Рубрика: Сир уоҕа
Мин, биирдэ, саас, Күөх Хонууга кииһилэ үргүү сырыттахпына, биир нуучча эмээхсинэ баара эппитэ: «кииһилэ бөрүөгүттэн ордук минньигэс ас баарын билбэппин» диэн. Кииһилэ былыргыттан А, С, В битэмииннэри солбуйара биллэр. Саас эрдэ уу хонон ааспыт кураанах сирдэригэр үүнэр. Сэбирдэҕин уонна силиһин хомуйан аска, эмкэ тутталлар. Сахалар үүт миннэргэ, үөрэ астарга хатаран, көөнньөрөн, кыынньаран тутталлар. Ис ыарыытыгар дизентерияҕа, хааны убатарга, тохтоторго, үөһү таһаарарга, бааһы оһорорго, грибоктары өлөрөргө туһалаах. Силиһэ — баттах хоһоҕотун куйаха төрдүгэр тахсар кутургуйаны суох оҥорор күүстээх. Тымныйыыга кыраадыһы түһэрэр, ангинаны намыратар, кыһыылаах ымынаҕы кыайар. Утаҕын битэмиин тиийбэтиттэн ыарыйдахха иһиллэр. Күөмэй ыарыытыгар сэбирдэҕи сиигитэн баран угуттаан тутталлар. Аска, саҥа тахсыбыт умнаһын, сэбирдэҕин ыыталлар. Салааттары, мииннэри, хааһылары, барыанньа, бөрүөк астанан аһааҥ, чэгиэн буолуҥ. Сэрэниҥ, кыркаҕы толорор үгэстээх.