Рубрика: Сүһэн ыл

20/02/2023 г.

Социальнай ситимҥэ киһи араас дьиктини булан көрүөн сөп. Холобур, Лидия ЕФИМОВА диэн олус талааннаах кэрэ куо сайыҥҥы дьиэтин малын бүтүннүү кэриэтэ бэйэтэ оҥорбутун киһи сөҕө-махтайа саныыр. Эргэ миэбэли саҥа тыыннаан, айылҕа матырыйаалларын туһанан туттар, ордук абырҕалынан үлэлиирин сөбүлүүр эбит. “Илии оҥоһугар айылҕа матырыйаалын туһанарбын ордоробун. Абырҕалы өрүс кытылыттан хомуйабын. Бу үлэлииргэ бэлэм матырыйаал чочуйууга, тупсарыыга наадыйбат. Абырҕалынан арааһы барытын оҥоруохха сөп”.


СИЭРКИЛЭ. Тэҥ кээмэйдээх абырҕалы хомуй. Ыраастаа, сууй уонна куурда уур. Лобзик көмөтүнэн сөптөөх кээмэйи быһан ыл. Этническэй матыыптаах былаачыйабын холобур оҥостон, абырҕалга акрил кырааскатынан уруһуйдаатым, сорохтору хайдах баалларынан хааллардым. Сиэркилэ олоҕунан фанераны туһанным. Бастаан фанераны бүтүннүү күрэҥ өҥүнэн кырааскалаатым. Ол кэннэ сиэркилэни силиминэн туттардым, төгүрүччү быһан бэлэмнээбит абырҕалбын сыһыардым. Маны оҥорорбор мас уустара туһанар силимнэринэн тутуннум. Биир күн куурдан баран, самореһынан бөҕөргөтөн биэрдим.

ПАННО. Эмиэ сиэркилэ курдук оҥоһуллар эрээри, силимигэр бэстилиэттээх сылаас килиэй ордук барсар. Панно ис өттүн Байкал өрүс кытылыттан хомуллубут таастарынан киэргэттим. Бу оннугар аквариумҥа анаммыт өҥнөөх таастары туһаныаххын сөп.

ТЫАЛ МУУСУКАТЫН ТАҺААРАР ОҤОҺУК. Араас суруктары, буукубалары оҥорон дьоро күннэри киэргэтиэххэ сөп.