Рубрика: Хоппуйа: иис
Кыыс-аймах киэргэли, күлүмнүүрү-күлүмүрдүүрү кырачаан сааспытыттан сөбүлүү, сэҥээрэ көрөрбүт дьикти. Үөрэхтээхтэр сабаҕалааһыннарынан бу “таптал” ууну кытта ыкса ситимнээҕэ соһутар. Киһи 60% ууттан турар буолан, түгэх өйүнэн күн уотугар оонньуур кэрэни, уу ньуурун кытта холоон оннукка ордук таттарар эбит. Ол иһин, хараҕы үөрдэр, харыстыыр суолталаах киэргэллэри бу орто дойдуга киһи баарын тухары кэтэр, сэргиир буолар эбиппит.
Бу нүөмэргэ оҕуруонан киэргэл оҥорор маастар Анджела Токарева туһунан таһаарабыт. Кини оҕуруо оҥоһугунан үлүһүйүүтүн туһанан кэпсиэҕэ, тус сүбэлэрин биэриэҕэ.
- Мин түөрт оҕололоох айар куттаах дьиэ кэргэҥҥэ төрөөбүтүм. Аҕам тимири сиэтээччи, ийэм — иистэнньэҥ. Кыра сааспыттан уруһуйдуурбун, ону-маны киэргэтэрбин сөбүлүүрүм. Күнү-күннүктээн да уруһуйдуох курдугум. Ол эрэн, оскуоланы бүтэрэрбэр экономист идэтин талбытым. Идэбинэн үлэлии сылдьан, илиибинэн тугу эрэ оҥоруохпун, айыахпын-тутуохпун баҕарарым. Өр кэмҥэ бэйэбин көрдөммүтүм. Үүнээйилэри хатаран хартыыналары, кумааҕынан улахан сибэккилэри, кэргэмминээн аанньал кынаттарын оҥоро сылдьыбыттаахпын.
Биир үтүө күн оҕуруонан маастар-кылааска барбытым. Онно маастар үлэлэрин көрөммүн дьиэбэр “уоттанан”, өрө көтөҕүллэн кэлбиппин өйдүүбүн. “Баҕалаах баҕанаҕа ыттар” дииллэринии, баҕалаах буоллаххына тугу барытын сатыаххын, сыралаһан үөрэниэххэ сөп дии саныыбын. Ол иһин, куйаар ситимин ютуб ханаалларын нөҥүө үөрэнэн саҕалаабытым. Сыыйа, араас техниканы баһылаарыбын төлөбүрдээх куурустарга сылдьыбытым, билигин даҕаны куруутун үөрэнэбин.
Оҕуруонан үлүһүйбүтүм аҕыс сыл буолбут. Ол иннинэ “оҕуруо диэн тугуй” дии сылдьар киһи этим буоллаҕа. Оҕуруобун санаабытынан утуйабын, санаабытынан уһуктабын. Аҕыс сыл аннараа өттүгэр: “Киһи оннук таптыыр, сөбүлүүр идэлээх буолар”, — дииллэрэ буоллар, баҕар, итэҕэйиэм суоҕа этэ. Оннук баарын бэйэбинэн биллим.
Мин бастаан утаа үөрэнэ таарыйа араас оҥоһугу барытын оҥорбутум. Ити саҕана “Великолепный век” диэн сериал кэлбитэ. Бары өйдүүр буолуохтааххыт. Онно ымсыыран кыыс-аймах оҕуруо киэргэлинэн үлүһүйбүтэ. Бу долгуҥҥа тэҥҥэ оҕустаран үлэбин саҕалаабытым. Сыыйа баҕалаах дьону үөрэтэр куурустары ыытар буолбутум. Билигин тыһыынчаттан тахса үөрэнээччилээхпин. Саамай кыра саастаах үөрэнээччим — уон үстээх, саамай аҕа саастаах үөрэнээччим — аҕыс уон биэстээх. Уруоктарбын куйаар ситимин нөҥүө эбэтэр сирэй көрсөн үөрэтэбин.
