29/01/2024 г.

Биһиги норуот ийэҕэ, дьахтарга, кэрэ аҥаарга ананар туспа сурунааллааҕа – омнуота суох. Ити силиһэ-мутуга дириҥ. Ытыктыыр киһибит Борис Неустроев-Мандар Уус дэлэҕэ «Саха — дьахтар Таҥаралаах» диэн этиэ дуо? Үүммүт 2024 сылга өрөспүүбүлүкэтээҕи «Далбар Хотун» сурунаал бэчээттэнэн тахсыбыта 30 сылын бэлиэтиир.

Бэчээт таһаарыытыгар бу кырата суох сыыппара. Ити бэлиэ даатанан сибээстээн, ааҕааччылар сэҥээриилэрин ылбыт «Далбар Хотун» сурунаал кылаабынай эрэдээктэрин, суруналыыс, суруйааччы Айталина Никифорова-Шадринаны кытта көрсөн кэпсэтэ сырыттыбыт. 

— Айталина Константиновна, «Далбар Хотун» сурунаал хайдах быһыылаахтык күн сирин көрбүтүн туһунан ааҕааччыларбытыгар билиһиннэриэҥ дуо?

— Өрөспүүбүлүкэбитигэр кэрэ аҥаардарга анаммыт «Далбар Хотун» сурунаал маҥнайгы нүөмэрэ 1994 сыллаахха күн сирин көрбүтэ. Норуодунай суруйааччыбыт Наталья Ивановна Харлампьева туруорсан, дьахталларга ананар сурунаалламмыппыт. Кини этэринэн, 1930-с сыллартан саҕалаан, дьахталлар хамсааһыннара баар буолаатын кытта, бэйэлэрэ туспа бэчээтинэй таһаарыыланыахтарын баҕарбыттар эбит.

Сэбиэскэй тутулга анал сурунаал бэчээттэнэн тахсыытын олоххо актыыбынай позициялаах дьахталларбыт, ол иһигэр биллэр уопсастыбаннай деятель, Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин IX, X, XI ыҥырыыларын депутата Секлетея Алексеевна Курчатова туруорса сатаабыттар. Оччолорго союзнай өрөспүүбүлүкэлэр эрэ туспа сурунаалланыахтарын сөптөөх диэн кытаанах ирдэбил баар эбит.

Сэбиэскэй тутул ыһыллыбытын кэннэ, ырыынак сыһыаннаһыыларыгар киирэрбитигэр тустаах боппуруос хаттаан күөрэйэн тахсыбыт. Наталья Ивановна Харлампьева Альбина Иннокентьевна Поисееваҕа оччолорго Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтигэр үлэлии олордоҕуна, киирэн өрөспүүбүлүкэҕэ дьахталларга аналлаах сурунаал тахсара наадалааҕын туһунан санаатын эппит. Онтон Альбина Иннокентьевна бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччынан анаммыт. Кини Наталья Ивановнаны ыҥыран ылан, Москваҕа Арассыыйа дьахталларын Союһугар атын регионнар ыытар үлэлэрин билиһиннэрэ командировкаҕа ыыппыт. Онно дьахталларга аналлаах сурунааллар эрэдээктэрдэрин мунньаҕа буолбут. Ити 1993 сыллаахха этэ. Наталья Ивановна онно кыттыыны ылбыт. Оччолорго татаардарга уонна казахтарга итинник сурунаал тахсыбыта быданнаабыт эбит. Наталья Ивановна кинилэри кытта кэпсэтэн-ипсэтэн, ыытар үлэлэрин-хамнастарын кытта билсибит.

Өрөспүүбүлүкэбит маҥнайгы Президенэ Михаил Ефимович Николаев дьахталларга аналлаах сурунаал бэчээттэнэн тахсыытын үөрүүнэн өйөөбүт.

— Сурунаал «Далбар Хотун» диэн аатын хайдах толкуйдаабыттарый?

— Сурунаал аатын-суолун толкуйдааһын бэйэтэ туспа остуоруйалаах. Наталья Ивановна Москваттан сөмөлүөтүнэн көтөн иһэн таһаарыы ким диэн ааттаныахтаҕын толкуйдаабыт. Толкуйдуу олордоҕуна, киниэхэ төбөтүгэр «хотун» диэн тыл көтөн киирбит.

Дьокуускайга кэлэн, сурунаалы «Хотун» диэн ааттаан регистрациялатаары гыммыттара, атын итинник ааттаах таһаарыы баар эбит. Онон аккаастаан кэбиспиттэр. Эмиэ сурунаал аатын толкуйдааһыҥҥа төбөнү сынньыы буолбут. Араас ааты сыымайдаабыттар. Ол олордохторуна, суруйааччы Семен Андреевич Попов-Сэмэн Тумат «Далбар Хотун» диэн быһа-бааччы этэн кэбиспит. Онон сурунаал аатын сүрэхтээбит киһинэн Сэмэн Тумат буолар.

