Рубрика: Новости

22/02/2024 г.

Сандал саас сылаас тыына биллэн эрэр. Кыһыммыт «кэриэс тымныытынан кэрдэн» бүтэр ини диэн эрэл санаа үөскүүр.

Оччотугар норуот синоптига Тарас Тарасов-Тускул олунньу ый үһүс дэкээдэтигэр халлаан туругун туһунан билгэтэ хайдах эбитий?

— Олунньу – дьыл оройунан буолар. Ый 24-с күнүгэр Дьыл оҕуһун иккис муоһа тостор. Олунньуга саас кэлиитин уонна хайдах сайын кэлэрин бэрэбиэркэлииллэр. Ый хаһыс күнүгэр сылыйар да, кэлэр ыйга ол кэмҥэ бэлиэтээһин буолар. Олунньуга сылаас, былыттаах буоллаҕына, сайына кураан, тымныы буоллаҕына – сайына ардахтаах. Тымныы тостор, сис былыт олунньу 15-20 күннэригэр кэлэр.
Киин улуустарга III дэкээдэҕэ хаара олох суох. Биллэ сылыйар. Күнүс-27С, -24С кыраадыс тымныы, түүн -34С, -30С кыраадыс тымныы.

Бүлүү бөлөх улуустарыгар III дэкээдэҕэ хаара олох суох. Ол гынан былыттаах буолан, улахан тымныы түһүө суох. Күнүс-24, С-21С кыраадыс, түүн -29С -25С кыраадыс тымныы.

III дэкээдэҕэ хотугу улуустарга сүрүннээн күнүһүн 34-36, түүнүн 39-42 кыраадыс буолуоҕа.