Рубрика: Сүһэн ыл
Сылтан-сыл аайы Аан дойду үрдүнэн таҥас-сап, киэргэл муодата хамсаан иһэрин курдук, сахалар национальнай таҥаспытыгар, киэргэллэрбитигэр эмиэ уларыйыылар киирэллэрин бэлиэтии көрөбүн. Хаһан эрэ туостан оҥоһуллубут киэргэллэр биллэ-көстө сылдьыбыт буоллахтарына, билигин кылынан өрүллүбүт симэхтэр инники күөҥҥэ таҕыстылар. Таатта улууһун Алдан нэһилиэгэр олорор айар куттаах Тарабукиннар дьиэ кэргэн күн күбэй ийэлэрэ Лена Тарабукина кылы, сиэли, оҕуруону уонна сэлии муоһун дьүөрэлээн тупсаҕай көстүүлээх киэргэллэри оҥорор.
Кэргэнэ Сергей өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр быһах ууһа. Лена маҥнай кэргэнигэр көмөлөһөн быһахха анаан араас быаны-туһаҕы өрөн саҕалаабыт. Онтон сиэттэрэн киэргэл оҥоһуктарынан дьарыктанан эрэр. Быйыл “Арчы дьиэтэ” духуобунай култуура киинэ куйаар ситимин нөҥүө тэрийбит “Сиэдэрэй симэҕим, кэрэ-мааны киэргэлим” диэн күрэҕэр үһүс үрдэл кыайыылааҕа буолла. Ленаҕа өссө үрдүк ситиһиилэри, айар үлэҥ сайда, кэҥии турарыгар баҕарабыт.
Бастаан күнүн уонна кылдьыытын (ыйын) оҥоробут. Кээмэйин бэйэҕитигэр табыгастаах буоларын курдук фетр матырыйаалга быһаҕыт.
Бу илин кэбиһэр күнэ сэлии муоһуттан кыһылынна.“Ойуу тыла” диэн суолталаах оһуор туттулунна. Кытыытын хаартыскаҕа көстөрүн курдук киэргэтэбит. Ыйа үрүҥ сылгы сиэлинэн уонна оҕуруо көмөтүнэн оҥолуһунна. Илин кэбиһэр сэттэ салбырҕастаах буолар, оҕуруолара эмиэ сэлии муоһуттан тыҥырах ойуутунан киэргэтиллэн кыһылыннылар. Муос оннугар табыгастаах оҕуруолары, тимирдэри туһаныаххытын сөп.
Салбырҕастарын 8 утаҕынан өрдүм. Хас биирдии утахха 12-лии кылы баайдым. 4 маҥан, 4 хара сүүмэҕи арыттаан уураммын өрдүм. Киистэтэ үрүҥ сылгы сиэлинэн оҥоһулунна.