Рубрика: Служебная: Слайдер на главной
Киһи 24 чаас устата тохтоло суох сүүрүөн сөп дии саныыгын дуо? Биир хонук утуйбакка, киһилии аһаабакка? Арааската, суох. Эбэтэр, сүүрүөххэ сөп дуу? Биһиги биир дойдулаахпыт саха кыыһа Надежда Гоголева 2021 сыллаахха сүүрүү бу көрүҥэр Россия чемпионатыгар иккис миэстэ буолан кэлбитэ. Кини 245 км 539 м ырааҕы биир да сөкүүндэ хараҕын симэн ылбакка, тыын ылан сынньалаҥҥа тохтообокко эт атаҕынан сүүрбүтүн истэн сөхтүм уонна бу 24 чааһы хайдах атаарбытын туһунан кэпсэттим. 400 миэтэрэлээх стадиону өйө-төйө суох түүннэри-күнүстэри эргийии диэн тугун билэ-көрө сатаатым.
Спорка маҥнайгы хардыыларым
Мин 1984 сыллаахха Уус Алдан улууһун Бороҕон нэһилиэгэр Прасковья Ивановна уонна Михаил Михайлович Поповтар дьиэ кэргэттэригэр төрөөбүтүм. Дьонум бааһынай хаһаайыстыбалаахтара. Ийэм барахсан 2014 сыллаахха күн сириттэн күрэммитэ. Бииргэ төрөөбүттэр үһүө этибит, хомойуох иһин, эдьиийим, бастакы оҕобун оҕолонор сылбар, бу олохтон эмиэ соһуччу барбыта.
Төрдүс кылааска диэри Элэһин учаастагар, онтон Тумулга бэһистэн сэттискэ диэри үөрэммитим. Ол кэннэ, ахсыс кылаастан, сүүрүүгэ дэгиттэр буоламмын, Чурапчытааҕы спортивнай оскуолаҕа барбытым. Онно Россия спордун маастарыгар, Саха Республикатын үтүөлээх тренерыгар Гаврил Федорович Нохтунскайга, Николай Федорович Боякиновка, Анатолий Иванович Собакиҥҥа эрчиллибитим. Оскуола кэнниттэн СГУ Физкультура институтугар киирбитим. Үөрэнэр кэммэр институт бэрэссэдээтэлинэн анаммытым, “Эдэр Саас” диэн ырыа ансаамбылыгар сылдьыбытым. Билигин репертуарбар хас да ырыалаахпын. Үгүстэрин дьүөгэм Оксана Семенова суруйбута. Дайа Сандаа диэн аат ылыммытым. Бу ааппын Оксана ийэтэ Анна Никифоровна Петрова толкуйдаан биэрбитэ. Соторутааҕыта “Тыал утары сүүрэбин” диэн ырыаларым хомуурунньугун сүрэхтээбитим.
Бастакы кууруска үөрэнэ сылдьан Чэпчэки атлетикаҕа сахалартан ССРС спордун бастакы маастарыгар, Саха Республикатын үтүөлээх тренерыгар Артур Егорович Феофановка, ол кэннэ Сүүрүүгэ Аан дойду спордун маастарыгар Татьяна Кузминична Ариносоваҕа дьарыктаммытым. Киниэхэ кэлэммин уһун дистанцияҕа сүүрэр буолбутум.
2007 сыллаахха ыал буолабын, икки уол оҕолонобун. Кэргэним Гоголев Дьулустаан — национальнай ыстаныыга спорт маастарыгар кандидат. Билигин УЗИ бырааһынан үлэлиир. Уолаттарбыт эмиэ иккиэн спордунан дьарыктаналлар. Улахан уол Дуолан сүүрэр, кыра уол Одун тустууга сылдьар.
