14/12/2023 г.

Үс үллэр үөстээх Элиэнэ эбэбит биир маанылаах, киэҥ хочотугар — Эҥсиэлигэ былыр-былыргыттан устар ууну сомоҕолуур уус тыллаах, уран тыллаах олоҥхоһуттар олорон ааспыт суолларын-иистэрин Намнар сыллары уҥуордаан үйэтитэн кэллибит.

Нам улууһун фольклорун бастакынан   научнай сурукка-бичиккэ туһэрбит , Хатын –Арыы нэһилиэгэр көскө ыытыллыбыт  политсыылынай В. Л. Серошевскай «Сахалар» (1896) кинигэтигэр биир баһы норуот айымньытыгар туспа анаабыта. Онно Нам улууһугар Хамаҕаттаттан төрүттээх Артымыан диэн  улахан ырыаһыт, олоҥхоһут олорон ааспытын ахтар. Улуус улахан баайа Киинээхийэ кинини  ыраһыт быһыытнан аһынан, таҥаһынан хааччыйан илдьэ сылдьыбытын туһунан суруллубута көстөр. Артымыан ийэн-куойан турукка киирэн ыллаан бардаҕына, дьахтар аймах тэҥҥэ мэнэрийэн киирэр барар эбит, эр дьон кини кэрэ куолаһыгар абылатан өргө дылы дөйөн саҥата суох бараллар эбит.  «Кини ырыатыттан тииттэр хаталлара, дьон өйүн сүтэрэрэ”,-  диэн дьон номох курдук кэпсиир эбит. Эмиэ Серошевскай суруйуутугар Салбаҥ олоҥхоһута, Мачайар туһунан дьон элбэҕи кэпсиир эбит.  Кини туойан бардаҕына, дьон кутталыттан харчы биэрэ сатыыллар эбит, өссө бэйэтин курдук ыраһыты утары олорон ыллаһара буоллар: “Үс тииттэн биирдэрэ хагдарыйыа этэ”, -диэн эмиэ онно суруллар. Уопсайа, Серошевскай бу кинигэтигэр Нам улууһун 18 фольклор сюжеттарын быһа тардан киллэрбит. (Серошевский.Якуты.с.573)

Маны тэҥэ, Э. К . Пекарскай “Образцы народной литературы  якутов” үлэтигэр Ньукулай  Бирэдиэһинньикэп  диэн олоҥхоһуту ахтыбыт, фольклорист-этнограф Г.В. Ксенофонтов “Урааҥхай сахалар” үлэтигэр, Атамайтан төрүттээх Бүөтүр Лааһарабыс  Куолаһап олоҥхоһут репертуарын сөҕөн-махтайан испииһэктээбитэ баар, манна Куолаһап 45 олоҥхото киирбит. Бу маннык сөҕүмэр үгүс олоҥхолордоох ырыаһыт аар-саарга аатыра сылдьыбыт. Ксенофонтов кинини “Редкий сказитель –баян” диэбитэ мээнэҕэ буолабатах, эбэтэр Греция эпическай айымньыларын кэрийэ сылдьан толорооччуга тэҥнээн , “Рапсод” диэн ааттыыр.(Ксенофонтов.Ураангхай сахалар.т.2.с222)

Онтон сэбиэскэй былаас кэмигэр, Борокуоппай Ядрихинскэй-Бэдьээлэ, Дьөгүөр Охулуопкап- Буоратай, Баһылай  Попов- Бочоох,  Өлөксөөндүр Бөтүрүөп –Чааскылатар,  Охонооһой Сиипсэп – Дьиибэ Бытык, Хабырылла Кыычыкын- Хабыанньа олоҥхоһуттар дьоҥҥо-сэргэҕэ киэҥник биллэллэр. У.Д.Сивцева «Эҥсиэли хочотун олоҥхоһуттара» диэн тэттик кинигэтигэр Нам улууһугар 45 олоҥхоһут төрөөн-үөскээн ааспыт суолларын  ыйбыт. (Сивцева,2008.с.7)

