Рубрика: Сир уоҕа

06/03/2023 г.

КҮҺҮҤҤҮ КИҺИ КҮЛБҮТҮНЭН. БУОЛУМУНА ДАҔАНЫ, СИР АҺА СИТЭН, ХОМУУР ҮЛЭТЭ ҮМҮРҮЙЭН, АСТАҤАС ДЭЛЭЙБИТ КЭМЭ – КҮҺҮН – КҮҮС МУННЬУНАР КЭМ. САХА КИҺИ БЭЙЭТЭ ҮҮННЭРЭР, СЫЛ ТАХСАР БИИР АҺЫЛЫГА – ХОРТУОППУЙ. СУДААРЫСКАЙДАР СИИР МУОДА АСТАРА САХА КУЛГААҔАР “ХОРДУОС” ДИЭН ИҺИЛЛИБИТ. ДЬИКТИТЭ ДИЭН, ӨБҮГЭБИТ ДЬИҤНЭЭХ ОЛОРДУУ ХОРТУОСКАНЫ БУОЛБАККА, АҺЫГАР ТУТТАР, АЙЫЛҔАҔА БААР, ТӨРДҮГЭР АСТААХ ЭРБЭҺИТТЭРИН ИТИННИК ААТТЫЫР БУОЛБУТ. ХОЛОБУР, ХАЛДЬААЙЫ ОТУН ИККИС ААТА – ХОРДУОС. БҮ СУРУЙУУГА ХОРТУОППУЙУ АС КУРДУК БУОЛБАККА, СИР УОҔУН ИҤЭРИММИТ ЭМП КУРДУК КӨРӨБҮТ. ОНОН БҮГҮН КИНИ ААТА – ХОРДУОС.

СИМИИН ХОРДУОС

СИМИИН – “сибиэһэй” диэнинэн үтүрүллүбүт саха төрүт тыла. “Симиин сүөгэй” диэн холбуу тыл быһыытынан эрэ хаалбыт быһыылаах. Оттон бугун нууччалыы “свежий” индьии омук “фреш” диэн тылынан солбуллан эрэр. Эмп гынарга чараас хахтаах симиин эрэ уонна кыһыл, тэтэркэй хордуос барсар. Бэйэ оҕуруотун гиэнэ. Атыылаһыы хортуоппуй элбэх уоҕурдууга үүммүт буолуон сөп. Онон сэрэхтээх. Биһи оҕо сааспытыгар хостоммутунан хортуоппуйу, сууйа түһээт, сиикэйдии хардырҕаччы сиирбит. Сүмэһинэ дьабадьыбытынан сүүрэрэ. Бүгүҥҥү эдэр төрөппүт оҕотун оннук аһатара дуу? Симиин хордуос айах иһин бааһын-үүтүн оһордор, куртаҕы сымнатар. Буспатах сиикэй эрэ хордуоска В, С битэмииннэр, никотин аһыыта, кальций, калий, фосфор, сыыҥка, тимир, онтон да атын, барыта 30-ча, сэктэр бааллар. Онон сүрэх үлэтин тупсарар, хааны байытан дьаҥҥа-дьаһахха утарсар кыаҕы күүһүрдэр. Симиин хордуос сүмэһинэ дьиҥнээх саахардаах. Оннугу киһи этэ-хаана бэркэ иҥэринэр. Оттон хортуоппуйу буһардахха, саахар үрэллэн хаалар, онон туһата быдан аччыыр. Хайа да оҕуруот аһыттан крахмалынан баай – хордуос. Ол иһин ордук ас буһарар уорганнара ыалдьар, куртахтарын аһытыыта күүстээх дьоҥҥо туһалаах. Хордуос – дьахтар аймах кэрэтин араҥаччыта. Кини Е – “кэрэ битэмиининэн” баай.

