17/02/2023 г.

ТЫА ИҺИГЭР ЫЛЛЫК ЭЛБЭХ БУОЛАР. ХАЙА ЫЛЛЫГЫ БАТЫСПЫККЫНАН ОТОННООХ СИРИ БУЛАҔЫҤ, ХАРА ТЫАТТАН, МУММАККА, ЭТЭҤҤЭ ТАХСАҔЫҤ. ОЛОХ ДА ОЛ КЭРИЭТЭ. БҮГҮҤҤҮ КЭПСЭЭММИТ ХАС БИИРДИИЛЭРЭ ТУҺУНАН ҮЛЭЛЭЭХ, ДЬАРЫКТААХ ДЬОН, КЫРЫЫМПА КЫЛЫН КУРДУК СИННЬИГЭС ЫЛЛЫГЫ БАТАН ЫРЫА ТҮҺҮЛГЭТИГЭР ТҮМСҮБҮТ, “ПОЮЩИЕ ЛЕДИ” АНСААМБЫЛ ТЭРИНЭН, БИЭС СЫЛЛААХ БАСТАКЫ ҮБҮЛҮӨЙДЭРИН БЭЛИЭТЭЭБИТ ЫРЫА КУТТААХ ДЬАХТАЛЛАР ТУҺУНАН. КИНИЛЭРГЭ ЫРЫА МАЙДААНЫГАР ТИЭРДЭР ЫЛЛЫК СУОЛУ ҮКТЭЭБИТ УҺУЙААННАРА – ЛИЛИЯ КОЛТОВСКАЯ.

Лилия, кэпсэтиибитин ааккытыттан саҕалыахха. “Аат – суол” дэнэр. Суруйуу да баһыттан саҕаланар. Ансаамбылгыт аата нууччалыытын ааһан, аны омуктуу “леди” буолбуккут.
Л.К.: – Биһиги ансаамбылбыт уратыта диэн, араас омук ырыаларын толоробут. Кинилэр тылларынан. Аан дойду таһымыгар тахсарга дьулуһабыт. “Леди” – дьахтар эталона, ханнык баҕарар омукка өйдөнөр тыл. Бастакы ааппыт оннук этэ. Саха сиригэр “леди” диэн тылы наһаа сөбүлүүллэр. Итинник ааттаах салоннар, дьахталлар түмсүүлэрэ да элбэхтэр. Кэлин билбиппит, “Леди+”, “Леди” диэн ааттаах ансаамбыллар эмиэ бааллар эбит. Ол иһин уонна норуокка чугаһаары “Поющие леди” буолбуппут. Ол эрээри, сахалыыга көһөр кэм кэллэ быһыылаах. Тоҕо диэтэххэ, ырыа күрэхтэһиитигэр кыттаары, тиэтэлинэн ылыллыбыт ааппыт буолар.
– Ол ханнык күрэхтэһииний? “Поющие леди” ансаамбыл күөн көрсүүттэн саҕаламмыта дуо?
Л.К.: – Ити 2018 сыллаахха этэ. АГИИиК тэрийиитинэн казахтар аан дойдутааҕы «Алтын Майдан» диэн ырыа күрэһин Дьокуускайга ыыппыттара. Хас да хайысханан. Ити күрэскэ биһиги алта буолан кыттаммыт, наһаа кылгас кэмҥэ бэлэмнэнэ охсон, дипломант буолбуппут. Эдэр көрөөччү тыйаатырын сыанатыгар “Дьокуускай куоратым” ырыаны түөрт куолаһынан арааран ыллаабыппыт. Дьиҥэр, ансаамбылга уончабыт да, сорохтор көстүүм тиктиититтэн саллыбыттара. “Алтын Майдааҥҥа” 3-4 көстүүмү оҥосто охсубуппут. Ол иһигэр “Нане цоха” цыгаанныы ырыабытыгар тиктэрбит таҥаспытын бары да сөбүлээбиппит. Оччолорго наһаа ороскуоттаах курдуга. Ити биһиги улахан сыанаҕа аан бастаан тахсыыбыт этэ. Онон, “Поющие леди” ансаамбыл “Алтын Майдан”, ол аата “Кыһыл көмүс түһүлгэ” тургутуутуттан саҕаламмыта диэххэ сөп. Онтон салгыы Маҕанҥа буолбут “Олох устун ырыа аргыстаах” куораттааҕы ырыа фестивалыгар кыттыбыппыт. Опера, балет тыйаатырыттан сүрдээх таһымнаах дьүүллүүр сүбэ сыаналаабыта. Ансаамбылынан 2-с степеннээх лауреат буолбуппут.
Дьэ, ырыа майдааныгар хайдах көрүстүгүт? Эн кинилэри көрдөөн буллуҥ дуу, кинилэр эйигин дуу?
Л.К.: – Мин “Талаан” студия аһан үлэлэппитим. Онно улахан дьону, оҕолору ырыаҕа үөрэтэр этим. Уонча сыл оннук сылдьыбытым эрээри, олох барыһа суох этэ, онон ИП буолан бүппүтүм. Ол кэмҥэ кыргыттарым тиийэн кэлбиттэрэ. Бары туруу үлэһиттэр, наһаа эппиэтинэстээхтэр. Мин араас омуктуу ыллыыр ансаамбыл тэрийиэхпин баҕарабын диэбиппэр, үөрүүнү кытта сөбүлэспиттэрэ уонна тута бастакы ырыабытын, таджиктыы “Эй санам” диэни, эрчиллэн киирэн барбыппыт. Ол кэнниттэн цыгаанныы “Нанэ цоха” уонна грузинныы “Сулико” ырыалары үөрэппиппит. Онон 2017 сыл тохсунньу томороон тымныылаах 15 күнүгэр баар буолбуппут.


