Рубрика: Хоһоон толооно
ЯНЦЕН ОЛЬГА АНДРЕЕВНА ЧУРАПЧЫ УЛУУҺУН АРЫЫЛААХ НЭҺИЛИЭГИТТЭН ТӨРҮТТЭЭХ. ТЫЛ ФАКУЛЬТЕТЫН НУУЧЧА ТЫЛЫН УОННА ЛИТЕРАТУРАТЫН САЛААТЫН СПЕЦИАЛИТЕТЫН УОННА МАГИСТРАТУРАТЫН БҮТЭРБИТЭ. 2004 СЫЛЛААХХА МИХАЙЛОВ АЛЕКСЕЙ ААТЫНАН ЛИТЕРАТУРНАЙ БИРИЭМИЙЭ ЛАУРЕАТА БУОЛБУТА. ХОҺООННОРО ОСКУОЛАТААҔЫ СЫЛЛАРЫТТАН АРААС ХАҺЫАТТАРГА, СУРУНААЛЛАРГА БЭЧЭЭТТЭНЭЛЛЭР. ҮГҮС ӨРӨСПҮҮБҮЛҮКЭТЭЭҔИ УОННА АРАССЫЫЙАТААҔЫ ЛИТЕРАТУРНАЙ КҮРЭХТЭР ДИПЛОМАННАРА, КЫАЙЫЫЛААҔА. БИЛИГИН “АЙАР” НАЦИОНАЛЬНАЙ КЫҺА УУС-УРАН ЛИТЕРАТУРАТЫН ЭРЭДЭЭКСИЙЭТИН СЭБИЭДИССЭЙИНЭН ҮЛЭЛИИР. АРАССЫЫЙА СУРУЙААЧЧЫЛАРЫН СОЙУУҺУН ЧИЛИЭНЭ.
***
Сайын суоһа сойуута,
Сирим аһа буһуута,
Куруҥ тыаны кэһэбин,
Хара тыаны кэтэбин.
Хонуу, куруҥ, чараҥ, лааҥкы,
Умса-тиэрэ, түөрэ-лаҥкы,
Ыстааммыттан ыйаныы,
Муна оонньоон айманыы.
Түөрэ-лаҥкы: хонуу, лааҥкы,
Араас тэллэй, отон, бааҥка,
Сайын баайын хомуйаммын
Кыһын саныам, амсайаммын.
Кытыйаҕа кутуллуоҕа
Быйаҥ сыта, күнүм уота,
Күөх сайыным уһуктуоҕа,
Хара түүнү чаҕылыта.
***
Мин түүҥҥу ыалдьытым,
Хараҕыҥ сылааhыан!
Кэл, олор, кэпсээрий,
Туох-хайдах сылдьаҕын?
Күнүүлээн көрбөппүн…
Сойбута ыраатта.
Ол эрэн, көрдөрбүн,
Үөрүөм ээ, быhыыта…
Тапталым диэбэппин.
Бүппүтэ эрэлим.
Тыалга да эппэппин
Кистэлэҥ иэйиибин.
Күнүүлээн көрбөппүн…
Ыллыкпыт ыпсыспат.
Туолбатах кэскилим
Күөдьүйэ умайбат.
Күүппэтэх түүллэрбэр
Киирэҕиҥ ардыгар,
Ол түүҥҥү кэпсэтии
Үгүhү быhаарар.
Күнүүлээн көрбөппүн…
Күнүүлүүр диэн сыыһа.
Ол эрэн түүллэрбэр —
Эн тыыныҥ сылааhа.
***
Сааһыра бараммын
Санаабын сааһылыыр,
Ааспыппын бэрийэр түгэммэр,
Олоҕум суолтатын
Чопчулуу сатааммын
Дьылҕабын ырытар кэмнэрбэр,
Мин ийэм сахалыы
Саҥата суох сылдьан
Иҥэрбит үөрэҕин саныыбын,
Элбэҕи эппэккэ,
Сиэр диэни кэспэккэ,
Олохпун олоро сатыыбын.
***
Түөспэр тэбэр сүрэҕим
Сатаан сүгүн сылдьыбат.
Аймыыр чуумпу түүннэрбин,
Уубун адьас ханнарбат.
Көтөр кыыллыы сананан,
Киэҥ куйаарга дьулуһар,
Көҥүл тыалы сайыһан
Өрө-мөхсө хамсанар.
Күннээҕиттэн, ардыгар,
Тарыйтаран долгуйар,
Быстах, мэнээк да тылтан
Өһүргэнэн хараастар.
Үүнэр оттон дьоллонор,
Тоҥмут лыахтан хомойор.
Оннук уйан бэйэтэ
Хайдах тохтуу биэрбэтэй?
***
Алааспар тиийэммин, аҕабын санатар
Аарыма тиит маһы кууһаммын уоскуйдум,
Чанчыгым күл курдук күкээрбит да буоллар,
Мин кыра оҕолуу кинини суохтуубун.
Мин аҕам оттубут оһоҕун суоһугар
Күн бүгүн сүрэҕим иттээри тардыһар,
Хараҥа да түүҥҥэ сандаарар сулуһа
Мунаары гыннахха ыллыкпын сырдатар.
Саарбахтыыр, мунаарар күннэрбэр, санаабар,
Мин аҕам тыллара иһиллэр курдуктар.
Сүбэтин-соргутун ыллыктаах тыллара,
Амарах санаата дууһабын уоскутар.
