06/05/2024 г.

 

Бу хаартыскаҕа эдэркээн саха уола, хапытаан  Семен Егорович Аммосов «Хайдах олороҕут?» диэбиттии көрөн олорор. Семен 1911 сыллаахха Мэҥэ-Хаҥаласка II Мэлдьэхси нэһилиэгэр төрөөбүт. Дьокуускай педтехникумун бүтэрээт, 1930 сыллаахха нац. байыаннай оскуолаҕа киирбит. Икки сылынан Омскайга снайпердар оскуолаларыгар барбыт. 1935 сыллаахха эписиэр Аммосов ыарахан бомбардировщиктар аэродромнарын 25-с эскадрильяларын коменданынан ананар. Тохсунньу 15 — гэр 1942 сыллаахха баҕа өттүнэн сэрии фронугар барар. Номнуо, муус устар 2 күнүгэр уот сэрии үөһүгэр киирэн, Еловская уонна Полянск дэриэбинэлэртэн икки фашистар роталарын чугутан «За отвагу» мэтээлинэн наҕараадаламмыт. Сотору Семен Грынь  иһин кыргыһыыга бааһырбыт. Онно аҕыйах байыастаах этэрээтинэн табыгастаахтык тактикалаан, өстөөх түөрт кимиитин төттөрү охсубут. Үс күннээх сэриигэ биир батальон өстөөҕү кыргыбыт, биир билиэннэйи, элбэх сэби-сэбиргэли аҕалбыт. Атырдьах ыйын 24 күнүгэр Железницы пуун анныгар охтубут. «Аҕа дойду сэриитин I с-х», «Кыһыл знамя» уордьаннарынан наҕараадаламмыт.