Рубрика: Сир уоҕа
Алена Попова үүнээйинэн оҕо сааһыттан үлүһүйэр, билигин дьиэ сибэккитин эҥин көрүҥнэрин мунньар. Кини сүбэлэрин социальнай ситимҥэ @leyka_ykt диэн аатынан эбэтэр сибилигин ааҕаргар ыҥырабын.
Дьиэ үүнээйитин үүннэрии сүүрээнэ энники сылларга дьиэ сибэккитин үүннэрии олус сайынна. Анал маҕаһыыннар арылыннылар, сааһыттан тутулуга суох үүнээйини “чээн” диэн сэҥээрэр киһи элбээтэ. Билигин ордук эдэр кыргыттар олус сэргиир буоллулар. Куйаар ситимэ сайдан, дьиэ ис бараанын араастан киэргэтэн, чэчигинэн симээн хаартыскаҕа түһэрэн дьону кытта үллэстэр, көрдөрөр буоллулар. Ол дьайыыта биһиэхэ эмиэ кэллэ. Аҕыйах сыллааҕыта: “Миэхэ син биир өлөр”, “Сатаан көрбөппүн”, — диэччилэр элбэхтэрэ. Билигин хайаан да сөбүлээбит үүнээйилэрин талан ылан бараллар. Сатаатын-сатаабатын. Ол миигин үөрдэр. Аныгы үйэҕэ үүнээйини көрүү-харайыы туһунан сүбэ куйаар ситимигэр баһаам баар курдук эрээри, ол сүбэ эйиэхэ барсымыан сөп. Ити төрүөтүнэн салгын сиигэ, дьиэ сылааһа, турар сирэ, күнэ-уота атына буолар. Онон үүнээйини бэйэҥ курдаттыы таайаҥҥын көрүөххүн-истиэххин наада.
Таптаабат үүнээйиҥ син биир өр турбат
— Үүнээйи өлөн хаалар сэдэх түгэнэ син баар буолааччы. Ол төрүөтэ туохханый? Кыргыттар кыҥкыйа суох, уһун кэмҥэ ууну көрдөөбөт, туохха да наадыйбат, кэллэххэ-бардахха наар чэлгийэн үүнэ турар үүнээйини баҕараллар. Оннук, хомойуох иһин, суох. Хас биирдии үүнээйи сүрэх сылааһын ирдиир. Кини эмиэ оҕо курдук бүөбэйдэтиэн баҕарар. Киһи уу испэтэҕинэ утатан өлөр, кини эмиэ оннук. Бэйэҕитин кытта тэҥнээҥ көрүҥ. Холобур, ким да наадыйбат, эрэ болҕомтотун уурбат дьахтар санаата түһэн, бэйэтин көрүммэт, сырдыгынан сыдьаайбат буолан хаалар, чэчик эмиэ оннук. Үүнээйини таптааҥ, көрүҥ-истиҥ. Кыһамньылаах сыһыан дьиктини оҥорор. Кураанах буортан үүнээйи тиллэн кэлиэн сөп. Аны сорохтор сибэккини саҥа ылаат да, сиэри таһынан бүөбэйдэһэллэр. Күн ахсын уу кут да кут, сот да сот, тыыт да тыыт буолаллар. Оннугу үүнээйи эмиэ сөбүлээбэт. Элбэх ууну истэҕинэ киһи дарбайан тахсар дии, ол кэриэтэ аһары элбэх уу кутуллубутуттан өлүөн сөп. Онон, барытыгар «сөбүгэр» диэн баар буолуохтаах. Сөбүлээбэт, искитигэр киллэрбэт үүнээйигит эмиэ өр баҕайы эрэйи көрөн туруо. Ол аата кини ньэҥирэ эйиэхэ сөп түбэспэт. Оннук үүнээйини сөбүлүүр киһиэхэ биэрэриҥ ордук. Атын киһини иччилэнэн кини соһуччу тупсар кэлиэн, улаатан барыан сөп.
Үүнээйи майгыта-сигилитэ
— Үүнээйи аны эҥин майгылаах буолар. Оннооҕор биир хааттан олордуллан тахсыбыт үүнээйилэр уратылаһаллар. Биир дьиэ кэргэҥҥэ улааппыт оҕолор үкчү буолбаттарын кэриэтэ. Уһун, кылгас, бытааннык сайдар, түргэнник улаатар, үтүө, куһаҕан майгылаах буолуохтарын сөп. Ол эмиэ улахан оруоллаах. Майгыта эйиэхэ барсар сибэкки түбэстэҕинэ, табыллан үүнүө. Миэхэ аанньа үүммэт сибэккилэри “стервалар” диэн ааттааччыбын. Хайдах эрэ соруйан эҥин араас буолар курдуктар, ардыгар.
Көһүйэлээх чэчиги бэлэхтээһин
— Мин урут-уруккуттан сибэкки дьөрбөтүн буолбакка, көһүйэлээх үүнээйини бэлэхтииллэрин ордоробун. Ол-бу бити-билгэни итэҕэйбэппин. Чэчик киһиэхэ туох да куһаҕаны оҥорорун билбэп[1]пин. Итэҕэйэрим диэн, аллергияны күөртүүр үүнээйилэр бааллар. Оннук сибэкки дьиэҕэр баар буоллаҕына ытырда сылдьыаххын эбэтэр этин бааһырар буолуон сөп.
