Рубрика: Далбар олбох
САХА СИРИН СААМАЙ КЭТИТ, 318 ТЫҺЫЫНЧАНАН КМ ИЭННЭЭХ УЛУУҺУНАН ӨЛӨӨН БУОЛАР. БУ УЛУУС ДОЙДУ 71 ЭРЭГИЙИЭНИТТЭН УОННА ОННООҔОР ПОЛЬШАТТАН УЛАХАН ЭБИТ. УЛУУС ӨЛӨӨН, ХАРЫЙАЛААХ, ДЬЭЛИҤДЭ УОННА ЭЭЙИК ДИЭН БӨҺҮӨЛЭКТЭРДЭЭХ, 4000 ТАХСА НЭҺИЛИЭННЬЭЛЭЭХ. МАННА САХАЛАР, НУУЧЧАЛАР, ЭБЭЭННЭР, ЭБЭҤКИЛЭР УУТУЙАН ОЛОРОЛЛОР. ОТТОН УЛУУС БАҺЫЛЫГЫНАН ЛЕНА СТЕПАНОВНА ИВАНОВА, 2020 СЫЛТАН ДОЙДУТУГАР КЭЛЭН ҮЛЭЛИИ-ХАМНЫЫ СЫЛДЬАР. БУ КҮННЭРГЭ ЛЕНА СТЕПАНОВНАНЫ КЫТТА УЛУУҺУН ОЛОҔУНДЬАҺАҔЫН, ТУОХ КЫҺАЛҔАЛААХТАРЫН, СИТИҺИИЛЭЭХТЭРИН, ДЬАХТАР КИҺИ УЛУУС БАҺЫЛЫГЫНАН ҮЛЭЛИИРЭ ТӨҺӨ УУСТУКТАРДААҔЫН ТУҺУНАН УОННА ДА АТЫН ТИЭМЭЛЭРГЭ ИРЭ-ХОРО КЭПСЭТТИБИТ.
БЫРААТЫМ ҮЛЭТИН САЛҔААРЫ…
Тыйыс айылҕалаах, уустук усулуобуйалаах хоту улууһун салайыы, дьахтар намчы санныгар ыарахан сүгэһэр буолбатах дуо?
– Бу дуоһунаска сэттэ сыл олус таһаарыылаахтык үлэлии-хамныы олорбут бииргэ төрөөбүт быраатым Александр Степанович Иванов, 2020 сыллаахха күн сириттэн күрэммитэ. Күндү киһибит соһуччу суох буолбутун олус ыараханнык ылыммыппыт. Түөрт уон хонугар диэри Өлөөҥҥө олордохпуна, улууһум дьоно-сэргэтэ, чуолаан ытык кырдьаҕастар “Быраатыҥ ситэрбэтэх үлэтин салҕаан, дойдугар кэлэҥҥин үлэлиэҥ этэ” диэбиттэрин быһа гыммаккабын, баһылыкка хандьыдаатынан турарга быһаарыммытым. Ону дьиэ кэргэним, кыыһым, убайым, саҥастарым бастаан соччо сөбүлээбэтэхтэрэ. Ол да буоллар, дойдум дьоно өйөөннөр, миэхэ итэҕэйэннэр, саамай элбэх куолаһы биэрэннэр, улуус баһылыгынан талыллан номнуо иккис сылбын этэҥҥэ үлэлии-хамныы сылдьабын.
Киһи, нууччалыы эттэххэ, «личность» быhыытынан эрэллээхтик атаҕар туруута, кини төрдүттэн-ууһуттан тутулуктаах дииллэр. Эн хайдах дьиэ кэргэҥҥэ улааппыккыный, төрөппүттэриҥ туох дьарыктаах дьон этилэрий?
– Ийэм Анна Николаевна Васильева Бүлүүттэн төрүттээх. Бүлүүтээҕи педагогическай училищаны бүтэрэн баран, 50-с сылларга Өлөөҥҥө үлэлии кэлбит. Уонна, олохтоох эбэҥки уолугар Степан Христофорович Ивановка кэргэн тахсан, үс уол уонна кыыс оҕоломмуттар. Хомойуох иһин, билигин биир убайым эрэ баар. Ийэм миигин ыарахан сылдьан Өлөөнтөн Дьокуускайга көтөн кэлиэхтээҕин тулуйбакка, аара Эдьигээҥҥэ төрөөбүт. Ол иһин, аҕам миигин Лена диэн ааттаабыт. Кини мин уон саастаахпар суох буолбута. Инньэ гынан, биһигини боростуой учуутал идэлээх ийэбит соҕотоҕун ииппитэ.
Оттон оҕо сааһыҥ хайдах этэй?
– Оо, дьэ, оҕо сылдьан бандьыыт буоллаҕым дии (күлэр). Биэс-алта сыл аҕа убайдардаах уонна бырааттаах буоламмын, уол оҕо курдук этим. Ыаллыы олорор бэйэбин кытта саастыы уолаттары барыларын хамаандалыырым. Баҕар, убайдарбыттан саллан утарыласпаттара буолуо. Кинилэри кытта оонньоору баата ыстааннаах, тэлэгириэйкэлээх, армейскай курдаах таһырдьа тахсарбын өйдүүбүн. Оскуолаҕа этэрээт сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ эҥин этим.
Хас биирдии киһи олоҕо остуол ньуурун курдук көнө буолбатаҕа буолуо. Оттон Эн олоххор, үлэҕэр-хамнаскар туох очурдарын кыайан-хотон кэллиҥ?