Эмтэнэргэ симиин эрэ, субу ыгыллыбытынан, сүмэһин барсар. Тутатына аһыах иннинэ иһиллэр. Туһалаах диэн баран мэлдьи эбэтэр уһуннук иһэр сэрэхтээх. Эми эмп курдук туттар куолу. Битэмиини да күн ахсын хардырҕаччы сиэбэппит. Син ол кэриэтэ хордуос сэктэрэ киһи этигэр-хааныгар эмп-томп курдук бэриллиэхтээх. Аһара бардаҕына, туһалыан кэриэтэ, сүһүрдүөн сөп. Эмтэнэр кэмҥэ куртах уһуннук буһарар астарын сииртэн туттунар ордук. Олорго эт, балык астар киирсэллэр. Куртах аһытыытын туустаах, аһыы-сытыы тумалаах маринадтаммыт астар уонна арыгы уларыталлар. Онон олору эмиэ тохтотор кэрэх.

Хордуос сүмэһинин сүүрдэр сүрдээх судургу. Билигин кыралыыр, ыгар тэриллэр элбэхтэр. Урут кыра хайаҕастаах ааларга (терка) анньан баран, икки хос тутуллубут маарыллаҕа кутан ыгыллара. Крахмал аллараа сөҥөрүгэр 2-5 мүн. туруора түһүллэр. Тоҕо диэтэххэ, сорох ыарыыларга крахмал барсыбат, онон сүмэһини дьалкыппакка, үөһээ эрэ өртүн сүүрдэн ылыллар. Ыгыллыбыт сүмэһин 10-20 мүн. иһинэн туттуллан бүтүөхтээх. Хаһаанар сатаммат. Эмтэнэргэ ордук табыгастаах ыйдарынан атырдьах ыйын иккис аҥаара, балаҕан ыйа, алтынньы бастакы аҥаара буолаллар. Онтон антах хортуоппуй эргэрэр, хаҕа халыҥыыр, үүнэргэ бэлэмнэнэн атын, киһиэхэ туһата суох, сэктэри таһаарар уонна бэйэтин ыарыылара көбөллөр. Хортуоппуйу бэйэ олордубат буоллахха, маҕаһыынтан күн уотугар сыппыт, көҕөрбүт хордуоһу ылымаҥ. Эмкэ буолуохтааҕар, сииргитигэр да туттумаҥ. Быһаҕынан быстахха, көҥдөйдөөх, бэйэтин дьиҥ өҥүттэн ураты атын хараҥа дьураалардаах буоллаҕына, элбэх уоҕурдууну мунньуммута сабаҕаланар.

Ханнык да эмп көрүҥэ ыарыыны төрдүттэн ылан кэбиспэт. Оттон отоһут эмэ-томо ыарыыны хайа эрэ кэмҥэ бохсуон эрэ сөп. От-мас көмөтүн туһанар кэмҥэ киһи этэ-хаана, буор кута “сынньанар”. Сити кэмҥэ ыарыһах өрө биэрэн, бэйэтин-бэйэтэ оһорунуохтаах. Биллэн туран, бастатан, эмчитигэр, эмигэр итэҕэйиэхтээх. Саарбахтыысаарбахтыы эмтэнэн туох туһа? Эмп буолар туох баар отуһар-маһыгар, үүнээйитигэр махталлаах буолуохтаах. Оттон хордуос айылҕатынан үүммүт дьиҥ бэйэтин дойдутугар Перуга төрүт олохтоох индиэйэстэр киниэхэ сүгүрүйэр, бэлэх-туһах, толук биэрэр эбиттэр. Ол кэмигэр үөрэтиллибэккэ хаалбыт буолан, тоҕото умнуллубут.

