Рубрика: Санаа күүһэ

16/11/2023 г.

1987 сыл. Чурапчы.  Үс кыыс оҕолоох Пахомовтар эдэр ыал чуумпу олохторун ыарахан  ыарыы  аймаан, улахан кыыстарын көрдөрбүтүнэн  “сиэн” киирэн барбыта. Оччолорго Танюша  баара-суоҕа 13 эрэ саастаах этэ.  Атырдьах ыйыгар муҥурдааҕын быстаран баран,   куруук утата сылдьар буолан хаалбыта. Күҥҥэ уончалыы лиитэрэ ууну иһэрэ.  Саҥа борбуйун  көтөҕөн эрэр кыысчаан  үнтү ыран, уҥуохтаах тириитэ эрэ хаалаахтаабыта. Сэниэтэ суоҕуттан охто сылдьар буолуор диэри ыарытыйара.  Ийэлээх аҕата балыыһаҕа илдьэн көрдөрбүттэригэр, эппэрээссийэ  содула буолуон сөп диэн улахаҥҥа уурбатахтар.   Өйүн сүтэрбитин  кэннэ биирдэ  Чурапчыга балыыһаҕа киллэрбиттэр. Бастаан наһаа ырбытын  көрөннөр  түбүркүлүөстээбит  дии санаабыттар. Анаалыс бөҕөтүн ылан чинчийэн көрбүттэрэ, аны барыта этэҥҥэ курдук буолбут.  Инньэ гынан, туохтан ыалдьыбытын сатаан  быһаарбатахтар.  Оччолорго мэдэссиинэ да улаханнык сайда илигэ. Кыайан  аһаабат буолбут оҕоҕо сэниэ киллэрээрилэр  “остенил” (глюкоза) диэн укуолу биэрэ олорбуттар. Онтон сылтаан кыыспыт  олох да комаҕа түспүт.   Төрөппүттэрэ  аҕыйах хонуктааҕыта сүүрэ сылдьыбыт  оҕолоруттан   матар  куттал суоһаабытыгар, төһөлөөх аймаммыттара буолуой? Утуйар уулара уйгуурбут, аһыыр астара   амтана сүппүт дьоҥҥо быраастар «Кыыскыт өр барбата буолуо…» диэн сэмээр эппиттэрин, ийэлээх аҕа сүрэхтэрэ ылымматаҕа чахчы.

Оҕо сааспын былдьаабыт ыарыы

– Чурапчытааҕы  былыыһаҕа  сыттахпына эдэр саҥа  быраас үлэлии кэлбитэ. Кини   мин  сыппыт палаатабар киирээт да туох ыарыыта буулаабытын тута сэрэйбитэ уонна сахарбын бэрэбиэркэлии охсоллоругар соруйбута.  Сахарнай диабеттаах дьон хас эмэ күн сахардарын таһыма наһаа үрдээтэҕинэ,  эттэригэр-сииннэригэр аһыйыы (окисление) баран,   уксуус сытын курдук  сыттаналлар  эбит. Ол   сытынан  мин сахарнай диабетынан ыалдьыбыппын быһааран,  куораттан  санавиацияны ыҥыртаран Дьокуускайга ыыппыта. Оччолорго уопсай анаалыс ирдэбилигэр сахар анаалыһа киирбэт этэ. Инньэ гынан,   быраас анаатаҕына эрэ туспа туттараллара.

Куораттааҕы    балыыһаҕа киирээт да  укуолунан инсулин ылан саҕалаабытым.  Арыый  да буолан дьиэбэр тахсыбытым кэннэ  ийэм  тимир испирииһи оргута-оргута быччыҥмар укуол туруорарга үөрэммитэ. Сыппаан хаалбыт суп-суон иннэлэри   аҕам  сотору-сотору игиинэн  сытыылаан биэрэрэ. Ол курдук,   аһыам иннинэ күҥҥэ үстэ укуолланар буолбутум. Ынырык да ыарыылаах этэ, аны  көҕөрөн-наҕаран, хомуогуран  хаалара. Ону миэстэтин уларытан атахпар, лаппаакым аннынан  эҥин туруораллара.  Табылыннаҕына ыйга биирдэ сахарым анаалыһын туттарар этим. Ол ыйдааҕы турукпун көрдөрбөт буоллаҕа дии, күннээҕини эрэ көрдөрөр. Ол иһин, ылар эмпин кыайан бэрээдэктээбэт этибит.  Онтон сылтаан араас сыыстарыылар тахсаллара.  Инньэ гынан, арыый аматыйан  иһэн  эмиэ өйбүн сүтэрэммин балыыһаҕа киирэрим.  Чурапчылар кыайбатахтарына куоракка ыытан иһэллэрэ, оннук   сылга хаста да киирэн тахсарым. Ол иһин, сэттис кылааска сүгүн үөрэммэтэҕим даҕаны.

