Рубрика: Мэҥэ ааттар

16/02/2023 г.

Саха дьахталларыттан бастакынан үрдүкү салалтаҕа талыллан ситиһиилээхтик үлэлээбит килбиэннээх София Сидорова — ХХ-с үйэ биир саастыылаахтарын көлүөнэтэ, 1900-1905 сылларга төрөөбүттэр, Октябрьскай революция, гражданскай сэрии, Сэбиэскэй былаас туругурарын тэҥҥэ улахан дьон буолбуттара. Кинилэр нарын эдэр саастара, олоххо үктэниилэрэ барыта сарсыҥҥы кэрэни кэтэһии, барыта умсугутуулаах инникини эрэннэрии курдуга.

Билигин көрдөххө, кинилэр ол кэлэр кэскили кэлтэй кэтэспэккэ бэйэлэрэ туох баардарынан, үлүһүйэн туран тутуһан-оҥорсон барсыбыттар. Сэбиэскэй былаас биэрбит быраабын толору туһанан эдэркээн кыыс дьахталлар билиилэрин, кыахтарын тус бэйэ үүнэригэр-сайдарыгар буолбакка, дьоҥҥо туһаҕа таһаарбыттара. Саамай эдэрдэрэ, 1905 сыллаах төрүөх, урут кыратык ахтыллыбыт Евдокия Иннокентьевна Саввина педагогическэй техникум иккис курсун бүтэрэн бастакы саха детсадын салайбыта. Ити сыл Саха сирин комсомолецтарын иккис сийиэһигэр кыргыттар ортолоругар сырдатар, иитэр үлэни кэҥэтэри модьуйбута. Комсомол ахтыыба Дуся Саввина киһи
сүрэҕэр-санаатыгар дириҥник хатанар тыллааҕа-өстөөҕө – Саха сирин Сэбиэттэрин Үһүс сийиэһигэр, 1924 сыл ахсынньы бүтүүтүгэр кини халыымы утаран тыл эппитэ. Кыыс-дьахтар мал курдук биир-икки буут табахха сыаналанарын, атыыланарын тохтоторго ыҥыран Сийиэс урааҕа ылылларын ситиспитэ. Ити историческэй ситиһии “автора” – 19
саастаах этэ…
Дьахтар аймах правовой тэҥ бырааптаныытын бөҕөргөтүүнү дьаныардаахтык туруорсан, Евдокия Саввина оҕону атыылыыры, кыыһы-дьахтары ньүдьү-балай баттааһыны, ыал олоҕун алдьатар арыгы-табаах кэмэлдьитин утары элбэх тэрээһини ыыппыта. Дьокуускай куорат комсомол тэрилтэтин салайара, 20 сааһыгар дьахталлары кытта үлэлиир республикатааҕы отдел салайаачытын солбуйаачытынан анаммыта. Били аатырбыт Саха сиринээҕи Бастакы дьахтар сийиэһигэр биир сүрүн дакылааты оҥорон дьахтар хамсааһына хайдах сайдарын үгүс сыллаах барылын ылыннарбыта. Саввина тулхадыйбат баҕа санаата, иэҕиллибэт итэҕэлэ – дьахтары үөрэхтээһин этэ. Ликбезтан саҕалаан, сырдатар-үөрэтэр бары ньыманы туттан элбэҕи ааҕар, дириҥник толкуйдуур саха дьахтарын иитии, үүннэрии үйэлээх үлэтэ бу эдэркээн Дуся Саввинаттан, кинилиин биир санаалаах үөлээннээхтэрэ кыргыттартан саҕаламмыта.
Үөрэтэр-сырдатар үлэни өрө туппут ити кэмнээҕи кыргыттартан саатар аҕыйах аат ааттанара сатанар. Ол курдук “сырдык дьол туттарбат сыралын” батыспыт Вера Дмитриевна Давыдова, үөрэх кинигэлэрин ааптара, методист, суруйааччы, оҕону сахалыы ааҕарга-суруйарга уһуйар элбэх сыллаах сыратын дьон-сэргэ билиниэхтээх. Кини туһунан бэртээхэй ахтыылар тахсыбыттыра. Кыра оҕону төрөөбүт тылынан иитии-үөрэтии, саҥа олоххо бэлэмнээһин эйгэтигэр эдэр эрдэҕиттэн таһаарыылаахтык кыттыспыт Анна Денисовна Неустроева, дьахталлартан эмиэ биир бастакы суруйааччы, тылбаасчыт, бэчээт кыһаларыгар дьахталлартан биир бастакы сүрүннүүр редактор. Биир бастакынан тыа сирин дьахталларын тематын хаһыакка сырдаппыт, сытыы социальнай боппуруостары (оҕо садтары аһыы, сэллиги утары охсуһуу уо.д.а.) туруорсубут суруналыыс буолар – эмиэ сүүрбэтин эрэ ааспыт Анна Неустроева.

Евдокия САВВИНА

Ити саҥа олох туругурарын туһугар сүүрбүт-көппүт кыргыттар сорохторо историяҕа ким эрэ кэргэнэ быһыытынан сурукка киирэн, сорохторо төрүт да ахтыллыбакка хаалбыттара. Онтон чаҕылхай дьылҕа, үрдүк аат иһигэр арыт умнуллар даҕаны: кинилэр олохторугар өссө толору баара — күннээҕи бүппэт түбүк, кутталлаах түгэннэр, ыарахан ыарыы, балыйыы баттыгаһа, кырдьыгы кэтэһии… Улахан дуоһунаска сылдьыбыт кэргэннээх Муся Потапова — Марфа Георгиевна Потапова-Габышева правительство председателэ буолбут кэргэнин көрсө да илигинэ тыа сиригэр учуутал, революционнай кистэлэҥ түмсүү кыттааччыта, дьахталлары кытта үлэ тэрийээччитэ быһыытынан биллэрэ, бэл сэрии сэбин ремоннуур мастерскойга үлэлии сылдьыбыттаах.