 БОХСУЛЛАР ЫАРЫЫЛАР

Дьэ, онон, хордуоһу ХАННЫК ЫАРЫЫНЫ ХАПТАТАРГА туттуохха сөбүй? Этэн аһарбыппыт курдук, бастакынан, куртах ыарыыларыгар. Аһы кыайан буһарбат буолууну “диспексия” дэнэр. Онно киирсэр ыарыылар көрүҥнэринэн “гастрит”, “язва” буолаллар. Үксүгэр, куртах аһытыыта күүстээх буоллаҕына, кэмигэр соло булан аһаабаттан эбэтэр туустаах-тумалаах, биэрэстээх, аһыы астары сииртэн үөскүүллэр. Соннук аһылыктан эбии күөдьүйбүт аһытыы “уота” куртах бүрүөтүн сиир. Сороломмут куртах ыарыыта “язва желудка” дэнэр. Маннык ыарыһах сарсыарда аһыан чаас аҥарын иннинэ 1 хончоҕор (150-200 мл) симиин сүмэһини истэҕинэ, хордуос крахмалынан куртаҕын “уотун” намыратыан син. 7-10 күн иһэр, 7-10 күн сынньатар. Соннук үстэ төхтүрүйэн барыта 21-30 күн устата эмтэнэр. Түмүгэр сороломмут бүрүө чөлүгэр түһэр. Бастаан саҕалыырга хончоҕор чиэппэринэн иһиллэр. Ол кэннэ куртах хайдах ылынарын кэтэнэн көрүллэр. Сыыйа элбээтиннэрэн 1 толору хончоҕорго тиэрдиллэр. Сүмэһин аһыҥас буоллаҕына, мүлүүн уунан убатыллар. Олус күүстээх куртах “уотун” (аһытыытын) моркуоптаах хордуос, хаппыысталаах хордуос аҥаар да аҥаар булкаас сүмэһиннэрэ быдан ордуктук хаптаталлар. Быар, үөс, ноор ыарыыларыгар. Хордуос сэктэрэ сүлүстэри (токсиннары) “баайаллар”, онон быар үлэтин быдан чэпчэтэллэр. Чернобыль саахалын тохтоторго сылдьыбыт дьон эмтэниитигэр хордуос сүмэһинэ эмиэ туттуллубута. Оттон быар бэйэтэ киртийбит, сыаламмыт буоллаҕына, сити кэмҥэ ыраастанар, оһорунар. Сэбиэскэй кэмҥэ “холесисто-панкреатит” диэн диагноз туттуллара. Бүгүн ити икки ыарыыны холбуу суруйбаттар. Холесистит да, панкреатит да бүтэһик сүһүөхтэрэ биир – “ит”. “Итис” латыынныы “тымныйыы” (“воспаление”) диэн. Үөс, ноор бүрүөлэрэ тымныйан сүһүрүүтүн итинник ааттыыллар. Хордуос сүмэһинэ киһи этиттэн-сииниттэн чэккэҕин, ордук уутун-хаарын оборор. Онон тымныйан иһии, дарбайыы тардар. Күүрбүт быччыҥнары налытар буолан, ыарыы таарымтата намырыыр. Хордуос сүмэһинэ иҥэн хаалбыт панкреатитка ыарыы хаптайбыт кэмигэр эрэ туттуллар. Үөһээ суруллубутун курдук, сыыйа-баайа элбээтиннэрэн, күн устата 100-150 мл тиэрдиллэр. Аһыах 1-2 чаас иннинэ күҥҥэ иккитэ иһиллэр. Биир сырыыга муҥутаан 150 мл хордуос утаҕын иһиэххэ сөп. Туустуур, саахардыыр сатаммат. Эмтэнэр кэмҥэ эт, балык астан туттунар ордук. Ол оннугар аһыы үрүҥ аһы элбээтиннэрэр туһалаах. Холобур, суораты. 1 хончоҕор сүмэһини ыларга 3-4 орто кээмэйдээх хордуос сөп буолар. Хахтаабакка эрэ сууйан баран ыгыллар. Бу ыарыыга сүмэһини иһиэх иннигэр буккуйуллар. Тоҕо диэтэххэ, крахмала эмп буолар. Маннык эмтэнии очоҕоско эмиэ туһалаах. Хордуоска аҥаар да аҥаар моркуоп сүмэһинин холбоотоххо, амтана тупсар, туһата да күүһүрэр. Хордуостаах бутугас кэнниттэн чочумчанан суораты, кефири иһэн, сыта түһэр куолу. Очоҕос үлэтэ тубустаҕына, киһи этэ-сиинэ ырааһырар, сүлүстэр тахсаллар. Хордуос сүмэһинэ хойууну таһаарарга, ииктииргэ көмөлөһөр. Онон бүөр, хабах ыарыыларын оһорорго эмиэ туһалыыр. Хордуос калийа бүөр үлэтин тупсарар. Киһи этигэр-сиинигэр баар убаҕас сөбүгэр буоларын хааччыйар. Калий тымырга мустар үөс чэккэхтэрин (холестериновые бляшки) уулларар. Хаан харгыһа суох күүскэ сүүрэр буолар. Ол түмүгэр сүрэх үлэтэ лаппа тупсар. Атеросклероз курдук (тымыр кыарааһына) ыарахан ыарыы үөскээбэтин сэрэтэр. Сүрэх хааны күүскэ хачайдыырын түмүгэр уонна тымырдар ырааһыраннар, хаан баттааһына намтыыр. Онон гипертония утары эмиэ туттуллар.

