Рубрика: Харах далана

20/02/2023 г.

Саха сирин айылҕата хатыламмат кэрэ. Ыраах сиргэ айаннаабакка эрэ бэйэбит дойдубутун кэрийэн сынньаныахха сөп эбит диэн бу кэнники сылларга өйдөөн эрэбит. Эһиги иннигитигэр Томпо улууһун Дьааҥы сис хайаларын маанылаах айылҕата. Былыттары хоннорор хайалар, дохсун сүүрүктээх таас үрэхтэр, будулуйа тохтор көмүс күрүлгэннэр — ураты көстүүнү үөскэтэллэр, киһи дууһатын долгуталлар.

Юлия Пестрякова хаартыскаҕа түһэриитэ.