Нам улууһун киинигэр Нам сэлиэнньэтин ортотугар турар бэлиэ сир-  “Ойуунускай тырыбыната” диэн өрдөөҕүттэн билиҥҥэ диэри бу  аатынан биллэр.      Нам сэлиэнньэтэ урукку  аата  Куонта Кириэс диэн этэ. Манна,  улуус кулубата нэһилиэк кинээстэрин мунньан мунньахтыыр, дьон кыһалҕатын быһаарар улуус Быраабата, Иоанно-Предтеченскай таҥара дьиэтэ, Намнааҕы икки кылаастаах оскуола, саха сиригэр биллэр атыыһыттар Эверстов- Сэрбэкэ, Сиипсэп-атыыһыт дьиэлэнэн-уоттанан олорор киин сирдэрэ этэ. Сэбиэскэй кэмҥэ  маны “Оскуола паарката” диэн ааттыыллара. Арҕаа өттүгэр хойуу хахыйах мастаах, ортотугар линкинэс тииттэрдээх, киһи унуорун курдат көрбөт хойуу мастаах  этэ. Манна өрдөөҕүттэн улуус дьоно-сэргэтэ мустар, ыһыахтарын ыһар сирдэрэ. Аҕа дойду сэриитигэр мантан Нам ыччатара мустан сэриигэ аттаммыттара …

Бу улуус киинэ, Нам улууһун олохтоохторугар — Ытык сир.

Онтон бу  хаартыска Нам улууһун уонна саха норуотун историятыгар  бу сүрдээх дириҥ суолталаах. 1937 сыллаахха Платон Алексеевич Ойуунускай айар үлэтин 20 сыла туолуутун Саха сирин общественноһа киэҥник бэлиэтээбитэ. Нам оройуонугар эмиэ бу үбүлүөйү бэлиэтииргэ үгүс  бэлэмнэнии үлэтэ ыытыллыбыта.

1937 сыл, бэс ыйа, Нам сэлиэнньэтэ. Саха АССР тэриллибитэ 15 сылын бэлиэтээн Намнар үбүлүөйдээх ыһыах ыспыттара. Манна Софья Петровна Сидорова — Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин председателэ уонна Платон Алексеевич Слепцов -Ойуунускай, ССРС суруйааччыларын Сойууһун правлениятын чилиэнэ, Саха сиринээҕи салаатын председателэ буолан ыҥырыылаах делегацияны салайан илдьэ кэлбиттэрэ. Ойуунускайы кытары кэлсибит эдэр суруйааччылары кытары көрсүһүүгэ Нам улууһун олонхоһуттара, айар талааннаахтара, театральнай куруһуок иитиллээччилэрэ мустаннар бу өйдөбүнньүк хаартыскаҕа түспүттэр. Ыһыахха тохтобул кэнниттэн оройуон олоҥхоһуттара “Эрэйдээх буруйдаах Эр соҕотох” диэн Дьиибэ Бытык олоҥхотун  оонньоон көрдөрбүттэр. Олоҥхо тылын Охонооһой Сиипсэп-Дьиибэ Бытык  бэйэтэ кэпсээбит. Эр соҕотоҕу — Үөдэй ырыаһыта Хабыанньа, абааһы уолун Көбөкөнтөн олоҥхоһут Бэдьээлэ, дьахтар ырыатын Хатырыктан Бочоох, бухатыырдары Буоратай, I –Модут олоҥхоһута Чааскылатар  таҥастанан-саптанан, куйахтанан-үҥүүлэнэн оонньоон көрдөрбүттэр.(А.Д.Яковлев,Е.А. Эверстова.Олоҥхоһут Хабыанньа.с.4)

Бу күн Намҥа бастакы араадьыйа сибээһэ холбоммут. Араадьыйаны холботон ыһыахха кэлбит дьон бары истибиттэр. Ити 1937 сыллаахха ыһыахтыыр сиргэ бүтүннүүтүгэр иһиллэр курдук араадьыйа бастаан саҥарыыта, оройуон историятыгар киирэр түгэн. Норуот сэргээн «саҥарар тииттэртэн» ааттаах -суоллаах олонхоһуттарбыт ырыаларын-тойуктарын истиибиттэрин хойукка диэри кэпсииллэр этэ. Оннук далааһыннаахтык, оннук тэрээһиннээхтик ол ыһыах ыһыллыбыт.

