Рубрика: Далбар олбох
Поэт Саргылаана Спиридонова «Кэргэммин булка атааран, оҕолорбун биир хоско хаайталаан баран, дьэ хоһоон суруйаары олорон истэхпинэ, били оһоххо уурбут хааһым куотта, аны кусчут төнүннэ…» диэн олоҕун түгэниттэн суруйбут хоһоонун түбэһэн аахпыппын олох умнубаппын. Харахпар айар куттаах ийэ уобараһа, күннээҕи түбүгэ бүүс- бүтүннүү көстөн кэлбит курдук буолбута.
«Тапталтан туймаарар сүрэхпэр тырымнас тыллары хатылаа…», «Эн миэхэ эйэргии утары уунаҕын алтан от дьөрбөтүн…», «Билэбин, иккистээн кыыс оҕо буолан биһилэх кистэһэ оонньообоппун…», «Дириҥ силистээх мас курдук бөҕөхтүк сананабын», «Ийээ, эбээ» диэн ыҥырар күндү оҕолордоох буоламмын…» бу бастакы матыыптарыттан истэн, дьахтар аймах кутун туппут кэрэ, нарын лиирикэлээх ырыалар Саргылаана Спиридонова–Кэрэмэс Кийиитин тылларыгар айыллыбыттара. Сунтаар Маар Күөлүттэн төрүттээх, Сунтаарга, ону таһынан өрөспүүбүлүкэҕэ даҕаны, ааспыт үйэ 70-с сылларыгар айымньылаахтык үлэлээн, дьоҥҥо-сэргэҕэ сөбүлэппит, поэзия хонуутугар илбистээх, иэйиилээх хоһооннор дьөрбөлөрүн туппутунан киирбит поэт дьахталлартан биирдэстэрэ Саргылаана Спиридонова буолар. Кини нарын да нарын, аргыый сэмээр сипсийэр куоластаах, минньигэс сибэкки сыттаах поэзията ордук дьахтар киһи чараас кутун таарыйбытынан, сүрэҕин сүүйбүтүнэн киирэр.
Кини хоһоонноро бу олоххо элбэх оҕолоох Далбар Хотун Ийэ сылаас илиитинэн имэрийэр, аһыныгас сүрэҕинэн угуттуур курдуктар, кини бэйэтин майгытын курдук холку, уһун-киэҥ санааны саҕар тыыннаахтар. «Мин олоҕум кэпсээнэ барыта хоһооннорбор баар», – диэбитэ Саргылаана Семеновна. Онон ыалдьыппыт кэпсээнин кини айымньыларын туппутунан олорон, хоһоон доҕуһуоллаах истиэҕиҥ. Саас сыа хаар Сылаанньыйа ууллар Сырдык кэмигэр, Дьол чугас дьоммун Долгута үөрдүбүт Дьоһун күнүгэр, Ийэм барахсан Иэйэхсит сүрэҕин Эһиэнньэхтии ытаан Эймэниппит эбиппин. Ол онно Оччугуй кыысчаан Олоҕун түстээбиттэр, Күн сирэ күндүргэттин диэн, Көмүс Саргыбыт диэбиттэр. Бу курдук бэлэхтээбит ааттарынан Бүөмчү санааларын арыйбыттар: Оҕобут Орто дойду дьалхаан аартыгар Саргы аргыстаннын диэн алҕаабыттар.
Саргылаана, төрөөбүт тиэргэҥҥэр, оҕо буолан кылыйа оонньообут хонууларгар төннө сылдьыахха.
– Кулун тутар 13 күнүгэр Маар Күөлгэ төрөөбүтүм. Наһаа уһун киирбэт күннээх, үрдүк халлааннаах, кыһалҕата суох оҕо саас туһунан үтүө өйдөбүллэрим санаабын сылаанньыталлар, сылааһынан кууһаллар. Төрөппүттэрим – аҕам Семен Гаврильевич Спиридонов, ийэм Наталья Прокопьевна Попова үлэ-хамнас түбүгүнэн олорбут үтүөкэн дьон этилэр. Аҕам, төһө да дьадаҥытык, кыһалҕалаахтык улааттар, олоҕу олус таптыыр, көрдөөх-нардаах, сэргэх киһи этэ. Аҕа дойду Улуу сэриитигэр барбыт убайын солбуйан 14 сааһыттан биригэдьиирдээн саҕалаабыт.
