Рубрика: Сандалы
Саха сарсыардааҥы аһа дагда уонна күөрчэх туох уратылаахтарый? Дагда — хоммут үүт үрдүттэн холбуллубут убаҕас чөчөгөйунэн оҥоһуллар. Мас ытыгынан араҕастыҥы өҥнөөх, хойуу крем курдук дагдайан тахсыар диэри ытыйыллар. Онтон отоннору, оттору кутан минньитиэххэ сөп эбэтэр бэйэтин даҕаны сииллэр. Дагда үүт өлгөм кэмигэр сарсыарда аайы оҥоһуллара. Күөрчэх — минньигэс үүт күүгэнэ. Күөх эбэтэр ыаммытынан үүтүнэн оҥоһуллар. Оргутан, мүлуччү сойутан баран «түү күөрэчэх» диэн түүттэн оҥоһуллубут ытыгынан ытыйаллар. Күүгэннирэн тахсыыта кыра-кыралаан тоҥ тар, отон кутан ытыйаллар. Бэл, нуучча сыылынайдара «сахалар күлү куталлара» диэн суруйаллар. Ол алҕас буолуохтаах, арай, «таас хайах» диэн сиэниллэр туойу үлтү мэлийэн куталлара. Өссө «мооруос» диэн баар. Бу үүт ас бараныыта үүтү уунан тумалаан баран ытыйан, күүгэн таһаараат, тоҥорон сиир ас. Минньигэстик аһааҥ!