Тоҕо омук ырыатын ордордугут? Аан дойду таһымыгар дьулуһар буоллахха, дьиҥ бэйэ гиэнинэн тахсар ордук буолбатаҕа буолуо дуо?
Л.К.: – Омук ырыата бэйэтэ туспа колориттаах, дорҕоонноох буолар. Доҕуһуоллуур тэриллэрэ кытта ураты тыыны биэрэр. Онно үгэстэрэ, олохторун укулаата барыта кутулла сылдьар. Холобур, монгол уһун-киэҥ тардыылаах, дьиэрэтиилээх ырыалара мин өйбөр-санаабар истиэп киэҥ дуолун аҕалаллар. Онтон илин дойду ырыалара элбэх ибигирэтиилээх (мелизм), ииндийэ гиэнин курдук. Саха күөмэйэ онно сүрдээҕин барсар. Ииндийэ ырыатын ыллыахпытын сөп. Сахалар сөбүлүүбүт даҕаны. Билигин дьикти кэм. Биһиги эрэ омуктуу ыллыы сатыыр буолбатахпыт. Аан дойду үрдүнэн араас омук тылынан ырыалары сөбүлээн толорор буоллулар. Холобур, Алиса Супронова диэн чеченка 14 омук тылынан ыллыыр. Кини толорор ырыатын иһигэр киирэн, ол омук буолан хаалар уонна тиэрдэр. 14 диэн наһаа элбэҕэ суох. Ол иһигэр сахалыыны, “Кыыс Амманы”,
киллэрбитэ – биһиги киэн туттуубут буолбут. Уонна “Барымарыый” диэн эдэр ыччат сөбүлүүр Кинжа ырыатын ыллыыр. Алиса Супронова ситинник дьону сомоҕолуур. Бу күннэргэ 120 омук тылынан тохтоло суох ыллыыр ииндийэ кыыһа ватсап ситимин тилийэ көттө. Сухетча Сатиш ”Хоптолор” диэн сахалыы эмиэ ыллыыр. Олох акцена суох. Биһиги эмиэ хайа омук тылынан ыллыыбыт да, ол омук киһитэ ылынарын курдук толорорго дьулуһабыт. Көтүппэккэ кыттар тэрээһиннэрбитинэн Өксөкүлээх Өлөксөй Киинигэр ыытыллар бүрээттэр саҥа дьыллара “Сагаалҕан”; Орто Азия норуоттарын сааскы бырааһынньыктара “Навруз” буолаллар. Күн сиригэр төрөөбүт киһи сэриини билбэккэ дьоллоохтук олоруохтаах. Омугунан атааннаспакка. Сомоҕолоһон. Сэбиэскэй Сойууска төһөлөөх элбэх норуот талааннара бааллар этэй? Күөх экраҥҥа субу-субу фестиваль бөҕөтүн көрдөрөллөрө дии. Бу, өрө биэрэн, дьигиһитэн кавказтар үҥкүүлүүллэр, бу матрешкалар устан киирэллэр. Дьиҥ норуот кэнсиэртэрэ. Ол саҕанааҕы доҕордоһуу тыынын биэриэхпитин баҕарабыт. Биһиги кэнсиэрбитигэр омугуттан тутулуга суох кэлэллэр. Биллэн туран, сахалыыбытын илдьэ сылдьабыт.
Омук тылынан ыллыырга чуор кулгаах, анал музыка үөрэҕэ уонна, биллэн туран, хас да омук тылын баһылааһын ирдэнэрэ буолуо. “Поющие леди” толорооччулара ол ирдэбиллэргэ сөп түбэһэн эрдэхтэрэ?
Л.К.: – Ансаамбылга музыка үөрэхтээх суох. Нотаны да билбэттэр. Миигиттэн ураты. Мин иккис үөрэхпинэн вокал ырыаһыта эрээрибин, айылҕаттан бэриллибит талааны үөрэхтээҕэр үөһэ тутабын. Ансаамбылбыт иһинэн “L–Студио” диэн ВИА бөлөхтөөхпүт. Ити ансаамбылы мин сүүрэн-көтөн, инструменнары, дьарыктанар сири булан, былырыын
тэрийбитим. Онно пианискабыт эрэ үөрэхтээх. Саха сиригэр аатырбыт “Чороон”, “Чолбон” бөлөхтөргө да бары дьиҥ музыка үөрэхтээхтэр буолбатахтар этэ. Үөрэҕэ суох айылҕаттан талааннаах киһи анал үөрэхтээх музыкантан ордук үчүгэйдик оонньуур. Тоҕо диэтэргин, үөрэхтээх нотаттан тахсыбат. Аны, нотатын суруйан биэрбэтэххинэ, оонньообот. Онтон айылҕа киһитэ мелодияны таба истэрин ааһан, тэтими этинэн-хаанынан билэр. Мин ВИА музыканыгар тугу ордук биһириирим диэн: киһи ыллаата, тута
батыһыннаран байааҥҥа, атын ханнык баҕарар тэриллэргэ оонньоон, доҕуһуоллаан барары. Мин кыргыттарым оннук үөрэҕэ суох универсаллар. Мария бас гитарист, Саргылаана тамбуриҥҥа оонньуур. Барабанщикпыт, оркестр “сүрэҕин” тэптэрээччибит – Ирена. Охсор тэриллэргэ оонньооһун туһугар уустуктаах: икки илиитигэр дэгиттэр, онуоха тэтими ис хааныттан ылынар киһи сатыыр. Икки Татыйааналар тыыннаах музыканан ыллыыллар. Мин бэйэм ритм гитараҕа оонньуубун. Биллэн туран, тастан үөрэхтээх
музыканнары эмиэ ыҥырабыт. Холобур, саксофониһы. Ырыаны толоруу өртүгэр эмиэ киһи айылҕаттан бэриллибит күөмэйин ордоробун. Академическэй үөрэх куолас ураты
толбонун сүтэттэрэн кэбиһиэн сөп. “Ыллыыр ледилэр”, вокал үөрэхтэрэ суох буоланнар, “алдьамматах” куоластаахтар. Омуктуу билии чааһыгар мин бэйэм английскай тыл
үөрэхтээҕэбин. Ансаалбылбыт аҥара оскуолаҕа ньиэмэс тылын үөрэппит дьон. Омук тылын анаан-минээн билии ыллыырга эмиэ бастакы турбат диибин. Айылҕаттан чуордук истии быһаарар.