1990 сылтан инсулиммын уларытаннар германскай “Б-Инсулин” диэни ылан саҕалаабытым. Ону таһынан,  биирдэ туттуллар испириистэр үөдьүйэннэр  үөрүү   бөҕөтө буолбуппут. Тимиргэ холоотоххо кып-кыралар, сып-сытыы  иннэлээхтэр… Онтубут аата эрэ биирдэ туттуллар диэн, сороҕор  иннэтин хаппахтыы-хаппахтыы ыйы быһа да туттар этибит. Тоҕо диэтэххэ, Чурапчыга  маннык испириис суоҕун кэриэтэ этэ.  Хата, оргутуллубат буолан наһаа абыраабыта. Онтон ыла  арыыйда тупсаммын 9-с кылааска   оскуолаҕа холкутук үөрэнэр  буолбутум. Оскуолаттан кэлэн эбиэттии охсон баран, бэйэм   укуолланарым уонна   эбии дьарыкка, куруһуокка ойорум. Оннук   кимтэн да тутулуга суох буолбутум.

Бу сылга Москубаҕа  ийэбин кытта эндокринологическай  кииҥҥэ  эмтэнэ барбыппыт.  Онно тиийбиппит  сайдыы бөҕөтө. Испириистэрин туттан баран, кырдьык,   быраҕан кэбиһэллэрэ. Анаалыс түмүгэ сарсыныгар, өйүүнүгэр буолбакка  тута биллэрэ, глюкометрдаахтар эҥин этэ. Оччолооҕу   көрөммүт  сөҕүү-махтайыы бөҕө буолбуппут.  «Школа диабета» диэн баара, онно  тугу аһыырга, диетаны хайдах тутуһарга  үөрэппиттэрэ. Ону таһынан, уруучука курдук испириискэ көһөрбүттэрэ. Билигин даҕаны гильзанан угулла сылдьар эмтээх, кып-кыра иннэлээх  уруучука-испирииһи  ханна баҕар илдьэ сылдьан укуолланабын.   Ити курдук, Москубаттан сайдан ахан кэлбитим.

 Быраас буолар ыра санаалааҕым 

– Оскуолабын этэҥҥэ  бүтэрэн бараммын  быраас буолар  баҕалаах Дьокуускайга туттарса киирбитим. Дьонум нуучча тылын учуутала идэтигэр киириэхтээххин диэннэр, соччо баҕарбакка буола-буолабын бастаан онно туттарсыбытым.  Хата, киирбэтэҕим уонна төрөппүттэрбэр эппэккэбин эрэ медицинскэй  училищаҕа туттарсан  киирэн хаалбытым. Баҕалаах үөрэхпэр үс сыл үөрэнэн  «Медсестра широкого профиля» диэн идэни ылбытым. Устудьуоннуу  сылдьан төрүүр дьиэҕэ түүнүн санитаркалыыр этим. Уруучука-испириис биэрэннэр илиим-атаҕым босхо баран,  дьонум  эппиэкэтиттэн букатын  тахсыбытым. Күнүһүн үөрэнэн, түүннэри үлэлээн  талбыппынан сылдьар буолбутум. Ыалдьар киһи  курдук олох санаммат этим. Балыыһаҕа да киирэрим аҕыйаабыта.  Ол курдук, үөрэхпин бүтэрээт да    поликлиникаҕа   үлэлии киирбитим.  Икки сылтан ордук балыыһа боруогун атыллаабакка үлэ үөһүгэр  сылдьан, биир үтүө күн эндокринолог  бырааспын көрсө түстүм.  Бырааһым  миигин  сүтэрэн кэбиһэн соһуйуу бөҕөтө буолла. Онтуларым олох да аттыбар, биир мэндиэмэнинэн үөһэ олорбуттар эбит. Инньэ гынан,  тутан ылан  анаалыс бөҕөтүн ылбыттара, номнуо  хараҕым мөлтөөн барбыт  этэ.  Ол кэнниттэн өр-өтөр   буолбатаҕа инбэлииккэ  таһаарбыттара онтон хаарыаннаах үлэбиттэн тохтуурга күһэллибитим. Оччолорго  20 саастаах оҕотук санаабар,  хата, эбии харчыланар буоллум диэммин  үөрэ санаабытым. Ый аайы кыра да буоллар биэнсийэм сыыһа  кэлэ турара. Ол да буоллар, инбэлииппин  дэнэммин хаһан да  быар куустан олорботоҕум.  Дөрүн-дөрүн балыыһаҕа киирэн сыта-сыта, эмпин иһэ-иһэ, инсулиммын ыла-ыла куруук үлэлиир этим.  Дьиҥэр, бэйэбин харыстанан түөрт эркиҥҥэ хааллан күнү быһа дьиэҕэ  олоруохпун сөп этэ буоллаҕа дии. Тус бэйэм дьон тэҥэ үлэлээн-хамсаан, баран-кэлэн  төһө  олорорбунан олоруом  дии саныырым. Оччолортон олохпор оннук сыһыаннаахпын.