Сүүрүүгэ Аан дойду маастарын нуорматын толоруу
Аан дойду нуорматын хайдах ситиспитим диир буоллахха, 2009 сыллаахха оҕолонон олорор кэммэр тренерым Татьяна Кузминична “дьарыккын саҕалаа” диэн ыҥырбыта. Ол сылдьан кыракый күрэхтэһиилэргэ кыттыбытым. 2014 сыллаахха Намҥа ыытыллыбыт марафоҥҥа сүүрбүтүм. Онно төрдүс миэстэ уонна үс километрга үһүс миэстэ буолбутум. Ити дьыл күһүнүгэр Санкт-Петербурга ыытыллыбыт Россия Кубогар 100 километрга сүүрэммин Россия маастарын нуорматын толоробун. Манна сүүрэ сылдьан бэйэм кыахпын билбитим уонна уһун көрүҥҥэ сүүрүү “миэнэ эбит” диэн, дьэ, өйдөөбүтүм. Ис-испиттэн үөрэн, астынан биэтэккэ кэлбиппин өйдүүбүн.
2016 сыллаахха дьарыкпар туох эрэ уларытыылары киллэрэн көрдөрүүлэрбин үрдэтиэхпин баҕараммын, атын көрүүлээх, тактикалаах тренер көрдөммүтүм. Интернет ситимиттэн полумарафоҥҥа Россия рекордсменкатын Любовь Моргунованы булбутум. Кини миэхэ кэргэнин Александр Муратович Моргунову тренер быһыытынан сүбэлээбитэ. Онон ити кэмтэн саҕалаан Александр Муратовичка кэтэхтэн уунан (онлайн) дьарыктанан саҕалаабытым.
Кини, бастатан туран, аһыыр аспын бэрээдэктээбитэ. Ыйааһыммын үчүгэйдик түһэрбитим уонна 2018 сыллаахха СанктПетербург куоракка ыытыллыбыт чемпионатка 100 километрга кыттыбытым. Бу күн тренерым кэлбэтэҕэ, кини оччолорго Калининградка олороро. Саастаах киһиэхэ ыарахан буоллаҕа дии, онно-манна айанныыра. Ол иһин миэхэ оскуолаҕа үөрэппит кыыһым Света Решетникова кэлэн көмөлөспүтэ. Бириэмэбин, аһыыр аспын бииргэ олорон көрөн-истэн, бэрээдэктээн биэрбиппит. Бэйэтэ үчүгэй баҕайы график бэлэмнээбитэ. Сурук, тэтэрээт бөҕөлөөҕө, аны элбэх баҕайы плакат суруйан кэлбит этэ. Бачча бириэмэлээххин, оччо хаалла, бачча хаалла диэн барытын сүбэлии турбута. Кини көмөтүнэн Сүүрүүгэ аан дойду маастарын нуорматын 10 сөкүүндэ хаһаастаах толорбутум. Светаҕа наһаа махтанабын. Ис сүрэҕиттэн ылсан туран көмөлөспүтэ.
Биир хонуктаах сүүрүүгэ бэлэмнэнии
Аан дойду маастарын аатын ылбыппын дьон соһуйа, сөҕө истибиттэрэ, сорохтор итэҕэйбэтэхтэрэ. Бу кэннэ, хайдах эрэ кураанахсыйыы туругар киирбитим. Соругум, ыра санаам барыта туолан хаалбыта. “Аны туохха дьулуһан сүүрүөхпүнүй?” — диэммин тохтуурга быһаарыммытым. 2019 сыллаахха оҕо сааспыттан ыра оҥостубут санаабын ситиһэн полицияҕа үлэлии киирбитим. Ол сырыттахпына Кисловодскайга олимпийскай базаҕа хомуурга ыҥырбыттара. Хата бу кэмҥэ уоппускам сөп түбэһэр буолан, кэргэммин кытта сүбэлэһэн бараммын эмиэ биир — олимпийскай базаҕа олорор баҕа санаабын толоро — дьарыктана барбытым. Онно сылдьан хонук устата сүүрүүгэ кыттыахха сөп эбит диэн соһуччу санаа киирбитэ. Итинтэн ыла эмиэ саҥа сорук көстүбүтэ.