П.Ойуунускай кинилэр ырыаларын-тойуктарын истэн, олуһун үөрэн, түмүгэр кэлин “Социалистическая Якутия” хаһыакка  «Эпоха счастья и радости» диэн ыстатыйаны таһааттарбыта: «Неизгладимое впечатление оставило у меня посещение Намского района. На районном слете народных певцов и сказителей с хранителями и носителями народного творчества встретились наши молодые совесткие писатели. Это- был праздник народного творчества,  веселья и радость широких масс… На вечере встречи народных певцов, сказителей и писателей 4 народных олонхосута (сказители) исполняли одну героичсекую поэму из якутского богатырского эпоса”.(Социалистическая Якутия. Ойунский, 1937)

Бу тэрээһин кэннэ, биһиги олоҥхоһутарбыт Ойуунускай этиитин, истиҥник сэһэргэһиитин алгыс кэриэтэ тирэх оҥостоннор,   аныгы олоҕу хоһуйар айар идэҕэ ылларбыттара.  Уонна 1939 сыллаахха Саха сирин Суруйааччыларын маҥнайгы съеһигэр икки сүдү норуот ырыаһыттарбыт П.П.Ядрихинскэй –Бэдьээлэ, Е.Г. Охлопков-Буоратай ССРС суруйааччыларын сойууһун чилиэнинэн киирбиттэрэ элбэҕи этэр.

Бу туһунан  буойун-учуутал, государственнай деятель, Нам улууһун өр сылларга салайан кэлбит- Василий Егорович Колмогоров ахтыытыттан киллэрдим: «Оччотооҕуга мин Нам ситэтэ суох орто оскуолатыгар алтыс кылааска үөрэнэрим. Оскуолабыт дириэктэринэн саха биир биллиилээх суруйааччыта, драматура Степан Павлович Ефремов үлэлиирэ. Биирдэ, кулун тутар ортотун диэки, сарсыарда оҕолору барыбытын стройдатан баран, Степан Павлович бу күннэргэ П.А. Ойуунускай айар үлэтин 20 сыллаах үбүлүөйэ буоларын кэпсээбитэ уонна оскуола бу үбүлүөйгэ кыттарын туһунан биллэрбитэ. Кини көҕүлээһининэн биһиги оскуолабытыгар П.А. Ойуунускай үбүлүөйүнэн сибээстээх үлэлэр саҕаламмыттара: Ойуунускайга аналлаах пионерскай сбордар ыытыллыбыттара, киэҥ программалаах концерт бэлэмнэммитэ, литературнай хаһыат таһаарарга конкурс ыытыллыбыта, үөрэххэ хаалааччыларга үчүгэйдик үөрэнэр оҕолору сыһыаран буксуурдатыы кылаас аайы тэриллибитэ.

Платон Алексеевич Намҥа кулун тутар бүтүүтүн диэки тахсыбыта. Кинини кытта хас да киһи — суруйааччылар, партийнай, комсомольскай үлэһиттэр бааллар этилэр. Ол сарсыныгар кинилэр бары оскуолаҕа кэлбиттэрэ уонна директорбыт хоһугар киирбиттэрэ. Онтон биһиэхэ көрсүһүү буоларын биллэрбиттэрэ уонна бары линейкаҕа тахсан турарбытыгар эппиттэрэ. Линейка ортотунан көрүдүөр курдук оҥорон турбуппут кэннэ Платон Алексеевичтаах тахсан кэлбиттэрэ уонна линейкаҕа утары тохтообуттара. Ойуунускай уурбут-туппут курдук хара көстүүмнээх, ортону аннынан уҥуохтаах дьоҕус киһи этэ. Кини халыҥ соҕус оправалаах ачыкылаах, уҥа диэки хайытан тарааммыт ньалаха баттахтаах уһун ньылбаа сирэйдээх киһи этэ.

