Рубрика: Ийэ муннуга
Биир үтүө күн оҕолорбут төрөөбүт төрүт аспытыттан тэйэн эрэллэр эбит диэн санаа киирэн кэлбитэ. Ис миинэ астаатахха тыыннарын хаайаллар, ыаммытынан үүтү саах амтаннаах дииллэр, хартаны этэ да барыллыбат… Хата “пицца”, “суши”, “сок” диэн тыллары сөбүлүү истэллэр. Сирэйдиин-харахтыын сырдыыллар. Бу үгүс ыалга баар көстүү. Кэлэр көлүөнэ ыччаппыт төрүт аһынан аһыа дуо? Иҥэмтэлээх аспыт-үөлбүт кинигэҕэ эрэ суруллан хаалыа дуу?
Бу ыйытыыны кимиэхэ биэриэххэ сөбүн өр толкуйдаабакка эрэ Мария Николаевна Габышеваны санаатым. Кини дириҥ ис хоһоонноох “Культура питания якутов” диэн кинигэ ааптардарыттан биирдэстэрэ, “Тыгын Дархан” ресторан маҥнайгы дириэктэрэ. Иннокентий Иннокентьевич Тарбаховтыын сахалыы ас астааһынын, иҥэмтэтин, норуокка үрдүк суолтатын саха дьонугар-сэргэтигэр тарҕатааччы буолар.
Мария Николаевна Габышева 1993-2018 сс “Тыгын Дархан” ресторан дириэктэрэ. Дойдутугар Намҥа култуура эйгэтигэр, советскай-партийнай уорганнарга үлэлээбитэ, оройуон Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ, Саха сирин дьахталларын V, VI, VII сийиэстэрин делегата, 12 сыл ыччат пропагандиһа, ийэлэри кытта үлэҕэ уонна оҕону иитиигэ үтүөлэрин иһин Сэбиэскэй дьахталлар кэмитиэттэрин аатыттан бэрэссэдээтэлэ Валентина Терешкова илии баттааһыннаах Махтал сурук уонна Знак хаһаайката, “Культура питания якутов” кинигэ ааптара.
- Мария Николаевна, бастатан туран, билиҥҥи кэмҥэ хас биирдии ийэни-аҕаны долгутар боппуруостан саҕалыам этэ. Бу хамсык кэмигэр, официальнай информация бэлиэтииринэн, оҕолор ыалдьаллара элбээбит. Ийэ, эбээ быһыытынан манна туох санаа, сыанабыл баарый?
- Бастатан, оҕолорбутун араас ыарыылартан харыстыыр инниттэн нэһилиэнньэ аһыыр аһын төрүт култуурабытыгар, аһылыкпыт үгэстэригэр төннөр, уларытар наадатын көрөбүн. Оҕо сотору-сотору ыалдьара хас биирдии ийэни долгутар, ыгылытар. Оҕолорбут барахсаттар онно туруулаһар кыахтара-иммунитеттара намыһаҕа хас биирдии дьиэ кэргэни таарыйар. Былыр өбүгэлэрбит уһун үйэлээхтэринэн биллэллэрэ — Сэбиэскэй Сойууска Саха сирэ үһүс миэстэҕэ сылдьара. Дьааттаах минеральнай уоҕурдуулары туттубакка, сүөһүлэрбит ыраас айылҕаҕа иитиллэн, дьиикэй отоннорбут, отторбут ыраас, туһалаах этилэр. Эппит-хааммыт наада буолар битэмииннэрин, микроэлеменнэрин ити органическэй астан-үөлтэн ылара, иммунитеппыт күүстээх, доруобуйабыт чөл этэ.
- Билигин күн тура-тура элбэх фруктаны, оҕуруот аһын сиэн дииллэр, араас омук битэмииннэрин, эбиликтэри сүбэлииллэр. Саха үйэтигэр фруктанан аһаабатах норуот буоллаҕа. Ону туох дии саныыгын?
- Биирдэ телевизорынан Кривошапкин В.Г. медицинскэй наука доктора, доруобуйа институтун дириэктэрэ кэпсээбитин истибитим. Сэбиэскэй былаас бастакы сылларыгар хоту олохтоох норуоттар оҕолорун оскуола интернатыгар толору хааччыйан олохтообуттар. Аһыыр остолобуойдарыгар фрукта, оҕуруот аһын, атын да кэлии бородуукта аһа дэлэччи астаммыт. Сотору кэминэн оҕолор куттахтарын үлэтэ кэһиллэн, истэрэ ыалдьан олус дьүдэйбиттэр, доруобуйалара эмсэҕэлээбит. Онуоха, эмтии сатаан баран олохтоох төрүт астарыгар төннөрбүттэр. Ол кэннэ, оҕолор барахсаттар доруобуйалара сыыйа көнөн барбыт. Дьэ, бу туора ас киһи доруобуйатын сатарытарын холобура. Медицина наукатын доктора, РАМН кэрэспэндьиэнэ, РФ наукатын үтүөлээх деятелэ Виктор Афанасьевич Тутелья саха ынаҕын этин чинчийэн баран үүнээйигэ эрэ көстөр микроэлеменнары булбута биллэр. Бу манна сытар — чөл буолуубут төрдө. Төрүт сүөһүбүт көмөтүнэн, чөл айылҕабыт кыаҕын туһанан күүстээх иммунитеттеех буолуо этибит. Төрүттэрбит аһылыктарын үөрэппит араас омук, бэйэбит да үөрэхтээхтэрбит төрүт аска төннөрү туруорсаллар.