Бу көрүҥҥэ Россия рекордун олохтуохпун сөп эбит диэн толкуйдаабытым. Онон, күһүн хомуурга сылдьан баран, Саҥа Дьыл бырааһынньыгын кэннэ, тохсунньу иккис күнүгэр Татьяна Юрьевна Жирковаҕа эрийэн тиийэммин: “Миэхэ, бука диэн, тренердаа, хонук устата сүүрүөхпүн баҕарабын, эн ылыстаххына Россия рекордун олохтуом этэ”, — диэн күүстээх баҕайытык эппитим. Татьяна Юрьевна: “Аҕыйах баҕайы кэм хаалбыт эбит”, — диэбитэ. Ол да буоллар холонон көрүөххэ диэн сөбүлэһэн, тохсунньу онус күнүттэн, эрчиллэн барбыппыт. Оччолорго Саха республикатын сүүмэрдэммит хамаандатын бэлэмниир спортивнай киин дириэктэрэ Леонид Николаевич Спиридонов этэ. Кини хааччах кэмигэр миэхэ “Өрөгөйгө” эрчиллэргэ, олорорго көҥүл биэрэн күүстээх дьарыкпын саҕалаабытым. Тренерым уонна Саха Республикатын чэпчэки атлетикаҕа федерациятын ситэриилээх дириэктэрэ Василий Афанасьевич Спиридонов кэпсэтии бөҕөтүн ыытаннар, суолум арыллан биэрбитэ. Төрөөбүт дойдум Уус Алдан улууһун дьаһалтата, урбаанньыт Алексеев Петр Спиридонович, Саха республикатын Чэпчэки атлетикаҕа федерациятын президенэ Анатолий Андреевич Кырдьагасов күүстээх көмө оҥорбуттара. Кинилэр, кэргэним, оҕолорум, чугас дьонум, миэхэ эрэммит доҕотторум өйөбүллэринэн бу ситиһии кэллэ. Барыларыгар куруутун махтанабын. Соҕотох киһи кыаҕа син биир кыра буолар буоллаҕа. Төһөнөн элбэх киһи эн тускар кыһаллар, үтүө санаалар этиллэллэр, оччонон эн санааҥ эмиэ бөҕөргөөн, күүһүрэн иһэр диэҥҥэ итэҕэйэбин.
Бу кылгас кэм устата кыах баарынан эрчиллибитим. Күн устата үлэлиир буоламмын дьарыкпын сарсыарда биэс чаастан уонна үлэм кэнниттэн киэһэ тоҕустан саҕалаан баран түүн уон икки чаас диэки утуйарым. Билигин санаатахха, олус ноҕуруускалаахтык сылдьыбыппын. Эбэн иһии хайаан да баар буолуохтаах диэн бэйэбин күһэйэн туран дьарыкка барар этим. Муус устар ыйга уоппускабын ыламмын хомуурга Кисловодскай куоракка барбытым. Ол кэннэ күрэхтэһэрдии быһа Москубаҕа көппүтүм.
Долгутуулаах сүүрүү күнэ
Сүүрэр кэмим тирээн кэлбитэ. Ол тухары дьоммор хонук устата сүүрэрим туһунан эппэтэҕим. Ол эмиэ туспа остуоруйалаах…
…Бу иннинэ, 2016 сыллаахха сүүс километры сүүрүү кэнниттэн доруобуйабар улахан охсууну ылбытым. Кыах бүтэн, санаа күүһүнэн биэтэккэ сүүрэн кэлэн баран, охтон хаалбытым. “Өл да төрөө, син биир тиийиэхтээхпин”, — диэн санаалаах сүүрэр идэлээхпин. Бэйэбин олох аһыммаппын, харыстаабаппын. Илиим-атаҕым барыта утуйан хаалбыта, суһал көмө кэлэн балыыһаҕа киллэрэ сатаабыта. Ити кэннэ кэргэним миигин харыстаан: “Сүүрүүгүн эбэтэр дьиэ кэргэҥҥин тал”, — диэбитэ. Ол кэм этэҥҥэ ааспыта эрээри, бу сырыыга санаарҕаабатыннар диэммин, күрэхтэһэбин диэн сэрэппэтэҕим.