Суот-учуот өттүгэр үчүгэй этэ. Нууччалыы үчүгэйдик кэпсэтэрэ. Кэлин даҕаны наар биригэдьииринэн, салайааччынан үлэлээбитэ. Ийэм ийэтэ, эбэтэ эрдэ өлөннөр эмиэ кыһалҕалаахтык улааппыт. Дьиҥинэн, төрдүнэн-ууһунан ыллахха кыахтаах дьон эбиттэр. Ийэм бэкээринэҕэ үлэлээбитэ, оһох оттор этэ. Оҕолоругар табыллыбакка бастаан уол ииттибиттэрин кэнниттэн үс сылынан мин төрөөбүппүн. Онтон икки балтым кэлбиттэр. Убайбыт Евгений Братскайга олорор. Балтым Надя Мирнэйгэ олорор, социальнай үлэһит. Кыра балтым Наташа Сунтаарга, эргиэн эйгэтигэр үлэлиир. Дьоммут биһигини хаһан да мөхпөттөр этэ, сэмэлииллэрэ да көр-күлүү курдук буолара. Биһиги, кыра сылдьан дьиэтээҕи үлэбитин толоро охсон баран оонньуу барар айдааннаах дьон буоллахпыт. Уубут балачча ыраах этэ, онон сайын сылабаар оргутаары күҥҥэ үстэ биэдэрэнэн уу таһар этибит, сылабаар оргутаары оттук мас аҕаларбыт. Ийэбит үлэтигэр көмөлөһөн оҕуһунан уу баһарбыт эмиэ баар буолара. Аймахтарбытыгар оҕо көрсөн көмөлөһөрбүт. Бэһис кылаастан ньирэй көрүүтүгэр, ыанньыксыты солбуйан үлэлэһэр буолбутум.
Оскуолам олбуорун иһигэр
Оҕо саас сайыһа хаалбыта,
Улахан олоххо киирэрбэр
Учуутал алгыһа атаарта.
Киһиэхэ төрөөбүт тыла
Киинин кытары ситимнээх,
Кутун сүрүн бигэ тыына
Холумтаныттан сибээстээх.
Оскуолаҥ бүтэһик чуораанын долгуйа иһиллии, үөрэммит кыһаҥ аанын сабан тахсаары тураҥҥын инники олоҕуҥ, талыахтаах идэҥ туһунан туох ыра санаалардаах этигиний?
– Биһиги Маар Күөлбүт оскуолата 8 кылаастаах этэ. Онон 9-10 кылаастарга Арыылаах орто оскуолатыгар үөрэнэ кэлбитим. Дьэ манна саха тылыгар уонна литературатыгар тардыһыым улаханнык күүһүрбүтэ. Саха тылыгар үөрэппит учууталым Николай Петрович Васильев, биир дойдулаахпыт, суруналыыс, суруйааччы Ангелина Васильева-Дайыына аҕатын оруола улахан. Кини уруогун наһаа умсугутуулаахтык биэрэрэ. Литератураҕа кэпсээни үөрэтэрбитигэр айымньыны оруолларга үллэртээн дорҕоонноохтук аахтарара. Ол ааҕарбытыгар, кэпсээн ис хоһоонун өйбүтүгэр-санаабытыгар үчүгэйдик иҥэринэр буоларбыт. Учууталбыт олус сымнаҕас майгылаах этэ да, биһиги кини тылын истэрбит. Өйтөн суруйууларым туох да көннөрүүтэ суох кэлэллэрэ. Суруйарбар тылдьыты кытта үлэлии үөрэммитим. Хоһоон суруйарга холонор этим. Улаатан эрэр кыыс сиэринэн, Андылаах алааһыгар иэйиилэрбин кэпсиир хатыҥнаах этим.