Ол курдук, турфирмаҕа үлэлии сылдьыбытым. Онно сылдьан бастакыбын  тас дойдуга  Финляндияҕа баран кэлбитим. Онтон Москубаҕа арыллыбыт  транспортнай хампаанньа   филиалыгар үлэлии киирбитим.  Дьоммор «Москубаҕа үлэлии баран эрэбин» диэбиппэр сүрэхтэрэ хайдыбыта. 90-с сылларга кыргыттар соҕотоҕун ыраах айанныыллара олус кутталлаах этэ.  Ону ол диэбэккэбит иккиэ буолан дойдубут киин куоратыгар көппүппүт.   Сарсыарда уон чаастан киэһэ уоҥҥа  диэри үлэлиирбит.  Сыл курдук үлэлээн бараммын аһара ноҕоруускаланаммын  комаҕа киирэр туруктаах  буолуохпар диэри  ыалдьыбытым.   Ол саҕана ас-үөл кырыымчык буолан  сорох ардыгар  аҥардас банаанынан эрэ аһыыр этибит.  Оннук туох түбэһэринэн аһаан, инсулиммын  көтүтэ-көтүтэ ыла сылдьыбытым хайа аанньа буолуой, доруобуйам эмискэ мөлтөөбүтэ.   Оччолорго  25 саастаах кыыс өйбүн туппатах эбиппин диэммин  кыһыйабын.

“Ты еще живая?”

– Дойдубар кэлэн бараммын онно-манна үлэлиирим курдук үлэлээбитим. Аны хараҕым биллэрдик мөлтөөн барбыта. Көрбөт буолан эрэрбиттэн    санаам дэлби  түһэн, дьиэбэр бүгэн баран олоруохпун эрэ баҕарарым.  Диетабын    тутуспат, сирэйбин-харахпын да сууммат буолуохпар диэри  тууйуллубутум.  Сылтан  ордук оннук турукка  сылдьыбытым.   Ол кэмҥэ Мэҥэ Хаҥаласка олорор Юрий Иннокентьевич Петров  диэн айылҕаттан  айдарыылаах эмчит киһини кытта билиһиннэрбиттэрэ. Киниэхэ эмтэниэхпиттэн санаам-оноом сааһыланан, сүрэҕим сымнаан   наһаа чэпчээбитим. Юрий Иннокентьевич аптекаттан от эмтэри ылларара уонна хаһан, хайдах иһиллиэхтээҕин барытын суруйан биэрэрэ. Оннук гынан хааммын ыраастаабыт эбит.  Киниэхэ эмтэнэр кэммэр икки сыл курдук  хараҕым бырааһыгар олох барбатаҕым. Арай, иккис хараҕым мөлтөөбүтүгэр  тиийэ сылдьыбытым. Ону  бырааһым   миигин көрөөт да “Ты еще живая? Таня, я думала что ты умерла” диэн  соһуйа көрсүбүтэ.  Норуодунай мэдэссиинэнэн  эмтэнэ сылдьарбын истэн, онно төһө да  итэҕэйбэтин иһин салҕыы эмтэнэрбэр сүбэлээбитэ.   Билигин бу аҥаар хараҕым көрбөт, сүтэрбитим уонтан тахса сыл буолла.