– Оннук. Тус бэйэм туох да билсиитэкөрсүүтэ, тойон-хотун аймаҕа суох, бэйэм өйбүнэн, кыахпынан үлэлээн кэллим. Өлөөҥҥө оскуоланы бүтэрэн баран, Красноярскайдааҕы педагогическай институту, кэлин РФ бэрэсидьиэнин иһинэн судаарыстыбаннай сулууспа академиятын бүтэрбитим. Оскуолаҕа учууталынан, тэрийээччинэн, Өлөөннөөҕү баартыйа райкомугар, дьаһалтаҕа, телестудия дириэктэринэн о.д.а. араас эйгэҕэ үлэлээбитим. Бу кэмнэргэ алтыспыт дьонум мин баайым буолаллар. Тоҕо диэтэххэ, өрөспүүбүлүкэ таһымнаах салалтаҕа үлэлии барарбар ол олус көмөлөспүтэ. Холобур, 1998 сыллаахха СӨ бэрэсидьиэнин иһинэн дьиэ кэргэн уонна оҕо кэмитиэтигэр, бастакы бэрэссэдээтэл Анастасия Николаевна Божедонова ыҥырыытынан кэлбитим. Манна үлэлээммин улуус аайы билэр дьонноммутум. Барыларын кытта сибээстэһэн, ким-туох кыһалҕалааҕын, хайдах олороллорун билэ сылдьарга үчүгэй этэ. Ол кэнниттэн Национальнай бэлиитикэ департаменыгар онтон СӨ Гражданскай уопсастыба институттарын сайыннарыыга министиэристибэтигэр үлэлии сылдьыбытым.
Олохпор түһүү-тахсыы, үлэтэ суох хаалыы эмиэ баара. Ол курдук, 1991 сыллаахха атырдьах ыйыгар «путча» буолбута дии, оччолорго Өлөөннөөҕү баартыйа райкомугар үлэлии олорбутум. Ол кэмҥэ баартыйалары эмиэ саппыттара. Биир үтүө күн дьокутааттар кэлэннэр үлэлиир дьиэбититтэн таһаартаан кэбиспиттэрэ. Биһиги уруучукабытын да ылбакка тахсыбыппыт уонна оннук үлэтэ суох хаалбыппыт. Хата, оскуолаҕа начаалынай кылаас учууталынан ыҥыраннар, ийэбин кытта бииргэ үлэлээбиппит. Оччолорго оскуола дириэктэрэ СӨ Ил Түмэнин дьокутаата Елена Христофоровна Голомарева этэ. Олус иллээх кэллэктиибкэ оҕолору кытта тэҥҥэ ыллаан, үҥкүүлээн үлэлээбиппин истиҥник ахтабын. Ыччаты кытта үлэлиирбин онно сөбүлээбитим.
Оттон 2011 сыллаахха олохпор иккиһин үлэтэ суох хаалбытым. Ол курдук, үлэлии олорбут тэрилтэм Дьиэ кэргэн уонна оҕо кэмитиэтэ ыһыллан хаалбыта. Бу кэмҥэ үлэтэ суох наһаа өр олорботоҕум. Арай, 2018 сыллаахха Айсен Сергеевич Николаев тэрилтэлэри сааһылыыр кэмигэр, Гражданскай уопсастыба институттарын сайыннарыыга министиэристибэ суох буолбута, онно уонча ый үлэтэ суох олорбутум. Ол да буоллар, дьахталлар түмсүүлэригэр, аҕыйах ахсааннаах норуоттар ассоциацияларыгар уопсастыбаннай үлэбин тохтоппотоҕум. Бу кэми үчүгэйдик туһаммытым диэхпин сөп. Ол курдук, анал куоҥкуруһу кыайаммын, хоту сирин аҕыйах ахсааннаах норуоттар бырааптарын боломуочунайа буолбутум. Билигин санаатахпына олоҕум миигин баһылык буоларга бэлэмнээбит эбит.
Улуус баһылыгынан үлэҕин туохтан саҕалаабыккыный?
– Дьахтар бастаан дьиэтин-уотун көрүнэр дии. Ол курдук, муниципальнай бас билиилэри, муниципальнай бырагырааммалар туруктарын көрүүттэн саҕалаабытым. Ону таһынан, хас биирдии тэрилтэҕэ сылдьан, туох уустуктар баалларын, олору хайдах туоратарга үлэлэһэллэрин ыйыталаспытым. Оннук барыта дьаарыстаныыттан саҕаламмыта.
Александр Степанович Иванов ситэрбэтэх үлэтиттэн туох олоххо киирдэ?
– Бастатан туран, саҥа тутуулары этэр буоллахха, Харыйалаахха икки мэндиэмэннээх саҥа таас оскуола үлэҕэ киирдэ. Маннык оскуола дойду үрдүнэн ханна да суох диэтэхпинэ, бука, алҕаһаабатым буолуо. Иккиһинэн, нэһилиэк аайы олорор дьиэлэри киллэрдибит, таас дьиэлэри тутан саҕалаатыбыт. Ол курдук, 30 кыбартыыралаах икки дьиэ көҥдөйө тахсан турар. Дьэлиҥдэҕэ толору хааччыллыылаах үс дьиэ киириэхтээх. Оттон саамай ыраах сытар Ээйиккэ саҥа хочуолунай, электростанция, баһаарынай резервуардар дьэндэйэллэр. Этэҥҥэ буоллаҕына 2024 сылга оскуолаларыгар хапытаалынай өрөмүөн барыахтаах, оччоҕо барыта ситэр. Таас дьиэлэри бэйэбит оҥорон таһаарар матырыйаалбытынан тутан саҕалаатыбыт. Үлэбит өссө да элбэх, ону барытын ситэрэр соруктаахпыт. Ону таһынан, Харыйалаахха, Ээйиккэ, Дьэлиҥдэҕэ фонтаннаах, тратуардаах сквердэр оҥоһулла тураллар.