Дьэ ити кэмтэн ыла, төрөөбүт тылым эйгэтинэн үөрэнэ барыахтаахпын быһаарыннаҕым буолуо. Эмчит буолуохпун эмиэ баҕарталаан ыларым. Доруобуйабынан аһааҕыра сылдьыбыт кэмнэрдээҕим, элбэхтик балыыһаҕа сытарым. «Үчүгэйиэн тэйиччи сылдьан, чугас доҕотторгун ахтарыҥ…» диэн хоһоонум Сунтаар балыыһатыгар сыттахпына суруллубута. Ол кэмҥэ билиҥҥи курдук сибээс туһунан түһээн да баттаппаккын, нэһилиэктэр икки ардыларыгар боростуой төлөпүөнүнэн эрэйинэн холбоноҕун. Дьүөгэм Тамара, ол буомнары туораан, Маар Күөлтэн эрийэн, сонун кэпсээн-ипсээн үөрдэрэ. Ол хоһоонтон ырыа билигин таптал, соҕотохсуйуу ырыатын курдук ылыныллан ыллана сылдьар. Хоһооннорум аан-бастаан 1972 сыллаахха «Ильич уоттара» оройуон хаһыатыгар бэчээттэммиттэрэ. «Учууталбар» уонна «Саллаат убайбар» диэн хоһооннор этэ. Оскуоланы бүтэрэн, бииргэ үөрэммит оҕолорум ол кэминээҕи сиэринэн пиэрмэ үлэтигэр барбыттара. Мин доруобуйабынан сыыйыллан, кулуупка, Сунтаарга култуура салаатыгар үлэлээбитим.
Бүгүн мин саха ыалдьыттанан,
Алааспар дьаарбайбыттыы сананным,
Хойуу астаах чэй оргутан
Сүөгэй үрүҥнээн маанылаатым.
Биир дойдулаахтыын көрсүһэр
Үөрүүтүн сүрэхпинэн амсайдым,
Доҕорбун улуу Москва күөнүгэр «Соргулан!» – диэн алгыы атаардым.
Саргылаана Семеновна, дьэ онтон М. Горькай аатынан литературнай институкка үөрэнэ барар дьылҕаҥ быһаарыллыыта хайдах этэй?
– Дьокуускайга кэлэн саха тылын уонна литературатын салаатыгар туттарсыбытым. Грамматикаҕа эксээмэн туттарарбар олус улахан ирдэбиллээҕинэн биллэр преподавателгэ Николай Демьянович Дьячковскайга түбэһэн хаалбыт этим. Онон кыаллыбатаҕа. «Эдэр коммунист» оччотооҕу ыччат хаһыатыгар машинистканан үлэҕэ киирбитим. Манна, биллэн турар, бэчээккэ, литератураҕа үлэлии сылдьар дьону кытта элбэхтик алтыспытым. Хоһооннору суруйарым. Суруйааччылар таба көрбүттэрэ, сыаналаабыттара. «Чэчир» хомуурунньук тахсарыгар бэчээттэнэрбэр мэктиэлээннэр, Серафим Кулачиковы-Эллэйи, Михаил Тимофеевы кытта алтыспытым.
Семен Данилов хоһооннорбун көрөн баран, «Москваҕа, Литературнайга ыытыахха» диэн быһаарбыт этэ. Семен Руфов түргэн үлүгэрдик хоһооннорум подстрочнигын оҥорбут, докумуоннарбын тэрийэн ыыппыттарын истэн эрэ хаалбытым. Эмиэ бу кэмҥэ бу олохпор анаммыт аҥарбын көрсөммүн, биэс оҕом төрүүр ыйааҕа тардан, ыал буолар дьылҕам тэҥинэн быһаарыллыбыта. Сабыс саҥа ыал буолбут киһи, Москваҕа барыахпын букатын да баҕарбаппын, хараҕым уутунан сууна-сууна айаннаабытым. Туох этиэ баарай, эмиэ интэриэһинэй эйгэҕэ түбэстэҕим дии. Москваҕа тиийбиппэр Саха сириттэн тылбааска үөрэнэ кэлбит ыччат бааллара, Бүөтүр Тобуруокап кэргэниниин саха устудьуоннарын үөрэтэ тиийбитэ. Евгений Долматовскай, Егор Исаев, Сергей Смирнов курдук улахан бэйээттэр семинардарыгар дьарыктаммытым. Бастакы оҕобунан ыарахан буолан академическай уоппуска ылбытым. Онтон үһүс курстан кэтэхтэн үөрэххэ көспүтүм.