Ноор быччаххайа эмсэҕэлээһиниттэн инсулин диэн хааҥҥа саахары иҥэрэр фермент ситэ эбэтэр олох да оҥоһуллубат буолар. Оннук ыарыыны саахардаах диабет дэнэр. Тоҕо диэтэххэ, кыайан иҥмэтэх саахар хааҥҥа мустар, тымыры кыаратар, уотар. Аныгы кэмҥэ II диабет диэн диагноз элбээтэ. Үксүгэр киһи ситэ хамсаммат буолуутуттан, ыксыы сылдьан түбэһиэх аһыырыттан уойуутун түмүгэр тахсар кэһиллии буолар. Хойдубут хаан сүрэх ыарыытыгар, гипертонияҕа тиэрдэр. Хордуос дьиҥ саахара тута иҥэн, хааҥҥа саахар мустуутун аччатар. Онон диабет II ыарыылаахтарга туһалыыр. Эппиппит курдук, хордуос эккэ-сииҥҥэ мустубут ордук убаҕаһы таһаарар, онон ырарга эмиэ көмөлөһөр. 2-с көрүҥ диабеттаах (ол аата инсулин оҥоһуллар эрээри, ситэтэ суох) дьон ходуос сүмэһинин аһыах иннинэ күҥҥэ 2-3 иһэллэр. Болҕойуҥ! Сүмэһини туруора түһэн, крахмалы сөҥөрдүллүөхтээх уонна суурадаһын үөһээ эрэ өртүн сүүрдэн ылан иһиллэр.

КЭРЭ АРАҤАЧЧЫТА

Хордуос – дьахтар аймахха Айыыһыт уунуута. Үөһээ суруйбуппут курдук, хордуос Е битэмииннээх. Кини атын аата – “токоферол”. Токоферол “оҕо төрөөһүнэ” уонна “аҕалыы” диэн грек икки тылыттан турар, онон “оҕолон” диэн суолталаах. Былыргы дьон Е битэмиин дьахтар төрүүр-ууһуур киэлитигэр туһалааҕын соннук бэркэ билэллэр эбит. Кини “дьахтар гормона” дэнэр эстрогены үөскэтэр. Онон сааһырыыны, ыйдааҕы тохтуурун харгыстаһар. Оттон эдэр дьахтарга оҕо үөскүүрүн хааччыйар. Сирэй тириитэ чарчыстыбатын, мыччыстыбатын туһугар токоферолу эҥин мүһэрдэргэ (крем) эбэллэр. Оннук косметикаҕа кутуммакка эрэ, куулга хааламмыт “кэрэ битэмиинин” диэки көрөр кэрэх.