Биһиги тыыммат да кэриэтэ чуумпуран турдахпытына, ди­ректорбыт Степан Павлович Платон Алексеевичка уонна кини табаарыстарыгар биһиги оскуолабытыгар ыалдьыттыы кэлбиттэригэр улаханнык махтанан туран истиҥник эҕэрдэлиибит диэбитигэр ытыс тыаһа хабылла түстэ.

Онтон тылы Ойуунускайга биэрдэ. Ойуунускай сүрдээх чуолкай, чуор куолаһынан уонча мүнүүтэ биһиэхэ туһаайан үөрэҕи, билиини баһылыырга, көрсүө-сэмэй буоларга, төрөөбүт дойдуну, норуоту таптыырга ыҥыран тыл этгэ. Ол кэнниттэн Ойуунускайы кытта кэлсибит суруйааччылар кылаастарга киирэн көрсүбүтгэрэ. Оттон Платон Алексеевич оскуола туйгун үөрэнээччилэрин мунньан бэсиэдэлэспитэ уонна хаартыскаҕа түспүтэ.

Ол киэһэ оройуон кулуубугар (былыргы таҥара дьиэтигэр) Платон Алексеевич Ойуунускай литературнай айар үлэтин 20 сыллаах үбүлүөйүгэр аналлаах үөрүүлээх биэчэр буолбута. Кулуупка батыспат гына элбэх киһи мустубут этэ, онон оҕолору чугаһаппатахтара. Манна эмиэ П.А. Ойуунускай Нам оройуонун үлэһиттэригэр анаан, кинилэргэ туһаайан чаҕылхай тылы эппит этэ. Мунньах кэнниттэн улахан концерт буолбута, онно биһиги, оҕолор, эрдэ бэлэмнэммит программанан кыттыыны ылбыппыт. Бу концертка алтыс кылааска үөрэнэр Ганя Олесов диэн 2-с Хомустаах оҕото “Ойуунускайга” диэн бэйэтэ суруйбут хоһоонун ааҕан олус биһирэппитэ. Платон Алексеевич сценаҕа ойон тахсан илии тутуһан махтаммыта уонна сүүһүттэн сыллаан ылбыта.

Бу кэнниттэн Платон Алексеевич, аны санаатахха бэйэтэ салайар институтун үлэтинэн сибээстээн буолуо, норуот ырыаһыттарын, олоҥхоһуттарын кытта көрсүспүт. Ол кэнниттэн Хатырык нэһилиэгин киһитин — олоҥхоһут Сивцеви-Дьиибэ Бытыгы бэйэтин кытта куоракка илдьэ киирбит этэ. Сивцев муус устарга төннөн тахсыбыта уонна кэпсииринэн тыл, литература институтугар киниттэн олоҥхо, ырыа суруйан ылбыттарын, атын оройуоннар олоҥхоһуттарын кытта көрсүһүүлэргэ сылдьыбытын уонна кэлэригэр Платон Алексеевич киниэхэ патефон бэлэхтээбитин туһунан кэпсиирэ уонна патефонун оонньотон иһитиннэрэрэ.

Ити сыл Саха АССР тэриллибитэ 15 сыла туолбута. Онно анаан оройуон ыһыаҕа бэс ыйыгар Нам сэлиэнньэтигэр олус тэрээһиннээхтик ыытыллыбыта. Ыһыахха ыалдьыт бөҕө ыҥырыллыбыт этэ. Саха Киин Ситэриилээх Комитетыттан А.Г. Габышев, С.П. Си­дорова, саха суруйааччылара — П.А. Ойуунускай, В.М. Новиков-Күннүк Уурастыырап, Винокуров-Даадар, И.Д.Винокуров-Чаҕылҕан, Алексей Бээрийэкээнэп, художниктар П.П. Рома­нов, Г.М. Туралысов уо.д.а. кэлбиттэрэ. Оччотооҕуга Намҥа суруйааччылар С.П. Ефремов, П.Я. Тулааһынап, Н.К. Седалищев — Дьүөгэ Ааныстыырап, С.Е. Сивцев-Таллан Бүрэ үлэлииллэрэ.