Билиҥҥи кэмҥэ ВИА тэринэр наһаа уустук дии саныыбын. Үп-харчы да өртүнэн. Оччоҕо, бэйэҕит доҕуһуоллаан оонньуу-оонньуу, тыыннаах музыканан ыллыыгыт дуо?
Л.К.: – “L–Студио” ВИА туһунан эттэххэ, барыта кыттыгас уонна доҕор-атас көмөтүнэн тэриллибит оркестр буолар. Биһиги, иркутяннар – Иркутскай куоракка үөрэммиттэр,
элбэхпит уонна сүрдээх тэрээһиннээхпит. Ватсап ситимигэр улахан бөлөхтөөхпүт. Президеммит Владимир Петрович Емельянов. ДСК диэки “Емельян” диэн кинотеатрдаах, атыы-эргиэн дьиэлээх бизнесмен. Кини биһиэхэ босхо дьиэ-уот биэрэн өйөөн, оркестрбыт турар, бары мустан эрчиллэр, ыллыыр сирдээхпит. Барабааммытын кыргыттар
бары кыттыһан аттыыласпыппыт, өссө саксофон ылыахпытын баҕарабыт. “L–Студио” буолан бырааһынньыктарга, үбүлүөйдэргэ, урууларга ыллыыбыт. Үҥкүү киэһэлэрин
тэрийэбит. Иркутяннар көрсүһүүлэрэ биһигинэ суох буолбат. Оттон “Поющие леди” ансаамбылга, сүнньүнэн, фонограмманан ыллыыбыт. Тоҕо диэтэргин, биһиги кавердары толоробут. Уруккаттан биллэр кыһыл көмүс хиттары. Онон кинилэр бэлэм музыкаларынан сылдьабыт. Репертуарбыт кэҥээн английскайдыы, францустуу, итальянскайдыы, немецтии ыллыыбыт. Индия хаалла. “Воллибуд” ырыатын үөрэтэ сылдьабыт. Ону бииргэ үөрэммит доҕотторбут үлэспиттэрэ. Кэтэһэллэр аҕай.
Лилия, эн кэпсээҥҥиттэн сөҕө аҕай олоробун дии! Барылара да идэлээх ырыаһыт буолуо хаалбыт дьону түмпүккүн дуу, хайдах? Эбэтэр ити эн педагог быһыытынан ураты дьоҕуруҥ дуу?
Л.К.: – Сатаан ыллаабат саха да суоҕа буолуо. Сахалар ахсааммыт аҕыйах да, хас биирдии киһи – талаан. Ону туохха көрөбүнүй диэ? Педагог буоламмын ырыа күрэстэригэр дьүүллүүр сүбэҕэ ыҥырыллабын уонна саха оҕолорун талааннарыттан сөҕөбүн-махтайабын. Тоҕо диэтэххэ, саамай абытайдаах киирсии кинилэр ортотугар буолар. Күүстээхтэн күүстээхтэр икки ардыларыгар. Тыа сиригэр. Манна, куоракка, нуучча оҕото тахсан ыллаатын эрэ: “Оо, дьэ, маладьыас!” – диэн буолар. Диплом туттараҕыҥ. Оттон урукку күрэхтэһиилэр дьиҥнээх этилэрэ. 100 да, 200 да киһи кытыннын, 7 эрэ миэстэ баара: Гран при, 3 лауреат, 3 дипломант. Номинация да диэн суоҕа. Оннук дьиҥнээх күрэхтэһиилэр саха оҕолорун ортотугар эрэ ыытыллара. Оттон ансаамбылга “ылбаппын” диэн үүрбүт киһим суох. Бастаан кыахтарын көрөбүн. Аҕыйах буоламмыт, бэйэ-бэйэбитин солбуһуохтаахпыт. Онон биир ырыаһыт кырата икки куолаһы баһылыахтаах. Ким туохха дьоҕурдааҕынан. Холобур, гастроллуу бардахпытына, “Чайхананы” биһиги ыллыыбыт, Ирена, Мария, Татьяна Иванова, Раиса үҥкүүлүүллэр. Марияны “стиль хотун” диэн ааттыыбыт. Көстүүмнэрбитин айан таһаарар уонна матырыйаалын булар-талар биир тутаах киһибит. Куолаһа опернай. Учуутал Татьяна Иванова күөмэйэ киэҥ диапазоннаах. Олох аллараа регистрга бэркэ ыллыыр. Оннук куолас сэдэх буолар. Асчыт Татьяна Слепцова, тыйаатыр тылынан эттэххэ, “фактуралаах мадам”. Онон тас көрүҥүнэн хайа баҕарар омук уобараһын биэрэр. Нарын, лирическэй куоластаах сопрано. Кини куолаһа – ырыа киэргэлэ. Биир да репетицияны көтүппэт саамай эппиэтинэстээх ырыаһытым. Саргылаана оҕо эрдэхтэн супермузыкальнай дьүөгэм. Омуктуу ырыаны наһаа түргэнник үөрэтэр, олох акцена суох. Сценариспыт, режиссербут, миигин кытта ырыаны аранжировкалыыр. Сити курдук, бары туох эрэ хатыламмат толбонноохтор. Биһиги толорор