Иккиһинэн, Александр Степанович 2019 сыллаахха «Ростелеком» салалтатын кытта сөбүлэҥ түһэрсиитин түмүгэр, 2020 сыл ахсынньытыгар Өлөөн уонна Харыйалаах бүтүннүү үрдүк күүрүүлээх Интэриниэккэ холбоммута. Оттон былырыын Дьэлиҥдэҕэ киллэрдибит. Инньэ гынан, «Ростелеком» өҥөтө дьиэ аайы баар буолан эрэр. Ону таһынан, «Мегафон» 4G үлэлиир уонна «Алроса» хампаанньа Накыын – Ээйик – Үөһээ Мууна хайысханан ВОЛС оҥоруохтаах. Оччоҕо эһиил улууспут сүүс бырыһыан үрдүк күүрүүлээх Интэриниэккэ холбонор.
Бу курдук, Александр Степанович үгүс былаанын олоххо киллэрдибит. Хомойуох иһин, хамсык ыарыыта, санкциялар уонна бу сылга «Алросаттан» дивидент көрүллүбэккэ үгүс хааччахтааһыннары үөскэттэ. Ол да буоллар, «Дагаман бугала» диэн этнографическай комплексы тутан саҕалаатыбыт уонна «Булчут араана» диэн комплекспыт өрөмүөнэ саҕаланна.
ХОТУ ДОЙДУ ОЛОҔО
Бу күҥҥэ туох ураты кыһалҕалааххытый? Ону хайдах туоратарга үлэлэһэҕитий?
– Кыһалҕа баһаам бөҕө буоллаҕа дии. Холобур, Дьокуускайга диэри үөһэнэн сырыы биир саамай улахан кыһалҕабыт буолар. Нэдиэлэҕэ икки эриэйсэ оҥоһуллар эрээри, сороҕор онтубут тардыллар, көтөр сөмөлүөт суох буолан хаалар. Инньэ гынан, 140-160 киһилээх хаайтарыы тахсааччы. Эбии эриэйсэ туруоруҥ диэммит туруорса сатыыбыт да, бакаа, кыалла илик. Иккиһинэн, кадр тиийбэтэ буолар. Балыыһаларга гинеколог, терапевт, педиатр курдук быраастар суохтар, аҥардас идэлэри киһи этэ да барбат. Ону таһынан, кэлии үлэһиттэр олорор дьиэлэрин арендатын «Алроса» дивиденын үбүнэн сабар этибит. Үөһэ этэн аһарбытым курдук, быйыл ол дивидент көрүллүбэтэ. Ону олохтоохтор өйдүүллэр уонна күүс-көмө буола сатыыллара кэрэхсэбиллээх.
Сөмөлүөтүнэн көтүү бас быстар сыаналаах буолуохтаах. Манна олохтоох дьоҥҥо туох эмэ көмө оҥоһуллар дуо?
– Үөһэнэн сырыыга чэпчэтии көрүллэр, ол иһин дьон айанныы сатыыллар. Өлөөҥҥө пропискалаах буоллаххына, сылга иккитэ 50 %-наах чэпчэтиинэн туһаныаххын сөп. Ол иһин, барыы-кэлии элбэх. Бэс ыйыттан Ээйиктэн, Дьэлиҥдэттэн Дьокуускайга бөһүөлэк барыта кэриэтэ көһөр. Онно чэпчэтиилээх бөртөлүөттэр көтөллөр. Оттон сөмөлүөтүнэн барыыга-кэлиигэ көтөр аал 60 % туолбут буолуохтаах. Бэс ыйыгар Дьэлиҥдэҕэ ким барыай? Инньэ гынан, кэтэһиннэрэ сатыыбыт. Оттон анарааттан кэлиигэ уочарат бөҕө буолар. Күһүн аны төттөрү бараллар.
Ыччаты хоту сиригэр олохсутууга, үлэ миэстэтинэн хааччыйыыга туох үлэни ыытаҕыт?
– Эдэр дьону, бастатан туран, үрдүк хамнастаах үчүгэй үлэ тардар. Биһиги кыра улууспутугар саҥа тэрилтэлэри эҥин арыйан элбэх үлэ миэстэтин таһаарар кыахпыт суох. Ол эрээри, бастакы уочарат ыччаты үлэнэн хааччыйыахтаахпыт диэн сорук туруорабыт. Уопсайынан, хайа баҕар эйгэҕэ үчүгэй үлэһит үрдүктүк сыаналанар. Биһиги сыл аайы куоластааһын түмүгүнэн сыл бастыҥнарын быһааран анал ааттары иҥэрэбит. Холобур, учуутал эбэтэр култуура үлэhитэ бочуоттаах сынньалаҥҥа барарыгар 200 тыһ солк бириэмийэ биэрэбит. Ол курдук, өр сыллар устата табаhыттарга, учууталларга, култуура, ОДьКХ о.д.а. эйгэ үлэhиттэригэр араас бириэмийэлэри туттаран кэллибит. Ыччат бырамыысалынаска үлэлииригэр аҕытаассыйалыыбыт. Төһө да төрүт дьарыктан тэйбэттэригэр баҕарбыппыт иһин, хас биирдии баҕалаах киһини табаны иитиигэ, бултааһыҥҥа үлэнэн хааччыйар кыахпыт суох. Икки МУП-ка баар таба ахсаанынан көрөр буоллахха, 60-ча табаһыт уонна чуум үлэһиттэрэ эрэ үлэлиир кыахтаахтар. Оттон булдунан төгүрүк сыл дьарыктамматтар буоллаҕа дии. Уонна, туох кистэлэ кэлиэй, тыа хаһаайыстыбатын хамнаһа бырамыысалынаһы кытта тэҥнэспэт. Ол иһин, бырамыысалынас хампаанньаларыгар баахтанан үлэҕэ ыыта сатыыбыт. Иккиһинэн, дьиэ боппуруоһа уустуктары үөскэтэр. Эдэр дьон, ыаллар анал бырагырааммаларга эрэ кыттар кыахтаахтар. Ону өйдөөн уонна эдэр ыаллары олохсута сатаан бэйэбит үп-харчы көрөбүт. Холобур, быйыл эдэр ыал бырагыраамматыгар улуус бүддьүөтүттэн 20 мөл солк көрдүбүт (бачча үп аҕыйах улууска көрүллэр), оттон өрөспүүбүлүкэттэн 1,5 мөл солк уонна федеральнайтан 15 мөл солк үп тыырылынна. Онон бу боппуруос быһаарыллыа диэммит эрэнэбит.