Матьяш Ракоши кэргэнинээн Федора Корниловалыын

Ханнык да сылаалаах, элбэх энергияны ирдиир, араас дьоннуун алтыһар түбүктэн чаҕыйбат буоланнар хас биирдиилэрэ саха дьонугар туһа бөҕөнү аҕалбыт кыргыттар олорон ааспыттара. Кинилэр саҥа кэмҥэ саха дьахтара ханнык баҕарар үөрэҕи-үлэни, хайа баҕарар үрдэли кыайа-хото тутарын көрдөрбүттэрэ. Холобур, 1930-с сыллардаахха Советскай Союз үрдүнээҕи суут уонна прокуратура идэлээх профсоюһун биир кэрэ куо салайан сылдьыбыта. Московскай университекка юридическай факультекка үөрэммит, үгүс сыл комсомолга, дьахтар хамсааһыныгар буспут-хаппыт эдэр кыыс дьону түмэр, үлэни тэрийэр талааннааҕа билинэн эппиэттээх дуоһунаска талыллыбыта саарбаҕа суох. Ол саха кыыһа Феодора Федоровна Корнилова, кинини дьон барыта Феня диэн ааттыыллара, оннук аатынан кини историяҕа хаалбыт. Элбэхтэ ахтыллар аат, ол эрээри бу чаҕылхай дьахтар дьиҥ сыанабыла өссө да кэтэһиллэр. Кини саха театра, искусствота, музейнай дьыалата сайдарыгар, дьахтар хамсааһына тэнийэригэр тус бэйэтэ үтүөлээх. Эмиэ ити биир көлүөнэ М. Г. Потапова, А.Л.Шараборина уо.д.а. курдук Феня Корнилова кэргэнин күлүмүрдэс үтүөттэн атарахсытыыга төкүнүйбүт күннэригэр түһэн биэрбэтэҕэ, таҥнарбатаҕа…
Кэргэнэ Венгрия компартиятын салайааччыта эрдэҕинэ Феня Москубаҕа И.В. Сталин юбилейыгар сылдьан кинилиин кэпсэппит. Сирдьит номоҕон саха дьахтара венгерскай тылы түргэнник баһылаан Венгрия үрдүкү салалтатын уонна советскай дипломаттар эйгэлэригэр быһа алтыһарын биһирээбит. Корнилова ессе үчүгэйдик немецтии саҥарара. Элбэҕи аахпыт, юрист уонна искусствовед үөрэхтээх, айылҕаттан музыкальнай, ырыаһыт, уруһуйдьут буолан хайа да культурнай, интеллектуальнай түмсүүлэргэ тэҥҥэ кыттыһар кыахтааҕа. Аны тупсаҕайдык таҥнара, ис киирбэх сэбэрэтэ, киһини бэйэтигэр тардар дьоҕура?!

Бу аахпыккыт курдук, араа-бараа саастаах саха кыргыттара ааспыт ХХ-с үйэҕэ аһыллыбыт саҥа аартыктарга хардыылаан, дьулуспут сыалларыгар дьулуруйан, дьонноругар-норуоттарыгар бэриниилээхтик үлэ бөҕөнү үлэлээбиттэр. Тус олохторугар тулхадыйбат сиэрдээхтэрэ, ис туруктура ырааһа-чиҥэ — киһи эрэ сүгүрүйүөх. Сибэккинэн эрэ тэлгэммэтэх сирдээҕи суолларын, кытаанах дьылҕаларын чараас санныларыгар уйунан хайалара эрэ хомолтолоох кылгастык, оттон ким эрэ дьоһун уһуннук олорбут. Кинилэр түһэрбит оҥкуллара, уурсубут олуктара оһон-сүтэн хаалбатаҕа – үктээбит ыллыктарын батыһаачы ол күнтэн бүгүҥҥэ диэри дэлэй. Эргиччи үөрэхтээх, аныгылыы таһымнаах билиилээх-сатабыллаах билиҥҥи сахалар кумааҕыттан, куйаар ситимиттэн кинилэр ааттарын-сэбэрэлэрин сэргии-биһирии көрөллөрө оруннаах. Хараҥаттан-баттыгастан тахсыы, кыһалҕаттанкыамматтан тэйии уустук, охсуһуулаах сылларыгар дойдубар туһалаах буолаарай диэн сырдыкка-үөрэххэ угуйан, үрдүк үктэлгэ, таайыллыбатах таһымҥа саха дьахтарын таһаарбыттара. Бэйэни кэрэхсэнии, бэрдимсийии дуу сыстыбатах айылҕылаах чаҕылхай да кыргыттар бу олоҕу дьиҥ киэргэтэн аастахтара.

 

Лилия ВИНОКУРОВА, Гуманитарнай чинчийиилэр уонна хотугу төрүт омуктар кыhалҕаларын үөрэтэр үнүстүүт наукаҕа сүрүннүүр үлэһитэ, СӨ Дьахтар тэрилтэлэрин Сойууһун Бүрүсүүдьүмүн чилиэнэ