Рубрика: Биир мал сэһэнэ
Бу туос иһит биһиэхэ ийэбитинэн эбээбит Катакинова (Попова) Анастасия Михайловнаттан хаалбыта. Кини Чурапчы улууһун Алаҕар нэһилиэгэр 1894 сыллаахха төрөөбүтэ.
18 сааһыгар Уус Алдан улууһун Үөһээ Өлтөк нэһилиэгиттэн төрүттээх Попов Николай Дмитриевич (Дьэҥкир Арыы) диэн киһиэхэ кэргэн тахсыбыта. Уус Алдаҥҥа сүктэн кэлбитигэр хотуна бу туос иһити бэлэхтээбит. Хас сыллаахха ким оҥорбута биллибэт. Эбээ Настаа хотунун бэлэҕин хойукка диэри хараҕын харатын курдук харыстаан илдьэ сылдьыбыта. Иистэнэр малын-салын уган маллаах иһит оҥостубута.
1976 сыллаахха эбээбит өлбүтүн кэннэ бу иһит ийэбитигэр Андросова Матрена Николаевнаҕа тиксибитэ. Биһиги бииргэ төрөөбүт сэттиэбит. Мин саамай улаханнара буолабын. 1993 сыллаахха Дьокуускай куоракка үс хостоох, толору хааччыллыылаах, таас дьиэҕэ киирбиппит. Онно ийэбит барахсан үөрэн-көтөн туран бу маллаах иһити бэлэхтээбитэ. Онтон ыла биһиги дьиэ кэргэҥҥэ ааспыт үйэ кэрэһитэ буолан, оҕо сааспын, ийэлээх, аҕабын, эбээбин саната турар. Билигин ону бэйэм оҕолорбор, сиэннэрбэр куруук кэпсиибин. Ол курдук, бу дьоҕус маллаах иһит биһиги сүрэхпитигэр олус күндү.
С. С. Андросов, үлэ бэтэрээнэ.