Рубрика: Алаһа

22/03/2024 г.

Бу баараҕай дьиэ Дьокуускай куорат Сайсар оройуонугар дьэндэйэн турар.  Евгений уонна Айталина   Семеновтар диэн эдэр ыал алаһа дьиэлэрэ буолар. Ыал ийэтэ  идэтинэн терапевт быраас, оттон  аҕалара  суол тутуутун инженерэ идэлээх, билигин бэйэтигэр үлэлиир.  Эмдэй-сэмдэй Айсен уонна  Айыына диэн оҕолордоохтор.

Дьоруойдарым  2020 сыллаахха  уон суотайдаах сири  2 мөл солк атыылаһан,  дьиэлэрин туттаран  эһиилги  сылыгар  киирбиттэр. Бырайыагын бэйэлэрэ толкуйдаан баҕарбыттарын курдук «функциональнай» дьиэни туттарбыттар. Ол курдук,  8х9-таах,  икки мэндиэмэннээх,  140 кв м иэннээх дьиэ буолбут. Ленточнай акылаатын бетонунан стяжкалаан баран пенополистиролунан сылааһы тутар гына оҥорбуттар. Бастакы, иккис этээс муостата – ламинат, суунар сиргэ эрэ  кафель тэлгээбиттэр. Сылытыыта суох эрээри   олус сылаас диэн хайгыыллар.  Оҕолор чараас таҥастаах, атах сыгынньах сылдьан  үһүс кыһыннарын  кыстаабыттар. Оттон кырыыһатын базальтынан уонна эпиилкэнэн хаттыктаан баран  металлочерепицанан бүрүйбүттэр. Дьиэ икки верандалаах (аһаҕас уонна сабыылаах), болкуоннаах, 11 түннүктээх,  икки ааннаах.  Тутуутугар   быһа холоон 5 мөл солк барбыт.

 

Бастакы этээскэ тастан киириигэ аан хос, холл, бииргэ холбоммут  киэҥ-куоҥ куукуна, саала, ыалдьыт хоһо, суунар сир уонна таҥас-сап сууйар хос  баар. Манна таҥас сууйар, куурдар   массыыналар,  улахан ыскаапка хаһаайыстыбаҕа туттуллар араас мал-сал  барыта хараллыбыт. Бу хос баара-суоҕа  5 кв м иэннээх эрээри,   олус туһалаах.

 

Оттон иккис этээскэ холл, үс утуйар хос, икки гардеробнай (хаһаайыттар уонна кыыстарын  хоһугар) уонна  суунар сир баар. Манна хаһаайка баҕатынан  туспа турар ваннаны туруорбуттар. Хаһаайыттар  хосторуттан тута суунар сиргэ уонна болкуоҥҥа  тахсыахха сөп. Болкуон  18 кв м иэннээх.

Дьиэ биир кэрэ көстүүтүнэн сабыылаах веранда буолар. Сайыҥҥы кэмҥэ манна тута куукунаттан  тахсан чэйдииллэр.  Веранда иэнэ 10 кв  м, ону таһынан,   тастан киириигэ 18 кв м иэннээх  аһаҕас веранда эмиэ баар.

Дьиэ толору хааччыллыылаах, “Rinnai” диэн гаас оһох  дьиэни уонна 60 кв м иэннээх  гарааһы  сылытар. Гарааһы хаһаайын доҕотторун кытта туппут.  Каркааһа тимир оттон эркиннэрэ  – сэндвич-панель. Манна  оһоҕу кытта уу хачайдыыр носуос уонна түөрт кубтаах уу иһитэ   турар.   Семеновтар чөл  олоҕу өрө тутар,  спордунан  дьарыктанар ыал.  Онон   сайыҥҥы кэмҥэ гараастарын  дьарыктанар саала   оҥостоллор.

Ааспыт сайын оҕолор баҕа санааларын толорон дьиэлэрин кэннигэр  оонньуур былаһаакка уонна бассыайын  оҥорбуттар.  5,5 м – 2,75 м иэннээх, 1,32 м дириҥнээх  бэлэм  бассыайыҥҥа  буруус маһынан, күн уотугар  сытан  сыламныыр сирдээх, түһэр-тахсар кирилиэстээх каркааһы  туппуттар.   Онон оҕолор  ыраас ууга сөтүөлүү-сөтүөлүү  дуоһуйа оонньуулларыгар бары усулуобуйаны тэрийбиттэр.

 Семеновтартан тэттик сүбэлэр:

–  Уһаайбаны төһө кыалларынан  куорат иһигэр   ыла  сатааҥ. Оҕолору оскуолаҕа, уһуйааҥҥа таһарга да табыгастаах буолуоҕа.

– Хара маҥнайгыттан дьиэҕит бырайыагын ымпыгар-чымпыгар диэри толкуйдаан туттуҥ, кыаллар буоллаҕына дизайнер өҥөтүнэн туһаныҥ.

Оччоҕо  уоту араарар, холбуур араарынньык, дьиэ тээбиринэ  ханна туруохтааҕын  кытары быһаарарга көмөлөһүө.

– Дьиэ акылаатыгар,  муоста сылытыытыгар улахан болҕомтону  ууруҥ. Дьиэ сылааһа ордук  муостаттан  тутулуктаах.

– Дьиэҕитин  кытаатан хаачыстыбалаахтык  ханаппаахылааҥ.

– Алаһа дьиэҕит истиҥ сыһыан, таптал,  дьол уйата буоллун.