Арктическай улуустар кэккэлэригэр киирбиккит олохтоохторго туох туһалааҕый?
– Туһата баһаам бөҕө буоллаҕа. Холобур, тыраанспар нолуогуттан босхолонуу хоту дьонугар улахан кэмчилээһин буолар. Тоҕо диэххэ, ыраах уонна уустук усулуобуйалаах сиргэ олорор дьон массыыналара, бурааннара элбэх. Дьиэ-уот нолуогун эмиэ суох оҥордулар. Ону таһынан, үбүлээһиммитин бэйэбит көрүнэр буоллубут. Чуолаан Арктика дьонугар аналлаах өрөспүүбүлүкэтээҕи уонна федеральнай таһымнаах бырагырааммалар бааллара олус туһалаах. Холобур, “Дети Арктики” диэн федеральнай бырагыраамманан оҕолорбут бу сайын муораҕа баран сынньанан кэллилэр. Ити курдук, туспа категория оҥорбуттара олус үчүгэй.
Киин ититиигэ холбонуу сорох улуустарга тыын кыһалҕа буолар. Оттон эһиэхэ төһө нэһилиэк холбонно?
– Улуус сүүс бырыһыан киин ититиигэ холбонон олорор. Уопсайынан, хочуолунай өттүнэн толору хааччыллыылаахпыт. «Алроса» дивиденынан сыл аайы кэриҥэ тутабыт, өрөмүөннүүбүт. Холобур, быйыл Ээйиккэ улахан тутуулар түмүктэнэн эрэллэр: хочуолунай, ньиэп ыскылаата, баһаарынай емкостар. Эһиил балыыһа комплексын хочуолунайын тутуохтаахпыт, нэһилиэктэр хочуолунайдара саҥалар. Инньэ гынан, баҕалаах дьон киин ситимҥэ холбонор кыахтаахтар.
Эбэҥки национальнай улууһа буоларгыт быһыытынан, аҕыйах ахсааннаах норуоттар култуураларын хайдах өйүүгүт? Оскуолаҕа эбэҥки тылынан үөрэнэллэр дуо? Эбэҥки тылынан тахсар хаһыат, сурунаал баар дуо?
– Атын муниципальнай тэриллиилэр курдук бэйэбит туспа устааптаахпыт, гимнээхпит, былаахтаахпыт. Холобур, дьокутааттар мунньахтара «Суглан» диэн ааттанар. Норуоппут устуоруйатын, култууратын үйэтитэргэ күүскэ үлэлэһэбит. Биhиэхэ эрэ баар «Хоту норуоттарын устуоруйатын уонна култууратын судаарыстыбаннай түмэлигэр», эбэҥки норуота XVII үйэттэн олорон ааспыт олоҕун көрдөрөр ураты, ханна да суох экспонаттара бааллар. Хоту аҕыйах ахсааннаах норуоттар ассоциацията улуус социальнайэкономическай сайдыытын боппуруостарыгар сүрүн оруолу ылар. Холобур, норуот маастардарын ассоциациятын үлэтигэр, төрдү-ууһу үөрэтиигэ, Арктика оҕолорун оонньуутугар, көһө сылдьар оскуолаларга о.д.а. Хомойуох иһин, эбэҥки тылын үчүгэйдик билбэппит. Оскуолаҕа нэдиэлэҕэ 1-2 чаас омук тылын курдук үөрэтэллэр. Ол да буоллар, эбэҥки тылынан ырыа ыллыыллар, хоһоон ааҕаллар, дьыктаан эҥин суруйаллар. Оннооҕор улууспут гимын эбэҥки тылынан толоробут. Араас тэрээһиннэри эмиэ омукпут тылынан ыыта сатыыбыт. Манна чуолаан түмэлбит, кулууптарбыт олус үчүгэйдик үлэлииллэр. Оттон хаһыат иһинэн урут сыһыарыы тахсар этэ. Биллэн турар, сахалыы кэпсэтэрбит курдук холкутук саҥарбаппыт. Ол иһин, билигин уһуйааҥҥа сылдьар оҕолорбут холкутук саҥара үөрэнэллэрин ситиһии, биир саамай сүрүн сорукпут буолар.
Демография балаһыанньатын ыйытыахпын баҕарабын, ыал буолуу, оҕолонуу туһунан уонна көһөн барааччылар да бааллара буолуо дии. Уопсайынан, нэһилиэнньэ ахсаана түһэр дуу, элбиир дуу?
