Рубрика: Сүһэн ыл

26/09/2022 г.

Дьиэ ис бараанын эҥинник тупсарыы, киэргэтии –аныгы үйэ ирдэбилэ буолла. Билигин Аан дойду үрдүнэн айылҕа матырыйаалыттан оҥоһуллубут дьиэ мала-сала ордук сэҥээриллэр. Ол курдук, аныгы киэргэл уустар (дизайнердар) мастан оҥоһуллубут панноларынан дьиэ ис бараанын тупсарарга сүбэлииллэр. Эҥин өҥнөөх синньигэс мастары дьүөрэлээн оҥоһуллубут хартыынаны киһи төһө баҕарар уһуннук одуулаан олоруон сөп. Кини сылааһынан илгийэр ураты ньэҥирдээх, алыптаах курдук. Дьэ, дьикти. Бу маннык ураты хартыыналары Дьокуускайга олорор Потаповтар ыал аҕа баһылыга Айаал ту-охтан ылсан саҕалаабытын, хайдах оҥорорун туһунан бу курдук кэпсээтэ.

– Биһиги кэргэмминээн Сахаайалыын иккиэн Сунтаартан төрүттээхпит. Олоҕум аргыһа буҕаалтыр үөрэхтээх, билигин көмүс маҕаһыыныгар үлэлиир. Иллэҥ кэмигэр үлэххэ минньигэс ас эҥинин астыыр. Мин авиация үөрэҕин бүтэрэммин, онус сылбын идэбинэн үлэлиибин. Икки уоллаахпыт. Улахаммыт Эрчим уон саастаах, кырабыт Эрэл алталаах. Аҕам Роберт мас ууһа буолан, оҕо эрдэхпиттэн мас үлэтигэр сыстаҕаспын, иллэҥ кэммэр дьиэбэр анаан ол-бу оҥоһуктары оҥорооччубун. Ол курдук, 2019 сыллаахха кэргэним сурдьа панно таҥар өйү уган, бэйэбитигэр, чугас дьоммутугар оҥорон саҕалаабытым.

Ол кэннэ Инстаграмҥа анал сирэй арыйан кыралаан үлэххэ оҥорор буолбутум. Аан маҥнай барылын оҥоробун, ол кэннэ үгүс-элбэх синньигэс дырааҥканы (рейка) быһабын уон-на хас биирдиитин үчүгэйдик аалабын, суустуубун. Ол кэннэ биирдэ кырааскалыыбын. Өҥү дьүөрэлиир туспа үлэ. Хаста даҕаны холоон көрөн баран биирдэ сотобун. Дьэ, ол кэнниттэн синньигэс мастарбытын фанераҕа аналлаах силиминэн биир-биир дьүөрэлээн сыһыарабыт, хаппытын кэннэ хартыынабытын араамалаан кэбиһэбит. Биирдэ үс миэтэрэ уһуннаах, балтараа миэтэрэ кэтиттээх сиэркилэлээх, көппөхтөөх (муох) панно оҥотторуохпутун баҕарабыт диэн соһуппуттара. Итинник улахан үлэх ыла илик буоламмын, сээбэҥнээбитим. Онуоха кэргэним Сахаайа өйөөн ситинник улахан үлэни ылыммытым. Уһуннук да оҥордорбун, бэркэ та-быллыбыта.