Ыһыах аһыллыытыгар анаан оскуола паркатыгар түөрт муннуктаах трибуна тутуллубута. Үөһээ өттүгэр эргиччи перилалаах площадкалааҕа, ол ортотугар улахан глобус үрдүк атахха турара, хотугу полюстан тахсыбыт флагштокка улахан кыһыл былаах сааллан тэлибирии турара. Трибуна, тулалыыр күрүөтэ, глобус, олус тупсаҕайдык кырааскаламмыт, киэргэтиллибит этилэр. Бу трибунаны аатырбыт  мас уустара – Александр Петрович  Сив­цев, Василий Агеевич Эверстов уонна Ильин-Тыҥырҕас сорудах ыланнар туппуттара. Ол саҕана ханнык да ыстаныак да, сүркүлээркэ эҥин эрбиилэр суохтарына барытын сүгэнэн суоран, устурууһунан ыпсаран оҥоруу мындыр үлэттэн тахсыбыт буолуохтаах. Дьокуускайтан художниктары таһааран кырааскалаппыттар, уруһуйдаппыттар. Тырыбына иннигэр кэнсиэр көрдөрөргө, үҥкүүлүүргэ анаан үрдүк атахха оҥоһуллубут сыана баара.

Тырыбына  илин өттүгэр тула өттө хатыҥ мастаах, олус көнө ньуурдаах киэҥ хонуу баара (оскуола площадката), ол ортотугар төгүрүччү чэчир анньыллыбыта, киэргэтиллибитэ. Чэчир илин сыыр диэки кытыытынан сцена оҥоһуллубутугар тыл этэр три­буна, кыһыл сабыылаах уһун остуол, олорор ыскамыайкалар оҥоһуллубуттара, лозуннар, Ленин уонна Сталин портреттара ыйаммыттара.

Ыһыахха оройуон бары нэһилиэктэриттэн дьон бөҕө кэлбитэ. Кинилэр ыһыах аһыллыан биир-икки күн инники кэлэн балааккаларга олорбуттара. Араас ас: эт, арыы, сүөгэй, сымыыт, сиикэй, буспут балык эгэлгэтэ, кымыс атыыта бөҕө нэһилиэкпит иһигэр дэлэйэ түспүтэ. Түүнү быһа оонньуу-көр, олоҥхо, оһуохай, ырыа- тойук оонньоммуттара.

Ыһыахпыт, бэс ыйын хаһыс күнүн өйдөөбөппүн, күнүс 11 чаастан саҕаламмыта. Трибуна тула дьон бөҕө мустубута. Бара­бан, горн тыаһынан ньиргийэн пионердар параадтаан киирэн трибуна иннигэр тохтообуппут. Ол кэмҥэ ытыс таһыныытынан доҕуһуолланан Ойуунускай, кинини кытта ыалдьыттар, оройуон салайааччылара Ф.Местников, Г. И. Попов уонна биллиилээх кыһыл партизаннар трибунаҕа тахсыбыттара.

БСК(б) П Райкомун секретара- Федор Местников Саха АССР тэриллибитэ 15 сыла туолуутунан оройуон үлэһиттэрин, ыалдьыттары эҕэрдэлээн баран үбүлүөйдээх ыһыах үөрүүлээх миитинин аһыллыбытынан биллэрдэ уонна эҕэрдэлииргэ тылы Пла­тон Ойуунускайга биэрдэ. Онуоха трибуна тула мустан турбут сүүһүнэн киһи барыта Платон Алексеевиһы уруйдаан-айхаллаан, үөрэн-көтөн ытыс таһыммыттара киһи эрэ сүргэтин көтөхпүтэ. Платон Алексеевич чуор куолаһынан өрө күүрүүлээхтик, күөрэччи этэн барбыта. Дьон улаханнык чуумпуран истибитэ. Автономия саха дьонугар сайдыы-үүнүү сырдык суолун арыйбытын этэн туран, Автономияны ылыыга, бөҕөргөтүүгэ Максим Кирович Аммосов уһулуччу суолтатын, кини ыыппыт сөҕүмэр үгүс өрүттээх үлэтин тоһоҕолоон киэҥник сырдаппы- та. Республика 15 сылга ситиспит түмүктэрин кэпсээбитэ. Кини кэнниттэн хас да киһи тыл эппитэ.

