Рубрика: Хоппуйа: иис
Дьахтар аймах айылҕатынан куруутун ураты, хатыламмат буоларга дьулуһар. Ол курдук, күн дьыл уларыйан истэҕин аайы биһиги эмиэ уларыйыахпытын, таҥаспытын саҥардыахпытын, саҥа сүүрээни киллэриэхпитин баҕарабыт. Бу сырыыга быйылгы сыллаах булууһа муодатын туһунан кэпсиибит. Былыр булууһа үксүн дьыалабыай эрэ буолар буоллаҕына, билигин хас да истииллээх: кэжуал, гламур, гранж, романтичнай уонна дьыалабыай.
Булуусканы дьууппаны, бүрүүкэни, оннооҕор былааччыйаны кытта дьүөрэлээн кэтиэххэ сөп. Бу дьылга «романтичнай» истииллээх, баай-талым киэҥ сиэхтээх булууһалар муода буоллулар. Нууччалыы «епископские рукава» дииллэр, ол эбэтэр үрдүк манжеттаах, элбэх тимэхтээх, быалаах-туһахтаах, байбаралаах буолуохтарын сөп. Ону таһынан улахан эбэтэр кыра баанталаахтар эмиэ биһиринэллэр.
Курдары көстөр эбэтэр куруһубалаах матырыйааллартан тигиллибит булууһа элбээтэ. Аһаҕас саннылаах булуускалары саарбахтаабакка эрэ кэтиэххин наада. Хаалтыс, баант, кур — уобараскын ситэрэн биэриэхтэрэ.
Болҕомтоҕун туруору саҕалаах судургу быһыылаах (лаконичный) булуускаҕа уур. Дьыалабыай истиилгэ олус үчүгэйдик уобараскын арыйыаҕа. Торҕо (солко) матырыйаалтан тигиллибит туруору саҕалаах ретро-истииллээх куопталары эмиэ олус биһирииллэр.
Өҥ туһунан сырдаттахха, билигин хаһыс да сылын маҥан булуускалар бастакы күөнтэн түспэттэр. Джинсы ыстааны, ханнык баҕар дьууппаны кытта барсаллар. Маны таһынан, кыһыл, от күөх, саһархай уонна халлаан күөх өҥнөр бу сылга «хит» буоллулар. Джинсовай ырбаахы эмиэ муодаттан тахсыбат.
Баҕа санааларбытын хааччахтаабакка чаҕылхайдык таҥныахха диэн барыгытын ыҥырабын.
Сибилигин уһулуччу суолталаах булуускалар:
- баай-талым сиэхтээхтэр;
- байбаралаахтар;
- куруһубалаахтар;
- аһаҕас саннылаахтар;
- туруору саҕалаахтар;
- чараас, курдары көстөр матырыйаалтан тигиллэллэр;
- сибэкки, горох, клетка ойуулаахтар;
- үрүҥ, от күөх, халлаан күөх, саһархай, кыһыл өҥнөөхтөр;
- деним — бу сыл «трендэ».
- Булуусканы араастан дьүөрэлээн, корсеттаан, быалаан, курдаан кэтэр биһирэнэр.
Кимоно булууска
Кээмэйэ: 42-46
Эһиги иннигитигэр кимоно булууска. Тигэргэ судургу, көстүүтэ ураты. Бөдөҥ горох ойуулаах солколоох органза матырыйаалтан тигилиннэ. Бэйэтинэн эбэтэр курдаах да кэтиэххэ сөп.
Лариса АРТЕМЬЕВА