Рубрика: История араҥатын арыйан
Бастыҥа – сиэргэ-туомҥа кэтиллэр, балачча умнуллубут харысхал симэх. Арааһа элбэх. Бастыҥаны сүрүннээн кыргыттар, эргэ сүктүбүт эдэр дьахталлар сайын кэтэллэрэ. Ол эрээри, кыһыҥҥы таҥаһы кытары, ытык күннэргэ бэргэһэни сүктэрэ кэтэллэрэ. Бастыҥа ии быата 4-5 см кэтиттээх, сымнаҕас сарыыттан иҥиир ситиинэн тигиллэр. Дьахтар бастыҥата кыыс киэниттэн уратылаах:
- Иитэ тимир кэрэньиис киэргэллэнэр.
- Илин-кэлин кэбиһэр курдук оһуордаах тимир иилэҕэстэр үстүү кэккэнэн үс салаа сарбынньах буолан көхсүгэр түһэллэр.
- Үөһээ-аллараа кыаһааннара оҕуруо быыстарыылаах көҥдөй тимир буолаллар.
- Ортоку сарбынньах киистэтэ тимир хобо. Кыыс оҕо бастыҥата: 1. Аҥардас оҕуруонан, быысапканан киэргэтиллэр. 2. Икки чанчыгыттан иннигэр түһэр иккилии кэккэ уһун оҕуруо сарбынньахтар, бэргэһэ быатын курдук, түөс тылыгар кэлэн төгүрүк көмүс күҥҥэ холбоноллор. 3. Охсуу кириэстии тигиллибит оройуттан тутуһан, уһун сарбынньах көҕүс үөһүн хаххалыы түһэр. 4. Аллараа өттө икки салаанан күнтэн тутуһан тахсар.
Куйаар ситимиттэн хаартыската туттулунна.