Рубрика: Сир уоҕа

22/07/2024 г.

Нам улууһугар олорор Ольга Алампадьевна уонна Степан Валентинович Белолюбскайдар тиэргэннэригэр туох-туох үүммэтэҕий? Оҕуруот аһын таһынан, малина, моонньоҕон, хаптаҕас, отонноро буспуттар, яблоня, сирень,черемуха сыта дыргыйан минньигэьиэн. Оттон 300 тахса араас сибэккилэр – петуния, цинния, колеус, иван чай уонна да атыттар киһи хараҕын үөрдэллэр. Ол эрээри, мин болҕомтобун Ольга Алампадьевна кыһамньылаах илиитинэн олордубут арбузтара тартылар.

«Арбууһу аҕыйах сыл анараа өттүгэр олордон саҕалаабытым. Саха сирин кылгас сайыныгар үгэс курдук “Огонек” суорту олордоллор, кыракый, түргэнник буһар суорт. Мин эмиэ бастаан оннук суорду олордубутум. Былырыын “Чарльстон Грей” уонна “Алый сахар” суортары боруобалаабытым. Олус үчүгэйдик үүммүттэрэ, кэмигэр буспуттара, наһаа минньигэс, сүмэһиннээх этилэр, сиэннэрим олус сөбүлээн сиэбиттэрэ, чугас дьоммор бэрситэлээбитим. 5 киилэҕэ диэри ыйааһыннаах этилэр. Быйылгыларым да бэккэ үүннүлэр, билиҥҥитэ боруобалыы иликпит. Сиэннэрим лааҕыртан кэллэхтэринэ, быһыахпыт диэн хаһаана сылдьабын», – диэн хаһаайка кэпсиир.

Белолюбскайдар – биэнсийэлээхтэр. Ольга Алампадьевна биэнсийэҕэ тахсан эрэ баран оҕуруот олордуутунан дьарыктанар буолбут.

«Мин сибэкки, оҕуруот олордуутуттан олох ыраах киһи этим. Оҕо сылдьан наай гыннар хортуоппуй олордорбут. Үлэлиир кэммэр солом да суох курдуга, култуура үлэһитэ буоламмын барарым-кэлэрим да элбэҕэ. Биэнсийэҕэ тахсан баран куйаар ситиминэн оҕуруот туһунан видеолары, маастар кылаастары көрөр буолбутум, тустаах литератураны ааҕарым. Оҕуруот олордуунан үлүһүйэн барбытым. Билигин саамай сөбүлүүр дьарыгым, үлэҥ түмүгэ буһан, ситэн тахсара, дьон хараҕын үөрдэрэ үчүгэй да эбит! Ону таһынан оҕуруоппут биһигини аһатар, күһүн үүнүү хомуйабыт. Бу билигин хаптаҕаспын үргүү таҕыстым», – диэн тапталлаах дьарыгыттан күүс-уох, үөрүү ылар Ольга Алампадьевна үллэстэр.