нүөмэрдэрбит, эппитим курдук, кавердар. Уостан түспэккэ ылламмыт ырыалар. Оригиналы истэбит уонна сөп түбэһиннэрэн, үтүгүннэрэн толоробут. Бэйэм аранжировка оҥорорбун сөбүлүүбүн. Холобур, “Ньургуһуннары” икки төлөпүөҥҥэ хардары-таары, хас сырыы ахсын атын куолаһы эбэн, ыллыыбын. Оҕордук, түөрт, биэс куоласка араарыахпын сөп. Синтезаторынан эҥин тэриллэри оонньотон доҕуһуоллаан, чочуйан таһаарабын. Биир дорҕоону уон араастык таһаарыахха сөп. Педагог буолан өрүү көрдөөһүҥҥэ сылдьабын. Ансаамбылга бары эҥин эйгэлээх, үлэлээх дьахталлар сылдьаллар. Барыы-кэлии элбэх. Онон, үстүү-түөртүү буолан мустабыт. Дьарыктыыбын, куоластарын туруорабын. Ансаамбыл биир күрүс, тэбистэҥ дорҕооннох буоларын ситиһэргэ дьулуһабыт. Ханна эрэ кыттар буоллахпытына, дьэ, бары мустан, сарсыардаттан киэһээҥҥээҥҥэ диэри эрчиллэбит. Сууллуохпутугар диэри. Итиэннэ тыыннаах музыканан үҥкүү киэһэлэрин, көрсүһүүлэри ыытарбыт, бырааһынньыктарга ыҥырыыга сылдьарбыт – дьиҥнээх репетиция диэн ол буолар.
Ааккытын уларытар санааттан ураты туох инники толкуйдааххыт?
Л.К.: – Кыра да, улахан да публикаҕа истээччи ылынара быһаарар. Биһиги сорукпут диэн: омуктуу ыллаабыт буоллахпытына, ол ыллыыр омукпут ылынарын курдук, сахалыы ыллаатахпытына, сахалар сэргииллэрин курдук, истээччи дууһатын таарыйыахтаахпыт. Ол толоруу сатабыла диэн буолар. Онно талааҥҥын, үөрүйэххин, сыраҕын-сылбаҕын
барытын биэриэхтээххин. Бастаан тэриллээппит утаа, эрчиллэ таарыйа, куоракка санаторийдарынан, балыыһаларынан сылдьаммыт ыллыыр этибит. Дьаҥсык ыарыы тура илигинэ Аллараа Бэстээхтэн саҕалаан, Тиэлигинэн, Чурапчынан гастроллаабыппыт. Ахсыа буолан. Көрөөччүнү тугунан сэргэтэрбит буолла, дьоннор наһаа чугастык ылыналлара. “Чайхана” диэн ырыаҕа, бэл диэтэр, чэй кутан киллэрэннэр, дьону күндүлээбиттэрэ. Бэйэлэрэ. Хайаатар да үтүө тыл этэллэр, аһатан-сиэтэн атаараллар. Өксөкүлээх Өлөксөй Киинигэр концертаабыппытыгар, биир көрөөччүбүт, хайдах ааһара буоллар диэн, наһаа долгуйбут этэ. Онтон аны бүппэтэ буоллар, өссө тугу саҥаны көрөбүн дии
олорбут. Концерт кэннэ: “Эһиги тускутуттан наһаа үөрдүм”, – диэбитэ. Ансаамбыл сааһынан хааччаҕа суох. Бары биир тэҥ саастаах буоллахха, хайа да түмсүү кэлин уостан хаалыан уостан хаалыан сөп. Онон эдэрдэр киирэ туралларын кэтэһэбит. Былааммыт киэҥ. Дьаҥсык хаптайдаҕына, аан дойдуну кэрийэ барыахпытын баҕарабыт. Бурятия
“Алтарҕана” ырыа күрэһиттэн саҕалаан Узбекистан, Казахстан, Турция “Голос Азии”, “Алтын Майдан” курдук ырыа түһүлгэлэринэн бара туруохпут. Дьоҥҥо үөрүүнү бэлэхтээри.
Бу күннэргэ сахалыы ааппытын дьэ тобуллубут курдук. Күн улууһун оҕолоро “КҮН САЙААРА” диэн саҥа ааты ылынныбыт. Тоҕо диэтэххэ, “Ырыабыт үөһээ күҥҥэ күөрэй, үөрүү сыламынан сүрэхтэри толор!” диэн ымыылаах түп тылбытыгар сөп түбэһэр.
Эҕэрдэлиибин! Киһи этин сааһын сайа охсон киирэр ымыылаах ырыалаахтар эһиги буолуҥ! Ырыа майдааныгар дьону түмэ туруҥ!

