Рубрика: Новости

21/03/2024 г.

Үүнээйи олордуутугар янтарнай кислотаны туһаныахха


Янтарнай кислота уоҕурдуу ахсааныгар киирсибэт, ол эрээри үүнээйигэ туһата үгүс. Янтарнай кислота барытыгар туһалаах. Буору уоҕурдар, үүнээйи үүнүүтүн түргэтэтэр, иҥэмтэлиир, оннооҕор хагдарыйбыт дьиэҕэ үүнэр сибэккини тилиннэрэр.

Хайдах туһанабыт?
Янтарнай кислота ханнык баҕарар арассаадаҕа барсар.
Янтарнай кислотаны арассааданы олордорго туһаныллар. Сиэмэни олордуох иннинэ янтарнай кислота суурадаһыныгар сытыараллар (биир лиитирэ ууга 2 гр кислота).
Холобур, томат сиэмэтин 10 чаас бу курдук суурадаһыҥҥа сытыараллар. Маннык суурадаһыҥҥа сыппыт сиэмэ түргэнник тахсар уонна улаатар.

Үүнээйи силиһин бөҕөргөтөр. 0,2% янтарнай кислота суурадаһынын үүнээйигэ нэдиэлэҕэ биирдэ куттахха, үүнээйи силиһэ «күүстээх» буолар.
Дьиэҕэ үүннэрэр үүнээйи сибэккилэниэн иннинэ күҥҥэ иккитэ 0,1% янтарнай кислота суурадаһынан ыстарыллар.