Москубаҕа тиийдим. Дьокуускайтан анаан-минээн миэхэ күүс-көмө буолаары Уус Алдаҥҥа бииргэ үөрэммит оҕо сааһым дьүөгэтэ Кожеваткина Вероника кэлбитэ. Иккиэн аэропортка көрсөн гостиницаҕа тиийдибит, онтон сүүрэр кэммэр аһыыр аспын, утахпын, геллэрбин бэлэмнээтибит. Бу түүн долгуйаммын үс чаастан ыла кыайан утуйбатым. Дьүөгэм утутар муусука холбуу сатаата, эҥинник утуйан көрдүм да, табыллыбата. Аны түһүнүү күнүс 12 чаастан этэ. Ол иһин кэтэһэртэн өссө сылайбыт курдук буолбутум. Сүүрэр стадиоммар сахалартан биһиги иккиэ эрэ этибит. Тренерым Сардаана Трофимованы бэлэмнии Киргизияҕа барбыт кэмэ этэ. Дьүөгэм олус абыраабыта, киниэхэ махтанабын. Бачча ыраах айаннаан кэлэн күүс-көмө буолбутугар. Аһылыкпар банан, геллэр, кисель уонна туга да суох эт миинин бэлэмнээбиппит.
Бастакы 20 километры тугу да аһаабакка, уу испэккэ сүүрбүтүм. Онтон кыра-кыралаан аһаан саҕалаабытым. Сүүрэн иһэммин кэлэр эргииргэ итини-маны бэлэмнээ диэн этэн испитим. Тренерым дьүөгэбэр эрийэн билсэ, барытын сүбэлии олорбута.
Бу сылдьан билэр кыргыттарым олус түргэнник сүүрэн иһэллэрин көрөммүн: “Слишком быстро бежите, темп нужно сбавить, устанете”, — эҥин диэн аны сүбэлээн ааһабын. Кыргыттарбыттан биирдэстэрэ ситэри сүүрбэтэҕэ, иккиһэ биэтэккэ олох нэһиилэ кэлбитэ. “Все равно устанем”, — диэннэр бастаан түргэнник сүүрэ сатаабыттар эбит. Сүүрүктэр син-биир бары бэйэбэйэбитин билсэбит-көрсөбүт буоллаҕа.
Бу иһэн биир билбэт кыыһым кыахтаах баҕайытык сүүрэрин сэрэйбитим. Кыыс барар да барар. Робот курдук этэ. Маннык дьону өссө “темная лошадка” диэччилэр. Кини да, мин да бэйэ-бэйэбитин билбэппит. Иккиэн бу уһуҥҥа бастакы холонуубут этэ. Кэнники билбитим спортивнай хаамыынан дьарыктанар Александра Овсянникова эбит. Бу кыыһы ситээри сэниэбин эһэн кэбиспитим. Билэр дьонум миэхэ: “Кытаат, ситэрин чугаһаабыт, икки эрэ эргиир хаалбыт”, — дииллэр. Ону истэ-истэ сүүр да сүүр, сүүр да сүүр. Аны аннараа кыыска эмиэ этэллэр эбит: “Кытаат, кэннигэр баар кыыс эйиигин ситэн эрэр”, — диэн. Онуоха кыыс эмиэ олох маҕыйа-маҕыйа түһүммүт. Ити курдук син балай да эккирэтиспиппит. Онтон атаҕым ыалдьан барбыта. Вероникаҕа сүүрэн иһэн: “Атаҕым ыарыйда диэн тренербэр эт, тохтоору гынар диэ”, — диэн эриттэрбитим. Онуоха Татьяна Юрьевна: “Бачча иккис миэстэҕэ иһэн тохтооботун, эккирэппэккэ эрэ бэйэтин кыаҕынан сүүрдүн”, — диэн сүбтин тириэртэ. Тренерым саҥата кулгаахпар бу баар курдук иһилиннэ. Хайаан да тилэри сүүрүөхпүн наада диэн буолла. Тохтооммун, кини сүбэтинэн тобукпун эминэн ыстардым, имэриттэрдим уонна салҕыы сүүрдүм.
