Рубрика: Сүүтүк сүбэлэр

02/09/2024 г.

  • Собо үөһүн тэспэккэ ылан, хатаран хаппахтаах иһиккэ мунньабыт. Манна тыыннаах балык киэнэ быдан көмөлөөх. Биир ыстакаан оргуйбут ууга биир устуука кыра үөһү суурайан баран, сарсыарда аччык куртахха истэххэ, иһи-үөһү сымнатар, ыраастыыр, тахсан киирэри сааһылыыр. Манныгы үс күнтэн уһуннук испэккин.
  • Хаппыт үөһү туттар буоллахха оргуйбут ууга кутан баран хаппахтаах хоннороҕун уонна сарсыарда иһэҕин.
  • Бу ырысыабынан ириҥэлээх күөмэйи сайҕаннахха, 1-2 күнүнэн аһараҕын.
  • Илии-атах быстах бааһыран, ириҥэрэн өр оспотоҕуна, үөһү бэйэтинэн бүлүүһэҕэ тэһэн баран, бааталаах палочканан кытыытын төгүрүччү сотоҕун. Бааһы бэйэтин таарыйбаккын. Остоҕун, хатардаҕын аайы сыыйа киирэн иһэҕин.
  • Төбүрүөҥҥэ эмиэ туһалыыр. Ол эрэн, куртах ыарыылаахтар сэрэниэхтэрин наада.

“Соботтон 38 бүлүүдэ” кинигэттэн