– Ааспыт сыл түмүгүнэн нэһилиэнньэ ахсаана 4324 киһи, 20 саҥа ыал тэриллибит, 87 оҕо төрөөбүт, 48 киһи өлбүт, 13 ыал арахсыбыт. Ону таһынан, улууспутугар 179 киһи үлэлии, олоро кэлбит уонна 220 киһи барбыт, үгүстэрэ оҕолорун батыһан бараллар. Бу күннэргэ биир эдэр ыалбыт Альбина Евгеньевна уонна Михаил Николаевич Николаевтар онус оҕолоро күн сирин көрдө. Ити курдук, нэһилиэнньэ ахсаана урукку сылларга холоотоххо элбии турар диэммин бэлиэтиибин. «Земскэй учуутал» диэн бырагыраамманан икки учуутал кэлбитэ. Оттон «Земскэй быраас» бырагыраамманан терапевт уонна пиэлсэринэн бэйэбит кыыспыт кэлэн үлэлии сылдьаллар. Уопсайынан, дьиэ кэргэн бэлиитикэтигэр улахан болҕомтону уурабыт. Ол курдук, «Семья года» өрөспүүбүлүкэтээҕи XXI куоҥкурус түмүгүнэн, түөрт номинацияҕа 108 дьиэ кэргэнтэн биһиги ыалларбыт бириистээх миэстэлэри ылбыттара. Эдэр ыаллар ортолоругар «Дьиэ кэргэн бастыҥ бырайыага» номинацияҕа Демид Янович уонна Кристина Егоровна Гоголевтар (Өлөөн) бастаабыттара, элбэх оҕолоох ыаллар ортолоругар иккис миэстэни Алексей Сергеевич уонна Наталья Павловна Федоровтар (Өлөөн), «Көс олохтоох ыал» номинацияҕа үһүс миэстэни Петр Христофорович уонна Надежда Алексеевна Андреевтар-Николаевтар (Дьэлиҥдэ) уонна «Ииппит дьиэ кэргэнэ» номинацияҕа бастакы миэстэни Николай Николаевич уонна Татьяна Ивановна Петровтар (Ээйик) ылары ситиспиттэрэ.
Быстах хомуурга төһө киһини атаардыгыт?
– Быстах хомуурга 50 киhини ыытыахтааххыт диэн сорудах кэлбитигэр, улуус үрдүнэн ыҥырыллар саастаах эр дьонтон 30 % тахса буолуохтаах диэммин, тута сурук суруйан күүскэ туруорсубутум. Дойдум дьонун мин көмүскээбэтэхпинэ ким көмүскүөй?! Инньэ гынан, 12 киһиэхэ бэбиэскэ кэлбититтэн, биир киһи доруобуйатынан, биирэ «броньнаах» буолан сыыйыллыбыттара, онон уон киһини атаардыбыт. Бу иннинэ баҕа өттүлэринэн уонтан тахса киһи барбыта. Сайын хас биирдии «доброволецпытыгар» 50 тыһыынча солкуобай көмө оҥорбуппут. Ону атын улуустар холобур оҥостоннор бэйэлэрин уолаттарыгар араас көмөнү оҥороллоро хайҕаллаах. Барбыт дьоммут дьиэ кэргэттэрин кытта сибээспитин тута сылдьабыт, бассаапка туспа бөлөхтөөхпүт. Онно муус, мас тиэйиитэ курдук күннээҕи кыһалҕаларыгар, бородууктанан хааччыйыыга о.д.а. көмөлөһө олоробут. Бэйэм күтүөтүм эмиэ ыҥырыллан барбыта. Эр дьоммутун кыайыылаах этэҥҥэ эргиллэн кэлэллэрин күүтэбит.
Дьахталларга аналлаах таһаарыы суруналыыһа буоларым быһыытынан, кэрэ аҥаардар түмсүүлэрин туһунан, тугунан дьарыктаналларын ыйыппатахпына сатаммат курдук.
– Кэрэ аҥаардарбыт уопсастыбаннай үлэни тэрийиигэ сүрүн күүспүт буолаллар. Бары нэһилиэктэргэ дьахталлар кэмитиэттэрэ, түмсүүлэрэ үлэлииллэр. Холобур, Харыйалаахха саамай элбэх түмсүү баар. Ол курдук, 1999 сылтан үлэлиир «Арчы» эбэлэр түмсүүлэрэ оройуоҥҥа уопсастыбаннай хамсааһын сайдыытыгар улахан кылааты киллэрэр. Түмсүүнү педагогическай үлэ бэтэрээнэ Валентина Иннокентьевна Николаева тэрийбитэ. Бу сыллар тухары араас элбэх үлэни, ол иһигэр соҕотох олорор кырдьаҕастары көрүүгэ-истиигэ, араас кыһалҕаҕа түбэспит дьоҥҥо-сэргэҕэ, ыччакка олус туһалаах тэрээһиннэри ыытан кэллилэр. Оттон «Алакуо» этнофольклорнай дьахталлар ансаамбыллара эбэҥки норуотун ырыаларын, үҥкүүлэрин, национальнай таҥастарын-саптарын, эбэҥки тылын тарҕатар биир саамай көхтөөх түмсүүбүт буолар. Маны таһынан, бу нэһилиэккэ «Дьүөгэлэр», «Кийииттэр», «Иистэнньэҥнэр», «Сканди», «Ретро», «Аяралдын» диэн түмсүүлэр үлэлээннэр, бары тэрээһиннэр кинилэр күүстэринэн ыытыллар. Ол курдук, үгүс аһымал аахсыйалары тэрийэллэр, холобур, ыҥырыллыбыт дьоммутугар ичигэс таҥастары, аптечкалары, харысхаллары оҥорон ыыттылар уонна харчынан көмө оҥордулар.