Бу иһэн сэниэ киллэринээри, били, эрдэ астанан кэлбит мииммин истим. Ол кэнниттэн иһим ыалдьан барда. Сүрэхпин эрийдэ. Хотуолатта. Вероникаҕа: “Өлөөрү гынным”, — диибин. Ол аайы киһим наһаа хомойор, долгуйар аҕай. Хата бу куһаҕан туругум этэҥҥэ ыыппыта. Сылааска сылдьан мииммит аһыйан хаалбыт этэ. Кэлин истибитим, дьон тутатына астананан симиин миини иһэллэр эбит. Бастакы холонуум буолан билбэтим, учуоттаабатаҕым элбэх буоллаҕа.
Хонуктаах сүүрүү — 24 чаас сүүрүү. Бу кэм иһигэр төһө кыалларынан ыраах сүүрэ сатыахтааххын. Россияҕа бу көрүҥҥэ бастакы күрэхтэһии, өссө ССРС кэмигэр, 1983 с. Москуба куоракка ыытыллыбыт. Оччолорго Россия бастакы рекордун Александр Комиссаренко толорбут. Кини 224 км сүүрбүт. Билигин Аан дойдуга күтүр үрдүк көрдөрүүлээх Австралия аатыттан сүүрбүт грек Янис Коросу буолар. Кини олохтообут рекордун бу күҥҥэ диэри алдьата иликтэр: 1998 с. — 290,221 км шоссенан, 1997 с. — 303,506 км стадионунан сүүрбүт. Маны таһынан, 3 уонна 6 хонукка сүүрүү диэн эмиэ баар.
Түүн сүүрэр олус үчүгэй этэ. Халлаан сөрүүкээн чэпчээн хаалбытым. Сорох дьон ттимҥин эбиэххин наада эҥин диэн сүбэлии сатаабыттара. Онтон сарсыарда түөрт чаас диэки мөлтөөн барбытым. Сүрэҕим хам туппута, атаҕым ыараан хаалбыта. Эмиэ эрэйдэнэн барбытым. Бу кэмҥэ киһи бөҕөтө туораабыта. Кыргыттар төрдүө буолан хаалбыппыт. Сарсыарда күн тыган халлааммыт отучча кыраадыска тиийэ сылыйбыта. Сүүрэн иһэн бүтэрбит хас чаас хаалбытын ыйытыахпын баҕара-баҕара ыйыппатаҕым. Өссө да ырааҕын биллэхпинэ бэринэн кэбиһиэм диэммин. 150 километры ааспытым кэннэ: “Надя кытаат, аны бэйэн эрэ дистанцияҥ хаалла — 100 километр”, — диэбиттэрэ. Онуоха кырдьык, бэйэм эрэ уһунум хаалбыт, сүүрүөхтээхпин диэн бүк санааламмытым.
Сүүрүү бүтэрэ биэс мүнүүтэ хаалбытын кэннэ мас туттарбыттара. Ону, “время” диэбиттэрин кэннэ, сүүрэн иһэн тохтуохтааххын уонна маскын уура охсуохтааххын. Тохтоон баран көрбүтүм, бастаабыт кыыс олус сылайбыт этэ. Бары да сылайдахпыт дии. Атахпар уйуттубат буолан хаалбытым. Соһулла сылдьан пъедесталга тахсыбыппыт. Туох баар быччыҥнарым, иһим-үөһүм барыта ыалдьыбыттара. Ынчыктыыбын эрэ. Аһыахпын да баҕарбат буолан хаалбытым. Сүүрүү кэнниттэн өссө икки түүн кыайан утуйбакка эрэйдэммитим.
“Время” диэни истэн “дьэ, бүттэ” диэн үөрдэҕим дии, ол эрэн: “Кини мин ырабын былдьаата” диэн олус хомойбутум — иккис буолбуппуттан. Ол иһин быйыл эмиэ кыттаары бэлэмнэнэ сылдьабын. Таҥара өссө сүүр диэн иккис кыах биэрдэ дии саныыбын. Мин билигин сүүрбэтэхпинэ Саха сириттэн бу уһуҥҥа сүүрэр киһи суох диэн билэбин. Ол иһин хонук устата сүүрүүгэ Россия рекордун толоруохпун баҕарабын. Бу уһуҥҥа мин рекорд олохтоотохпуна, Саха сирэ уһуну сүүрүүгэ икки рекордсменнаах буолуо этэ. Татьяна Жиркова 100 километрга сүүрбүт рекордун күн бүгүнүгэр диэри ким да алдьата илик. Сахалар ааттара улахан спорт историятыгар киириэ, бэйэбит республикабытыгар сүүрүүгэ улахан болҕомто ууруохтара этэ диэн саныыбын.