Хас биирдии оҥоһук анал маастар-кылаастаах. Холобура оҕуруонан бастыҥа, ытарҕа, эбэтэр бөҕөх маастар-кылаастара тус-туһунан ыытыллаллар. Онно анааммын бэлэм хомуурдары оҥортуубун. Миэхэ бу үлэбэр күүс-көмө буолар дьонум кэргэним уонна оҕолорум. Дьиэ кэргэнинэн үлэлиир үлэбит, кыра тэрилтэбит буола улаатта. Бу үлэбинэн былааным олус киэн. Аҕыс сыл аннараа өттүгэр киһи сөбүлүүр дьарыгын маннык тэрийэн, кэҥэттэн үлэлэтиэн сөбүн санаан да ылбат этим. Билигин үөрэнээччилэрбэр куруутун сүбэлии, санааларын көтөҕө сылдьабын: бэйэ сөбүлүүр дьарыгынан дохуот киллэринэн үлэлиэххэ сөп диэммин. Олох уларыйа турар, биир сиргэ турбат. Ол иһин олорон хаалбакка эрэ үөрэнэн, сайдан, олоҕу кытта тэҥҥэ хаамсан, хамсанан иһиэххэ наада.
Оҥоһуктарбын оҥорорбор хаһан даҕаны барыл диэни оҥостубаппын. Айылҕаҕа сылдьаммын сөбүлээбит үүнээйибин, дьикти көстүүлээх үөнү-көйүүрү харахпар оҥоһук буолан сытарын ойуулуу охсобун уонна дьиэбэр кэлэн оҕуруоҕа тиһэн кэбиһэбин. Хайдах табылларынан тахсан кэлэр. Ол иһин биир да оҥоһугум хатыламмат, барыта ураты, туспа ойуулаах буолар. Үксүгэр сахалыы истииллээх оҥоһуктары оҥорор буоламмын саха устуоруйатын, ойуутун-мандарын үөрэтэ сылдьабын. Анаан-минээн Борис Федорович Неустроевка-Мандар Ууска тиийэ сылдьыбытым. Үлэлэрбин көрөн баран: “Хайдах үлэлиигин? Барылланаҕын дуо?” — диэбитэ. Мин “суох” диэбиппэр үөрбүтэ уонна: “Ол аата айдарыылаах маастар сылдьар эбиккин”, — диэбиттээх. Айылҕаттан эрэ буолбакка түмэллэри, көмүс маҕаһыыннарын кэрийэммин араас идеялары хомуйарбын сөбүлүүбүн.
Сахалыы оҥоһуктары тас дойдуларга олус сэҥээрэллэр эбит. Ол иһин инники былааммар тас дойдулары кытта ыкса үлэлэһиэхпин баҕарабын. Кыргыттар миэхэ оҥотторбут оҥоһуктарын омук сиригэр кэтэ сылдьалларын олохтоохтор көрдөхтөрүнэ харахтара иирэн хаалар үһү. Атыылаһаары эккирэтэллэр диэн сылдьыбыт дьон сөҕөн аҕай кэпсээн кэлээччилэр. Онон, бэйэбит үлэбитин сыаналыы, култуурабытыгар харыстабыллаахтык сыһыаннаһан көлүөнэттэн-көлүөнэҕэ бэриллэр ииспитин, оҥоһуктарбытын харахпыт харатын курдук харыстыы, сайыннара, оҕолорбутугар тапталы иҥэрэ сылдьыахха диэн ыҥырабын.
Мин Анджелаҕа кэпсэтэ диэн дьиэтигэр тиийэ сылдьыбытым. Кини миигин айар-тутар хоһугар ыҥырбыта. Онно киирэн олус сөхпүтүм — кылаат мунньар сиргэ киирбит саҕа санаммытым. Хопполорго дьаарыстаммыт оҕуруо, эҥин эгэлгэ дьэҥкир таас бииһин ууһа сиртэн дьиэ үрдүгэр тиийэ кыстанан тураллара. Ону сэргэ бэйэтэ оҥорбут үтүмэн үлэтэ эмиэ көрүҥнэринэн сааһыланан сыталлара. Айар-тутар киһи хоһо диэтэххэ барыта бэрээдэк этэ. Кэлин санаатахха, оннук буоллаҕына эрэ ити кып-кырачаан оҕуруоларынан үлэлиир буоллаҕын.
Талааннаах эрэ буолбакка үлэһит киһи үрдүк ситиһиилээх буолар. Онон үлэһит Токаревтар дьиэ кэргэҥҥэ айар-тутар, дьону кэрэҕэ үөрэтэр үөһэттэн ананан кэлбит аналларын өссө сайыннаран, кэҥэттэн иһэллэригэр. Өссө даҕаны элбэх махталлаах үөрэнээччилэри баҕарыаххайыҥ.
Юлия ПЕСТРЯКОВА