Рубрика: Биир мал сэһэнэ
Чинчийээччилэр суруйалларынан — сахалар харахтара олус мөлтөх. Бэл, Өксөкүлээх Өлөксөй «саха үөрэхтээҕинээҕэр хараҕа суоҕа элбэх этэ» диэн бэлиэтээбит.
Ол биричиинэтэ хараҥа олохтон, сайдыыта суохтан буолбатах, ол биһиги айылҕабыт тыйыһыттан. Былыргы саха 7-8 ый устата өҥө суох муус-хаар ортотугар олорор. Тулатыгар, маҕантан атын өҥ суох буолан, харах сылайар. Күн уота кэмчититтэн, барык-сарык көрөрү күүскэ күүрдэр. Балаҕаҥҥа көмүлүөк уотуттан ураты сырдык суох. Буруолаах оһох харахха буортута улахан. Буор муоста быыла хараҕы эмиэ кэбирэтэр. Аны сыстыганнаах ыарыылар муҥнууллара. Дьэ, итинтэн сылтаан хараҕа суох киһи элбиирэ биллэр. Ол иһин, сааскы хаар суһумуттан харыстанан, сахалар, чарапчы диэн салгын ачыкытын айбыттар. Араас харах ыарыытын үрүҥ көмүс намыратарын билэр буолан, чарапчыны үрүҥ көмүстэн таптайан оҥороллоро. Чарапчы киһи симириннээн көрөрүн үтүгүннэрии кыараҕас кириэс хайаҕастаах уонна көмүс буолан хаар толбонуттан харыстыыр аналлаах.