Рубрика: Сандалы

31/12/2023 г.

Бүгүн 2023 сыл тиһэх күнэ. Бу түүн  Саҥа 2024 сылга уктэниэхпит. Нус-хас олохтоох сыл кэлэригэр баҕарабын.

Биһиги өбүгэбит  кыһын  хаһаастаах буоларын сөбүлүүрэ. Ол биир хасааһынан «саха арыыта» диэн ааттаммыт «хайах» буолара. Хайах кыһын эрэ астанар,  көрүҥэ араас. Онтон биирэ маннык: балачча аһыйбыт сүөгэйи ытыгынан ытыйаллар. Арыы уута тахсыахча буолан эрдэҕинэ тимир иһиккэ кутан мөлтөх уокка уулларбакка эрэ сылыталлар. Онтон туос иһиккэ кутан муос ытыгынан (хайах ытыга) ньалҕаархай, дуйдаммыт курдук маҕан өҥнөөх хойуу буолуор диэри ытыйаллар. Дьэ, уонна таптыыр отоҥҥун, барыанньаҕын кутан минньитиэххин сөп, эбэтэр бэйэтин даҕаны таһааран тоҥорон кэбиһиэхтээххин.

Бэрт минньигэс, тотоойу маҕан арыы курдук хайах буоллаҕа ити.