Рубрика: История араҥатын арыйан
Саха дьоно сылга биирдэ үрдүк айыыларыгар анаан сиэрдээх-туомнаах ыһыах ыһаллар. Бу айыылары айах тутар, алгыс тардар күҥҥэ дьон бары туох баар мааны таҥаһын — сабын таҥнар, күндү симэҕин иилинэр, бастыҥ атын миинэр. Бу барыта таҥара үтүө хараҕынан көрөн илгэ-быйаҥ биэрэрин туһуттан оҥоһуллар үгэс. 1848 сыллаахха А. Я. Уваровскай О. Н. Бетлиҥҥа маннык суруйбут: «… яркая одежда людей на ыһыах, их радостные лица и свободные движения представляются чем-то удивительно особенным для людей, ранее не видевших такой праздник«. Ыһыахха эрдэттэн бэлэмнэнэн уустар, иистэнньэҥнэр ат симэҕин тигэллэрэ, ыһыах иһитин чочуйаллара, сиэр-туом тэрилин оҥороллоро, дьахталлар дьиэ кэргэҥҥэ бүтүннүү таҥас-сап тигэллэрэ. Үөһээ М. М. Носов хартыынатыгар ону көрөбүт. Холобур, акка олорор дьахтар мааны таҥалай сонноох, нуоҕайдаах муостаах бэргэһэлээх. Бу уруу сиэригэр уонна ытыкка (жертвоприношения) кэтиллэр сону сир иччитигэр Аан Алахчын Хотуҥҥа анаан тигэллэрэ. Аан Алахчын Үрүҥ айыы мааны кыыһа, үүнүү-быйаҥ иччитэ.