Рубрика: Сүүтүк сүбэлэр
Сандал сааспыт чугаһаан оҕуруотчуттар арассаада олордоору түбүгүрэн эрдэххит буолуо. Онуоха маннык судургу сүбэни үллэстиэхпитин баҕарабыт. Чэйимсэх саха дьоно бакыаттаах чэйи сөбүлээн иһэбит уонна баран бүппүтүн кэннэ таах быраҕан кэбиһэбит. Олору торф тэбилиэккэлэр оннугар туттуохха сөп эбит. Ол курдук, туттуллубут чэй бакыатын бастаан хатаран баран саптаах өттүн кырыйан ылабыт, оччоҕо биир өттө аһаҕас буолар. Онно, дьэ, сиэмэбитин алҕаан баран угабыт уонна үрдүгэр буор кутан бүрүйэн кэбиһэбит. Бүттэ. Бу курдук хотуобай тэбилиэккэттэн туох да итэҕэһэ суох арассаада олордор бэртээхэй иһит бэлэм буолар.