ХАТ ДЬАХТАРГА. Оҕо үөскэҕин буор кут тастыҥ эттик курдук көрөр, онон “үүрэ” сатаан, сүлүстэри таһаарар. Бастакы токсикоһу хордуос сүмэһининэн аһардыахха сөп. Үөһээ суруллубутун курдук, хордуос быар, бүөр, ноор, аһы буһарар уорган барыта тупсарыгар көмөлөһөр. Хат дьахтар үксүгэр үөһүн, хабаҕын ыарыыта бэргиир. Холесистит саах хатыытынан доҕуһуолланар. Ону туоратар инниттэн 10 күн устата хас аһыах иннинэ 100 мл симиин хордуос сүмэһинин үөһээ өртүн иһиллэр. Туһата биллибэтэҕинэ, тохтотуллар.

Оһоҕостоох дьахтар эҥин эмтэри иһэрэ оҕотугар кутталлаах. Онон сорох тымныйыыттан ыарыылары хордуос көмөтүнэн эмтиэххэ сөп. Холобур, ангинаҕа, күөмэй ыарыытыгар сөҥмүт хордуос сүмэһининэн күҥҥэ кырата биэстэ сайҕаныллар. Эмэ күүһүрэрин туһугар көөнньөрүллүбүт тыллыҥы (ромашка аптечная) суурадаһынын эбэтэр хаппыыста сүмэһинин эбиэххэ сөп.

Хат дьахтар буор кутугар эрэ буолбакка, уйулҕатыгар эмиэ уларыйыылар тахсаллар. Уута алдьанан утуйбат, кыраттан да быыппаста, санаата оонньуу сылдьар буолуон сөп. Итинник кутсүр уолуйуутун хордуоһу кытта атын үүнээйилэри холбуу туттан тохтотуохха сөп. Моркуобу, сельдерей силиргэҕин, хордуоһу бииргэ эрийэн баран, маарылла нөҥүө ыгыллар. Аһыах 15 мүн. иннигэр күҥҥэ үстэ иһиллэр. Эти-сиини маннык бөҕөргөтүү ханнык баҕарар киһиэхэ барсар.

СЭБЭРЭНИ ТУПСАРАРГА. Хайа кыыс-дьахтар туналҕаннаах ньуурданыан баҕарыа суоҕай? Хордуостан ис-үөс үлэтэ күүһүрэриттэн, тирии туруга биллэрдик тупсар, ырааһырар. Хордуоһунан сууннахха сирэй маҥхайар, харах аннынааҕы күлүк сүтэр, испитэ тардар. Тирии чэбдигирэр, эбирдэрэ сүтэллэр. Онуоха үксүгэр хордуостаах мааска туттуллар. 60 мл симиин сүмэһиҥҥэ 8 г убаҕас мүөтү буккуйуллар. Мүөт суураллыбытын кэннэ сирэйи биһиллэр. Чаас аҥаарынан мүлүүн уунан сууйуллар. Сирэй эбирэ, хара түөннэрэ сүтэллэр. Салгын охсубут, күн уота сиэбит тириитигэр эпсээҥкэлээх мааска барсар. Хордуос сүмэһинэ хойдуор диэри эпсээҥкэ кырпата буккуйуллар. Туруора түһэн баран сирэйи бистэн, 15-20 мүн. кэнниттэн сууйуллар. Бу биһиликтэри күн ахсын кырата 2 нэдиэлэ тутуннахха эрэ туһалыыр.

УОҔУРДУУ

Киһиэхэ туһалаах – үүнээйигэ эмиэ туһалаах. Хордуос хаҕа “этинээҕэр” баай. Ол иһин сорох дойдуларга хортуоппуйу хахтаабаттар, сууйан эрэ кэбиһэллэр. Оттон хахтыы буспут хортуоппуйу (картофель в “мундире”) “таҥастыы” сиир ордук. Биллэн туран, бэлэм уоҕурдууну атыылаһар да, туттар да судургу. Ол эрээри, бэйэ куукунатын гиэнэ КЭККЭ ОРДУКТАРДААХ:

— Хордуос хаҕа хас дьиэ ахсын баар. Кыһын устата оҕуруокка, дьиэтээҕи сибэккигэ бэртээхэй уоҕурдууну хаһааныахха сөп.

