Рубрика: Ийэ муннуга
РОЗАЛИЯ ВАЛЕРИАНОВНА СЛЕПЦОВА — ДЬОКУУСКАЙДААҔЫ ОҔО БАЛЫЫҺАТЫГАР НЕВРОЛОГИЯ ОТДЕЛЕНИЕТЫГАР, ДОРУОБУЙАЛАРЫГАР ХААЧЧАХТААХ ОҔОЛОРУ ЧЭБДИГИРДЭР РЕСПУБЛИКАТААҔЫ КИИҤҤЭ ӨР СЫЛЛАРГА ҮЛЭЛЭЭБИТ УОПУТТААХ МАССАЖИСТ, ЛФК ИНСТРУКТОРА. БИЛИГИН СААСТАРЫГАР ДИЭРИ ОҔОЛОРУ ЧЭБДИГИРДИИНЭН ДЬАРЫКТАНАР. КИНИ ИМЭРИЙИИ, КӨТӨҔҮҮ, СЫЛААС-ИСТИҤ СЫҺЫАН ОҔОҔО СӨПКӨ САЙДАРЫГАР КӨМӨЛӨҺӨР ҮӨРЭТЭР-КЭПСИИР ХЕНДЛИНГ ДИЭН НЬЫМА ТУҺУНАН КЭПСИЭҔЭ.
ХЕНДЛИНГ — оҕону төрүөҕүттэн илиигэ сөптөөхтүк илдьэ сылдьыы, көтөҕүү ньымата. Төрөөбүт оҕо үксүн көтөххө сылдьар, ол иһин төрөппүт оҕону сатаан тутарыттан оҕо сөпкө инники хамсанара тутулуктаах: хаамара, сүүрэрэ, ыстанара…
Икки тэҥ саастаах оҕолору кэтээн көрдөххө сайдыылара араастаһыан сөп. Бу уратыны элбэх оҕону кытта үлэлиир специалистар тута көрөбүт. Оҕо эргийэр, сыыллар, олорор, хаамар кэмэ кини быччыҥнарын туруктарыттан тутулуктаах. Ол иһин оҕо кэмигэр сайдарын туһугар кэккэ өйдөбүллэри билиэхтээхпит.
Бастакы үс ый устата оҕо үксүн илиигэ сылдьар. Бу кэмҥэ кини ийэтин, чугас дьонун, тулалыыр эйгэни кытта билсэр. Ол иһин оҕону көтөҕөргө холку буолуохтаахпыт. Кыыһыра, ыгылыйа сылдьар киһини оҕо олус үчүгэйдик билэр. Ийэтэ түүн утуйбатах, сынньамматах буоллаҕына күнү быһа хаппырыыстыан, көтөхтөрө да сылдьан ытыан сөп. Оттон, холобур, киэһэ аҕата үөрэн-көтөн кэлэн оҕотун көтөхтөҕүнэ, сымыйанан эппит курдук, уоскуйан хаалар. Ол иһин эмоциональнай турукпут холку буолуохтаах.
Оҕо көтөхтөрө сылдьан араастаан хамсыыр. Ол хамсанарыгар кини күүрүө суохтаах, холкутук сытыахтаах. Кэнники, биэс ыйыттан, ону-маны өйдүүр, билэр буолбутун эрэ кэннэ оҕону сыыйа-баайа чороччу тутуохтаахпыт. Онуоха диэри киһи илиитигэр сытыары көтөҕүллүөхтээх. Улаатан истэҕин аайы сыыйа туруорууну тутуһуохтаахпыт. Үгүс төрөппүттэр салгынын таһаараарылар өр кэмҥэ туруору туталлар. Оҕо оннук сылдьарын, ону-маны көрөрүн сөбүлээн “чороон” буолан хаалар, куруутун чороччу көтөхтөрүөн баҕарар. Эрдэттэн туруору көтөҕүү кини айылҕатынан сайдыытын кэһии буолар.
КЫҺЫЛ ОҔОНУ КӨТӨҔҮҮ
0-3 ыйдаах оҕону илиигэ ылыы
— Икки илиибитин хонноҕун анныгар угабыт, онтон биир илиибитигэр уурабыт.
— Өндөтөбүт
— Иккис илиибитинэн төбөтүн тутабыт, биир сөкүүндэ кэтэһэн ылабыт уонна ойоҕоһугар эргитэн баран көтөҕөбүт.
3 ыйаттан илиигэ ылыы
— Бу кэмҥэ оҕо номнуо төбөтүн уйар буолан, төбөтүттэн тутар наадата суох.
— Эмиэ ойоҕоһугар сытыаран баран, оҕо бэйэтэ анньынан биллэрбитин эрэ кэннэ көтөҕөбүт.
— Оҕону төрүөҕүттэн ойоҕоһунан сытарга үөрэтиэхтээхпит, ол эрэ кэннэ иһигэр сытыарабыт. Икки өттүнэн дьүөрэлээхтик сайдарын наадатыгар, көтөххө сылдьар кэмигэр уонна ороҥҥо сытарыгар, сытар эркиннэрин атастаһыннара сылдьыахтаахпыт.
4 ыйыгар диэри салгынын таһаарарга чороччу көтөҕүү
— Түөһүнэн санныга сытыарабыт.