Митинг кэнниттэн киһи барыта хатыҥ чэчир иһигэр киирэн олорбуттара. Манна үөрүүлээх мунньах буолбута. Ыалдьыттар уонна оройуон ытык дьонноро остуоллары тула сценаҕа олор­буттара, ол иһигэр П.А. Ойуунускай баара. Оройуон 15 сыллаах сайдыытын түмүктэрин туһунан дакылааты оройуон Ситэриилээх Комитетын председателэ — Георгий Иннокентьевич Попов оҥорбута уонна социалистическай куоталаһыы кыайыылаахтарыгар сыаналаах бэлэхтэри, бириэмийэлэри туттарбыта.

Тохтобул кэнниттэн ити сцена үрдүгэр оройуон олоҥхоһуттара “Эрэйдээх-буруйдаах Эр Соҕотох” диэн олоҥхону оонньоон көрдөрбүттэрэ. Бу биһиги оройуоммутугар аан бастаан олоҥхону туруоруу этэ. Олоҥхо тылын Александр Попов-Чааскылатар диэн I Модут олоҥхоһута кэпсээбитэ. Кини обургу тыла чуора, саҥата улахана, биирдэ да кэлэҕэйдээбэккэ бэлэми хостоон эрэр курдук этэн-тыынан дьэргэлдьитэн киирэн барбыта олус кэрэ этэ, оннооҕор түһүлгэ таһыгар сылдьар оҕолор, биһиги, чуумпуран истибиппит. Эр Соҕотох оруолун Үөдэйтэн Гавриил Кычкин-Хабычча, абааһы уолун- Көбөкөнтөн Прокопий Ядрихинскай-Бэдьээлэ, дьахтар ырыатын- Хатырыктан Василий Попов- Бочоох, атын бухатыырдарга — Егор Охлопков, П. Соловьев уо.д.а. олоҥхоһуттар таҥастанан-саптанан, куйахтанан-батастанан оон­ньоон көрдөрбүттэрэ олус үчүгэй этэ.

П.А. Ойуунускай атын ыалдьыттары кытта сцена иннигэр аллара ыскамыайкаҕа олорбута. Олус үөрбүт-көппүт этэ. Олоҥхо бүтэрин кытары дьон ытыстарын тыаһын ортотугар сценаҕа чэпчэки баҕайытык ойон тахсан олоҥхоһуттары барыларын кытта илии тутуһан махтам- мыта уонна Александр Поповка тиийэн тугу эрэ этэ-этэ уһуннук илиитин тутан илигирэппитэ. Онтон дьоҥҥо хайыһан илиитин өрө уунан бырааһынньыгынан эҕэрдэлээбитэ, үлэҕэ ситиһиини, олоххо дьоллоох буолууну баҕарбыта. Киэһэ ыһыах оонньуулара, күрэхтэһиилэр, ат сүүрүүтэ буолбуттара, онно Пла­тон Алексеевичтаах барытыгар сырыттылар, араас дьону кытта кэпсэттилэр диэн улахан дьон астынан кэпсэтэллэрин өйдөөн хаалбыппын.

Саха норуота тапталлаах улуу уолун Платон Алексеевич Ойуу- нускайы итигирдик Нам сиригэр илэ бэйэтин адьас чугастан көрбүт дьоллоохпун.» -диэн.

Сырдык ситим быстыбат, Нам улууһа  тыл уустаах  дьонноох- ыччаттардаах , олох хаамыытынан тэҥҥэ үүнэ-сайда турар Ытык киин улуус буолар.