Ити кэмҥэ далбар хотун диэн өйдөбүл оччо тарҕана илик эбит. Кистэл буолбатах, сурунаал тахсыаҕыттан бу өйдөбүл киэҥник тарҕанна, элбэхтик туттуллар буолла. Дьоҥҥо эргиччи холобур буолар дьахталлары далбар хотун диир үгэстэннибит. Бу өйдөбүл эдэрси кыргыттарбытыгар эмиэ сөп түбэһэр, барсар дии саныыбын. Куйаар ситимэ сайдан дуу, кыргыттарбыт хайдах курдук барыга бары түргэнник сысталларын, үлэлииллэрин-хамсыылларын, кэрэни кэрэхсииллэрин, тугу барытын сатыылларын көрө-билэ олоробут. Киһи сөҕөр эрэ.

— Айталина Константиновна, сурунаалга кимнээх үлэлии сылдьыбыттарай?

— Сурунаал бастаан бэчээттэнэн тахсыытыгар кылаабынай эрэдээктэринэн Наталья Ивановна Харлампьеваны анаабыттара. Кини «Саха сирэ» хаһыат эрэдээктэринэн үлэлии олорон, сурунаал уруулун эппиэттиир сэкиритээригэр Аита Ефимовна Шапошниковаҕа туттарбыта. Кини өр сыллар усталара эрэдээктэринэн үлэлээбитэ. Аита Ефимовна кэнниттэн «Далбар Хотун» сурунаалга Гуннара Байгильдина, Галина Полускина уонна Зинаида Архипова эрэдээктэрдии сылдьыбыттара.

Ольга Корякина-Умсуура, Галина Нельбисова курдук биллэр-көстөр суруналыыстар, суруйааччылар үлэлии-хамсыы, айа-тута сылдьыбыттара.

— Суруналыыстар ханнык тиэмэлэри хабан суруйаҕыт, сырдатаҕыт?

— «Далбар Хотун» сурунаал — дьахталларга, ыалга сүбэ-ама буолар таһаарыы. Билигин киһи мунара-тэнэрэ элбэх кэмҥэ кэлэн олоробут. Онон дьиэ-уот, хаһаайыстыба эрэ өттүгэр буолбакка, сиэр-майгы, итэҕэл, кылгастык эттэххэ, олох бары эйгэлэригэр сүбэһитинэн буолабыт.

Ыал буолла эрэ, аҕалаах буолар. Онон сурунаалбытыгар «Тойон сэргэ» диэн рубрикалаахпыт. Бу рубрикаҕа атыттарга холобур буолар эр дьону, аҕалары сырдатабыт. Историяны эмиэ тумнубаппыт. Арай оҕо аймах эрэ тиэмэтигэр ылса иликпит.

— Айталина Константиновна, эһиги сурунаалгыт үгүс дьон сэҥээриитин ылбыт өрөспүүбүлүкэтээҕи «Далбар Хотун» диэн күрэхтэһиини тэрийэн ыытара. Быйыл ити куонкурус ыытыллар дуо?

— Быйыл уон төрдүс төгүлүн «Далбар Хотун» куонкуруспут ыытыллыаҕа. Тэринэ, сүүрэ-көтө сылдьабыт. Бэйэтэ туспа, ураты суолталаах күрэхтэһии. Бу — социальнай бырайыак. Ол курдук, бэйэни рекламланыы да, үп-харчы эккирэтиитэ да буолбатах. Тыа сирин ыалын, үлэһит дьахталларын оруолларын үрдэтиигэ туһуламмыт куонкурус буолар.

— Куонкуруска кыттыыга сайаапка төһө киирэн эрэрий?

— Урукку өттүгэр куонкуруска кыттарга сайаапка бөҕө киирэр эбит. Кистэл буолбатах, билигин оннук буолбатах. Дьон көҕө, актыыбынаһа биллэрдик намтаабыт. Олохпут-дьаһахпыт уустугурбута, манна оруоллаах быһыылаах.

Ол гынан баран, маннык кэмҥэ дьону үтүөҕэ, кэрэҕэ тардар тэрээһиннэр ыытыллыылара хайаан да наада. Улуустарга, дьахталлар сүбэлэригэр сурук бэлэмнээн ыыталаатыбыт. Уонча сайаапка киирдэ. Биһиги баҕарбыппыт курдук, географиябыт оннук киэҥ буолбата. Ол эрээри бары да дьоһун, дьиҥнээх далбар хотуттар сайаапкаларын ыыттылар.