Ким өлөрүн күүтэр этибит

– 2007 сылтан  аны бүөрүм  мөлтөөн барбыта. Ол саҕана Мэдэссиинэ киинигэр диализка уон эрэ миэстэ баара. Аны диабеттаах дьону ылбаттар этэ. Хомойуох иһин,  маннык диагнозтаах  дьон үгүстэрэ бүөрдэринэн өлөллөр. Эрдэ эбэтэр хойут син биир  бүөргэр охсор. Мин үчүгэйдик харыстамматах  буоламмын бүөрүм түргэнник мөлтөөбүтэ.   Дьиҥэр, тугунан да дьарыктаммакка  бэйэбин  көрүнэ-көрүнэ олоруохтаах этим. Ону  мин доруобай дьон тэҥэ  тэтимнээх, көхтөөх олоҕу таллаҕым дии.

Оннук биир сылынан   бүөрүм олох да үлэлээбэт буолбута.  Бүөр аккаастаата да киһи  этиттэн-хааныттан  ууну таһаарбат буолар,  оччоҕо иһэн (отектаан) хаалаҕын.  Испитин сүппэтэҕинэ  тыҥаҕар уу мунньустар. Онтон сылтаан тыынарга ыарахан буолар уонна ииктээбэккэ, тириппэккэ  дыгдайан баран сылдьаҕын. Диализка киириэм иннинэ туругум наһаа ынырык этэ. Олорон эрэ утуйарым. Тоҕо диэтэххэ,  сыттым да сөтөллөн, тыыным хаайтаран барара. Ол иһин,  сарсыныгар  уһуктарым, уһуктубатым  биллибэт туруктаах утуйар этим.

Гемодиализ диэн аппараат нөҥүө   тымыргынан хааҥҥын ылан сэппэрээтэр курдук ыраастаан баран төттөрү бэйэҕэр киллэрэллэр. Онно күн өрүү-өрүү түөрт чаас сытарым.  Уон аппараат  түөрт сменанан үлэлиирэ. Хаһан миэстэ тахсарынан, сороҕор түүннэри  ороҥҥун кытта салыбыраппытынан илдьэн холбоон кэбиһэллэрэ. Олус куруубайдык иһиллиэ да буоллар, уочаракка туран ким эрэ өлөрүн күүтэр курдук этибит. Оччоҕо эрэ миэстэ тахсар буоллаҕа дии. Суукканы быһа ииккин-сааххын мунньан баран диализтаннаххына наһаа  чэпчиигин, испитиҥ эҥин сүтэн хаалар.   Дьиҥэр, маннык күн аайы оҥоһуллуохтаах.

 Тапталбын харыстаан тэйитэ сатаабытым

– 2007  сыллаахха  «Якт.ру» сайт  нөҥүө кэргэммин Александры кытты  билсибитим. Саҥа дьэ чугасыһан иһэн эмиэ ыалдьаммын балыыһаҕа киирбитим.  Онно сытаммын “ыарыһах киһиэхэ маннык сыһыан туохха нааданый?” диэммин, Сашабын харыстаан киниэхэ «обуза» буолумаарыбын  тэйитэ сатаабытым. Туох да диэбэккэбин төлөпүөммүн  арааран бараммын ууга тааһы бырахпыт курдук сүтэн   хаалбытым. Ол иннинэ суох буолан хааллахпына төрөппүттэрбэр кыһалҕа буолуо диэммин,  кыбартыырабын атыылаан баран дьоммун кытта олорор этим. Сашам  миигин сүтэрэн  дьоммуттан кэлэн балыыһаҕа сытарбын билбит этэ. Арай, биир үтүө күн реанимацияҕа сыттахпына икки бытыылка минеральнай ууну кытта сурук тиийэн кэллэ.  Онно бастакытын тапталыгар билиммит этэ.  Кини биолог идэлээх учуонай буолан, ол күнтэн ыла мин ыарыыбын үөрэтэн   барбыта. Оннооҕор   төрөппүттэрим кини курдук дьарыктамматахтара.   Оттон Сашам барыларын атахтарыгар туруорбута.  Тугу аһыырбын, ханнык  эми иһэрбин  барытын   хонтуруоллуура.