Дьэлиҥдэ нэһилиэгин эбэлэрин, ийэлэрэн түмсүүтэ «Долбор» диэн оҕо үҥкүү кэллэктиибин сыанаҕа кэтэр таҥастарын барытын тигэр. Оттон иистэнньэҥнэр түмсүүлэригэр 200 тахса дьахтар сылдьар. Кинилэр көмөлөрүнэн «Белый ангел тундры» диэн уус-уран киинэ тахсыбыта, өрөспүүбүлүкэтээҕи «Бакалдын» тэрээһин быйыл үрдүк сыанабылы ылла. Ону таһынан, «Оҕуруотчуттар» түмсүү көмөтүнэн хаһаайкалар арбузка тиийэ үүннэрэр буоллулар. Бу курдук дьахталлар уопсастыбаннай үлэлэрэ оройуон социальнай уонна экономическай сайдыытыгар сүҥкэн кылааты киллэрэр.
СИРДЭЭҔИ ОЛОХ ТҮБҮКТЭРЭ
Олохтоохтор ынаҕы, сылгыны төһө иитэллэрий?
– Дьэлиҥдэҕэ уонна Өлөөҥҥө сүөһү олох суох. Оттон Ээйиккэ «СХПК Ээйик» диэн баар, манна 83 хороҕор муостааҕы туталлар, олортон 37 ыанар ынах. Ээйик саамай ыраах сытар нэһилиэк, инньэ гынан, улууһу бүтүннүү үрүҥ аһынан, этинэн хааччыйар кыаллыбат. Тоҕо диэтэххэ, ирдэбил быһыытынан сүөһүнү аналлаах өлөрөр сыахха өлөрүөхтээххин. Оннук сыах 300-чэ нэһилиэнньэлээх бөһүөлэккэ суох буоллаҕа дии. Аны быйыл оппут тиийбэккэ улахан кыһалҕаҕа ыктара сылдьабыт. 220 туоннаттан 38 эрэ туоннаны оттоотубут. Сайын устата Ээйиккэ тохтоло суох ардах түһэн, улахан Эбэбит туолан ходуһалар уунан көрөн сыттылар, суол-иис алдьанан оннооҕор тыраахтардар, улахан уйуктаах массыыналар кыайан сылдьыбат үлүгэрдэрэ буола сырытта. Онон бырабыыталыстыба Бүлүү бөлөх улуустарын кытта тэҥнээн, оту тиэйтэрэн аҕалыыга көмөлөһүөх буолла. Холобур, иллэрээ сыл «ИП Зоркин» чааһынай хаһаайыстыбаҕа Ньурбаттан 10 туонна оту 50 тыһ солк атыыласпыппыт, аны ону аҕалтарыыга 200 тыһ солк төлөөбүппүт. Инньэ гынан, 250 тыһ солк суумалаах көмүс от буолан тахсыбыта. Билигин, арааһа, мөлүйүөнүнэн буолара буолуо. Кэлэр сыл саҕаланыытыгар көмө харчы түстэҕинэ оппутун аҕалтарыахтаахпыт. Оттон сыспай сиэллээҕи түөрт хаһаайыстыба тутар. Сылгы төбөтүн ахсаана 164, олортон 71 биэ.
Оттон табалар туруктара хайдаҕый?
– Өлөөҥҥө уонна Дьэлиҥдэҕэ табалары тутар икки МУП баар. Олор табаларын туруктара үчүгэй. Ааҕыы түмүгүнэн 6441 төбө баара билиннэ. Ол эрээри, бөрөлөр буулууллар. Бу кыһалҕаны быһаарарга улууспут бүддьүөтүттэн харчы көрөммүт, табалар уонна сылгылар аһыыр сирдэринэн бөрөлөрү бултатабыт. Ол курдук, биир бөрөҕө 30 тыһыынча солкуобай төлүүбүт, ону таһынан уматыгы уйунабыт. Тириилэрин «Сахабулка» туттаран эбии 20 тыһыынча солкуобайы аахсыахтарын сөп. Онон биир бөрөттөн ортотунан 50 тыһыынча солкуобай дохуоттаналлар. Холобур, быйыл Өлөөннөөҕү МУП отучча бөрөнү бултаабыт. Бу курдук баар кыһалҕаны туоратарга үлэлэһэ сатыыбыт.
Салгыы ас-таҥас сыанатыгар киириэххэ. Килиэп, арыы, саахар курдук сүрүн астар сыаналара төһөнүй?
– Сыана сайыҥҥы кэмҥэ үрдүүр, тоҕо диэтэххэ ас-таҥас барыта үөһэнэн кэлэр. Оттон кыһыҥҥы кэмҥэ, санаа курдук, түһэр. «Якутопторг» тэрилтэ нэдиэлэ аайы түөрт туонна бородууктаны аҕалар. Итинтэн икки туоннатын Дьэлиҥдэҕэ уонна Харыйалаахха тарҕатабыт, хаалбыт аҥаара 2000 нэһилиэнньэлээх Өлөөҥҥө тиийбэт. Ол быыһыгар оҕо уһуйааннарыгар, оскуолаларга түҥэтэбит. «Якутопторг» 2024 сылга биһиэхэ торговайлогистическай киин тутуохтаах. Оччоҕо аспыт-үөлбүт дэлэй уонна сыаната арыый удамыр буолуохтаах этэ. Ол эрэн, билиҥҥи курдук бычыах-бычыах аҕала сырыттахтарына, ону хаһан толороллорун саарбахтыыбын. Былырыын маннык киини Абый, Аллайыаха диэки туппуттара.