Махтана саныыбын Эйиэхэ,
Биэс оҕо ийэтэ буолар Биһирэм дьолу амсаппыккар,
Биирдэ кэлбит дьылҕабар Эрэллээх доҕор буолбуккар!
Олоҕуҥ аргыһыгар, кэргэҥҥэр анаабыт элбэх хоһооннооххун. Олох, таптал дьолун бэлэхтээбит доҕоруҥ, биэс оҕоҥ амарах аҕаларын туһунан ахтан-санаан ааһыахха.
– Кэргэн тахсыахтаах уолбун, Кэбээйиттэн төрүттээх Вячеслав Асамович Степановтыын Дьокуускай куоракка билсибитим. Кини СГУ бэлэмнэнии курсугар үөрэнэ сылдьара. Истиҥ, нарын иэйиинэн бэйэ-бэйэбитигэр тардыһан, тапталтан дьоллоох этибит. Слава каникулугар дойдутугар барарыгар миигин илдьэ барбыта. Оччотооҕу сиэринэн дьоммутугар Кэбээйигэ «Вылетаем. Саргылаана. Слава» диэн телеграмма ыыппыт этибит. Тиийбиппит остолобуойга ыал буолбут дьону көрсөр остуол тардыллан турара. Ыал буолар дьылҕам быһаарылыннаҕа ол. Москваҕа Литературнай институкка үөрэнэ бараары сылдьан итинник соһуччу быһаарыммыппын үгүс дьон өйдөөбөтөхтөрө, «Эдэр коммуниска» бииргэ үлэлиир дьонум Иван Егоров-Сүгэһэрдээх, Иван Кычкин эрэ өйүүллэрин эппиттэрэ.
Кэргэним олус көнө, чиэһинэй, көрдөөх-нардаах, үтүө киһи этэ. «Бүлүүчээн» сопхуоска тутууга үлэлээбитэ. Аҕам суох буолбутун кэнниттэн 1992 сыллаахтан Кэбээйигэ көспүппүт. 90-с сыллар аҕалбыт уустуктарын суон дурда, халыҥ хахха буолар аҕалаах буоламмыт этэҥҥэ аһарбыппыт. Сибиинньэ, куурусса ииппиппит, үүнээйи бөҕөтүн үүннэрбиппит. Дьокуускай куоракка эмтэнэ кэлэн баран суох буолаахтаабыта… Быарынан улаханнык ыалдьар этэ. Кэлин көстөн тахсыбытынан, миигин түбүгүрбэтин диэн барытын бэлэмнэнэ сылдьыбыт курдук. Сабыс саҥа көстүүм ылыммыт этэ. Мин эргиччи кини бэлэмигэр олорбут киһи олох-дьаһах араас боппуруостарын быһаарсарга бэлэмэ суохпун билэрэ, кэлин наар араас докумуону ханна, хайдах толорорго үөрэтэ сатыыр үгэстэммит этэ. Дьокуускайтан дойдутугар аҕалан төрөппүттэрин, эдьиийин таһыгар кистээбиппит.
Ийэ буолар улуутун,
Оҕо диэн мип минньигэһин
Олохпор билбит дьоллоохпун.
Мурун бүөтэ сиэннэрбэр
Муҥура суох олох салҕанар,
Үйэттэн үйэҕэ бэриллэр
Үйэлээх алгыһым ананар.
Биэс оҕо тапталлаах ийэтэҕин, сүүрбэччэ сиэн эбээтэҕин. Элбэх оҕолонуу эдэргиттэн ыра санааҕар баара дуу?
