Рубрика: Кэрэ сэбэрэ

26/09/2022 г.

Дьахтар аймахха айылҕа анаабыт ураты киэргэлэ субуллар суһуоҕа. Кырдьыга даҕаны, уһун суһуохха туох эрэ таайыллыбат таабырын, сүрэҕи сылаанньытар, хараҕы тардар, угуйар күүс баар курдук. Бүгүн, тоҕус былас да буолбатар, толбоннурар суһуохтаах кэрэ аҥаардар: Мария Павлова, Нина Уарова уонна Январина Егорова ыалдьыттыыллар. 

САХА КЫЫҺА — «РАПУНЦЕЛЬ»

Мария Павлова Кэбээйи улууһун II Лүүчүн нэһилиэгиттэн төрүттээх. ХИФУ Филологическай факультетын бүтэрэн, чааһынай тэрилтэҕэ үлэлиир, билигин төрдүс оҕотун көрөн олорор.

— Төрөппүттэрим кэпсииллэринэн, оҕо эрдэхпиттэн хоп-хойуу, хап-хара баттаахтаах үһүбүн. Наһаа тиритэрим иһин кылгас гына кырыйар этилэр. Атын дьон «бу оҕо баттаҕын харанан кырааскалаабыттар дуо?» диэн ыйытааччылар. Билигин даҕаны оннук хойуу уонна ыас хара дьүһүннээх. Баттахпын устудьуоннуу кэлэн баран 18 сааспыттан уһатан саҕалаабытым. Түргэнник уһуур буолан куруук тобукпунан буолааччы. Кэлин тобукпун быдан ааспыта. Бүтэһигин тэҥниирбэр 20 тутум этэ. Аллараа өттө убаҕас уонна сүнньүм ыалдьар буолбутуттан, 10-15 см курдугу кырыйтаран тэҥнэппитим.

Оҕо күүтэр кэммэр эрэ кылгаппатаҕым. Тоҕо диэтэр, суһуоҕум миэхэ күүс-сэниэ биэрэр, харыстыыр диэммин итэҕэйэбин. Ол иһин да буолуо, хат сылдьар кэммэр олус түргэнник уһаабыта. Төрүү киирбиппэр быраастар сөҕүү-махтайыы бөҕө буолбуттара, бэйэм долгуйуум кытта ааспыта. Үгүс кыргыттар «ханнык сомпуунунан туттаҕын?» диэн ыйытааччылар. Интэриниэти хасыһан үөрэтэн, дьон сүбэтин ааҕан баран бэйэбэр барсары талан ылабын уонна куруук биири буолбакка уларыта сылдьан суунабын. Профессиональнай сомпууннары дөрүҥ-дөрүҥ туттабын. Наһаа өр онон эрэ сууннахха аллергиялыахха сөп уонна баттах тутулун чарааһытар дии саныыбын. Ону таһынан, араас мааскалары, бальзамнары сөбүлээн туттабын. Аа-дьуо төбөтүттэн саҕалаан тараанабын, куйахабын имэринэбин, илбийэбин. Кыһыҥҥы кэмҥэ баттахпын сонум таһыгар таһаарбаппын.

Дьон быһа эппэтин диэн хараҕы сааратар сокуолкалары иилинэбин. Ордук аҕа саастаах дьон хайҕаан алгыс тылларын этээччилэр. Ийэлэр кыргыттарын баттаҕын хайдах уһатар туһунан сүбэ-ама ыйытааччылар. Уора-көстө хаартыскаҕа түһэрэр дьон да баар буолааччылар. Оттон кыра кыргыттар «Рапунцель» диэн хаһыытыы-хаһыытыы сүүрэн кэлээччилэр. Онтон мин наһаа үөрэбин. Кэрэ аҥаардарга баҕалаах буоллаххытына баттаххытын уһатыҥ диэммин сүбэлиэм этэ. Саха дьахтарын былыр-былыргыттан кини толбоннурар уһун суһуоҕа харыстаан, кэрэ сэбэрэтин киэргэтэн кэллэҕэ.

ЭБЭМ СУҺУОХПУН НАҺАА СӨБҮЛҮҮРЭ

Нина Уарова Мэҥэ Хаҥалас Наахаратыттан төрүттээх. Сунтаардааҕы оҕо киинин балыыһатыгар старшай сиэстэрэнэн үлэлиир. Кэргэннээх, икки уол оҕолоох.

– Баттаҕым бэйэбин өйдүөхпүттэн уһун. Эбэм барахсан мэлдьи кырыбыайкатынан астына-астына тарыыр буолара, биэнсийэтэ кэллэ да сокуолка арааһын атыылаһан биэрэрэ. Билигин суһуоҕум 15 тутум 4 тарбах буолла. Баттахпын улаханнык харайбаппын да диэхпин сөп. Дөрүҥ-дөрүҥ төбөтүн тэҥнэттэрэбин, икки нэдиэлэҕэ биирдэ суунабын. Сорох ардыгар кылгас гына кырыйтаран, төбөбүн сынньатыахпын баҕарабын. Ол да буоллар уһун баттах туһата элбэх буоллаҕа дии. Холобур, биирдэ кыһын таһырдьа тахсарбар саарпыкпын умнан кэбиспит этим, ону баттахпын саарпык курдук эринэн барбытым. Уһун суһуохтаныан баҕалаах кыргыттарга сүбэлиэм этэ, баттаххытын суунан баран инчэҕэй эрдэҕинэ тарыы сатаамаҥ, туох да көмөтө суох бэйэтэ куурара ордук. Ону таһынан, сомпууҥҥутун 2-3 ыйга биирдэ уларыта сылдьыҥ, куруук кэрэ буолуҥ!

ИЙЭБИТТЭН БЭРИЛЛИБИТ КЭРЭМ

Январина Егорова Өймөкөөнтөн төрүттээх. ХИФУ ХИНТуоКИ культурология салаатын бүтэрэн, Алампа аатынан Ытык-Күөл 1 нүөмэрдээх орто оскуолатыгар учууталынан үлэлиир. Кэргэннээх, уоллаах кыыс оҕолоох.

— Суһуохпун оҕо эрдэхпиттэн кырыйтарбат этим. Бу ааспыт сайын эрэ 20-чэ см кылгатан тэҥнэттим. Билигин 11 тутум 2 тарбах. Ийэм уонна эдьиийим уһун баттахтаах этилэр. Онон кинилэртэн бэриллибит кэрэм диэхпин сөп. Урут баттахпар улахан болҕомтону уурбат этим. Сомпууннары эҥин улахан ирдэбилэ суох туттарым. Суунан көрөн баран барсар-барсыбат диэн быһаарарым. Бу кэлин араас профессиональнай сомпууннары туттар буолан эрэбин уонна дьиҥнээх түүттэн оҥоһуллубут тарааҕынан эрэ туттабын.

Олох кылгас гына кырыйтарар санаам суох. Оҕо эрдэхпиттэн уһун суһуохтаах буоламмын, кылгас баттахтаах сылдьарбын харахпар да сатаан ойуулаан көрбөппүн. Баттаҕым миэхэ илиим, атаҕым курдук. Суһуохпар дьон хараҕа хатанар буолан, дьон миигин өйдөөн хаалара сорох ардыгар көмөлөһөр. Сурунаал ааҕааччыларын сааскы бырааһынньыгынан эҕэрдэлиибин. 

Венера Охлопкова