Рубрика: Хоппуйа: иис
Бу саха дьахтарын мааныга кэтэр сонун 1960 сыллаахха М. П. Протодьяконова XVII — XVIII үйэ сонун үтүгүннэрэн тикпитин көрүҥ. Ити кэмнэргэ маннык ынах ымыы (лира) -харыйа оһуордаах-симэхтээх сону баай хотуттар, кыахтаах ыал кыргыттара тиктэрэллэрэ. Тириигэ, тапталлан оҥоһуллубут үрүҥ көмүс, алтан тимирдэри тиһэн кур оҥорон сонно ханыылыыллара. Өҥнөөх оҕуруонан эргиччи оһуордаан киллэһик сииктэрэ биллибэт курдук кистэнэллэрэ. Өҥүн ханыылыы талан араас үчүгэй киллэһиктииллэрэ, бэдэр, буобура тириитинэн саҕалыыллара, хаймыылыыллара.