Рубрика: Айар кут
Елена Васильевна Слепцова – Куорсуннаах аата саха алмааһыгар иҥэрилиннэ.
Кулун тутар 31 күнүгэр «АЛРОСА» АХ генеральнай дириэктэрэ, бырабылыанньа бэрэссэдээтэлэ С.С. Иванов, Таатта улууһун дьаһалтата, Чөркөөхтөөҕү түмэл, улуустааҕы норуот айымньытын дьиэтэ туруорсууларынан “АЛРОСА” хампаанньа ювелирнай хаачыстыбалаах алмааһыгар, ытык Тааттаттан тардыылаах Саха норуодунай суруйааччыта, «Далбар Хотун» сурунаал суруналыыһа, «Аан Талҕа», «Биһиги тыыннаахпыт» эпохальнай романнар ааптардара, «Ньургун Боотур» олоҥхо, «Муус ырай», остуоруйалар, оҕолорго аналлаах кинигэлэр, Антуан де Сент-Экзюпери «Кыра Тыгын» (Маленький принц») айымньытын тылбаасчыта, олох ыар алдьархайын ааспыт сахалар ааттарыгар Соловки арыыга Мэҥэ таас туруоруу кыттыылааҕа, Иркутскай уобалас Бодойбо куоратын Оҕо бибилэтиэкэтигэр саха интеллигенциятын чулуу бэрэстэбиитэлин Вера Дмитревна Давыдова аатын иҥэртэрбит, суруйааччы, общественник Елена Васильевна Слепцова – Куорсуннаах аатын иҥэрэр туһунан бирикээс таҕыста. Елена Васильевна хоһоонноро элбэх омук тылынан тылбаастанан тахсыбыттара. Бирикээскэ 61,00 карааттаах алмаас Накыыннааҕы “Ботуобинская” диэн туруупкаҕа, бу сыл олунньу 17 күнүгэр хостоммутун туһунан ыйыллыбыт. Елена Васильевна Слепцова – Куорсуннааҕы эҕэрдэлиэҕиҥ!