Рубрика: История араҥатын арыйан
Күн анныттан сүппүт былыргы куорат Зашиверскай остуруок диэн Саха сиригэр баар буола сылдьыбытын истибит буолуохтааххыт. Бу куорат историята XVll үйэ 30-с сылларыттан саҕаланар. Нуучча хаһаахтар саҥа сирдэри булаары Яна, Индигиркэ өрүстэр хочолоругар киирбиттэр. Постник Иванов диэн киһи начаалынньыктаах этэрээт Индигиркэ кытылыгар кыстыыр дьиэ туппут. Сотору бу дьиэни остуруок курдук түөрт муннугар башнялаах күрүөлээбиттэр, иһигэр түүлээҕи харайар ампаардары туппуттар. 1701 сыллаахха бэлиэтээһин көрдөрөрүнэн соччо улааппатах эрээри, билигин ханна да суох түҥ былыргы «клетскэй» ньыманан Спасо — Преображенскай таҥара дьиэтэ тутуллубут. 1740 с. Зашиверскайга 10 олбуордаах дьиэ, хас даҕаны саха балаҕана баар буолбут. 1796с. Саха сиригэр киирсэр эрээри Иркутскайтан салалталанар куоракка кубулуйбут. 62 крестьянскай хаһаайыстыба, 33 атыыһыт-эргиэмсик, 99 мещан олорбуттар. Куорат күүскэ сайдан, дьиэ-уот элбээн, бэл, бу эҥэрдээҕи дьаарбаҥ ыытыллар сирэ буолбут. 1883 с. куоракка, эмискэ, хара уоспу сута туран, олохтоохтору барыларын ньимси соппут. Дьиҥэр, Зашиверскай олус суолталаах суол төрдүгэр турбут. Дьокуускайтан Зашиверскайга тохтоон ааһар уонна Халыманан, Анадырынан, Индигиркэ өрүһүнэн муораҕа түһэр уу суола баара. Төһө да эһиннэр бу хойукка диэри сорох дьиэлэрэ турбуттар. 1969 — 1971 сс. А. П. Окладников учуонай салалтатынан ити таҥара дьиэтин Зашиверскайтан Новосибирск куорат историко-архитектурнай түмэлигэр көһөрөн илпиттэр. Бу тутуу сэдэх буолан олус үрдүктүк сыаналанар. Күндү ааҕааччыларбыт, былыргы Зашиверскай куораттан ордубут биир кэрэ тутууну Новосибирск куоракка тиийдэххитин көрөн ааһаарын, ол биһиги историябыт сорҕото буолар.
Хаартыскаҕа Клетскэй ньыманан тутуллубут Спасо — Преображенскай таҥара дьиэтэ.