ЛИЛИЯ КОЛТОВСКАЯ, САЛАЙААЧЧЫ:


– Бүлүү Бороҕонугар төрөөбүт, Тааһаҕарга улааппыт киһибин. Олоҥхоһут төрүттэрдээхпин. Ийэм да, аҕам да өртүттэн. Хос эһэм Егор Петрович Гоголев – Дьобуй Дьөгүөр уутуйбут олоҥхоһут эбит. Күн аҥаарыгар хайдах айаннаан кэлбитин: сирин-уотун, аара суолга ханнык ыалларга сылдьыбытын, ол дьон дьүһүннэрин-бодолорун, тугунан дьарыктаналларын барытын хоһуйар үһү. Айбыт аҕам, Доропуун олоҥхоһут, куолаһын уларыта сылдьан туойар дьоҕурдаах эбит. Оттон ийэм Варвара аҕата Николай Афанасьеич Колтовской үс түүннээх күнү быһа олоҥхолуурун оҕо эрдэхпинэ ыалларым кэпсиир этилэрэ. Кини кэлэригэр бэлэмнэнэн, эрдэттэн алта күннээх оттук мастарын, сиэтэр отторун бэлэмнэнэн кэбиһэллэр үһү. Онон ырыа мин сорҕом. Оҕо эрдэхпиттэн. Дьиэбитигэр музыка таһаарар тэриллэр барылара бааллара, туох суоҕуй диэбит курдук. Биирдэ ыһыах саҕана тумуулаан хааллым. Суос бөҕөтө. Кылааһым кыргыттара кэлэн ыҥырдылар. Тиийбитим, ииппит аҕам, нэһилиэк солбуллубат алгысчыта Семен Николаевич Колтовской (ийэм бииргэ төрөөбүт сурдьа) оһуохай этээри сылдьар эбит. Күрэхтэһиигэ. Дьэ, мин аҕабын өйөөммүн кыргыттарбын кытта кынат буолан киирдибит. Аргыыйдык сылдьабыт. Онтон, дьээ, үчүгэй аҕайдык көтүттэ ээ! Мин турукка киирэн хааллым, тулам барыта туман. Оһуохай иитэ ип-итии буолла. Онтон, били, тумуу эрэ туох эрэ, барыта ааһан хаалла. Онно ырыа, дорҕоон эмтиир эбит дии санаабытым. Төрүттэрбэр тумат да, саалтыыр ааҕар нуучча да баар эбиттэр. Онтон буолуо, мин ордук европа диэки тардыстыылаахпын.
Туойуохпун сөп эрээри, эстрада ырыаларын ордоробун. Оскуола кэнниттэн тута ырыа үөрэҕэр барыахпын баҕарбытым да, аҕам “оҕом дьоло суох буолуо” диэн, сөбүлэспэтэҕэ.
Ырыа туһата, дьайыыта киһиэхэ наһаа элбэх. Оҕордук, ыарахаттары көрүстэххинэ, ыарыйдаххына, ыллыы олордоххуна барыта дьайхаран, тахсан баран хаалар. Соҕотохтуу ыллыыр кэммэр түөспүттэн үөһээ өртүм барыта ибигириир. Ордук ВИА тыыннаах музыкатынан ыллыы тураммын билэбин. Манна барабан охсо турар, манна синтезатор, манна бас гитара диэммин. Олор дьигиһитэллэрэ барыта кэлэр. Курдаттыы. Музыка иһигэр киирэн хаалабын, туспа турукка. Ол кэннэ тахсарга наһаа үчүгэй, ырааһыран хаалаҕыҥ. Хайдах эрэ өрө көтөҕүллэ сылдьаҕыҥ. Бэл, кыра оҕону ытаатын, тыҥатын сайыннардын дииллэр дии. Оскуолаҕа киирдэхпинэ, миэхэ оҕолор ыллыыр, ыллаабатах кылаас диэн арахсаллар. Олох ыллаппат оскуолалар бааллар. Онно төрөппүттэр ыҥыраннар оҕолоругар хор тэрийтэрэллэр. Бастакы кылаастан төрдүскэ диэри таһаарбыт оҕолорум олох чуораанчык курдук буолаллар. Таарыйдыҥ да ыллыы сылдьаллар. Ис истэриттэн үөрэн. Аны, оҕону уонугар диэри ыллаппатаххына, сабыллан хаалар. Мин “Наранай
туйяа” (“Күн сардаҥата”) диэн бүрээттии ыллыыр оҕо ансаамбылын салайабын. Саамай улахаммыт уоннаах. Үс сыллааҕыта кинилэри Иркутскайга илдьэн “Алтарҕана” күрэхтэһиигэ кытыннарбытым. Таарыччы “Поющие леди” ансаамбыл барсыбыта. Быйыл бэйэбит кыттыахпытын баҕарбыппыт да, ыарыы туран, эһиилгигэ көһөрдүлэр.
Омуктуу тылынан аан бастакыбын 1988 с. Саҥа дьылга биир дойдулаахтар көрсүһүүбүтүгэр Офицердар дьиэлэригэр гитаранан Стиви Уандер “I Just Called to Say I Love You” ырыатын толорбутум. Хо Ши Мин аат. Иркутскайдааҕы судаарыстыбаннай педагогическэй институт английскай тылын факультетын устудьуоҥката буоларым быһыытынан. Онтон ыла атын омук тылынан ыллыырбын олус сөбүлүүбүн. Мин барыта түөрт анысаамбылы салайабын. Олортон “Ыллыыр ледилэрим” дьиэ кэргэним курдук,
дьүөгэлэрим. Тэҥҥэ ыллаһан тыыммын таһаарар сирим.