Ас сыанатын билиһиннэрэр буоллахха, холобур, ячейкэ сымыыт урбаанньыттарга 900 солкуобайга, «Якутопторг» киэнэ 380 солкуобайга атыыланар. Түргэнник ситэр салаанан дьарыктанар Айыллаан Андреев диэн уоллаахпыт ээ. Кини пиэрмэтигэр 500 кэриҥэ кууруссаны тутар, олортон 400 сымыыттыыллар. Киниэхэ ячейкэ сымыыт 600 солкуобай буолааччы. Ол эрэн, түөрт нэһилиэги кыайан хааччыйбат.
Нэһилиэк аайы бэкээринэлээхпит. «Якутоптору» кытта дуогабардаһан бурдугу чэпчэтиилээх атыылаһаллар. Онон, килиэппит сыаната куорат киэнин курдук 53-54 солкуобай. Атын бородуукталар, холобур, хортуоска 90 солк. (урбаанньыттарга), 300-350 солк. (Якутопторга), дьаабылыка 600 солк. (урбаанньыттарга), 300 солк. (Якутопторга), саахар 180 солк. (урбаанньыттарга), 88 солк. (Якутопторга), мас арыыта 262 солк. (урбаанньыттарга), 190 солк. (Якутопторга), 2,5 %-наах үүт 190 солк. (урбаанньыттарга), 120 солк. (Якутопторга), туус 90 солк. (урбаанньыттарга), 28 солк. (Якутопторга), бурдук 130 солк. (урбаанньыттарга), 52 солк. (Якутопторга). Чэ, ити курдук.
Ааһан иһэр Ийэ сылынан уонна өрөспүүбүлүкэбит 100 сылынан туох сүрүн тэрээһиннэри ыыттыгыт?
– Ону ааһан улууспутугар бу сыл Аҕа сылынан биллэриллибитэ. Кулун тутар ыйга табаһыттар слеттарыгар ийэлэргэ уонна аҕаларга аналлаах араас тэрээһиннэр ыытыллыбыттара. Холобур, таба сүүрдүүтүгэр кыайбыт аҕаҕа биир мөлүйүөн солкуобайы туттарбыппыт. Ыам ыйыгар «Бакалдын» диэн өрөспүүбүлүкэтээҕи таһымнаах бырааһынньыгы тэрийбиппит. Эбэҥки омуга олохсуйан олорор улуустарын муһаммыт, Дьокуускайга Бүлүүлүүр суол 47 км тутулла турар баараҕай комплексы, Саха сирин эбэҥки норуотугар бэриллэр диэммит биллэрбиппит. Атырдьах ыйыгар «День Оленекского тугунка» диэн тэрээһиммит иһинэн ыытыллыбыт бастакы форуммутугар, Дьокуускайтан, Москубаттан, дойду араас эрэгийиэннэриттэн уонна улуустартан 200-чэ киһи кыттыыны ылбыта. Хотугу аҕыйах ахсааннаах норуоттар бэйэлэрин сирдэрин хайдах харыстыахтаахтарын, инникитин хайдах дьаһанан олоруохтаахтарын туһунан интэриэһинэй кэпсэтиилэр буолбуттара.
Оттон бу соторутааҕыта кэрэ аҥаардарга аналлаах сонун тэрээһини ыыттыбыт. Ол курдук, таба тириитин имитиигэ бастакы күрэхтэһии буолан ааста. Манна саастаах, үөрүйэхтээх эрэ далбар хотуттар буолбакка, эдэр кыргыттар эмиэ көхтөөхтүк кыттыыны ылбыттара киһини үөрдэр.
ДЬАХТАР САЛАЙАР КЫАҔА
Дьахтар улуус баһылыгынан үлэлиирэ төһө ыараханый?
– Аан бастаан быыбарга турарбар, сорох дьон «Баһылык эр киһи буолуохтаах» диэн этэллэрин истэрим. Мин санаабар дьахтар, эр киһи диэн араарыы суох буолуохтаах. Ким төһө билиилээҕин, үөрүйэхтээҕин, ону улууһун сайыннарар туһугар хайдах туттуон сөбүн көрүөххэ наада. Оттон дьахтар баһылык буоларыгар саарбахтаабыт дьон билигин мин хамаандабар үлэлии сылдьаллар. 2021 сылга олохтоох бэйэни салайыныы уорганнарын, куораттааҕы уокуруктар уонна муниципальнай оройуоннар үлэлэрин түмүгүнэн, Арктика оройуоннарын ортотугар биһиги улууспут иккис миэстэни ылбыта. Оттон быйыл бастакы миэстэни ылары ситистибит. Ону таһынан, ааспыт сылга муниципальнай салайыы VII Бүтүн Арассыыйатааҕы куоҥкуруһун финалиһынан уонна «За сохранение этнического населения и развитие территории» диэн номинация хаһаайынынан буолбуппут. Уус Алдаҥҥа буолан ааспыт спортивнай оонньууларга хотулар ортолоругар бастакы миэстэни ылбыппыт. Ити курдук, дьоһун ситиһиибит элбэх, өссө да иннибитигэр.
Салайааччы дьахталлартан кими эмэ холобур оҥостоҕун дуо?
