Рубрика: Сир уоҕа
– уулаах, сииктээх, бадарааннаах сиргэ үүнэр өр сыллаах от. От ыйыттан атырдьах ыйыгар диэри ситэр. Хортуоската сир анныгар кыстыыр. Эмкэ-томко отун үргээн хатараллар. Онтон күһүн эбэтэр саас эрдэ сири хаһан силиһин тутталлар. Отун оргутан эбэтэр көөнньөрөн хаан барыытын тохтотоллор. Ис өрө турдаҕына, ньиэрбэ ыарыыларыгар, иҥиир тардыытыттан, таттарар ыарыыттан быыһанарга иһэллэр. Бадараан кучута сүнньүнэн уоскутар, намыратар айылгылаах. Холобур, утуйбат буолан хааллахха, сүргэн түһэн мөлтөөбүт кэмҥэр истэххинэ күүс биэрэр, утутан абырыыр. Дьаҥнаатахха кыраадыһы түһэрэр. Испииргэ туруоран сүмэһин онорон куртах, оһоҕос ыарыыларыгар тутталлар. Онтон силиһэ микробтары утары охсуһар кыахтаах, сыстыганнаах ыарыылары кытта кыайар күүстээх. Холобур, сифилис, гонорея курдук ыар ыарыылары кыайыан сөп. Отун хойуутук көөнньөрөн тирии ыарыыларыгар саба ууран үтүөрдэллэр. Маны таһынан сүөһү аһылыгар олус иҥэмтиэлээх. Дойдубут баайын бадараан кучутун туттуҥ, туһаныҥ.