“ПРОСТО МАРИЯ” МАРИЯ ПАХОМОВА:

– Мин Мэҥэ Хаҥалас Тиэлигититтэн кэлэн ыллаһабын. Былырыыҥҥаттан интернет киирэн наһаа үчүгэй. Урут тыраахтарынан сарсыардаттан күнү быһа айаннаан, киэһээҥҥээҥҥэ диэри 35 км эрэ барар этибит. Суолбут үчүгэй буолбута аҕыйах сыл буолла. Иитээччи үөрэҕин бүтэрбитим. Детсадка үлэлии сылдьан утуу-субуу үс оҕолонон, олорон хаалбытым. Онтон олохпут уларыйан, биир кэмҥэ иистэнэн “Просто Мария” диэн хос ааттана сылдьыбытым. Араас эстафеталарга кыттан үҥкүүлүүр, муода айар этим. Билигин кэтэх тэрилтэ астан ас маҕаһыынын үлэлэтэбин. Онон кэлэрим-барарым үгүс. Ол быыһыгар ону-маны олордорбун наһаа сөбүлүүбүн. Сааһыран истэххинэ үбүлүөйдэргэ, урууларга ыҥырылларын элбээн иһэр. Ким да буоллун, ырыалаах эҕэрдэни эт диэн хаайалларын иһин, мин наар “Ол көҥүл дойдуттан” диэнтэн саҕаланар биир ырыаны ыллааччыбын. Ол баара-суоҕа соҕотох ырыабар куоласпын туруортараары “Талаан” студияҕа кэлбитим. Лилия Семеновна наһаа үчүгэйдик дьарыктаабыта. Устунан
дьүөгэлэспиппит. Хаһыа да буолан биир кэмҥэ дьарыктанар этибит. Биирдэ эттэ: “Давай, урукку, норуот сөбүлүүр “Мааппа” эҥин курдук ырыалары ыллыаҕыҥ”. Ону истэн баран наһаа үөрбүппүт. Ол кэннэ үчүгэй соҕустук английскайдыы ырыалары суруйан биэрбэтэ дуо?! Ол да буоллар, “Happe New year” ырыа тиэкиһин биир күнүнэн билбитим. “Алтын Майдааҥҥа” кыттаары ырыа бөҕөтүн үөрэппиппит. Онно куораттан барбакка дьарыктаммытым. Ол сүрүн репертуарбыт буолбута. Кэлин олох профессор курдук, кэллиҥ да ыллыыгын.

“ЫРЫА КУО” ТАТЬЯНА ЗАХАРОВА:


