Рубрика: Саха саргыта
«Далбар Хотун» сурунаал хат төрөөтө – тубуста, халыҥаата, тутарга-хабарга үчүгэй буолла, кээмэйэ кыччаата, ахсаана элбээтэ. Эн суумкаҕар киирэн күндү кэһии буолан сир хайа баҕар муннугар барсар кыахтанна.
Өҥө суох олохтон хал буоллуҥ? Күннээҕи кыһалҕа ыксатта? Ыарыы ыкта? Барытын умун! Ыл илиигэр – Далбар Хотуну! Кини бастыҥ сүбэһит, кини эн олоҕуҥ киэргэлэ, кини улуу отоһут, сүр-кут эмчитэ уонна тулалыыр эйгэҥ өҥнөөх кустуга буолуоҕа. Манна минньигэс астаах сандалы, тупсаҕай дьиэ-уот, итэҕэл эйгэтэ, өбүгэ үгэстэрэ, аныгы албастар, киэргэл-симэх, муҥутуур муода, тиэргэн-оҕуруот, ытык дьон, айар-тутар ыччат, норуот устуоруйата, дьикти-дьээбэ дьарыктаах, иистэнэр-уһанар, талба талааннаах дьон, олоҕу тупсарар, киэргэтэр бастыҥ тэрилтэлэр ыҥырыылара барыта Далбар Хотуҥҥа баар. Ону таһынан, киэҥ билиини, айар кыаҕы, чөл олоҕу, чэгиэн эти-хааны, улуу муударастары, мындыр толкуйдары, киһи сатабылларын, ситиһии-кыайыы ымыытын бэлэхтиэҕэ. Онон саҥа Далбар Хотуну астына аах, көр, сайын, суруттар! Бастыҥ ыстатыйалары, сэргэх сэһэргэһиилэри, өйдөөх сүбэлэри, уус-уран литератураны, ахтыылары, очеркалары, сэдэх маллар сэһэннэрин о.д.а. куоттарыма. Сурунаал сонуннарын dalbar.ru диэн анал саайка ааҕыаххытын эмиэ сөп.
Саха сирин бастыҥ сурунаала, ыал туруктаах олоҕун бастакы кэрэһитэ – Далбар Хотун!