– Этэргэ дылы, таҥара биэрбитинэн буоллаҕа. Кэргэним эмиэ оҕо – дьол диэн санаалаах этэ. Оҕолорум, сиэннэрим тустарыгар олоробун, күнүм кинилэртэн тахсар, олоҕум кинилэринэн эрэ суолталанар, өссө утуму салгыыр оҕолорум оҕолорунан – сиэннэрбиттэн дьоллонобун. Билигин даҕаны күн аайы Дьокуускайга да, Сунтаарга да буоллуннар, киэһэ кинилэр дьиэҕэ киирдэхтэринэ эрэ уоскуйан утуйабын. Оҕолорум кыраларыгар кэргэмминиин тэҥинэн сылдьан көрөн-истэн улаатыннарбыппыт. Вячеслав наһаа оҕомсох, кыһамньылаах аҕа этэ. Ол быыһыгар, дьиэ-уот, хаһаайыстыба түбүгүн быыһыгар, халаатым сиэбигэр суруйа сылдьар хоһооннордоох буолааччыбын.
Билигин, аҕабыт суох буолбутун кэнниттэн, оҕолорбунуун туох баар олохпут-дьаһахпыт боппуруостарын сүбэнэн-аманан быһааран олоробут. Оҕолор бары бэйэлэрэ туспа дьиэлээх-уоттаах, үлэлээх-хамнастаах дьон. Сүүрбэччэ сиэннээхпин. Саамай улахаммыт Семен Сунтаарга олорор, улуустааҕы үөрэх салалтатыгар исписэлииһинэн үлэлиир. Үс кыыс оҕолоох. Улахан кыыһым Алгыстаана ФЭИ-ни бүтэрэн экэнэмиис идэлээх, АКуоУСИ (АГИКИ) эмиэ бүтэрбитэ. Сунтаарга култуура салаатыгар үлэлии сылдьан баран куоракка быйыл көһөн кэлбитэ. Алта оҕолоох. Улахана ХИФУ бастакы курсун устудьуона, уоннааҕылар бары Дьокуускай куорат 7-с №-дээх оскуолатыгар үөрэнэллэр. Наталья педагогическай институту, АКуоУСИ (АГИКИ) бүтэрбитэ, Сунтаарга култуура салаатыгар үлэлиир, биэс оҕо ийэтэ. Уолбут Асам Дьокуускайдааҕы индустриальнай-педагогическай кэллиэһи бүтэрбитэ, Сунтаарга култуура салаатыгар үлэлиир. Кыра кыыспыт Саргылаана куоракка олорор, икки оҕолоох, предприниматель.
«Кубам тиһэх ырыата – Күндү киһим», – диэн ааттыыр Чугас доҕор баар буолта Чараас куппун кынаттыыр.
Хойутаан да буоллар көрсүбүт,
Харыстаһа санаһан, өйөспүт
Биһиэхэ дьылҕабыт анаабыт
Бэлэҕэр махтана саныыбыт.
Саргылаана, бу арааһа, олоҕуҥ билиҥҥи доҕоругар Дмитрий Васильевич Кустуровка анаммыт хоһоонтон строкалар.
– Оннук. Киһи дьылҕатыгар биир да киһи оруола олус улахан буолар эбит. Холобура, Наталья Ивановна Харлампьева миигин «Саха сирэ» хаһыат эрэдээксийэтигэр ыҥыран үлэлэппэтэҕэ буоллар Миитэрэйбин көрсүбэппин, маннык сынньалаҥ олоҕу билбэппин. Онон Наталья Ивановнаҕа махталым улахан! Саха дьонугар-сэргэтигэр, ааҕааччытыгар киэҥник биллэр суруналыыһы, СӨ П.А.Ойуунускай аатынан, СӨ Суруналыыстыкаҕа государственнай бириэмийэлэрин лауреата, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Дмитрий Васильевич Кустуровы кытта «Саха сирэ» хаһыат эрэдээксийэтигэр үлэлии сылдьан билсиһэн, уон бэһис сылбытын бииргэ олоробут. Саастаах дьон холбоһон, туохха барытыгар бэйэ-бэйэлэрин өйөһөн, харыстаһан, өйдөһөн олорорбут наһаа үчүгэй. Кини киэҥ билиилээх-көрүүлээх, өйдөөх-санаалаах киһи миэхэ элбэҕи кэпсиир, санааларын үллэстэр. Мин болҕомтолоох истээччи буолабын. Иккиэн айар эйгэҕэ сыһыаннаах дьон буоламмыт бэйэ-бэйэбитигэр көмөлөһөрбүт да элбэх. Иккиэн сарсыарда эрдэ суруксуттаабытынан турабыт. Дмитрий Васильевич билигин да суруйар былаана элбэх, библиотекаҕа баран үлэлиир. Билигин бу харантыыҥҥа хаайтаран олорон, кини бэлэмниир кинигэтин бэчээттээн саҕалаатым.