— Хортуоппуй хаҕын бактыарыйалар, чоллоҥнор (чиэрбэ) аһылык оҥостоллор. Ол түмүгэр сир туһалаах сэктэринэн байар. Чоллоҥ элбээтэҕинэ буор салгылыыра тупсар, көпсөркөй буолар.

— Хиимийэ уоҕурдуу оҕуруот аһыгар мустар, ол киһи доруобуйатыгар үтүөнэн аҕаабат. Үүнээйи да онтон тупсан кэлбэт, ханнык эмит уоҕурдуу баһыйбыт буоллаҕына, ыалдьар. Оттон хордуос хаҕын аһара туттуом диэн куттаммаккын, төһөнү да кут, үүнээйигэ охсуута суох.

— Балбаах, хомпуос оҕуруокка олус туһалаах да, сыыс от эмиэ күннүүр. Оттон хордуос хаҕын сыыс от оччо ахсарбат.

ХАҺААНЫЫ. Тиэргэннээх дьиэлээх буоллахха, хордуос хаҕын хомпуоска кутуохха сөп. Билигин дьон калифорния чиэрбэтин тутар буолла. Иитиэх чоллоҥнор хордуос хаҕын начаас суох гыналлар. Оттон таас уопсайга олорор буоллахха, балкоҥҥа таһааран тоҥорор кэрэх. Батарыайаҕа ууран хатарыахха сөп. Сололоох буоллахха, эрийтэрэн баран салгыы духовкаҕа хатарыллар. Итинник ньыма туһата улахан: хордуос фитофтора диэн споранан тарҕанар ыарыыта сүтэр.

ТУТТУУ НЬЫМАЛАРА. Күтүр судургу ньыма – хордуос хаҕын оҕуруокка ыһан баран, холбуу тиэрии. Саас эбэтэр күһүн, хомуур кэнниттэн. Оттон атыттар кыра соҕус мачайдаахтар.

— Көөнньөрбө. Хаҕы итии уунан кутан баран, хас да хонук туруоруллар. Суурадаһыны үүнээйи угун төрдүгэр 2 нэдиэлэҕэ биирдэ кутан аһатыллар. Маннык көөнньөрбөҕө моркуоп уонна луук хаҕын эбэн 15-20 мүн. оргутан туттуохха сөп. Үүнээйи сорсутун (арассаада) үүннэрэгэ уонна дьиэ сибэккитин аһатарга бэртээхэй уоҕурдуу тахсар.

— Үөрэ. Үөһээҥҥи курдук оҥоһуллар эрээри, уута элбэх буолбат. Кыраламмыт хах үөрэ хааһы курдук хойуу буолуохтаах. Үүнээйи сорсутун олордуох иннинэ оҥхойугар кутуллан, буору кытта буккуллар. — Бурдук. Хатарыллан баран эриллибит хордуос бурдугунан сайын устата уу куппут кэннэ үүнээйини көмүллэр. Маннык бурдугу таҥас саппыйаҕа хаһаанар ордук.

ХОРДУОС УОҔУРДУУ БАРСАР ҮҮНЭЭЙИЛЭРЭ. Маннык уоҕурдуу хортуоппуй “аймахтара” үүнээйилэргэ барсыбат. Олорго помидор, минньигэс уонна аһыы биэрэс, баклажан, физалис, сибэккилэртэн петуния, дыргыл табах киирсэллэр. Аймахтыы буоланнар, ыарыылара да биир. Оттон хордуоска “махталлаахтар” манныктар:

— Силистэригэр астаах оҕуруот астара барыта (редька, эрэдиискэ, сүбүөкүлэ уо.д.а), чеснок, луук. Кинилэргэ көөнньөрбө уоҕурдуу туттуллар (үөһээ суррулубуту көр).