Үөрэрим диэн, «Далбар Хотун» сурунаал аптарытыата дириҥ эбит. Ол куонкуруспутугар спонсордары көрдөөн ыыппыт сурукпутугар, тута үчүгэй баҕайы хоруйдар кэлэллэриттэн көстөр. Бу күрэхтэһии ыытылларын, бары кэтэспит курдуктар.

«Саха» көрдөрөр-иһитиннэрэр хампаанньа салалтатыгар генеральнай дириэктэр Олег Марковка уонна телеханаал дирекциятын кылаабынай эрэдээктэригэр Олег Колесовка-Талбаҥҥа истиҥник махтанабыт. Кинилэр күрэхтэһии биир тэрийээччилэринэн буолаллар. Онон күрэхтэһиибит хаамыыта саха телевидениетынан көстө туруоҕа. Спонсордарбытын хайаан да күөх экранынан көрдөрүөхпүт.

Өссө куонкуруспутун өйөөбүт бааһынай хаһаайыстыба, «Саха ынаҕа» ассоциацияларын салайааччыларыгар Зарема Романовна Бочкареваҕа уонна Александр Еремеевич Артемьевка махталбын тиэрдиэм этэ.

Кыттааччыларбытыгар интерактивнай куоластааһын буолуоҕа. Ол түмүгүнэн туспа номинация олохтонуоҕа.

— Мэлдьэх буолбатах, дьон-сэргэ куонкурсу кэтэһиитэ, ахтыыта, пандемия кэмигэр тохтуу сылдьыбытын кытта эмиэ ситимнээх буолуохтаах. Хас сылын ахсын ыытыллар буоллаҕына, хал буолуу, уот-күөс уостуута эмиэ баар буолааччы…

— Ити эмиэ баар буолуон сөп. Ааҕааччы, дьон-сэргэ аптарытыатын ылбыт сурунаал ыытар күрэхтэһиитэ диэн эмиэ ураты буоллаҕа. Бу эмиэ кэрэ аҥаардар болҕомтолорун тардар буолуохтаах.

— Айталина Константиновна, эн «Далбар Хотун» сурунаалга эрэдээктэринэн кэлииҥ түбэһиэх буолбатах буолуохтаах.

— Оннук. «Далбар Хотун» сурунаалга хайаан да үлэлиэхтээхпин быһыылаах (күлэр). Туох ханнык үһүстээх дииллэрин курдук, үһүс ыҥырыллыыбар кэллим. Бастаан Галина Алексеевна Бочкарева «Сахабэчээккэ» генеральнай дириэктэрдии олорон ыҥырбыта. Онно үлэм ыыппатаҕа. Онтон Нюргуяна Михайловна Стручкова бу тэрилтэҕэ салайааччынан ананаат, эмиэ сурунаалга ыҥырбыта. Үлэлии сылдьар «Сахатранснефтегаһым» үбүлүөйэ этэ. Кинигэ эҥин таһаарбыппыт. Онон аккаастанан кэбиспитим.

Бэчээт дьиэтигэр 24 сааспыттан үлэлээбитим. Иккис дьиэм курдук чугастык саныыбын. Олох туспа эйгэлээх дьиэ. Истиҥ баҕайытык көрүстүлэр. Бу олоххо туох барыта мээнэҕэ буолбат. Буолуохтаах син-биир буолар. «Саха сирэ» хаһыакка «Саха ыала» диэн сыһыарыыны таһаарбытым. Онон бу тиэмэ миэхэ сүрдээх чугас.

— Айталина Константиновна, кэпсээниҥ иһин махтанабын.

Людмила Ноговицына

Альбина Поисеева, Ил Түмэн иккис, үһүс уонна төрдүс ыҥырыыларын депутата, биллэр уопсастыбаннай-политическай деятель:

— 90-с сылларга биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр дьахтар хамсааһына сүрдээх күүстээҕэ. Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтигэр үлэлии сырыттахпына, Наталья Харлампьева киирэн, дьахталларга аналлаах сурунаал тахсыытын туһунан идеяны эппитэ. Ол иннинэ итини ытыктыыр дьоммут Секлетея Курчатова уонна Нина Протопопова эрдэттэн туруорсаллара. Ол эрээри хамсааһын Наталья Харлампьеваттан саҕаламмыта. Ийэни өрө туппут маҥнайгы Президеммит Михаил Николаев сурунаал тахсарын тута өйөөбүтэ.

https://ulus.media/