Нам улууһун Олоҥхо ассоциацията  Прокопий Прокопьевич Ядрихинскэй –Бэдьээлэ төрөөбүтэ 95 сылын көрсө, 1996 сыллаахтан  тэриллиэҕиттэн,  олоҥхонон кэнчээри ыччаты иитии-үөрэтии хайысхата киэҥ далааһыннаахтык тарҕана, үөрэтиллэ турар. Үөрэҕирии  анал торумун көрүллэр чаастарын таһынан, эбии үөрэхтээһиҥҥэ, оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕолор тэрилтэлэригэр олоҥхону, фольклору үөрэтиигэ, норуот тылынан уус-уранайымньытын чиҥэтиигэ үгүс былаанаах улэ ыытыллар.  Бу сылларга саҥа тахсыбыт үөрэх анал торумугар  олоҥхону үөрэтии маҥнайгы кылаастан уон биирис кылааска диэри киирдэ.

Эбии үөрэхтээһин тэрилтэлэриттэн, олоҥхонон дьаныардаахтык  «Түөлбэ” оҕо эйгэтин киинэ дьарыктанар. Өссө 1990 сылларга, национальнай оскуолалалары саҥардан сайыннарыы концепциятыгар олоҕуран, талааннаах уһуйааччы, “Дьырылыатта”  фольклор бөлөҕүн салаайааччыта  Соколова Ефросинья Васильевна аатын хайаан да ахтан аһарыахтаахпыт. Кини сүрэҕин баҕатынан ол саҕана олоҥхону харыстааһыҥҥа, тарҕатыыга дьоһуннаах үлэтэ өрөспүүбүлэкэҕэ үтүө холобур буолбута. Учууталлараллын туйаҕын хатаран, иитэн үөрэтэн такайан таһаарбыт үөрэнээччилэрэ, биир идэлээхтэрэ кини үлэтин салҕыыллар, бу сыллар тухары кыра саастаах оҕолоруттан ыччатыгар тиийэ олоҥхону толорор буоллуллар, араас тэрээһиннэргэ ситиһиилээхитик кыттан, бастыҥ ааты-суолу ылаллар, улуустарын сураҕырдаллар. Норуот ырыаһыттара, алгысчыттара —  Константин Тихонов, Дмитрий Кривошапкин үгүс сыллар тухары республикаҕа , тас дойдуларга саха тылынан уус уран айымньытын, олоҥхону,  фольклору дьоҥҥо-сэргэҕэ тарҕатан, билиһиннэрэйн уһуйан кэллиллэр. Улууспут киинигэр  П.П. Ядрихинскэй-Бэдьээлэ аатынан Олоҥхо дьиэтэ үлэлиир. Манна оҕолор,эдэр ыччат, аҕам саастаах дьон саха норуотун былыр-былыргаттан илдьэ кэлбит сиэригэр-туомугар уһуйуллаллар. “Дьырыбына Дьырылыатта кыыс бухатыыр” Бэдьээлэ олоҥхото, СР Олоҥхо тыйаатырын туроруута, аар –саарга аатыран Бүтүн Россиятааҕы “Көмүс мааска” тыйаатырдар национальнай бириэмийэлэрин хас эмэ төгүллээх номинана буолан үөрдэн саха искусствотын историятыгар бигэтик киирдэ.

Билиҥҥи кэм киһитэ олоҥхону ааҕан, кини ураты эйгэтигэр ылларан, тылын баайын дьэрэкээнигэр олорсон, кыараҕас санаата кэҥиир, тыыллан-хабыллан бөҕө туруктанар.  Биһиги киэн туттар олоҥхоһуттарбыт айымньылара эдэр ыччат сүрэҕэр, өйүгэр-санаатыгар үйэлэртэн-үйэлэргэ салҕанан барыа диэн эрэллээхпит!

 

Майя Софронова, Нам улууһун кииннэммит бибилэтиэкэлэр ситимнэрин салайааччыта, кыраайы үөрэтээччи,  СР култууратын туйгуна.