- Ону хайдах, тугу гынан сөргүтэн, дьону көҕүлүөххэ сөп эбитэ буолла? Ыраата барбакка дьиэм таһыгар баар маҕаһыыҥҥа тахсыым. Ас-үөл хотойорунан. Түргэнник астанар ас баһаам. Үлэбититтэн сылайан, хойутуу кэлэн иһэн пельмень, кэтилиэт атыылаһабыт. Түргэнник астанарынан үчүгэйэ сүрдээх. Ону ааһан, бэлэм, астаммыт ас үлэһэбит. Төрүт астан олох тэйэн эрэбит. Бу биһиги уонна биһиги оҕолорбут доруобуйаларыгар туох охсуулаах буолуой?
- Охсуута олус улахан, дириҥ. Холобура, түргэнник аһатар сирдэргэ оҕо, ыччат хамаҕатык сылдьар, аһыыр. Сыанатын кыаллар оҥорор инниттэн кэлии бородуукталартан астыыллар. Олор — эт, балык, бекон, халбаһыы, сыыр арааһа, бороһуоктан оҥоһуллубут утахтар, дьэбини ыраастыыр кока-колаҕа тиийэ, атын да энергетическэй утахтар — бары амтан биэрэр, харайыллар болдьоҕун уһатар, өҥүн-сытын тупсарар химическэй буортулаах эттиктэрдээхтэр. Дьигинэн бу аһы-үөлү толору солбуйар бородууксуйа дойдубутугар үүнэр, оҥоһуллар кыахтаах.
Саҥа ылыныллыбыт СанПин оҕону тэрилтэҕэ аһатыыга национальнай уонна климатическай усулуобуйаны учуоттуурга ыйар. Оҕо аһылыгын менютугар — эт, үүт, балык хайаан да олохтоох бородууктаттан киириэхтээх. Тоҕо буотарах миинэ оҕо аһылыгын рационугар киириэ суохтааҕый? Углевода суох ас-үөл үөрэнээччилэри диабеттан быыһыа буолаарай? Саха Сирин биирдии олохтооҕор биирдии күөл тиксэр дииллэр. Ити күөллэр тугунан да солбуллубат аминокислоталаах соболорун, быччыкаларын оҕо аһыгар астаан-үөллээн таһаардахха, атыылаһар БАД-пыт наадалара да суох курдук буолуохтара! Ити этэр сушиттан, пиццаттан, кока-колаттан оҕолорбутун хайдах гынан тэйитэбит? Кырдьык ыарахан, дьаныардаах иитэр-үөрэтэр, өйдөтөр үлэни эрэйэр.
- Аны билигин сылаас дьиэ, массыына баар. Хамсанарбыт да аччаата. Былыргы курдук тоҥмоппут-хаппаппыт. Элбэх калорийдаах ас-үөл, төрүт аспыт эмиэ наадата суох курдук буолла дии…
- Ааспыт үйэ 60-с сылларыттан кэтээн көрөөччүлэр саха дьонун доруобуйата мөлтөөн, үйэтэ кылгаан иһэр дииллэр. Нэһилиэнньэ араас ыарыыга ылларыыта элбээн иһэр. Этэргэ дылы кутталлаах сир баайдара хостонуулара айылҕаны айгыратыыта, иһэр уубут киртийиитэ, саха ынаҕын эһии, киһи доруобуйатыгар кутталлаах араас кэлии ас дэлэйиитэ, ыарахан илии үлэтэ аччааһына биирдэ санаан көрдөххө кэккэ боппуруостары үөскэтэр. Биири таба өйдүөххэ наада — сахалары төрүт аспыт эрэ быыһыаҕа.
Нэһилиэнньэни аһылык култууратыгар, чуолаан оҕолорбутун оскуолаттан, уһуйаантан саҕалаан иитиэхтээхпит. Оҕолорбут да, төрөппүттэр даҕаны төрүт ас туһунан билиилэрэ олох намыһах. Үөрэтэн, өйдөтөн, оҕо бэйэтэ, нэһилиэнньэ төрүт аска тардыһар усулуобуйата оҥоһуллуохтаах.
Былыр-былыргыттан эппитигэр-сиимитигэр, геммытыгар илдьэ сылдьар аспытын-үөлбүтүн аһыаҕыҥ. Биһиги дьоммут астарын эбилигэ, элбэх араас арыыта-таймата суох бэйэтинэн, судургутук, үксэ ууга бэлэмнииллэрэ. Маннык астаммыт ас ис турукпутугар, доруобуйабытыгар туһа олох көрдөрдө. Суорат, кымыс, иэдьэгэй, ынах, сылгы эттэрэ, күөллэрбит-өрүстэрбит балыктара — эппитигэр-хааммытыгар, биир тылынан эттэххэ, куттала суох, битэмиининэн, микроэлеменнэринэн толору баай астар буолаллар.
Ол эрэн, сыаната ыараханынан, көстүбэтинэн даҕаны иҥэмтэлээх убаһа, ынахпыт этэ, олохтоох сыалаах балыктарбыт дэлэйэ суохтар. Углевода суох, клетчаткалаах буотарахпыт миинэ, омеганан баай убаһа этэ, элбэх фосфордаах, йодтаах, тугунан да солбуллубат аминокислоталаах күөл балыга, мраморнай эт, натуральнай үрүҥ ас нэһилиэнньэни хааччыйарын наадатыгар олус улахан, киэҥ далааһыннаах үлэ ыытыллара ирдэнэр. Барыта биир саптан саҕыллан тиһиллэрэ өр үлэни эрэйэрэ биллэр.
Ол иһин, оҕолорбут төрөөбүт төрүт астарын сиэн-аһаан улааталларын туһугар бэйэбит, төрөппүттэр кыһаллыахпытын наада.
Юлия ПЕСТРЯКОВА