Гемодиалиһы  ыарахан баҕайытык ылынар этим. Ол саҕана  перитонеальнай диализ диэн баар буолбута. Ол аата декстроза диэн аналлаах ууну күҥҥэ үстэ  искэр туруупканан  куталлар. Декстроза искэр киирэн уорганнаргын ыраастыыр.  Түөрт чааһынан  төттөрү туруупканан таһаарбытыҥ  иик курдук өҥнөөх буолар. Бу диализ быдан ордук курдук эрээри,    глюкоза биир көрүҥэ буолан иҥэн хааллаҕына сахарыҥ үрдээн тахсар. Оттон төттөрү таһаардаххына – түһэр. Инньэ гынан,  эмиэ да ыраастанар курдуккун эрээри,  сахарыҥ таһыма үөһэ-аллара хамсаабытынан барар.  Дьиэбэр тахсан баран  күҥҥэ түөртэ  икки лиитэрэлээх пакеты куттар этим.  Уруучука-испириискэ  көспүтүм курдук  эмиэ кимтэн да тутулуга суох буолбутум. Гемодиализка улахан аппараакка бааллан сытар буоллаҕыҥ дии. Биир күн сынньанан баран эмиэ  барыаххын наада. Оттон перитонеальнай диалиһы ханна баҕар сылдьан куттуоххун сөп.   Оннооҕор мин  пакеттарбын туппутунан  Кореяҕа баран кэлбитим, үлэҕэ киирбитим. Үлэлии сылдьан  туалекка киирэн  куттар  этим. Ити курдук,  кыратык үчүгэй буоллум да барыахпын-кэлиэхпин, тугу эрэ гыныахпын баҕарталыырым.

Ийэм үһүөммүтүттэн киммит  төннөн кэлэрин күүтэ хаалбыта

– 2012 сылы көрсөн  бараммын эмиэ  балыыһаҕа киирбитим. Онно бырааһым кэргэммин ыҥыран ылан “Мантан ордук тугу да оҥорор кыахпыт суох эбэтэр бүөрүн көһөртөрүөххүтүн сөп” диэн эппит этэ. Онтон ыла  кэргэним аны ону үөрэтэн  барбыта. Москубаларга суруйа сылдьыбыта да, диабеттаах  дьон бүөрдэрин көһөрбөттөр эбит. Оҥорор да буоллахтарына сахартан сылтаан бүөр түргэнник кэһиллиэн  сөп үһү. Ол иһин, Соҕуруу Кореяҕа барыахха баар эбит диэн санаа киирбитэ.  Ким донор буолуон сөптөөҕүн быһаараары бэрэбиэркэлэммиппитигэр, төрөппүттэрбинээн  хааммыт  группатынан барсыбат этибит. Ол эрэн аҕабын кытта    “тканевое типирование” диэн  сөп түбэһэр этэ. Кореяҕа биһиги курдук  араас группалаах дьону ааһан иһэн эппэрээсийэлииллэр эбит.  Харчылаах эрэ буолуоххун наада. Биһиэнин  2 мөл 600 тыһ солк сыаналаабыттара. Биллэн турар, оччо элбэх харчыбыт суоҕа. Ол иһин,  «Якт.ру» сайт нөҥүө  «Дневники» бөлөххө билсибит  доҕотторбутунаан  араас аһымал ахсыйалары ыытан саҕалаабыппыт. Онтон ыла билэр, билбэт дьоммут, тэрилтэлэр, улахан хампаанньалар көмө харчы ыытан барбыттара.   Төрөппүттэрим кирэдьиит бөҕөтүгэр киирэн, балтым дьиэтин атыылаан 3 мөл солк хомуйбуппут. Ити курдук, үтүө санаалаах сахам дьоно баар буолан тыыннаах сылдьабын. Кинилэргэ махталым муҥура суох.

Хирурбут  аан дойдуга биллэр трансплантолог этэ. Мин эппэрээсийэм Кореяҕа бастакы холонуу буолбута. Тоҕо диэтэххэ,  кэлии омуктарбыт,   аҕабынаан хааммыт группата атын уонна  донор – тыыннаах киһи.  Маннык эппэрээсийэни үксүн өлбүт киһиттэн ылан оҥороллор эбит.  Профессорбыт «Сахарнай диабеттаах киһиэхэ биир эрэ бүөрү көһөрөр сатаммат, ол син биир өр барбат. Ол иһин, куртах аннынааҕы былчархай   (поджелудочная железа) аҥаарын эмиэ көһөрүөххэ. Оччоҕо сахарнай диабеттан букатын босхолонуоҥ” диэн этии киллэрбитэ. Куртах аннынааҕы былчархай  инсулины оҥорон таһаарар. Оннук бэйэҥ инсулинын тиийбэт буоллаҕына  сахарнай диабетынан ыалдьаҕын.   Ол аата  хас эмэ сылы быһа сордообут ыарыыттан  босхолонор курдук буолабын. Дьикти дии?  Биһиги тута сөбүлэспиппитигэр наһаа соһуйбуттара, оттон хантан харчыланан   кэлбиппитин истэн,  сахалар   сүрдээх дьон  эбиттэр  диэн олус сөхпүттэрэ.