Бу дистанцияҕа сүүрэн ситиһиилээх кэлбиппэр, саха киһитэ чопчу уһун тыыннаах эбит диэн, дьоҥҥо эрэл кыыма умайда. Былырыын күрэхтэһиигэ сахалартан дьүөгэбин кытта иккиэйэҕин эрэ тиийбит буоллахпытына, быйыл Саха Сирин чэпчэки атлетикаҕа федерациятын бэрэсидьиэнэ Анатолий Кырдьагасов көҕүлээһининэн номнуо хамаанда хомулла сылдьар.
Сүүрэн бүппүтүм кэннэ: “Өссө сүүрэҕин дуо?” — диэн элбэх киһи ыйыппыта. Барыларыгар “не-еет” диэбиппин өйдүүбүн. Билигин ол турукпун номнуо умнан кэбиспиппин. Кэргэнэ Дьулустаан, уолаттара Дуолан уонна Одун Эмиэ саҥа күүспүнэн, саҥа дьарыкпынан маҥнайгы миэстэ, рекорд туһугар сүүрэргэ бэлэмнэнэбин. Билигин сыыһаларбын өйдөөтөҕүм дии: миин испэппин, кими да эккирэппэппин, тобукпун баанабын. Арба, стадиоҥҥа тиийбиппитигэр элбэх киһи тобуктарын анал бааччынан эриммиттэр этэ. Тоҕо оннук гыммыттарын өссө дьиктиргии көрбүтүм. Онуоха бэйэм атаҕым силгэтэ быстан ыйытыыбар харда көстүбүтэ. Силгэм быстан тобугум ыалдьыбыт эбит.
Мин биир үгэстээхпин. Күрэхтэһэр дойдубар хайаатар да алаадьы астанан илдьэ барабын уонна сүүрэр сирбэр алҕаан, көрдөһөн-ааттаһан баран ууран кэбиһэбин. Маннык гыннахпына, санаам өссө бөҕөргүүргэ, күүспэр-күүс эбиллэргэ дылы буолар. Өбүгэлэрим, Үрдүк күүстэр, Аанньалларым, Ийэм миигин куруутун арчылыы-араҥаччылыы сылдьалларыгар итэҕэйэбин.
Киһи кыаҕа, тулуура, санаатын күүһэ туох да хааччаҕа суоҕун саха дьонугар-сэргэтигэр бэйэтин холобурунан көрдөрөр Надежда Гоголеваҕа быйылгы күрэхтэһиигэ үрдүктэн-үрдүк ситиһиини баҕарыаххайыҥ, туруоруммут соруга хайаан да туоларын туһугар Айыыларбытыттан көрдөһүөххэйиҥ.
Надежда Гоголева — Сүүрүүгэ Аан дойду, РФ спордун маастара, 100 км сүүрүүгэ Россия икки төгүллээх кыайыылааҕа (2015 с., 2018 с.), 2014 сыллаахха Санкт-Петербург куоракка ыытыллыбыт 100 км сүүрүүгэ Россия Кубогын хаһаайката, 2015 с. 100 км сүүрүүгэ Россия кубогын призера, 2021 сыллаахха Москубаҕа ыытыллыбыт биир хонуктаах сүүрүүгэ Россия Чемпионатыгар үрүҥ көмүс мэтээл хаһаайката. Биир хонуктаах сүүрүүгэ Саха республикатын рекордсмена, 2015, 2019, 2022 сс. чэпчэки атлетикаҕа Россия сүүмэрдэммит хамаандатын чилиэнэ.
Юлия ПЕСТРЯКОВА