Рубрика: Сир уоҕа
Бу кураанах сиргэ үүнэр кытаанах умнастаах Хортуоска от диэни (зопник клубненосный) бары билэҕит. Силиһигэр бөлтөркөй хортуоскалаах буолар, онто эмтээх уонна аска туттуллар. Күһүн хойут эбэтэр саас хомуйан хатаран баран мэлийэн бурдук оҥорон үүт хааһы буһараллар. Хортуоскатын үтэн, ууга буһаран сииллэр. Саҥа үргэммит кэмигэр абархай амтаннанар. Нууччалар бу отунан минньигэс мүөт оҥороллор. Аны, ынахтарга үүт киллэрэргэ ордук туһалааҕа биллэр. Отоһуттар Хортуоска оту киэҥник тутталлар. Ыарыы тэнийэн барбатын курдук утах оҥорон иһэрдэллэр, баас дөбөҥнүк оһоругар, хаан барыытын тохтоторго, үөс туоллаҕына таһаарарга, кыраадыһы түһэрэргэ тутталлар. Ис-үөс ыарыыларыгар, сэбиргэхтэттэххэ, геморройга, сөтөлгө, быар ыарыытыгар, саһарарга, титирээһиҥҥэ суурадаһынын көөнньөрөн иһэрдэллэр. Ис тэһэҕэскэ, дьахтар ыарыыларыгар, ириҥэлээх бааска киэҥник туһаналлар. Оҕо төбөтө ыарыйдаҕына, иҥиирэ таттаҕына чэй курдук кыынньаран иһэрдэллэр. Тиис ыарыытыгар эмиэ туттуохха сөп.