Эмтээх үүнээйилэр
— Билигин гиностемма уонна джинура диэн эмтээх үүнээйилэри үүннэрэ туруорабын. Үөрэтэбин, кэтээн көрөбүн. Кэлин эмтээх үүнээйилэри дьоҥҥо-сэргэҕэ тэнитиэхпин баҕарабын. Төһөлөөх киһи туһаныа, абыраныа этэй. Гиностемманы атыннык “трава бессмертия”, “трава долголетия” диэн ааттыыллар. Кини киһиэхэ күүһү уонна ньэҥири биэрэр. Холестерины түһэрэр, иммунитеты көтөҕөр, тымныйыыттан эмтиир, диабеттаах дьоҥҥо туһалыыр. Быар, сүрэх үлэтин тупсарар дьикти дьайыылаах. Джинура эмиэ олус эмтээх. Кини киһи туругун тупсарар, ас тарҕаныытын бэрээдэктиир. Ол түмүгэр үйэҥ уһуур, санааҥ бөҕөргүүр. Бу оттору күн ахсын аска кутан сиэххэ, эбэтэр хатаран чэй оҥостон иһиэххэ сөп. Ол туһунан Инстаграм сирэйбэр сиһилии суруйан таһаарыам.
Дьиэ үүнээйитэ киһи туругун билэр
Мин куруутун биири бэлиэтиибин: чэчик ылбыт кыргыттар миэхэ үүнээйибит эмискэ сибэккилэннэ, олус үчүгэйдик үүнэн, тупсан эрэр диэн астынан кэпсииллэр. Онуоха ол кыыс эбэтэр хат буолбут, эбэтэр таптал долгунугар уйдарбыт буолар. Ити олус дьикти. Хаһаайката төһөнөн сүр көтөҕүллүүлээх сылдьар, чэчик эмиэ тупсар, үөрүүтүн тэҥҥэ үллэстэр. Туох эрэ ситим үөскүүр. Мин манна итэҕэйэбин. Оннук аны, төттөрүтүн, ыарыйдаххына эйиигин кытта тэҥҥэ мөлтүүллэр. Биирдэ балыыһаҕа киирбиппэр кэргэним эрийэн ыйытта: “Алена хайдаххыный? Сибэккилэрбит олох буорайдылар”, — диэтэ. Балыыһаттан дьиэбэр кэлбитим киһи сөҕүөх барахсаттарым ньалбыһан баран тураахтыыллар эбит. Ол аата кинилэр эйигин суохтууллар, ахталлар, ис туруккун билэллэр.
Сибэкки арааһын үүннэрии
Мин көһүйэлээх үүнээйини тутан төрөөбүт курдукпун. Букатын кыра эрдэхпиттэн сибэккини наһаа сэҥээрэбин уонна таптыыбын. Билигин фикус, калатея, сингониум сэдэх көрүҥнэрин мунньан үүннэрэбин. Аан дойду үрдүнэн киһи хаһан да үөйбэтэх араас элбэх үүнээйитэ баар. Санаан көрүҥ, олортон Саха сиригэр аҕыйах, дьон атыылаһыан сөптөөх эрэ диэбит үүнээйилэрэ кэлэллэр. Атын көрүҥ кэлбэтин кэриэтэ. Ол иһин мин сэдэх үүнээйилэринэн дьарыктанабын, ууһатабын, атыылаһабын, кыралаан дьоҥҥо тарҕатабын. Сорох үүнээйи биир сэбирдэҕэ 30000 солкуобай[1]га тиийэ үрдүөн сөп. Аны айаннаан кэлэн баран ол үүнээйи үүнэрэ биллибэт. Үүнээйи оҕо курдук олус уһуннук улаатар, ситэр-хотор. Онон мин билиҥҥэттэн саҕалаан уонча сылынан улаатыахтаах үүнэйилэрбин үүннэрэ туруорабын. Үйэлээх дьарыгым буолар диэн эрдэттэн быһаарыммытым. Мин биир ыра санаам — Сахабыт сиригэр улахан оранжерея баар буолуон баҕарабын.
Сүбэ-ама
- Дьиэ үүнээйитэ айылҕатынан кыһын мөлтүүр. Ол иһин кыһыҥҥы кэмҥэ уоскутуохтааххын. Холобур, розаны тымныы сиргэ, холодильникка эбэтэр булууска уган утутуохтааххын.
- Сибэкки сөбүлээбэт миэстэлээх буолуон сөп. Мөлтөөтөҕүнэ турар сирин уларытан биэр, кэтээн көр.
- Атыыласпыт үүнээйиҥ сотору кэминэн мөлтөөн бардаҕына, хайдах гыныахха сөбүн ылбыт сиргититтэн кыбыстыбакка ыйытар буолуҥ.
- Сибэкки силиһэ иһитин толордоҕуна эрэ чэчиктиир эбэтэр саҥа сэбирдэхтэнэр. Иһитин улаатыннарыаххын баҕарар буоллаххына билигин турар иһититтэн биир тойон тарбах кэтитин эрэ саҕа улахан иэннээх иһиккэ көһөр. Эмискэ улахан көһүйэҕэ көһөрөр сыыһа.
- Үүнээйини саас эбэтэр күһүн көһөрөр табыгастаах. Өскөтүн оннук табыллыбат буоллаҕына, кыһынын эмиэ көһөрүөххүн сөп.
- Үүнээйи олус улаатыан сөп. Оннук түгэҥҥэ силиһин балай да быһан биэр. Кыратык ыарытыйан ылыаҕа. Син өр кэмҥэ улаатара тохтуоҕа уонна саҥа араскылар тахсыахтара.
- Дьиэҕитигэр аччаабыта биир-икки сибэккилээх буолуҥ. Үүнээйилээх дьиэ нус бараан, киһи кутун-сүрүн уоскутар ураты тыыннаах буолар.
Юлия ПЕСТРЯКОВА