Рубрика: Сиэр-туом
Саха тымныы, кыһалҕалаах кыһыны — көҕөччөр дьаҕыллаах аарыма үрүҥ оҕуһунан сирэйдиир. Оҕус икки ураа-ланкыр муостаах, тугу барытын тоҥорор кырыа-бусхаат тыыннаах. Бу оҕус сири кэрийэр кэмигэр — тохсунньу тиһэх күннэригэр диэри дьыбардар түһэллэр, тымныы оройо буолар. Тохсунньу ый тиһэх күнүгэр соҕуруу халлаан оҕото Хотой кыыл көтөн кэлэн уйатын хаардыыр, хатаннык чаныргыыр. Ол саҥаттан Тымныы оҕуһа чаҕыйар, утуу-субуу икки муоһа туллан түһэллэр. Сотору баһа быстар. Түмүгэр көхсө «кур» гына Лена өрүскэ сууллар уонна сааскы көмүөлү кытта Муустаах байҕалга устар. Эбэ оҕус көхсүн кытары кыһын устата өлбүт дьон, кыыллар куттарын илдьэ барар.