– Үгүс салайааччы дьахталлар холобур буолаллар. Күн сириттэн суох буолбут Светлана Ефимовна Николаеваны бэлиэтиэм этэ. Кини дьону кытта эдьиий, балты курдук наһаа эйэҕэстик кэпсэтэр этэ. Евгения Исаевна Михайлова үлэтигэр бэриниилээх сыһыанын сөҕөбүн. Анастасия Николаевна Божедонованы дьыалабыай истииллээх, араас омук култууратын, тылын билэр үрдүк таһымнаах салайааччы быһыытынан бэлиэтиибин. Антонина Афанасьевна Григорьева билим дуоктара, оҕо сааһыттан туйгун үөрэхтээх, итэҕэллээх киһи. Феодосия Васильевна Габышева хамаандаҕа үлэлиирин сөбүлүүбүн. Ольга Валерьевна Балабкина сокуону билэриттэн, оттон Галина Иннокентьевна Данчикова хас эмэ сыл анараа өттүгэр тутуллубут эбийиэк сыанатын өйдүү, билэ сылдьарын сөҕөбүн. Салалтаҕа бииргэ үлэлээбит, олохтоох кадр быhыытынан тэҥҥэ сайдыбыт биир дойдулааҕым Елена Христофоровна Голомарева, дьаныардаах, туох да диэтиннэр бэйэтин сыалын ситиһэр күүстээх санаалаах далбар хотун буолар. Аймах дьоммуттан Оксана Александровна Винокурова барытын ситиһэринэн, үлэһитинэн киэн туттабын. Уонна, Людмила Васильевна Александрованы, Зоя Давыдовна Григорьеваны, Анжелика Егоровна Андрееваны, Оксана Викторовна Новгородованы бэлиэтиэхпин баҕарабын. Дойдум кэрэ аҥаардарын, эдьиийдэрбин, балтыларбын этэ да барбаппын. Кинилэри күн аайы көрсөр буоламмын, барыларыттан син биир туохха эмэ үөрэнэбин.
Кытаанах быһаарыныыны ылынаргар туох көмөлөһөрүй?
– Икки убайдаах, бырааттаах буоламмын эр киһи курдук толкуйдуубун быһыылаах. Бэрээдэги сөбүлүүбүн, ирдэбиллээхпин. Оттон халбаҥныыр түгэннэргэ бэйэбэр бириэмэ биэрэбин. Оннук диэн аһаҕастык этэбин уонна элбэх дьону кытта сүбэлэһэбин, хайдах гыннахха үчүгэй буоларын толкуйдуубун, ырытанырыҥалаан көрөбүн.
Улууһуҥ сайдыытын хайдах көрөҕүн?
– Куораттан туох да итэҕэһэ суох Интэриниэттээх, толору хааччыллыылаах таас дьиэлэрдээх буолуон баҕарабын. Сылаас дьиэҕэ олорон аан дойдуга буола турар сонунунуомаһы, куорат дьонун курдук билэ-көрө олоруохпут диэммин көрөбүн. Оҕолорбут, ыччаппыт бэйэлэрин төрүт култуураларын билэр, Арктика оҕолоро буолалларынан киэн туттуохтарын баҕарабын. Былыр мин оҕо эрдэхпинэ «…дэриэбинэлэр, хотулар…» диэн үрдүттэн саба көрөр курдук саҥарар этилэр. Оттон билигин биһиги оҕолорбут ырыаҕа, үҥкүүгэ атын оҕолору кытта тэҥҥэ күрэстэһэллэр, хата, ордуктар да диэхпин сөп. Хоһоонньуттар, айар талааннаахтар да бааллар, араас олимпиадаларга кыттан миэстэлэһэллэр.
Оҕолортон саҕалаан ытык кырдьаҕастарга тиийэ төрөөбүт сирдэрин таптыыр, дойдулара сайдарын туһугар үлэлиир-хамныыр буоллахтарына, Өлөөммүт туругуран иһиэ буоллаҕа. Ол туһугар төһөлөөх көлүөнэ дьон олохторун анаабыттара буолуой? Биһиги даҕаны букатын кэлбэтэх дьон буоллахпыт дии. Биһиги кэннибититтэн кэлэр көлүөнэ, ыччат «Биһиги Өлөөннөрбүт» диэн киэн тутта этэллэрэ үрдүк ситиһии буолуо этэ.
Иллэҥ кэмҥэр тугунан дьарыктанаргын сөбүлүүгүн?
– Солом суоҕун кэриэтэ диэхпин сөп. Ол эрэн, кинигэ ааҕарбын наһаа сөбүлүүбүн. Оскуолаҕа нууччалыы үөрэммит буоламмын, ордук нууччалыы классиканы ааҕабын. Ону таһынан, ырыа истэрбин сөбүлүүбүн уонна быыс буллум да Батыйалаах диэн сирбитигэр бараммын хаамабын, балыктыыбын, айылҕаҕа сынньанарбын туохтааҕар да ордоробун.
Төлөпүөҥҥүттэн ураты суумкаҕар тугу куруук илдьэ сылдаҕын? Хайдах таҥнаргын, симэнэргин сөбүлүүгүн?
– Суумкабар уруучукам, төлөпүөнүм ииттэрэрэ, докумуонум, пудрам, помадам куруук бааллар. Оттон маҕаһыыннары кэрийэрбин олох сөбүлээбэппин, элбэх таҥастан талаары ньиэрбинэйдээн барабын. Ол иһин, киирээт да «миэхэ сөптөөх таҥас баар дуо?» диэммин ыйытабын. Суох буоллаҕына ааһа турабын, баар буоллаҕына талабын уонна атын маҕаһыыннарга барбаппын. Куоракка наһаа элбэх маҕаһыын баар дии, сорохторун билбэппин даҕаны.
Уонна, «Далбар Хотун» сурунаал ааҕааччыларыгар тугу баҕарыаҥ этэй?
– Хас биирдии ийэҕэ оҕото улаатан үлэһит, ыал буолбутун кэннэ, оҕобун сөпкө да ииппит эбиппин диэн киэн тутталларыгар баҕарабын. Маннык уустук кэмҥэ тулуурдаах буолуохайыҥ. Бу кэми туораатахпытына барыта этэҥҥэ буолуо диэммин эрэнэбин уонна доруобуйаҕытын харыстаныҥ, чөл туруктаах буолуҥ.
Кэпсэттэ Венера Охлопкова