Рубрика: Биир мал сэһэнэ
1956 сыллаахха нэдиэлэ ахсын бэчээттэнэр сэбиэскэй общественнай-политическай, литературнай-художественнай “Огонек” сурунаал 4 нүөмэрин таһыгар Мэҥэ Хаҥалас Хачыкаат нэһилиэгин үөрэнээччилэрэ учууталларын кытта тахсыбыттара. Бу кэмҥэ сурунаал биир мөлүйүөн тираһынан бэчээттэнэ сылдьыбыт.
Сурунаалга маннык суруллубут: “На первой странице обложки: На уроке чтения в подготовительном классе школы-се- милетки села Качикатцы (Орджоникид- зевский район, Якутская АССР). Учительница Анна Павловна Сивцева со своими учениками. Фото Я.Рюмкина”. Бу историятын билээри хаартыскаҕа учуутал кэннигэр кинигэ ааҕа олорор, билигин РФ үтүөлээх эколога, Хаҥалас улууһун бочуоттаах олохтооҕо Любовь Даниловна Киприяноваттан кылгас ахтыы ыллыбыт.
— Бу күнү мин учүгэйдик өйдүүбүн. Кыһын буолан оскуолабыт тымныы соҕус этэ. Мин чараас сон таһынан фартук кэппитим. Ити биһиги букубаар ааҕа олоробут, “Шура” диэн тылы. Инники Филиппова Полина олорор, аттыгар Герасимов Толя. Толя (Герасимов Анатолий Афанасьевич), учууталбыт Анна Павловна Сивцева кыра уола. Билигин техническай билим хандьытаата, ХИФУ профессора. Полина (Брызгалова Полина Григорьевна) нуучча тылын учуутала, үөрэҕирии туйгуна. Мин — экологпын, айылҕа харыстабылын министиэристибэтигэр, СӨ Судаарыстыбаннай айылҕа кэмитиэтигэр, “Ленские Столбы” нацио- нальнай пааркаҕа 17 сыл дириэктэринэн үлэлээбитим. Учууталбыт биһиэхэ биир сыл үлэлээбитэ, онтон Чурапчыга көһөн барбыта. Анна Павловна сымнаҕас, үтүө санаалаах учуутал этэ. Биһиги кинини олус сөбүлүүрбүт. Барбытыгар наһаа хомойбуппут. Кини куруук мааны буолара, сиэрэй көстүүмү эбэтэр кытай баайы пиджагын кэтэрэ. Оҕолорго оччолорго хоппуруон баанчык диэн суох этэ, ол иһин кини үрдүкү кылаас кыргыттарыгар анаан тигэн биэрэрэ. Биһиги ымсыырар- бытын өйдүүбүн… Любовь Даниловнаҕа санаатын үллэстибитигэр, хаартыска ыыппытыгар махтанабыт. Кытаанах доруобуйаны, этэҥҥэ буолууну баҕарабыт.
Хаартыскаҕа: Любовь Киприянова, Анатолий Герасимов, Полина Брызгалова олороллор.