Кэргэним баттаҕа маҥхайан кэлбитэ

– Оччолорго аҕам  59 саастааҕа,  мин 38 сылдьар этим.  Бастаан аҕабын түөрт чаас эппэрээсийэлээбиттэрэ, оттон миигин –  аҕыс чаас. Сиэстэрэлэр  ыарыһахтары көрбөттөр этэ. Ол иһин, кэргэним иккиэммитин тэҥҥэ   бүөбэйдээбитэ. Биһиги туспутугар долгуйан баттаҕа  олох маҥхайан кэлбитэ.   Аҕам эппэрээсийэ кэнниттэн  суукканан хаампыта, иккис күнүгэр аһыыр буолбута, нэдиэлэнэн олох да таһаарбыттара.   Инньэ гынан, үөрэн-көтөн эрдэ дойдулаабыта.   Мин икки күн реанимацияҕа  сыппытым онтон моһуогураммын  өссө биир эппэрээсийэни ааспытым. Төрдүс күммэр биирдэ палаатаҕа таһаарбыттара. 40 хонук оронтон турбакка, аһаабакка сыппытым. Систиэмэнэн эрэ аһаталлар этэ, ыйааһыным  38 киилэҕэ диэри  түспүтэ.   35-с күммэр бүөрүм үлэлээн бастакыбын   ииктээбитим. Хас да сыл ииктээбэтэх киһи хабаҕарбыппыт  билэммин   наһаа да үөрбүтүм. Ол тухары катетордаах сыттаҕым дии. Барыта онон тахса турар буолан  өйдөөбөккүн даҕаны. Кореяттан  кэлэн бараммын күүс-уох  бөҕө буолбутум, миэхэ  саҥа олох саҕаламмыта. Сахарым таһыма үчүгэй,  баҕарбыппын аһыыр,  инсулиннаммат буолбутум.

Бу ыарыынан   дьаҥсык курдук олус  элбэх киһи,  оннооҕор оҕолор  ыалдьаллар, өлөллөр. Киһи өлүүтүнэн иккис мэстэҕэ турар. Сорох дьон өлүү туһунан куттанан саҥарбат дии, оттон мин холкутук сыһыаннаһабын. Тоҕо диэтэххэ, оҕо эрдэхпиттэн  ыалдьар  буоламмын, бүгүн, сарсын өлүөхпүн сөбүн  билэбин.  Киһи оннук санаалаах олорор буоллаҕына,  өлүүгэ сыһыана олох атын буолар эбит. Үгүс дьон сахарнай диабет, диализ  диэн тугун да билбэттэр.  Ыарыһахтарга  өйдөрүгэр түһэр гына өйдөтүү, ыйан-кэрдэн биэрии үлэтэ  суоҕун кэриэтэ. Холобур,  миигин  эрдэ “куттаабыттара”  буоллар  баҕар үчүгэйдик харыстаныам  эбитэ буолуо.

Татьяна аҕатынаан эппэрээсийэлэммит күннэриттэн номнуо уон биир сыл ааһа охсубут. Билигин   кини  урбаанынан дьарыктанар, «Nota Bene» диэн доруобуйаҕа аналлаах ортопедическай малы-салы атыылыыр икки маҕаһыыннаах. Оттон  аҕата 70 сааһыгар диэри ХИФУ үлэлээн баран быйыл саҥа бочуоттаах сынньалаҥҥа барбыт.  Татьяна   дойду үрдүнэн маннык уустук эппэрээсийэни ааһан  этэҥҥэ сылдьар  соҕотох киһи  буолар. Онон, дьоруойбар уонна кини дьиэ кэргэнигэр  этэҥҥэ буолууну баҕара хаалабын.

 

Венера Охлопкова