— Биир илиибит көхсүн, иккис илиибит самыытын тутар. Салгына тахсыар диэри бу балаһыанньаҕа илдьэ сылдьабыт.
— Илиибит үрдүгэр олордубаппыт!
ОҔОНУ УОСКУТАР КӨТӨҔҮҮ
— Туруору тутабыт. Сирэйинэн түөспүтүгэр сытыарабыт, кууһан тутабыт. Биир илиибитинэн көхсүн, атын илиибитинэн самыытын тутабыт. Олоппос курдук ытыспытыгар олордубаппыт.
УТУЙА СЫТАР ОҔО ТӨБӨТҮН БАЛАҺЫАННЬАТЫН УЛАРЫТЫЫ
Оҕо төбөтүн уҥуоҕа сымнаҕас буолан маҥнайгы ыйдарыгар куруутун биир өттүгэр сыттаҕына моонньо кыҥнайыан эбэтэр төбөтүн уҥуоҕа ханньаччы үүнүөн сөп. Онон утуйа сытар кэмигэр төбөтүн балаһыанньатын хайаатар да уларытыахтаахпыт. Ол эрэн, иһинэн утуйа сытар оҕону тыытыа суохтаахпыт. Оннук гынан сүнньүн эчэтиэххэ сөп! Уһуктаҕас кэмигэр эмиэ төбөтүн эргитэн биэриэхтээхпит.
— Икки илиигитин көхсүн анныгар угаҕыт, кыратык өндөтөҕүт, биир илиигитин хааллараҕыт, бииринэн төбөтүн балаһыанньатын уларытан биэрэҕит.
АЙАҤҤА, УОЧАРАККА ОҔОНУ КӨТӨҔҮҮ
Бэйэтэ олоро илик оҕону атаҕар туруорумаҥ, түһэххитигэр эмэһэтинэн олордумаҥ. Атаххытын кириэстии быраҕан баран, оҕону бэйэҕитигэр ойоҕоһунан сытыарыҥ. Балаһыанньатын уларыта сылдьыҥ. Төбөтүттэн эбэтэр хонноҕун анныттан өйүөххүтүн сөп.
СУУННАРЫЫ
3 ыйыгар диэри анал сетка гамакка сууннарар ордук. Онтон 3 ыйын кэннэ ваннаҕа сууннарыахха сөп. Сытар балаһыанньаҕа уу оҕо иэдэһигэр тиийиэхтээх, куулгаахтара уу анныгар киириэхтээхтэр. Кулгааҕар уу киириэ диэн куттанымаҥ, оҕо кулгааҕа улахан киһи киэниттэн ураты буолар. Киирбит уу тута тахсан хаалар. Бастаан ууга көхсүнэн сытыарыҥ, хамсаа да хамсаа буолуоҕа. Ардыгар уу сирэйигэр түһэрин сөбүлээбэт буолуон сөп. Сыыйа үөрэнэн барыаҕа. Кыра ууга иһинэн сытыаран сууннарыаххытын эмиэ сөп. Ол эрэн, төбөтүн ууга уган ылбатын курдук тутуоххутун наада. Оҕо суунарыгар илиитэ-атаҕа хамсааннар быччыҥнара сайдаллар.
ОҔОНУ көтөҕүү позалара
1 “Колыбелька” позаҕа көтөҕүөххэ сөп. Биир илии саннын аннынан, иккис илии самыытыгар буолуохтаах. Кынньаҕар буолбатын туһугар төбөтүн балаһыанньатын уонна илиибитин эмиэ уларыта сылдьыахтаахпыт.
2. “Тигр на ветке” поза. Маннык тутан оҕо кынньаҕарын көннөрүөххэ сөп. Төбөтө хайа диэки кынньайар, ол өттүгэр баар илиигэр сытыарыахха наада. Сөбүлээбэт өттө иннигэр буолуохтаах. Атаҕын эбии токурутан биэрдэххэ көхсүн быччыҥнара ууналлар уонна атаҕын гипертонуһа уһуллар. Бу поза оҕо иһитэ тэһитэ кэйэрин тута уоскутар уратылаах. Илиибит иһин анныгар буолан сылытар уонна уоскутар.
3 “Мишка” поза. Дисплазиялаах оҕолорго олус туһалаах. Оҕо атахтарын икки аҥы туора быраҕабыт, тааһыттан уонна сиһиттэн өйөөн тутабыт. Испитигэр, илиибит үрдүгэр олордубаппыт!
4 “Самолетик”. Маннык эмиэ көтөҕүөххэ сөп. Өрө быраҕаттаабакка эрэ.
Сыыһалар!
- Олоро илик оҕону илиигит үрдүгэр олордумаҥ! Тоноҕоһугар күүстээх ноҕурууска үөскүүр.
- Үс ыйыгар диэри оҕону туруору балаһыанньаҕа көтөҕүмэҥ. Оҕо күүскэ күүрэр, ол түмүгэр сүнньэ эмсэҕэлиэн сөп.
- Оҕо төбөтүн бигэтик көтөҕөр буоллаҕына эрэ, орто холоон алта ыйыттан саҕалаан чороччу тутар көҥүллэнэр.
Юлия ПЕСТРЯКОВА