— Бахча үүнээйилэрэ. Тыыкыба, кабачок, оҕурсу сорсутун олордуох иннигэр оҥхойго хордуос көөнньөрбөтүн кутуллар, буорунан тарыйан баран, иккис дьапталҕаны ууран, буорунан көмүллэр. Ол үрдүгэр сорсуну олордуллар. Үүнээйини сайын устата көөнньөрбө суурадаһынан аһатыллар.

— Көөнньөрбө уоҕурдуу дьиэ сибэккитин туспа иһиккэ көһөрбүт кэннэ аһатарга туттуллар.

— Моонньоҕон, биэ эмиийэ (малина). Ханнык баҕарар отонноох талах крахмалга, глюкозаҕа наадыйар. Олорунан хортуоппуй баай. Хордуос хаҕын, таарыччы көөнньөрбөҕө туттуллубуту эмиэ, талах анныгар көмүллэр. Таах тэлгии быраҕыахха да сөп. Ол эрээри хордуос хаҕын кутуйахтар, күтэрдэр, хомурдуостар эмиэ таптыыллар. Отонноох талахтары көөнньөрбө суурадаһынан нэдиэлэҕэ иккитэ аһатыллар. Отонун хомуйуохха диэри. Хордуос хаҕа фосфоры иҥэрэри чэпчэтэр бактыарыйалары аһатар. Сиргэ баар кубулуйбатах фосфоры моонньоҕон силиһэ кыайан оборбот. Дьэ, ону хордуос хаҕар мустубут бактыарыйалар “ыстаан, илдьиритэн” биэрэллэр. Фосфор – отонноох талах аһын кутарыгар күтүр туһалаах сэк. Кини тиийбэтиттэн моонньоҕон аһа хордьоҥ буолар.

Күндү ааҕааччыбыт! Бэйэҥ үүннэрэр аскын күтүр туһалаахтык тускар туһан. Оҕолоруҥ, чугас дьонуҥ чөл туруктаах, өлүөр буолалларын хааччый.

 

СЭРЭТИИ

ХОРДУОС СҮМЭҺИНЭ КИМИЭХЭ, ТОҔО БАРСЫБАТЫЙ? Бастатан туран, куртах аһытыыта мөлтөх буоллаҕына. Куртах “уота” аһы буһарарга аналлаах. Ону мөлтөттөххө, киирбит ас кыайан буспакка сытыйан, абырыан кэриэтэ алдьатыан эрэ сөп. Аһы буһарар инниттэн эт-сиин атын бырчархайдара, холобур, ноор, күүскэ үлэлээн, кэбирииллэр.

  • Үөһээ ааттаммыт ыарыылар бэргии сылдьар кэмнэригэр.
  • 2-с көрүҥтэн атын саахардаах диабеттарга туттуллубат! Ыарыы бэргии сылдьар кэмигэр хордуос сүмэһинин иһэр сэрэхтээх!
  • Хордуос биир охсуулаах өрүтэ – тиис ньалхаархай бүрүөтүн сиир. Онон кариестаах, кэбирэх тиистээх дьон сэрэниэхтээх. Ол инниттэн сүмэһин кэннэ айаҕы сайҕанар ордук эбэтэр суурадаһыны көҥдөй хоронон (трубочка) иһиллэр.
  • Иһэ мөлтөх, үллэр, сыптарыйар киһиэхэ.
  • Ыйааһыннара аһара барбыт дьоҥҥо. Хордуос крахмала уонна саахара эбии уотуон сөп.
  • Кээмэйдэммит өлүүттэн таһынан уонна бадаам иһии доруобуйаны алдьатарын умнумаҥ!

 

ОТОҺУТ  УЙБААН