– Төрөппүттэрим туйахтарын хатаран учуутал буолбутум. Мин бу идэни таларбар алын сүһүөх кылаас учуутала элбэҕи сатыыр буолуохтаах диэн санаанан салайтарбытым. Ол курдук, ыллыыбын, үҥкүүлүүбүн, уруһуйдуубун. Куруук оҕолору кытары алтыһар киһи майгыта эмиэ оҕолуу чэпчэки буолар. Онон ыалым Раиса “ыллыы бардыбыт” диэбитигэр, үөрэ-көтө барсан, бу ансаамбылга киирбитим. Бастаан истибиттэрэ. Омуктуу ыллыыбыт диэбитин иһин, Демис Руссос “Сувенир” диэн ырыатын ыллаабытым. Нууччалыы. Караокэттан үөрэппитим. Оҕо эрдэхпинэ ыллыырбын наһаа сөбүлүүр этим. Аҕам Сунтаар улууһун Дархан ырыаһыта Артур Захаров кырабыттан сыанаҕа таһааран ыллатара. Ырыаһыт оҥорор баҕа санаалааҕа. Биир сыл «Сааскы дьэргэлгэн» ырыа күрэһэр бастаан, «Ырыа Куо» аатын ылбытым. Улаатан баран кыбыстар буолтум, устунан ыллыыртан тэйэн хаалбытым. Уруккаттан кытай гимнастикатын сөбүлүүбүн. Ити үҥкүү курдук. Ушу, ци-гун хамсаныылардаах. Кыыһым Кытайга үөрэнэр кэмигэр хаста да сылдьыбытым. Онно көрөбүн: киэһээ аайы болуоссаттарга ырыа-тойук, хамсаныы-имсэнии. Дьахталлар барахсаттар, күнү быһа үлэлээн бараннар, мааны былааччыйаларын кэтэннэр, быыкаа грузовичогунан ыксаан аҕай кэлэллэр. Соннук наһаа үчүгэйдик сынньаналлар. Оттон биһиэхэ хайдаҕый? Тыаттан дьүөгэм кэлэн барда. “Оо дьэ, биһи сааһырдыбыт. Ханна барыахпытый?” – диэн муҥатыйар. Кинилэргэ анаан туох даҕаны тэриллибэт. Чэ, ол кулууп тэрээһинигэр хаһан эмит кыттыахтара буолуо. Сахаларга муунтуйуу наһаа баар дии саныыбын. Тыаҕа олорор дьону дьаҥсыгынан, уотунан уолуталлар. Эҥин куһаҕан сымыйата-кырдьыга биллибэт иһитиннэриилэр кэлэллэр. Оннугу истэҥҥин барытыгар сөбүлэһэ сырыттаххына, олох үнтү тэпсиллэн хаалыах курдуккун. Онон сааһырдым диэн баран киһи олорон хаалыа суохтаах. “Үлэ – дьиэ” эрэ икки ардыгар ыырдаммакка, арыый сэргэх сылдьарга, олоххун маннык гынан киэргэтэргэ дьулуһарыҥ сөп. Көрсөн ыллаан, үҥкүүлээн. Оттон араас омуктуу ыллаатахпытына, ол аата биһиги эмиэ сайдыылаах, үөрэҕи үчүгэйдик ылынар норуот буоларбытын көрдөрөбүт. Атын норуокка толерантнай, тулуурдаах сыһыаннаахпытын туоһулуубут. Ырыа киһи олоҕор наһаа суолталаах. Мин Благощевенскайга үөрэнэ сылдьан Кушнир ньыматын үөрэппитим. “Ааҕыы уруоктарыгар ырыа оруола” диэн куурустааҕы үлэлээхпин. Ол кэмҥэ Кушнер ньыматын Блага учууталлара наһаа тутталлар этэ. Ырыаны холбуугун. Оҕо тиэкиһин көрөр уонна тэҥҥэ ыллаһар. Соннук оҕо ааҕар дьоҕура түргэнник сайдар. Сөпкө саҥарар буолар. Кини истэрэ, көрөрө, күөмэйэ тэҥҥэ сайдар. Ону таһынан өйдөөн хаалар дьоҕура сайдар. Учууталбыт Лилия Семеновна наһаа сымнаҕас. Олох атаахтатар аҕай. Ол иһин көҥүл баҕайытык сылдьабыт, хойутуубут-хайыыбыт. Биһиги аҕыйах ырыаны ыллаат да, сылайабыт. Оттон Лилия куолаһа эбии күүһүрэн, арыллан иһэр курдук. Олох түүнү быһа да ыллыан сөп. Бэйэм учуутал буоламмын, кини үлэтин наһаа сыаналыыбын.

ЫРЫА КИЭРГЭЛЭ ТАТЬЯНА СЛЕПЦОВА:


– Мин киһини билиэхпиттэн ыллыыбын. Сыанаҕа аан бастаан таһаарбыт киһим – бастакы учууталым Анна Петровна Слепцова. Ийэм Екатерина Павловна Илларионова ыллыыр этэ. Ыанньыксыт үлэтэ тоҥуулаах-хатыылаах. Онон ийэм барахсан мин олох кыра эрдэхпинэ суох буолбута. Оскуолаҕа ньиэмэс тылын баран испитим да, салгыы санаторий интернакка киирэммин, онно омук тылын үөрэппэтэхтэрэ. Тулагыга “Эҕэрдэ” ансаамбылга сылдьыбытым 25 сыл буолла. Билигин да ыллаһабын. Оттон Лилия Семеновнаны, куоласпын туруортараары, “Талаан” студияҕа кэлэммин билсибитим. Элбэх кэпсээн суох киһитэбин. Ол кэриэтэ төһө баҕарар ыллыахпын син. Идэбинэн асчыппын. Онон төрөөбүт күммүтүгэр ыллыы-туойа торт астыыбын.