Сиппэтэх санаатын, туолбатах олоҕун
Ситэрэ сатааммын мин киһи буолбутум.
Барыта киниттэн – билэрим, сатыырым,
Сахалыы сэмэйдик олохпун салгыырым.
***
Киэҥ халлааны кэрэхсии
Одуулуубун.
Кырдал көнө, маар дэхси
Холкубун.
Ыра буолан ыҥырар
Халлааным,
Ыарыы буолан ытатар
Кынатым.
Кыннаттарбын кырыйбыт —
Кыһаммат,
Курус куттаах куоласпар
Аахайбат.
Сүүс да киһи быыһыгар
Доҕор суох.
Умуллабын аттыгар
Соҕотох.
Ыра буолан ыҥырар
Халлааным,
Ыарыы буолан ытатар
Кынатым.
***
Ардах тохтор, сиргэ иҥэр,
Нуктаабыты тилиннэрэр.
Сиккиэр сүүрэр, тыаһы сүөрэр,
Ах барбыты аймыы түһэр.
Арай тоҕо этэр тылым
Кутуҥ кылын таарыйбатый,
Куйаас күҥҥэ сөрүүн тыаллыы
Үрдүк сүүскүн даҕайбатый?
Күнүм уота сири кууһар,
Хочо отун хойуннарар.
Ыйым уота ыллык буолар,
Муммут-сүппүт суолун ыйар.
Арай тоҕо саныыр санаам
Сулус буолан сандаарбатый?
Эн эргийэ хаамар суолгун
Булан ылан сырдаппатый?
Сүүрүк тааһы тумна сүүрэр,
Санаабытын ситэн иһэр.
Олох сүүрэр, түбүгүрэр,
Эрэммитин эккирэтэр…
Арай тоҕо сүүрүк буолан
Эйигин мин сиппэппиний?
Ааспат аһыым тааһын тумнан
Эн сүрэххэр тиийбэппиний?
***
Соруйан, сырыыны кыччатан,
Көлдьүнтэн, туораттан саһыаран,
Суоллартан тэйиччи, бадаҕа,
Таҥара кистээбит буоллаҕа,
Ол эрэн, сатыылаан да туран,
Дойдубун мин син биир булабын,
Сүрэхпин уоскутан, нусхайан,
Кини күөх тыыныгар умсабын.
Халдьаайы үрдүттэн көрдөххө
Түраҥнаах эбэккэм күлүмнүүр,
Мичээрин долгуҥҥа оонньотон
Сардаҥа уотунан көөчүктүүр.
Чараҥым үрүмэ күрүөтэ
Алааспын эрийэ киэргэтэр,
Хара тыам титирик олбуора
Көмүскүү, харыстыы эргийэр.
Санаабар, мин манна киирдэрбин,
Биһиккэ бигэнэр курдукпун,
Алааһым бараммат илгэтин
Дууһабын угуттуу тутабын.
***
Ирдээмэ миигиттэн
Ньиргиэрдээх тыллары,
Көрдөөмө миигиттэн
Дуорааннаах ырыаны.
Чуумпутук-чуумпутук,
Сипсийэр кэриэтэ,
Барытын эйиэхэ
Сааскы тыал кэпсиэҕэ.
Күүтүмэ, үөрүүбүн
Үҥкүүлээн ыһарбын,
Кэтэһэн турума
Айхаллыы туойарбын.
Оргууйдук-оргууйдук,
Уу-долгун кэриэтэ,
Барытын эйиэхэ
От үрэх этиэҕэ.
Дьол тыастан соһуйар,
Куттанан ах барар,
Хорҕойор, дьулайар,
Күрэнэ куудайар.
Дьол дохсун ардахтан
Кыым курдук умуллар.
Дьол элбэх харахтан
Кистэнэр, кыбыстар.
Бу икки сүрэҕи
Холбообут бэлэҕи
Күндү таас кэриэтэ
Харыстыах биһиги.
***
Эн миигин кэтэс дуу чараҥым,
Мин син биир эйиэхэ тахсыаҕым,
Бүтэhик бөлүhүөк ырыабын
Биhикпэр – дойдубар аныаҕым.
Эмпэрэ халдьаайы үрдүгэр
Эбэбин өҥөйө сытаммын,
Алааhым алгыстаах иэнигэр,
Тыал буолан суугунуу дайыаҕым.
Кыhыҥҥы чараҥҥа хаhыҥныы
Лабааҕа лыҥкыныы ыйаастыам,
Сайыҥҥы солкоҕо сиккиэрдии
Мэниктээн күн уотун сырсыаҕым.
Эн миигин кэтэс дуу, чараҥым.
Ахтылҕан уостубат – дириҥиир,
Олохпор анаммыт ыллыгым
Алааспар эргийэн иhээхтиир.
***
Мээнэ тыллар, таах санаалаар,
Халтай түбүк, дьүгээр дьарык…
Үлүскэнник олох ааhар,
Саба үүнэр уон ыллык.
Орто дойду ыалдьыттара,
Тугу манна хаалларабыт?
Ыалдьытымсах Аан дойдуга
Хайдах сылдьан ааhабыт?
Бэрт сотору барар күммүт
Суоhаан кэлиэ турдаҕа,
Туох үтүөнэн манньалааммыт
Арахсыахпыт буоллаҕа?
Мээнэ тыллар, таах санаалар,
Халтай түбүк, дьүгээр дьарык…
Үлүскэнник олох ааhар,
Сүппэтин дуу бу ыллык…