Ол оннугар дуоһуйабын
Олох олорор умсулҕантан,
Үрүҥ күнтэн долгуйабын
Үөһэ ойон тахсарыттан.
Сыыйа ыраатар саастарбын
Сайыһарбын мэлдьэһэбин,
Бүгүҥҥү күнү айхаллыыбын,
Бүтэйдии үөрэ мичийэбин.
Саргылаана Семеновна, үөрүүлээх үрдэлгин, үбүлүөйдээх сааскын үс кинигэ кэһиилээх көрүстүҥ. Тапталлаах дойдугар, хомоҕой хоһоонноргун салгыбакка аныыр Сунтааргар анаммыт, олус ис киирбэх оҥоһуулаах «Ытык сирим – Сунтаарым» альбом-кинигэҥ, бар дьоҥҥор санааҥ сылааһын, ийэлии алгыскын аныыр, тыл үтүөтүн, баҕа санаа бастыҥын иҥэриммит «Сарсыардааҥы эҕэрдэлэр» киһи сиэбигэр уктар дьоҕус кинигэчээнэ уонна «Үөрүүлээх үрдэлим» диэн саҥа хоһоонноруҥ хомуурунньуга. Аҕыйах сыллаахтан эйигин ааҕааччыларыҥ Саргылаана Спиридонова—Кэрэмэс Кийиитэ диэн аатынан билэллэр, айар псевдоним туохха олоҕуран үөскээтэ? Үбүлүөйдээх сааска үктэнэн туран туох санаалар иилии кууһаллар?
– Киһи сааһырбытын хаһан да билиммэт эбит. Эн дууһаҥ, хас үүнэр күнү уруйдуу, үөрэ көрсөр, олоҕу олус таптыыр сүрэҕиҥ ону билиммэт. Эргитэ санаан ыллахпына, наһаа үчүгэй олоҕу олордум диэн үөрэбин.
Олохпор кэмсинэрим туох да суох. Оҕолорбун, сиэннэрбин үтүө санаабынан угуттуу, алгыспынан арчылыы, кинилэргэ көмө, сүбэ-ама буолан олоруохпун баҕарабын. Кэргэним хос эһэтэ, атаҕынан бэркэ кыанар, олоҥхолуур, кэбээйилэр киэн туттар киһилэрэ Кэрэмэс диэн киһи олорбут. «Кыымҥа» үлэлии сылдьан бу псевдонимынан суруйар этим. Билигин айар псевдоним быһыытынан ылынным. Күн солото суох кумааҕыттан, суруктан илиибин араарбаппын. Дьон кинигэтин эрэдээксийэлээн көмөлөһөбүн. Иэйии, санаа кэллэҕинэ хоһооҥҥо холбуубун. Ааҕааччыларбар анаан, кэпсэтиибитин хоһоон тылларынан түмүктүүм.
Бэлиэ күммэр эһиэхэ,
Бэлэх курдук дуу диэххэ,
Сааскы кэмҥэ уһуктан,
Саһарҕалыын куустуһан,
Бу сырдыгы хомуйан,
Бу кэрэни хоһуйан,
Эһиэхэҕэ анааммын
Этиим махтал тылларбын
Сиргэ кэлбит олохпор
Сэргэ хаамсар дьоннорбор!
Галина НЕЛЬБИСОВ
Все отлично?