Рубрика: Сандалы
Күөрчэҕи дьиэ кэргэнинэн бары сөбүлээн сиибит. Күөрчэх 35 бырыһыаннаах сүөгэйтэн үчүгэйдик ытыллар. Халбыллыбыт үүт үрдэ олус бэрткэ барсааччы. Күөрчэҕи тоҥорон сиир өссө астык буоллаҕа. Биһиги бу курдук араас халыыпка кутан тоҥорооччубут. Остуолга үчүгэй иһиккэ сир аһынан, эриэхэнэн, фруктанан киэргэтэн уурдахха өссө минньийэргэ дылы. Минньигэстик аһааҥ.
Татьяна Пестрякова. Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