ИРЕНА ИВАНОВА, ЫЛЛЫЫР СТОМАТОЛОГ:


– Лилиялыын Иркутскайга биир кэмҥэ үөрэммит эбиппит. Оччолорго тыһыынчаттан тахса оҕо баар этэ. Мин бэйэм эйгэбин, эмчиттэри эрэ, билэр этим. Манна биэс сыллааҕыта иркутяннар бастакыбытын Саҥа дьылга түмсүбүппүт. Лияны онно бастаан көрбүтүм. Французтуу ырыа бөҕөтүн ыллаабыта. Бөлөххө ким баҕалаах кэлэн дьарыктанын диэн суруйбутугар, тута, бастакынан кэлбитим. Ийэм Матрена Романовна наар ыллыы сылдьааччы. Эһэм Роман Васильевич Бурнашев Мэҥэ Хаҥалас олоҥхоһуттарын кинигэтигэр киирбитэ. Кыра сылдьан музыкальнай оскуолаҕа барыахпын баҕарар этим. Ону аҕам Хорообуттан Майаҕа ыыппатаҕа. Ыллыыр баҕам
ааспатах эбит. Эмчиттэр “Вдохновение” хордарыгар сылдьыбытым алта сыл буолла уонна Хатылаевтар “Тэтим” этно-бөлөхтөрүгэр дьарыктанабын. Нотаны билбэппин. Омук
тылыгар немецкэйи үөрэппитим. Онтум арай “Чингиз ханы” немец тылынан ыллаабыппытыгар туһалаабыта буолуо. Онон бу ансаамбылга өйбөр тутар дьоҕурбун эмиэ сайыннарабын. Бастаан наһаа ыараханнык киирэр этэ. Билигин барытын түргэн баҕайытык ылынабын. Таҥас таҥнарбын, уобараска киирэрбин сөбүлүүбүн. Үҥкүүлэрбит хамсаныытын бэйэбит толкуйдуубут. 2008 сылтан бэйэм бэйэбэр үлэлиибин. Улуустарынан сылдьабын. Эмтии олорон ырыабын үөрэтэбин. Ыарыһахпыттан:
“Бэйэм ырыа ыллыыбын дуу, музыка тыаһатабын дуу?” – диибин. “Бэйэҥ ыллаа”, – диэн буолааччы. Оччоҕо репертуарбыттан, хор да, ансаамбыл да буоллун, ыллыыбын. Соһуйаллар аҕай. “Бастакыбытын көрдүбүт, ыллыыр стамотологы”, – дииллэр. Биир көрүүлээх дьон мустаммыт ыллаабыппыт 5 сыл буолла. Үчүгэйэ диэн, урукку биһиги эдэр сааспыт саҕанааҕы ырыалар буолан, дууһам ортотунан киирэр. Араас омук тылынан ыллыырбыт, тылыҥ да, өйгөр тутар дьоҕуруҥ да сайдар. Салайааччыбар Лилия Семеновнаҕа уонна бииргэ ыллыыр дьүөгэлэрбэр улахан махталбын тиэрдэбин.

ДУЭТ ДЬҮӨГЭ САРГЫЛААНА ИВАНОВА:


– Лиялыын Тааһаҕарга  бииргэ улааппыппыт. Оскуолаҕа сылдьан дуэттыыр этибит. Мин бастакы куолаһынан, Лия наар иккистиирэ. Аҕам Владимир Афанасьевич Шамаев Сэбиэт бэрэссэдээтэлэ этэ. Ийэм Елена Семеновна иитээччинэн үлэлии сылдьыбыта. Кинилэр дэриэбинэ олоҕор көхтөөхтүк кытталлара. Наар ыллыыллар этэ. Аҕам баянист.
Ол иһин кыра эрдэхпитинэ, ордук ардах түстэҕинэ сайын ким да тугу да гыммат буоллаҕа дии, эбэтэр уот бардаҕына оһох оттон баран, биһиги алта- оҕо бары мустан олорон аҕабыт байаанын доҕуһуолунан ыллыыр этибит. Онон ыллыырбын оҕо эрдэхтэн сөбүлүүбүн. Бастакы кылааска сылдьан Кыһыл Сыыр диэн газ хостуур куораттыы дэриэбинэҕэ
“Крокодил Гена” диэн кыра сценка туруоран үчүгэй баҕайытык ыллаабыппыт быһыылааҕа: нуучча дьээдьиҥкэлэрэ “Молодцы!” бөҕөнү түһэрбиттэрэ, кулиса кэннигэр кэлэн дэлби хайҕаабыттара. Оччолорго Кыһыл Сыырга барыта нууччалар этэ. Лия крокодил Гена, мин Чебурашка, Аида Шапокляк буолбуппут. Лиялыын эдэр сааспыт үгэнигэр эмиэ алтыспыппыт. Кини Иркутскайга омук тылын бүтэрэн кэлэн баран музыкальнай училищеҕа вокалга үөрэнэ киирбитэ. Мин СГУ устудьуона этим. 1995 с. мэрийэҕэ үлэлиир Саргылаана Свешникова “Сарыал” диэн ырыа ансаамбылын тэрийбитэ. Онно Лиялыын сылдьыбыппыт. Николай Прокопьев – Дуораан диэн ырыаһыт эмиэ баара. Ити сылларга куорат ыһыахтара ат сүүрдэр сиргэ өрө көтөҕүллүүлээх ыытыллаллара. Киэһэтин Үрүҥ түүҥҥэ ырыа-тойук, үҥкүү-битии бөҕө буолара. “Сарыал” ансаамбыл дискотекаҕа ыллыыра. Биирдэ саҥа сулус буолан тыкпыт Александр Самсоновы кытта ыллаабыппыт. Онон, Лилия биһикки олохпут устата арахсыспат аргыстыыбыт. Бииргэ хаамсан иһэбит. Ырыа ыллыгынан.

Бүрээттии ырыа киэһэтигэр Өксөкүлээх Өлөксөй Киинигэр.
2021 сыл олунньу 20 күнэ.