ анньан кэбистэ. Эмиэ соҕотохсуйуу курус салгына ыга кууста. Ийэтэ аны суох. Олоҕун көмүс күһүнүгэр тиийбэккэ эрдэлээтэҕэ. Өссө да олоро түһүө этэ да…Ньургуу тоҕо эрэ эрдиитэ суох тыыга олорбуттуу сананна. Курус санааларыттан дьэгдьийээри таһырдьа таҕыста.

Күлэ турар күннээх халлаан тугу барытын мэлдьэспиттии мэндээрэр, абына-табына үрүҥ түүтэх былытчааннарын ханна эрэ кыйдаталыыр. Бу улуу куйаары, бу сири-халлааны Айыы тойон таҥара киһи барахсаҥҥа орто туруу бараан дойду сиэдэрэй олоҕун биллэрээри анаан айан кэбистэҕэ. Онтон ыла, ханнык да күн-дьыл тирээтэр, киһи бу улуу-дьаалы байҕал олох устар туонатыгар соҕотох бэйэтэ эрдинэн, суолун солонон, кыамматыгар-кыратыгар аартык тэлэн айанныыр аналлаах буоллаҕа. Аламай күн бу Сиргэ туох баар тыынар тыыннаахха тэҥник, дэлэйдик сыдьаайа тыгарын курдук, Ийэ хас биирдии оҕотун итии тапталынан угуттаан улаатыннарар. Оттон киһи барахсан борбуйун кыанан, дохсуннук сананан, сайдыыга таҕыстаҕым диэн халлаан куйаарын курдарыта сүүрэр, ыйга ыттар, иитиллибит Ийэ сирин сиксигиттэн түөрэ үктүүр. Онто ханан диэлийэн тахсарый? Дьэ, ити. Биир дьиэттэн үс киһи. Туох баар тыынар тыыннаах көмүс ньээкэ уйата – Сир барахсан – Күнү тула көмүскэлэ суох уста-төкүнүйэ сылдьаахтыыр буоллаҕа. Киниэхэ хантан куттал суоһуурун билээхтээбэт. Эбэтэр билиниэн баҕарбат.

Сир уонна Ийэ… Сир уонна бу саппыйа… Бары биир ситимнээх эбиккит: кустук сэттэ өҥүнэн оонньуур, олоҕу эрэ түстүүрүн билэр улуу ситиминэн…

 

Елена Иванова-Мурустаал